«Төрүт култуура ийэ тыл, фольклор нөҥүө толору арыллар»
История наукатын доктора, профессор, Гуманитарнай чинчийии институтун Археологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ учууталбыт Розалия Бравина Сэһэн Боло, А.А. Саввин, Г.У. Эргис, И.Г. Березкин, Багдарыын Сүлбэ уонна улуустар кыраайы үөрэтээччилэрэ араас кэмҥэ хомуйбут суруйууларын сүүмэрдээн, бэлиэтээһиннэри эбэн, “Саха төрүт олоҕо, өбүгэ номох кэпсээннэрэ” кинигэни “Айар” кыһаҕа 3,5 тыһ. ахсаанынан таһааттарда. Биһирэмэ Национальнай библиотекаҕа алтынньы 16 күнүгэр буолла. Тэрээһини суруйааччы, кинигэ эрэдээктэрэ Евдокия Иринцеева-Огдо салайан ыытта.
Учуонайдар, тыл, култуура үөрэхтээхтэрэ, үөрэппит устудьуоннара – билигин бэйэлэрэ ааттаах-суоллаах дьон, археология хаһыытын ыыппыт улуустарын, нэһилиэктэрин бэрэстэбиитэллэрэ, өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр учуонайдара, төрүт култуураны, төрөөбүт кыраай историятын билиэн-көрүөн баҕалаах ааҕааччылар сааланы ыы-быччары муһуннулар.
В.Н. Луковцев аан тылыгар: “Толкуйдатар кинигэ. Интэриэһи үөскэтэр, академическай да диэххэ сөп, дьоһуннаах үлэ. Саха олоҕун барытын хабар, саха менталитетын быһаарар, көрдөрөр. Олох-дьаһах дьээбэлээх өрүттэрин эмиэ хабар. Розалия Иннокентьевна – биһиги кыһабыт элбэх куонкуруһугар бастаабыт ааптар. “Остуол учуонайа” буолбатах. Киһи уҥуохтарыгар тиийэ хаһар, хорсун киһи. Билим чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ”, – диэтэ. Уонна “Малая Родина – 2024” Бүтүн Арассыыйатааҕы регион уонна кыраайы үөрэтэр литература куонкуруһугар Розалия Иннокентьевна “Саха култууратын үөрэтиигэ уонна киэҥник тарҕатыыга ураты үтүөлэрин иһин” диплому ылбытын туттарда.
Амма улууһун баһылыга С.Н. Кузьмин уонна Болугур баһылыга А.Н. Петров, Үөһээ Дьааҥы аатыттан В.П.Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал – улуустарын аатыттан, ону тэҥэ Хаҥаластан, Горнайтан кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Степан Кузьмин Розалия Иннокентьевналаах чинчийии ыытан, историяны, өбүгэлэрин үгэстэрин, тугунан дьарыктаммыттарын билбиттэрин, Кулун атах култууратын булумньута Олоҥхо ыһыаҕар бренд буолбутун, улахан учуонайга дириҥ махталлаахтарын үллэһиннэ.
А.Н. Божедонова 1993 с. Дьиэ кэргэн, дьахтар уонна демографическай политика кэмитиэтигэр талыллан баран, учууталбытын солбуйааччынан ыҥыра сылдьыбыт эбит. Онуоха батыммыт. Ол туһунан: “Сөпкө гыммыт. Билигин кини Саха сирэ барыта билэр, Арассыыйаҕа, омук сиригэр тиийэ биллэр, көрдүүр-булар интэриэһинэй үлэлээх улахан учуонай”, – диир Анастасия Николаевна.
Хайа уонна учууталбыт төрүт култуура, саха былыргы историята, этнографията, фольклора үйэтийиитигэр, таһымнаах каадырдар уһаарыллан тахсан, саха кэскиллээх олоҕун уһансалларыгар оҥорбут өҥөтө сыттаҕа!
90-с сс. суверенитет түстэнэрин саҕана, национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин киллэрии үлэтэ саҕаламмыта. Хамыыһыйаҕа М.П. Алексеев-Дапсы, Суорун Омоллоон, Далан, Тэрис киирбиттэр. Кинилэр педагогика наукатын хандьыдаата, оччолорго үөрэх министиэристибэтигэр үлэлиир Т.И. Петроваҕа, Мэҥэттэн Дьабыл орто оскуолатын учуутала И.Г. Баишевка уонна Р.И. Бравинаҕа төрүт култуура кэнсиэпсийэтин уонна бырагырааматын оҥорторбуттар. Розалия Иннокентьевна:
— Онтубут Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын барытын хабыахтааҕа. Ол бырагыраамабыт саха, нуучча оскуолатыгар тэҥинэн үөрэтиллибитэ. 1992 с. университекка төрүт култуура факультета аһыллыбыта. Биһиги кыһабытыттан дьоһуннаах дьон – учууталлар, култуура үлэһиттэрэ, учуонайдар үүнэн-үөскээн таҕыстылар. Холобур, бүгүн кэлбит сахалыы уһуйааны, оскуоланы тэрийэн, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылар ырыаһыт Анатолий Бурнашов, төрүт муусуканы, төрүт дорҕоону тарҕатар, үйэтитэр Хатылаевтар уо.д.а. Арассыыйа үрдүк үөрэҕин, университет историятыгар Юрий Платоновтыын суос-соҕотох эстрада бөлөҕүн арыйан, ырыаһыттарбыт бары үрдүк үөрэхтэннилэр. Бастаан утаа сорохтор ону өйөөбөттөр этэ. Саха гиимнин тэҥэ буолбут “Сахам сирэ” ырыатын Ангелина Файрушина судаарыстыбаннай эксээмэнин иннинэ суруйан, дьоллоон турар. Лэгэнтэй, Чыскыырай, Сиэйэ Уола... саха аатын ааттатар дьон.
Мин төрүт култуураны этнограф, археолог быһыытынан үөрэтэбин. Ол эрээри төрүт култуура кута-сүрэ, уйулҕата, тыына ийэ тыл уонна фольклор нөҥүө арыллар. Ол иһин ымсыыран, баҕаран туран, бу кинигэни суруйдум. Университекка 20 сыл үлэлээтим. 3 кафедраны тэрийдим. Фольклор (В.В. Илларионовка), культурология (Б.Н. Поповка) уонна култуура-искусство кафедратын П.А. Слепцовка туттаран баран, академическай наукаҕа көспүтүм. ИГИ-гэ кэлэн, “Истоки Якутии” диэн үйэлээх кинигэ 1-кы туомугар үлэлэспит дьоллоохпун. 2009 с. Новосибирскайтан Н.А. Алексеев дириэктэринэн кэлэн, саха археологиятын үөрэтээри, анал салааны арыйбыта. Онно 4 этибит: В.А. Кашин, кэргэнэ В.В. Калинина, Е.А. Строгова уонна мин – сэбиэдиссэй. Соҕотох сахабын. Көмөҕө үс фольклористаахпыт – А.А. Кузьмина, А.Н. Курилова уонна О.И. Чарина. Сайын буолла, экспедицияҕа соҕотоҕун барыам дуо, Айталина Ахметовнаны кытта музейтан В.В. Попову ыллыбыт да, бардыбыт. Онон Ахметовна археология хаһыыларыгар быһаччы кыттыбыт тыл үөрэхтээҕэ.
Археологияны фольклору кытта ситимнээн үөрэтии үгэс буолла. Ол курдук, Сэһэн Боло уонна А.А. Саввин – саха археологиятын төрүттэспит, уос номоҕор киирбит дьон. 30-ча көмүүнү хаспыттара: Хаҥаласка – Маһарыны, Соппуруон Сыраанабы, Мэҥэ Хаҥаласка – Аба Уос Дьорҕону кийиитиниин (кийиитэ Ярославскай аатынан музейга сыппыта), Чурапчыга – Болугур Айыытын уо.д.а. Сэһэн Бололоох былыргы көмүүлэри чинчийбиттэрэ. Үгэһи салҕаан, нэһилиэктэри, улуустары кытта үлэлиибит. Ол курдук, бэрдьигэстээхтэр киирэн олороллор. А.П. Семенова. Бэрдьигэстээх С. Данилов аатынан оскуолатыгар “Оскуола археологията” бырайыактаахпыт. Оҕолору сыллата Сиинэҕэ лааҕырга таһааран, үлэбитин көрдөрөбүт. “Инникигэ хардыыга” матырыйаал суруйалларыгар сүбэлиибит.
Болугурга 3 сыл “Сырдык Сулуһу” хастыбыт (Кулун атах култуурата). II-с Дьөппөҥҥө үлэлээбиппит 10-ча сыл буолла. Тимири уһаарар 15-16 үйэтээҕи 9 оһоҕу буллубут. 5 археолог үлэлээтэ, нэһилиэк эр дьоно тэбис-тэҥҥэ үлэлэспиттэригэр махтанабыт. Тиэхиньикэнэн көмөлөһөллөр, аспытын булаллар. Быйыл “Күөртээх күөрдэмнэр” диэн кинигэ суруйан туттардыбыт. Ахсынньыга тахсыахтаах. РГНФ гранын ылан, Дьэргэҕэ, Истээх бырааныгар баар көмүүнү хаһабыт. Онно кыраайы үөрэтэр мусуойга Маһары уҥуоҕун уруһуйа баар эбит. Туһугар арыйыы!
Истээх бырааныгар бастакы хаһыыны Г. Ксенофонтовтаах 1933 с. оҥорон, артефактарын Ем. Ярославскай музейыгар туттарбыттара. Бу сырыыга урут көстүбэтэх кыргыс үйэтинээҕи маллары, глазурьдаах тимэҕи, куру, сэби-сэбиргэли булбуттар. Олору үөрэтэ сылдьаллар. Саха историятыгар бэлиэ суолталаах булумньу буолара саарбахтаммат.
Маннык дьиктини кэпсээтэ:
– Көмүүлэр олох көстүбэттэр этэ. 10-ча сыллааҕыттан бэттэх 14-16 үйэтээҕи 30 көмүүнү буллубут. Бары – кыргыс үйэтинээҕи боотурдар. Биир да дьахтар көмүүтэ суох. Кэлии дьонуҥ бары – эр дьон, дьахталлара төрүт олохтоох, араҥастаан көмүллэр омуктар быһыылаах. Чурапчыга ыҥыырын сыттыктанан сытар киһи көстүбүтэ. Бары үнтү сынньыллыбыт, кыргыһыыга өлбүт дьон. Саалара-саадахтара да ону кэрэһилиир. Аны, Владимировка таһыгар, “Священный табун лошадей” баар сиригэр боотураат баһылыктарын уҥуохтарын көмүүтэ баар. Дьиктитэ, элбэх киэргэллээхтэр: кылдьыылаахтар, күннээхтэр, ытарҕалаахтар, курдара киэргэллээх. Тарбахтарын аайы биһилэхтээхтэр. Билигин оннук биһилэх ханна да суох. Арай Волжскай булгактарга (татаардарга, чуваштарга, башкирдарга) көстөр. Ол аата онтон тиийэ кэлбит дьон!
Сүөһүнү иитии култууратын кэрэһилиир булумньу Өлүөхүмэ Токкотун Улахан Сэгэлээннээҕэр көстүбүтэ. 3-4 үйэҕэ, 1,5 тыһ. сыллааҕыта туттуллубут харысхал баара. Маныаха дьүөрэ харысхал өттүк симэҕэр билигин да баар. Оҕус бэрбээкэйин уҥуоҕа көстүбүтэ. Ол эбэтэр сахалар олох былыр кэлбиттэр.
А.А. Саввин 30 араас былыргы идэни арааран суруйар. Ол иһигэр олоҥхоһуттары, тойуксуттары, отоһуттары, ойууннары киллэрбэт. Арааһа, көлөһүнү аҕаан, сэниэни эһэн ситиһиллэр илии-атах үлэтин эрэ ааҕар? Үөһээ Дьааҥыттан Ырыа Баһылай, отоһуттартан Чиэппэр Дьөгүөр туһунан киллэрдим. Оҕото иһигэр өлөн хаалбытын, дьахтар иһиттэн хол-буут арааран хостуур. Уустук эпэрээссийэ! Куорат Ботаническай саадын таһыгар булбут көмүүбүтүгэр төбөтүн уҥуоҕа хайа охсуллубутун туоһунан бэрэбээскилээбит киһилэрин булбуппут. Бу – 14-с үйэҕэ! Өбүгэлэрбит оннук мындырдар. 1884 с. вице-күбүрүнээтэр Томскай Иркутскай музейыгар туттарбыт бырдахтан, оҥоойуттан быыһыыр кыл түннүгэ баар. Билигин туттар сиэккэбит курдук. Кыл ытык, клатч кытта баар эбит. Сахалар оччоҕо да олус сайдыылаахтарын ити кэрэһилиир. Вашингтоҥҥа түүлээх сон маҕаһыыныгар фирма этикиэккэтигэр былыргы саҥыйахтаах, үрүҥ көмүс киэргэллээх саха дьахталларын ойуутун иилбиттэр.
Тапталбытыгар тиийиэххэ. Көҕүтэр, көҕүйсэр ырыалар, көҥүл таптал ырыата киирдилэр. “Ахта Һааба” диэн Багдарыын Сүлбэ П.Н. Кузьмин суруйуутун киллэрбитэ баар. Ураты тиэкис диэн уктум. Аны, 1824 с. “Свод степных законов и обычаев кочевых инородцев” барыла тахсыбыт. Онно: “Дьахтары эрэ дьоллообот, айылҕаттан бэриллибит эбээһинэһин толорбот буоллаҕына, дьахтар үрдүкү суукка үҥсэн уонна арахсан, кыахтаах эр киһиэхэ барыан сөп” диэн эбит! Ону бастаан, кыбыстыбыта буолан, киллэримээри гыммытым. Биир кэпсээҥҥэ эр киһи көссүүтүгэр бүтүн бэрэмэдэй собо тылын кэһиилэнэр. Оттон биир дьахтар 3 сыл Халымаҕа сүтэ сылдьан баран кэлбит эрин биир кытыйа куобах силиилээх көрсөр. Ону биирэ оборон мунньубутун билэр баран: “Эн силгин ким сиэҕэ диэн уурдуҥ?!” – диэбитигэр, дьахтар эрэйдээх хомойон тахсан моҥнон өлөр...
Ийэ тыл эмчитэ М.П. Алексеев – Дапсы Розалия Иннокентьевна урукку “Олох уонна өлүү” кинигэтин ойуччу тутан хайҕаата. Салгыы: “Атын олох кэлбит. Дьон көҥүл барбыт. Бу кинигэҕэ таптал бөҕө, көссүүлэһии бөҕө. Урут сэбиэскэйиҥ суруйтарбат этэ. Мин хайҕаатым ээ, Розалия Иннокентьевнаны. Учуонай диэн маннык буолуохтаах: норуотун өйүн-санаатын, майгытын көрдөрүөхтээх. Булан, дьэ, суруйар. Бэйэтэ суруйуо дуо, суруллубуту архыыптан булан бэчээттэтэр. Толлубакка, хорсуннук”, – диэтэ.
Анатолий Бурнашов: “Саха сиригэр үс улахан өйдөөх дьахтар баар. Биирдэстэрэ – Розалия Иннокентьевна. Миэхэ. Өй диэн үрдүк таһым” диэн тэттик эрээри, киэҥ ис хоһоонноох сыанабылын үллэһиннэ.
Ити курдук, 3,5 чаас устата элбэҕи биллибит, ааптарга анаммыт үтүмэн үгүс үтүө тыллартан, хайҕалтан үөрдүбүт. Анатолий Бурнашов, Герман, Клавдия Хатылаевтар, эдэрдэр эҕэрдэ ырыаларын истэн, астынныбыт.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ