30.11.2024 | 10:00

Тиһиктээх үлэ хаһан баҕарар үтүө түмүктээх

Тиһиктээх үлэ хаһан баҕарар үтүө түмүктээх
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар куораттааҕы естественно-научнай педагогическай форум үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Икки күннээх улахан тэрээһиҥҥэ 1500-тан тахса киһи кытынна: учууталлар, иитээччилэр, эбии үөрэхтээһин педагогтара, оҕолор, устудьуоннар уо.д.а. Быыстапкалар, маастар-кылаастар, айар мастарыскыайдар киэҥ сэҥээриини ыллылар.

Инникитин өссө элбэҕи күүтэбит

Иккис күн Куораттааҕы үөрэҕирии управлениета үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ биллэрбит күрэҕин кыайыылаахтара үлэлэрин түмүгүн отчуоттаатылар. 500 тыһ. солкуобайдаах Граны ылбыт оскуолалар бырайыактара бииртэн биир сонун уонна ураты буолла.  

М.И. Кершенгольц аатынан Дьокуускай куорат 9-с №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Нина Черных иһитиннэрбитинэн, естественно-научнай үөрэхтээһин тиһиктээх үлэтэ үтүө түмүктээҕэ үөрдэр. «Харчы барыта туһалаахха туттулунна, хаачыстыба биллэ үрдээтэ, инникитин өссө элбэҕи күүтэбит», – диэтэ оскуола дириэктэрэ. Ол курдук, 400 тыһ.солк. физика, химия, биология уруоктарыгар туттуллар лабораторияны атыыласпыттар. 50 тыһ. солкуобайга сабыс-саҥа кинигэлэри ылан, кэбиниэттэринэн тарҕаппыттар. 50 тыһ. солк. харчыны учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтэр куурустарга ууруммуттар.

Нина Петровна учууталлар интегрированнай уруоктары бэрт сэргэхтик тэрийэллэрин кэпсээтэ. Холобур, нуучча тылын уонна биология эбэтэр химия уонна английскай тыл уруоктарын холбуу тутан, сатабыллаахтык дьүөрэлээһин оҕо интэриэһин тардарын бэлиэтээтэ.

Оскуола өр кэмҥэ үлэлээбит педагогтарын умнубата, үөрэх кэбиниэттэрэ кинилэр ааттарын үйэтитэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Ити үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолара саарбаҕа суох.

«Биһиги оскуолабыт эксээмэҥҥэ көрдөрүүтэ үчүгэй буолар, куруук бастыҥнар кэккэлэригэр киирэбит», – диэн киэн тутта кэпсээтэ Нина Петровна. Ол курдук, туһааннаах предметтэргэ БКЭ орто баала, билии уонна хаачыстыба көрдөрүүтэ балачча тупсубут. Холобур, 2023-2024 үөрэх дьылыгар профильнай математикаҕа биир кэлим эксээмэҥҥэ орто баал 61,78 (ол иннинээҕи үө.дь. 42,71 эбит) тэҥнэспит. Арай химия кыайтара илик.  «Кырдьыгынан эттэххэ, итиннэ хаачыстыбабыт доҕолоҥнуур», – диэн аһаҕастык билиннэ.

Быйылгы выпускниктар Омскай, Москва, Красноярскай, Санкт-Петербург, Нижнэй Новгород курдук киин куораттарга баар үөрэх кыһаларыгар киирбиттэр, сорохтор Дьокуускайга хаалбыттар.

– Мин 15 сыл завуһунан үлэлээбитим, кэтээн көрүүнү үгүстүк ыытабын. Туох да диэбит иһин, естественно-научнай хайысха математиканы кытары ыкса ситимнээх дии саныыбын. Математикаҕа мөлтөх буоллахха, атын предметтэргэ, биллэн турар, өнүйбэккин. Тыл үөрэхтээхтэрэ суох эмиэ табыллыбаккын. Ааҕыы, сатаан саҥарыы естественно-научнай хайысха сайдарыгар төһүү күүс буолар, – диэн санаалаах Нина Черных. 

 

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга:
– Дьокуускайга 2030 сылга диэри В.В. Путин өйөбүлүн ылбыт маастар-былааны олоххо киллэрии иитинэн улахан сыал-сорук турар. Биһиэхэ саҥа үлэ миэстэлэригэр тыһыынчанан исписэлиис наада буолуоҕа. Киэҥ билиилээх, сатабыллаах каадырдары бэлэмнээн, иитэн таһаарыы оскуолаттан саҕаланар. Дьэ, ол иһин математикаҕа олоҕурар наукаларга, естественно-научнай хайысхаҕа үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ ураты болҕомто ууруллар. Бу хамсааһыҥҥа сүрүн оруолу учууталлар толороллор, оттон салайааччылар ол үлэни көҕүлээн биэриэхтээхтэр. 

 

«13-с чыпчаал» ситиһиигэ сирдиир

Дьокуускай куорат 13-с №-дээх орто оскуолатын учууталлара А.А. Шараборина (физик), Н.Н. Иванов (географ), Т.П. Анисимова (биолог) «13-с чыпчаал» бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

Анастасия Шараборина бырайыак 7-8 кылаас оҕолоругар туһуламмытын, үөрэх хаачыстыбата биллэ тупсубутун бэлиэтээтэ. Итиэннэ ВПР, ОГЭ, БКЭ түмүктэрин билиһиннэрдэ. «НПК-ҕа, олимпиадаҕа ситиһиилэнэрбитин эрэнэ күүтэбит», – диэтэ.

Оскуола естественно-научнай үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомтону уурар. Ол курдук, Грант харчытын бу курдук туһаҕа таһаарбыттар: 400 тыһ. солк. оборудование ылыллыбыт; учууталлар идэлэрин таһымын үрдэтиигэ – 65 тыһ. солк., Байкал күөлгэ экспедицияҕа 35 тыһ. солк. туттуллубут.

Сыл устата оскуолаҕа араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онтон күргүөмүнэн сатыы походтарга тахсалларын биһирии иһиттибит. Холобур, ааспыт үөрэх дьылыгар Чочур Мырааҥҥа, Хатыыстыырга, Жатай бөһүөлэгэр тиийэ хаампыттар. Уопсай маршрут 27 км тэҥнэспит.

Экспедиция иитии үлэтигэр суолтата сүҥкэн, оҕону өй-санаа, эт-хаан өттүнэн эргиччи сайыннарар. Бу хайысханы 13-с оскуола учууталлара бырайыакка сатабыллаахтык сыһыарбыттар. Манна Байкалга уонна Абалаахха экспедицияларын холобурдуохха сөп. 

География учуутала Николай Иванов «Вершина» туристар кулууптарын салайар. Кини Аллараа Бэстээх – Улан-Удэ хайысханан умнуллубат сырыыларын, Байкалга экспедицияларын кэпсээтэ. Поеһынан 6 суукка айаннаан тиийбиттэр. Ол кэм устата экспедиция кыттыылаахтара килиимэт уонна айылҕа уларыйыытын кэтээн көрбүттэр, тугу билбиттэрин бэлиэтэнэн испиттэр. Улуу байҕал кытылыгар балаакканан сытан, уутун, айылҕатын, үүнээйилэрин, тыынар тыыннааҕын чинчийбиттэр. Оҕолор атын лааҕырга көһөллөрүгэр 21 км сатыы хааман, учуутал этэринэн, эт-хаан өттүнэн улахан тургутууну ааспыттар. Аны бөлөхтөрүгэр альпинистар бааллар эбит. Кинилэр 1877 м үрдүктээх Макаров хайатын өргөһүн дабайбыттар. Оҕолор кэннилэриттэн саппай уопсан, 1000 м тиийэ тахсыбыттар. Бу да улахан ситиһии! Экспедиция түмүгүнэн үөрэнээччилэр научнай-чинчийэр үлэни суруйан, НПК-ҕа кыттыбыттар.

Николай Николаевич Грант харчытынан ылыллыбыт туризмҥа наадалаах туттар тэрил-тээбирин, компас, быа, күн чаһыта, каарта – барыта уруокка, экспедицияҕа хото туттулларын кэпсээтэ.   

Биология учуутала Татьяна Анисимова сыыппара лабораторията үөрэнээччилэр уруокка интэриэстэрин үрдэтэрин, дьоҕурдаах оҕолору кытта көдьүүстээх үлэни тэрийэргэ көмө буоларын бэлиэтээтэ. Холобур, биология уруогар оҕолор анал датчигынан салгын сиигин, сырдатыыны, тулалыыр эйгэ температуратын үөрэтэллэр эбит. Оттон ботаникаҕа үүнээйилэр хайдах тыыналларын чинчийэргэ кислород, углекислай гаас датчиктарын кыайа-хото туһанар буолбуттар.

Аны инфузория-туфельканы улаатыннаран таһаарбыттара оҕолор киэҥ сэҥээриилэрин ылбыт. Били, учебниктан эрэ билэр «түүппүлэлэрэ» хамсыырын, биир хааппыла ууга баар киһи хараҕар көстүбэт быыкаа бактериялары аныгы микроскоп көмөтүнэн көрөн, сөҕүү-махтайыы, омун-төлөн бөҕө буолбуттар. Чахчы, уруогу баай ис хоһооннуур, оҕолор билиилэрин хаҥатар сыыппара лабораторията эбит!

– Оскуолаҕа 30-ча сыл үлэлээбитим тухары биирдэ даҕаны өрөспүүбүлүкэ таһыгар кууруска үөрэммэтэҕим. Грант көмөтүнэн Красноярскай куоракка ыытыллыбыт кууруска баран, элбэҕи эбинэн, кэллиэгэлэрбитин кытта ыкса билсэн-көрсөн, астынан кэллибит. Саамай сүрүнэ – оҕолор биһиги предметтэрбитин сөбүлүүр буоллулар. Онтон ордук биһиэхэ туох наада үһүнүй? – диэн санаатын үллэһиннэ Татьяна Петровна. 

Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Владимировна Ли-цай Грант кыайыылаахтарын бырайыактарын, үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата. Хас биирдии оскуола ураты суолу тобулбутун бэлиэтээтэ.

«Маннык бырайыактар сайдыыга сирдииллэр. Үөрэх, билии хаачыстыбатын үрдэтэр күрэҕи өссө да ыытар туһунан толкуйдуубут», – диэтэ кини.   

***

Форум түмүктүүр түһүмэҕэр куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылла. Кини икки этээһинэн тэриллибит быыстапканы көрдө-иһиттэ, оҕолору, педагогтары кытары көрсөн кэпсэттэ. Куорат баһылыга бу күн бастыҥ үлэлээх биология, химия, физика, математика уонна информатика учууталларыгар (барыта 15 киһи) 50 тыһ. солк. кээмэйдээх бириэмийэлэри туттарда.   

Хаартыскалар:
Ааптар уонна Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....