13.09.2024 | 10:00

Эргиччи дьоҕурдаах Бодох Балбаара

Эргиччи дьоҕурдаах Бодох Балбаара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былыр-былыргыттан ханнык баҕарар нэһилиэккэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар «дьон киһитэ», эбэтэр «сир түннүгэ» дэнэр ытык кырдьаҕастар баар буолаллар. Маннык киһи туспа туох эрэ айылгылаах буолар дии саныыбын, дууһата ырааһа, дьоҥҥо ураты истиҥ сыһыана, олоҕу анааран көрүүтэ киэҥэ, дэлэгэйэ, ыалдьытымсаҕа... Оннук киһинэн Ньурба Таркаайытыгар олорор Николаева Варвара Николаевнаны ааттыахха сөп. Дьонугар-сэргэтигэр биллэринэн, Бэтэринээр Балбаара, ол эбэтэр төрөөбүт-үөскээбит сиринэн – Бодох Балбаара.

Варвара Николаевна Николаева-Бэтэринээр Балбаара 1944 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр Таркаайы нэhилиэгэр Бодох диэн  учаастакка төрөөбүтэ. Онон, сэрии сылын оҕото дэнэр толору бырааптаах.

Кини оҕо сааһа сэрии уонна сэрии кэннинээҕи сылларга ааспыт буолан уонна аҥаардас ийэҕэ иитиллэн, тото аһаабакка, аччыктыыр кыһалҕатын, бүтүн таҥаһы таҥныбакка, тоҥор-хааһар эрэйин, оччотооҕу олох кыhалҕатын кыра эрдэҕиттэн этинэн-хаанынан билэн,  холкуос үлэтигэр миккиллэн улааппыта.     

Ийэтэ кинини уол оҕо курдук ыарахан хара үлэни кыайарга-хоторго, күүстээх үлэттэн чаҕыйбат буоларга ииппитэ-такайбыта, дьиэ ис-тас үлэтин араас ииччэҕэр-бааччаҕар сатабыллаахтык үөрэппитэ. Онон, кыракый кыысчаан үлэ араас мындырдарыгар үөрэнэн, кыайыгас-хотугас буолбута.

Ийэтэ Маарыйа айылҕаттан бэриллибит уус-хомоҕой тыллааҕа, ол Балбаараҕа эмиэ бэриллибитэ. Сахалыы сиэрдээх-майгылаах мындыр ийэтин сэhэннэриттэн-кэпсээннэриттэн, хоhооннуу хомоҕой хоhуйууларыттан төрөөбүт тылын баайын, эгэлгэ дэгэтин иҥэринэн улааппыта.

Кини Киирэп алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн баран, Марха орто оскуолатыгар интэринээккэ олорон үөрэммитэ. Оччолорго үрдүкү кылаас оҕолоругар алын кылаас үөрэнээччилэрин көрөргө-истэргэ сыһыараллара. Балбаара дьэ ол оҕолорун таҥастарын-саптарын, баттахтарын бэйэтин балтыларын курдук дьаһайара, бүөбэйдиирэ. Улаатан баран ол кыргыттар олус истиҥник ахтар-саныыр этилэр.

Балбаараны Марха орто оскуолатыгар бииргэ үөрэммит, интэринээккэ биир иһиттэн-хомуостан аһаабыт буолан чугастык билэбин. Интэринээккэ олорон, кини ийэтэ Маарыйа барахсан оҥорбут чохоонноох лэппиэскэтин элбэхтик сиэбиппит. Дьиэ аһын суохтаан, кууран-хатан сылдьар оҕолорго үчүгэй да буолара. Былыр, билиҥҥи курдук тэлэбиисэр, төлөпүөн суоҕар, сорох түгэннэргэ Балбаара кэпсээнинэн саатыырбыт. Кини араас дьээбэлээх кэпсээннэри кэпсиирэ, сороҕор куолаһын уларытан, туттан-хаптан, ордук туустаан-тумалаан биэрдэҕинэ, биһиги адьас быарбыт быстыар диэри күлсэрбит, оччолортон даҕаны кэпсээнэ-ипсээнэ дэлэгэй буолааччы.

Аны санаатахха, Балбаара дьоҕура элбэх эбит. Үҥкүүлүөн, гимнастиканан да дьарыктаныан сөптөөҕө, ону ааһан олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Хомойуох иһин, биирин да сайыннарбатаҕа. Оскуолаҕа истиэнэ хаһыатын солбуллубат худуоһунньуга этэ. Дьиҥинэн, кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуур эбит, ону ким да оччолорго сэҥээрбэтэх быһыылаах. Үөрэнэ сылдьан, сылын аайы Дьахтар күнүгэр биһиэхэ сибэкки ойуулаах аккырыыкка оҥорон бэлэхтэтэлиирэ.

Биирдэ Марха оскуолатыгар ураты Саҥа дьыл буолбуттаах. Араас лаампаларынан дьиримнээбит харыйа Кириэмил истиэнэтин фонугар турара. Ону Балбаара уруһуйдаабыта. Аны 12 чааска Кириэмилбит чаһыта тыаһаан соһуталаабыта! Онно нэһилиэк дьоно бөҕө мустубута. Ол харыйаны Петр Афанасьевич диэн дьоһуннаах физика учуутала биһиги кылаас уолаттарыныын оҥорбуттара.

Биһиги оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар Чикачев Василий Иванович диэн бэртээхэй нуучча тылын учуутала кэлбитэ, завуч буолбута. Кини уруһуйдьут быһыылааҕа. Уола А.Чикачев билигин биллэр худуоһунньук. Василий Иванович уруһуй куруһуогун тэрийбитэ, аны оскуола көрүдүөрүгэр хартыына галереятын оҥорбута. Араас худуоһунньуктар үлэлэрин сөҕө-махтайа көрөр этибит.       

Балбаараны Николай Ильич Степанов диэн история учуутала ыҥыран ылан: «Эн ити Василий Иванович куруһуогар суруйтаран, дьарыктан, тугу эмит эбиниэҥ этэ буоллаҕа», – диэн сүбэлээбит. Ону ылынан, саас эксээмэн буолуор диэри сылдьыбыт. Арааһа, онтон художественнай училищеҕа туттарсар санаа киирбит буолуохтаах. Хомойуох иһин, Балбаара оскуоланы бүтэрэн баран, художественнай училищеҕа эксээмэнин куоттаран, туттарсыбакка хаалбыта. Онон СГУ сельфагын бүтэрэн, бэртээхэй бэтэринээр буолбута.

Оскуоланы бүтэрбиппит 50 сылыгар таhаарбыт кинигэбитигэр Варвара Николаевна ахтыытыттан бары сөхпүппүт – дьиҥнээх уус-уран кэпсээн этэ. «Хата, мантыгын кинигэ гыныыhыгын» диэбиппитин, күлэн эрэ кэбиспитэ.

Балбаара ийэтиттэн утумнаабыта элбэх эбит. Онтон биирэ – ыалдьытымсаҕа. Кэлин да дьиэлэригэр сырыттахха, Маарыйа эмээхсин оҕолорун курдук үөрэ-көтө көрсөр, ураты минньигэс алаадьытынан күндүлүүр, дьоҥҥо дэлэгэй, үтүө сыһыаннаах буолара. Хайа уонна кэпсээнэ, күлүүтэ-оонньуута, чахчы, киһини сэргэхситэрэ.

Кылааһынан көрсүһүү буолла да, бары Варвара Николаевнаҕа  хонобут-өрүүбүт, аһыыбыт-сиибит. Аны барарбытыгар хас биирдиибитин хайаан да кэһиилээн, бэлэхтээн-туһахтаан ыыталыыр. Оннук дэллэм-сайдам, ол киниэхэ хайдах эрэ үгэс курдук буолбут.

Бэл, оннооҕор Ньурбаҕа киирэн уустук эпэрээссийэни ааһан, тыыннаах хаалбыт үөрүүтүгэр эмтээбит медперсоналыгар барыларыгар кэһиилэниэ дуо! Ону туора омук киһитэ хирург Генри Александрович Арутюнян өйдөөн-сыаналаан, Балбаара олорор нэһилиэгэр медперсоналын илдьэ тахсан, дьиэтин тас үлэтигэр көмөлөһөн тураллар.

Балбаара өрүү ыалдьыта-хоноһото хаһан да бараммат, этэргэ дылы, сылабаара сойбот. Нэһилиэгэр ким ыалдьыбыкка-сүппүккэ, сүөһү-ас көрүүтүгэр көмөлөспүтэ кэмэ суох. Бэл, туора нэһилиэккэ олорор мин балтым аах сүөһүлэрэ моһуогурдар эрэ, «Балбаараҕа эрийиэххэ» диэн буолар. Ону хайаан да сүбэтин булар.

1970 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьааҥы Дулҕалааҕар үлэлии барбыта. Онно үс сыл үлэлээбитэ, онтон дьиэтээҕи усулуобуйатынан дойдутугар кэлбитэ. Хоһуун, үлэһит, билиилээх бэтэринээр кыыһы ыытыахтарын баҕарбатахтарын да иһин, дьонун көрүөн-истиэн наада буолбута.

Дойдутугар кэлэн, «Марха» сопхуоска бэтэринээринэн, осеменаторынан ситиһиилээхтик үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа  тахсыбыта.

Дьэ, ити гынан Балбаара били уруһуйдуур туһунан олох да умнубута. Үлэ-хамнас сүүрүүтэ, сүөһүнү-аһы бэрийии, дьиэ ис-тас үлэтэ – ааҕан сиппэт түбүк, онон-манан дьарыгырар солону биэрбэт этэ.

Дьоҕурдаах киhи барытыгар дьоҕурдаах буолар дииллэринии, Варвара Николаевна билигин өссө уруhуйдьут бэрдэ. Кэмниэ-кэнэҕэс, үлэ, дьиэ-уот, сүөһү-ас түбүгүттэн босхоломмучча, 57 сыл буолан баран, илиитигэр киистэ, харандаас тутар. Хаайтаран сыппыт дьоҕура уһуктарга дылы гынар. Айылҕа көстүүлэрин, кыылы-сүөлү дьүһүйүөх санаата кэлэр. Онно сөптөөх ойууну-хартыынаны көрдүүр түбүккэ сылдьар. Буллар эрэ, тугу барытын умнан туран, сөбүлүүр дьарыгар умса түһэр. «Иэйии хаһан баҕарар кэлэр кэмнэрдээх эбит», – диир Балбаара.

Аны тугу биһирээбитин, сэҥээрбитин оройуон хаһыатыгар суруйар буолбута дьон сэҥээриитин ылыан ылар. Кэлин кини элбэх ыстатыйата бэчээттэнэр. Дьон сэргиир, көтүппэккэ ааҕар. Манна эбэн эттэххэ, Маардааҕы «Алгыс» эбээлэр кулууптарын салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна, СӨ гражданскай көҕүлээһинин туйгуна Егорова Валентина Васильевна Балбаара ахтыыларын, ыстатыйаларын, уруһуйдарын түмэн, «Дани-Алмас»  кинигэ бэчээттиир тэрилтэҕэ 50-ча экземплярынан «Орто дойду таҥарата-Ийэ» диэн бэртээхэй кинигэ таҕыста. Аахпыт дьон сэргииллэр, сэҥээрэллэр, уйадыйаллар. Балбаара мантан санаата көтөҕүллэн, өссө да айыа-тутуо диэн эрэл санаа үөскүүр.

Ханнык баҕарар кэмҥэ бэйэ-бэйэҕэ үтүө сыһыан, ыарахан  бириэмэҕэ хардарыта оҥоһуллубут көмө өйгө-санааҕа ордук хаалар, ахтан-санаан ааһарга даҕаны чэпчэки, онтон олоххо көрсүбүт ыарахаттарыҥ, атаҕастабыл, дьон тоҥуй сыһыанын санаатахха, биллэн турар, киһи хараастар, онон үксүн санаабат буоларга дьулуһаҕын. Онтон бу кинигэни киһи харааста ааҕар түгэннэрэ бааллар эрээри, кинигэ дьоруойа барахсан, итинник сыһыантан бүдүрүйэн биэрбэккэ, сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта күүстээҕин, дьоҥҥо сыһыана ырааһын ааҕан, истэн сөҕөҕүн эрэ.

Айыыһыккыт арчылаатын, арыаллаатын, харыстаатын, кэлбит кэммит кэрэтинэн симээтин, этэҥҥэ сылдьыаҕыҥ, элбэҕи ситиһиэҕиҥ диэн баҕа санаалаах, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Ариша Семенова ахтыытыттан бэчээккэ бэлэмнээтэ Валентина Сартаева-Васильева.

 

Дьокуускай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...