Кэлэр сылтан «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлиэҕэ
Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлиэҕэ.
Билигин баар «Земскэй учуутал» уонна «Земскэй доктор» курдук тыа сиригэр, аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии тиийбит култуура исписэлиистэригэр 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Уһук Илиҥҥэ бу суума икки бүк үрдүк – 2 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагырааманан 2030 сылга диэри Саха сиригэр 200 исписэлиис ирдэнэр – искусство оскуолаларыгар, кулууптарга, библиотекаларга, музейдарга.
«Земскэй култуура үлэһитэ» бырайыак сүрүн сыала – тыа сирин идэлээх исписэлиистэринэн хааччыйыы. Оттон бырагыраама кыттыылаахтарынан саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр исписэлиистэри сэргэ уопуттаах каадырдар эмиэ буолуохтарын сөп. Маныаха сүрүн ирдэбилинэн анал орто эбэтэр үрдүк үөрэхтээх буолаллара буолар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Хаартыска: СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ.