Өлүөнэ күргэтин бастакы сыбаайалара тургутууну аастылар
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх Өлүөнэ күргэтин тутуу күргүөмнээхтик саҕаланна. Бастакы сыбаайалар штамповай тургутууну аастылар.
«ВИС» хаспаанньаҕа иһитиннэрэллэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ муоста атахтарын уурарга үүттээһин уонна бетон үлэлэрэ хампаанньа, бырайыактыыр институт исписэлиистэрин уонна РОСДОРНИИ экспертэрин кыраҕы хонтуруолларынан салҕанар.
Күргэ атахтарын уурарга туттуллар бетон миэстэтигэр, анал таҥыллыбыт собуокка оҥоһуллар. Чааска 60 куб/м оҥорон таһаарар кыамталаах собуот тус лабораторията симиэс састаабын барытын хонтуруоллаан иһэр. Иккис маннык собуот өрүс уҥа кытылыгар сотору кэминэн таҥыллан бүтүөхтээх. Хаҥас биэрэккэ итини сэргэ арматура каркаһы оҥорор сыах баар буолуоҕа. Күргэни тутарга уопсайа 26 атахха 1000 кэриҥэ 10-тан 40 миэтэрэҕэ диэри уһуннаах каркас оҥоһуллар, оттон бетон иэнэ – 47 тыһ. куб/м, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Хаартыска: «ВИС»