19.02.2020 | 13:19

СЕРЖАНТ ЛЫТКИН ДНЕВНИГЭ

СЕРЖАНТ ЛЫТКИН ДНЕВНИГЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1943 СЫЛ

28-V с. Из дома телеграмму получил там написано “Перевод получила, благодарю, сын болен остальные все здоровые желаем тебе лучшего здоровья с приветом Ирина”.

Манна мин араас үчүгэй кинигэлэри аахтым. “Мальчик из Уржума” написанный про детство С.М. Кирова. “Детство Темы” – Гарина. Здесь написано про семью генерала Николая Семеновича Карташева. Как воспитывали его сына. “Как закалялась сталь”.

Мин бу госпиталга үс ый кэриҥэ сыппытым гэннэ выздравительнай батальоҥҥа ыытар буоллулар.

30-VI күн 5 киһи буолан поездка олорон II Читаҕа Антипиха диэн станцияҕа выздравительнай батальоҥҥа бардыбыт.

1-VII күн 4 чаас саҕана Антипиха станцияҕа кэллибит. Манна били батальоммутугар бардыбыт. Манна биэс хоммутум кэннэ миигин Улан-Удэҕа 9 саппаас полкаҕа командир үөрэҕэр ыыттылар.

12-VII. Улан-Удэҕа 9 саппаас полкаҕа кэллим. Манна икки ый устатыгар үөрэммитим кэннэ миигин млад. Сержант аатын иҥэрэн фроҥҥа ыытар буоллулар.

12-X. Улан-Удэттан фроҥҥа бардыбыт.

20-X. Челябинскэйгэ кэллибит.

25-X. Куйбышевка кэллибит.

Маршрут. Улан-Удэ – Иркутск, Омск, Новосибирск, Свердловск, Челябинск, Куйбышев, Пенза – Уфа, Балашов – Лиски Миллерова – Ворошиловград – Горловка – стан. Сановата – стан. Чаплина – станция Полога – Запорожья – Царе Константиновка – Федоровка – Милитополь.

12-XII. Биһиги Төрдүс Украинскай фроҥҥа 29 бригада 15 батальонугар түбэстим.

23-XII. Биһиги Милитополь аттыгар буомбалааһыҥҥа түбэстибит, манна биһиги 8 киһи этибит. Онтон 3 киһини өлөрдө, 1 киһи атаҕар баас ылла, онтон мин умуһахха киирэммин онон тыыннаах ордон хааллым.

Манна бу 3 киһини похорона оҥорон баран айаммытын биһиги саҕалаан бардыбыт.

26-XII. Биһиги батальон Перехот диэки айаммытын саҕалаатыбыт.

Милитополь – стан. Тамжак, Акимовка – стан. Партизанка – Строгоновка – Петровка Новостронск – Макаровка и Бугаевка.

Биһиги саҥа дьылы Бугаев станцияҕа көрүстүбүт инньэ гинэн манна аһа суох олоробут. Хата манна олохтоох нэһилиэнньэ аһатар.

1944 СЫЛ

23-III 44 г. Прибыли на Днепр на станции Алешка.

Бугаевка – Мигиева, Брелевка – Камони и Алешка.

9/IV. Биһиги күнүс 12 чаас саҕана Днепр өрүһү туораатыбыт.

Мантан маршрут Херсон – Снигиревка Снигирев станцияттан 24/VI турдубут Николаев куоракка.

26/IV. Прибыли в городе Николаево. Бу өрүс үрдүгэр олорор.

26/IV по 9/VI күннэргэ Николаев куоракка баарбыт. Манна биһиги уу ааһар муостатын туттубут уонна 7 муостаны.

9/VI. Выехали из города Николаево. Николаев – Водопой – Снигиревка и Херсон. Херсон куоракка 4 муостаны туттубут.

7/VII. Выехали из города Херсона 6 часов вечера. Маршрут – Снигиревка – Водопой – Яковна – Знаменка – Кременчук – Ромны Бахмач – Гомель и Минск – Бобруйск – Осиповичи – Жлобин.

9/VII. Прибыли на станции Знаменка, а вечером приехали в городе Кременчук.

10-VII. Прибыли в городе Ромны, проехали ночью город Бахмач.

15-VII. Прибыли в городе Гомоля. Здесь мы сделали разгрузка, наш взвод поехал на машине на станции Жлобин.

Сегодня мы проехали через Бобруйск. Здесь наши войска скрушили 5 немецких дивизий в результае все были уничтожены. Окружение был на маленький участок примерно на протяжение 10 км.

Здесь немец оставил на поле боя всю свою технику, техника разного вида и разного калибра. На каждом шагу встречаем пулеметы, пушки, танканы, и тысячами убитые лежат. Здесь очень много лошадей побито.

На них смотреть страшно.

10-Х. Миигин 12 киһини кытта өстөөх тыылыгар разведкаҕа ыытар буоллулар. Миигин командир батальона ыҥыран ылан ханна хайдах барары, туох сыалы ситиһэри сиһилии кэпсээтэ.

Биһиги бары стройга туран командир батальонугар андаҕар тылы биэрдибит, тыыннаах тылы буларга.

Мин айаммын саҕалаан бардым. Биһиги сотору буолаат биһиги чаастарбыт сытар инники обороналарыгар тиийдибит. Манна биһиги боевой охранениеҕа докумеммытын көрдөрөн баран немец окопкаларын диэки тобукпутунан сыыллан истибит. Сотору буолаат өстөөх инники чааһын мүччү көттүбүт. Онон иннибит диэки өстөөх тыылыгар киирэргэ быһаарынныбыт. 2 км кэриҥэ сири барбыппыт кэннэ хантан эрэ ракета бырахтылар, биһиги соҕотохто сиргэ умса түһэн сыттыбыт, сотору ракета умулунна, оччоҕо биһиги уҥа диэки тыаҕа таҕыстыбыт.

Манна чугас соҕус дьоннор кэпсэтэллэрин иһиттибит.

Мин икки киһини ылан туох баарын билэ разведкаҕа бардыбыт.

Мантан 300 м сиргэ өстөөх икки зенитнэй пулеметун точката турарын биллибит. Часовой диэн суох. Бэрт түргэнник төнүннүбүт уонна хоту соҕуруу өттүнэн төгүрүйэн кимэн киирэргэ итиэннэ түннүк устун противотанковай гранаты быраҕарга быһаарынныбыт ол кэнниттэн землянкаҕа көтөн түһэн плен ыларга.

Олох ыга киирдибит 4 киһини боевой харабылга туруордум.

Икки киһини гранаты быраҕарга анаатым, мин уонна икки боец землянкаҕа киирэргэ быһаарынныбыт. Ааҥҥа икки киһини туруордум.

Били уолаттарым гранатаны бырахтылар, соҕотохто землянка үрдэ ыһылла түстэ, кинилэр утуйа сытар эбиттэр, биһиги үһүөн ааны тэлэйэ баттаатыбыт уонна немец руки вверх диэн хаһыынан землянкаҕа ыстанан түстүбүт.

Уҥа муннуктан немец офицера автоматтан үс төгүллээн ытта, миигин уҥа илиибэр икки сиринэн дьукку оҕуста.

Ол да буоллар биһиги саба сүүрэн киирдибит уонна приклатынан биир уолун баска охсон немец офицерын төйүттэрэ.

Кини айаҕар хаһытаабат гына икки платогу саба астыбыт уонна икки илиитин кэлгийэн кэбистибит. Ити икки ардыгар хаҥас өттүнэн ааннаах эбит бу аанынан 6 немец солдаттара таһырдьа ойон тахсыбыттар, хайы-үйэҕэ ытыалаһыы саҕаланан эрэрэ. Онтон мин таһырдьа сулбу көтөн тахсыбытым били уолаттарым немец түөрт солдатын өлөрбүттэр уонна биири улаханнык араанньы гыммыттар, оттон биир плен бэриммит.

Биһигиттэн биир киһини өлөрбүттэр уонна Мощенко араанньы буолбут. Манан ытыһыы бүттэ, немец офицерын уонна солдатын плен ыллыбыт. Гранатынан 5 киһини өлөрдүм, онон уопсайа 9 киһи.

Били өлбүт киһибитин манна похорона оҥордубут.

Манан биһиги боевой прикаһы толордубут. Тыыннаах тыллаах айаммытын түүн саҕалаатыбыт. Немец офицера барымаары гинэр, ону мин кинжал быһаҕынан иккитэ эмэһэҕэ аспытым кэннэ дьэ хааман барда. Бу курдук бэрт эрэйинэн немец оборонатын туораатыбыт.

Сарсыарда 8 чаас саҕана икки киһилээх штаб батальонугар кэллибит. Биһиэхэ  хас биирдиибитигэр 200 грамм спирти биэрдэ уонна благодарность биллэрдэ уонна үс сууткаҕа сынньанар гинэ эттэ.

Миигин санбатка атаардылар онно 10 хонукка сытан үтүөрдүм. Мантан эмиэ урукку чааспар.

Прага куораты ылыы иһин биһиги батальоммут олус үчүгэй бастыҥ кыайыыны көрдөрбүтүн иһин Кутузов орденын II степенинэн наградалаатылар.

Биһиги Прага куорат анныгар Висла өрүс үрдүгэр оборонаны туппуппут ½ ый буолла.

13-I. I Белорусскай фронт наступлениеҕа бэлэмэнэнэр.

Брест 20/XII-44 г.

Биһиги Польшаҕа территориятынан иһэбит. Варшава куораттан айаннаабыппыт 10 хонно. Хас поляк биһигитини Аҕа эбэтэр Ийэ уолун көрсөрүн курдук сыллаан-уураан көссөллөр. Манна поляктар сорохторо олус баайдык олороллор. Кинилэр кабаанынан, ынаҕынан, атынан, куһунан-хааһынан биэрэллэр, хас аһаатахтарын аайы арыгы. Поляктар бары этэллэр “Биһиги Кыһыл Армияны күүппүппүт, кини хаһан босхолуурун кэтэспиппит, билигин Кыһыл Армия биһигини босхолоото, онон баарбытын харыстаабаппыт. Русс биһиги бырааппыт”, – дэһэллэр.

Мин Жесня станция 120 вагон картошканы маныы хааллым бүтүн отделениябынаан. Манна олороммун биир помещиктан 8 бууттаах кабаны ылан сиэтибит. Уонна Сыч, Волощенко диэн боецтарым 4 касаны өлөрдүлэр.

Манна биһиги 10 киһи буолан помещик буолан олоробут, хас биирдии киһиэхэ кроват, матрас, подушка, одиал. Хоспут иһигэр станцияттан электрическай свет киирэр. Биһиги батальоммут мантан 140 км Поснань диэн станцияҕа тураллар. Мин бу бириэмэҕэ дьоммор туох да биллэриини ыыппатым. Биһиги куруук айанныыбыт, үксүн суолга буолабыт.

Мин дьоммуттан биир да суругу ыла иликпин. Почта хаампат. Онон олус мунчааран иһэбин, дьонум хайдах олороллорун, тугу үлэлииллэрин истиэхпин баҕааттым иһин ким миэхэ иһитиннэриэй, ким миэхэ кэпсиэй.

Написано 27 по 30. I – 45 г.

Салгыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...