05.05.2022 | 19:00

Сэрии тулаайаҕа Татьяна Нюрова: «Бэйэм кырдьыгым — бэйэбэр»

Сэрии тулаайаҕа Татьяна Нюрова:  «Бэйэм кырдьыгым — бэйэбэр»
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Сэрии... бу тылы иһиттэххэ, киһи куттанар, ыгылыйар, ыксыыр. Төһөлөөх саха дьылҕатын суорума суоллаабыт, сири кытта сир оҥорбут, иэримэ дьиэтин иччитэх хааллартарбыт, төрүөхтээх удьуорун быспыт.... ыарахан тылый, өйдөбүлүй!

Харах уулаах суруктар, төрөппүт оҕоттон ытыс соттон хаалбыт ийэ-аҕа алааһы аймыыр хаһыылара төһөлөөх киһи уйулҕатын хамсаппыттара, утуйар уутун көтүппүттэрэ буолуой? Маннык алдьархай көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ, ааҕылла, сурулла туруохтаах.

Бүгүн сэрии алдьархайын бэйэтинэн билбит сэрии тулаайаҕа, сэрии сылын оҕото, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Егоровна Нюрованы кытта сэһэргэһэбин.

— Үтүө күнүнэн, Татьяна Егоровна! Төһө даҕаны сэрии дуораана ырааттар, ол ыар сыллар тыыннаах туоһулара буоллаҕыҥ. Кэпсэтиибит ол ыарахан сыллар тула барыаҕа. Хас сыллаахха, ханна төрөөбүккүнүй? Төрөппүттэриҥ кимнээҕий?

— Мин 1935 сыллаахха Сиэллээх нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Хомойуох иһин, төрөөбүтүм туһунан сибидиэтэлистибэм сүтэн, төрөөбүт күнүм чопчу биллибэт. Ол иһин төрөөбүт күммүн сыл аҥаарын быһан, от ыйыгар төрөөбүт курдук оҥорбуттара. Ийэм Ульяна Егоровна, аҕам Егор Спиридонович Нюровтар. Төрөппүттэрим “Көрдөрүүлээх” холкуоска үлэлээбиттэрэ: аҕам – хонуу үлэтигэр, ийэм – сүөһү көрүүтүгэр. Ийэм иккистээн оҕолонобун диэн мин 2 саастаахпар өлбүтэ.

— Аҕаҥ сэриигэ барбытын өйдүүгүн дуо? Хайдах барбыттарай? Хаһыа этилэрэй?

— Аҕам Дьөгүөр 1941 сыллаахха бастакы ыҥырыыга түбэһэн, күһүөрү  барбыта. Онно холкуос эр дьоно бары кэриэтэ ыҥырыллыбыттара. Сэриигэ  барыыларын үдүк-бадык өйдүүбүн. Элбэх буолан атынан барбыттара. Аҕабын бу диэн өйдөөбөппүн. Ол гынан баран биир киһи мин өйдөбүлбэр баар. Ол Хабырылла Чабыыкин диэн хара бараан киһи, кыһыл түүлээх бэргэһэлээх этэ. Кэлин санаатахпына, саһыл тыһа бэргэһэлээх эбит. Атынан  Уус Тааттаҕа тиийбиттэр, онтон борохуотунан куоракка барбыттар. Хабырылла Чабыыкын аҕам курдук сэрии толоонугар букатыннаахтык хаалбыта. Холкуоспутуттан 25 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыт, онтон 10 эргиллибит.

1952-1953 үөрэх дьыла,  учууталбыт Реас Алексеевич 
Кулаковскай. Үөһээ эрээккэ уҥа бастакы турабын

— Аҕаҥ сэриигэ барбытыгар кимниин хаалбыккыный?

— Аҕам сэриигэ барыан иннинэ Сиэллээхтэн икки оҕолоох огдообо дьахтары кэргэн ылбыта. Киирии ийэм Анастасия Ивановна миигин төрөппүт оҕотун курдук көрбүтэ. Кини бэйэтэ Маайа диэн кыыстааҕа, Сахаар диэн уоллааҕа. Балтым Маайалыын кыра эрдэхпититтэн сүөһүгэ сыста улааппыппыт. Ийэбит ыанньыксыттыыра, 12 ыанар ынахтааҕа, 12 торбостооҕо. Сарсыарда аайы күн тахса илигинэ, 6-7 саастаах кыргыттар, ынах хомуйар этибит. Ийэбитигэр ынах ыаһан, ньирэй аһатан көмөлөһөрбүт. Ийэбит наар туруору үлэҕэ сылдьыбыта. Ынахтарын ыат, оттуу барара. Ынаҕы күҥҥэ түөртэ ыыллара. Икки күнүскү ыамы балтыбыныын бэйэбит ыырбыт. Оччолорго син 9-10 саастаммыппыт. Хайдах дьабайдаан ыырбыт этэ буолла. Син ыан үүппүтүн туттарарбыт. Торбосторбутугар от үргээн аһатан, уу баһан уулатан, киэһэ ынахтар кэлиилэригэр түптэ оҥорон бэлэмнээн тоһуйарбыт. Ону таһынан киэһэ сииргэ лэппээски буһарарбыт. Тыаттан мутук хомуйан оһохпутун отторбут. Лэппээскибит улахан аҥаара иэдьэгэй буолара. Инньэ гынан дэлби ньылбыйан түһэн моһуогурарбыт.

— Сэрии кэмин оҕотун холкуоска үлэтин кэпсээ эрэ.

— “Көрдөрүүлээх” холкуос сүөһү, сибиинньэ иитиитинэн, бурдук, оҕуруот аһын ыһыытынан дьарыктанара. Сэриигэ холкуоспут саастарын сиппит уолаттара, сэриилэһиэн сөптөөх саастаах убайдарбыт, аҕаларбыт барбыттара. Кинилэр кэннилэриттэн хайдах эрэ холкуоспут кыччыы, бэйэбит тулаайахсыйа түспүппүт. Ийэлэрбит барахсаттар олох иһин охсуһа, күүстээх санааны ылыммыттара. Сүөһү көрүүтэ, от, бурдук үлэтэ кинилэр санныларыгар уонна илии-атах буолар оҕолорго сүктэриллибиттэрэ. Ол иһин күүспүт кыайарынан холкуоска үлэлиирбит. От саҕаланнаҕына, сиилэс угуутугар, от тэпсиитигэр көмөлөһөрбүт. Ардахха да өрөөбөт этибит. Ардах аннынан от оҕустараллара, бугул көннөттөрөллөрө. Арыый обургуларбыт оҕус сиэтэллэрэ. Күһүн бурдук бустаҕына, ыалларынан өлүү түҥэтэллэрэ. Бурдук быһары нуормалыыллара, инньэ гынан ийэбит нуорматын көҕүрэтэн, сиэрпэнэн бурдук быһарбыт. Тоҥоруу буолаары гыннаҕына, бурдукпутун харыһыйан, сонуогу тула хаппыт ынах сааҕын хомуйтаран чөмөхтөтөр этилэр. Саах хомуйуута оҕолорго сүктэриллэрэ. Куруук аччык сылдьарбыт, уубутун хаммат этибит. Киэһэтин бурдукпутун хаһыҥҥа былдьатымаары түптэлииллэрэ. Бурдук бустаҕына, биир да туораҕы сонуокка түһэрбэккэ хомуйтараллара. Бурдук туораҕа түспүтүн хомуйан, уопсай маҥхааһайга угаллара. Холкуоспут бэрэссэдээтэлинэн аҥаар хараҕынан көрбөт Баһылай Мэхээлийэбис Хаабыһап, онтон сүөһү, хонуу биригэдьииринэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥнуур, атаҕын соһо сылдьар Прудецкай (Дэгэм) кырдьаҕастар хаалбыттара. Олор хаалбыт дьону үмүрү тардан, холкуостарын үлэтин, дьоннорун суохтаппакка, үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Холкуоспутугар ол да кэмнэргэ туруу үлэһиттэр бааллара. Оҕуруотчут Егор Николаевич Савватеев диэн оҕонньор баара. Холкуоска сонуокка оҕурсу ыһара, “самосад” табаҕы үүннэрэрэ. Оҕурсулар сиргэ сытар буолааччылар. Биһиги төһө да аччыктаатарбыт, ол оҕурсуттан олох сиэбэт этибит. Учаастакпытыгар үс ыанньыксыт баара. Дария Егоровна Васильева, икки хараҕа суох Лөҥкө ийэтэ эмээхсин кыыһыныын уонна биһиги ийэбит Анастасия Ивановна бастыҥ ыанньыксыттар этэ. Күҥҥэ 12 ынахтан 60-тан тахса киилэ үүтү ыыллара. Хайҕалга сылдьар этилэрэ. Үүттэрин бэйэлэрэ астыыллара, арыылыыллара. Арыыларын уулларан тоҥороллоро уонна маҕаһыыҥҥа туттараллара.

— Ыалларгыт кимнээх этилэрэй?

— Биһиги олорор кыра алааспыт 4-5 ыаллааҕа. Өйдүүрбүнэн, Прудецкайдар, Дьөгүөр Ардьакыаптаах, Дьөгүөр Маминнаах, Харлаампый Сахаарап эмээхсининиин олороллоро. Сорох ыалым ыччаттара аҕа-ийэ ууһун тэнитэн, үтүө-мааны дьон буоллулар. Биир дойдулаахтарым оҕолоро этэҥҥэ олороллоруттан үөрэбин эрэ.

— Суту-курааны бэйэҕинэн билэ улааппытыҥ. Оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, бэтэринээр идэтин ылбытыҥ. Идэ таларгар ким сабыдыаллаабытай?

— Олоххо киһиэхэ үчүгэй сабыдыалы оҥорор дьон баар буолаллар. Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Баһылай Мэхээлийэбис анал үөрэҕэ да суох буоллар, бэтэринээр ааттааҕа этэ. Ынах уулааҕын тас көрүҥүттэн эндэппэккэ быһаарара. Оччотооҕуга хотон кыараҕас, сииктээх, оҕус борооскулары үөн бөҕө сиир этэ. Бэйэтэ эмтиир ньымалааҕа, туттар малынан саха быһаҕа буолара. Быһаҕын тутар да, илиитин ынах иһигэр уган, оҕотун көҥүл бысталаан ылар буолара. Мин кини кэмигэр оскуоланы бүтэрэн баран, “Тараҕана” пиэрмэтигэр икки сыл ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитим. Хомсомуол райкома тыа хаһаайыстыбатыгар үөрэнэ барарга путевка биэрбитэ. “Көрдөрүүлээх” холкуостан норуот хаһаайыстыбатын араас идэтин баһылаан, бэрэссэдээтэлбит идэтин утумнаан, суолун солоон, түөрт кыыс бэтэринээр быраас үүнэн тахсыбыппыт. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бэтэринээринэй бырааһа Октябрина Николаевна Пухова, онтон мин – Татьяна Егоровна Нюрова, Любовь Яковлевна Васильева (Аввакумова), Татьяна Васильевна Ефимова (Нюрова) буолабыт.

— Сэрии кэмигэр олоххо тардыһыы холобурун киминэн көрөҕүнүй?

— Олоххо тардыһыы күүһүн ииппит ийэм Анастасия Ивановнаҕа көрөбүн. Иитиллибит ийэм Анастасия Ивановна Налыяхова уопсайа уон оҕону ииппитэ. Барыта кэргэттэрин оҕолоро. Мин аҕабыныын сэриигэ барыан иннинэ ыал буолбуттара. Биир оҕоломмуттара, ол оҕо кыра сааһыгар өлбүтэ. Онтон сэриигэ аҕам өлбүтүн кэнниттэн Василий Николаевич Налыяхов диэн икки оҕолоох холкуостаах оҕонньорго кэргэн тахсар. Ол оҕонньортон икки оҕоломмуттара, иккиэн төттөрү барбыттара. Мин 9-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына түөрт оҕолоох Яков Ананьевич Захаровка кэргэн тахсыбыта. Инньэ гынан уопсайа уон оҕону улаатыннарбыта, үлэһит, ыал оҥортообута. Биһиги төһө даҕаны атын ийэттэн-аҕаттан төрөөтөрбүт, биир дьиэҕэ иитиллэн, бэйэ-бэйэбитигэр үчүгэй сыһыаннаах, чугастык санаһа улааппыппыт. Сорохторум анараа дойдуга барбыттара, кинилэр оннуларыгар ыччаттара билсэллэр. Ол биһиги ийэбит Анастасия Ивановна үтүөтэ. Ийэбит олус дьаһаллаах, быһаарыылаах, оҕолорго үтүө сыһыаннаах этэ. Кини оскуолатын ааһан киһи буолбут киһибин.

Аҕабын кытта бииргэ төрөөбүтэ Маайа, мин олоробун, аҕам инитин оҕото балтым Таанньа

— Аҕаҥ өлбүтүн туһунан хайдах билбиккиний? Сурук туппуккут дуо?

— Аҕам 1943 сыллаахха өлбүтэ. Бастакы уоттаах сэриигэ сылдьыбыттартан дьоллоох эрэ киһи ордуннаҕа. Өлбүтүн туһунан суругу миэхэ аадырыстаан ыыппыттар. Ону миэхэ көрдөрбөтөхтөрө. Аҕам көмүс уҥуоҕа Вятка куоракка хараллан сытар.

— Кыайыы буолбутун кимтэн истибиккитий? Ол үөрүүтэ хайдах этэй?

— Биһиги “Көрдөрүүлээх” холкуоспутугар аттаах киһи тиийэн биллэрбитэ. Тула үөрүү-көтүү буола түспүтэ. Ким эрэ ытыыра, ким эрэ үөрэн ураалыыра.  Бэс ыйыгар “Көрдөрүүлээххэ” Кыайыы ыһыаҕын тэрийбиттэрэ. Төгүрүччү олорбут дьону хаста да эргийэ хаампыппын өйдүүбүн. Бу санаатахха, аҕабын көрдөөбүппүн быһыылаах. Ону кэнники инник тойоннуубун.

— Аҕаҥ бииргэ төрөөбүттэрдээх этэ дуо?

— Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр эбит. Олор оҕолоро бааллар. Чычымахха аҕам бииргэ төрөөбүт инитин кыыһа Татьяна Васильевна Ефимова (Нюрова) олорор. Аҕата Баһылай эмиэ эргиллибэтэҕэ. Идэтинэн мин курдук бэтэринээр. Оскуолаҕа өр сыл үлэлээбитэ. Эмиэ күн бүгүҥҥэ диэри иистэнэ олорор. Сорохтор ыччаттара Томпонон, Намынан, Дьокуускайынан тарҕанан олороллор.

— Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний? Учуутталларыҥ кимнээх этилэрэй?

— “Көрдөрүүлээхтэн” сарсыарда аайы 1,5 көһү сатыы хааман, Чычымахха үөрэнэ барарбыт. Ийэбит ыалга сүөһү уостаан, онно олорбуппут. Онтон сэрии тулаайаҕа диэн интэринээккэ олордор буолбуттара. Улахан кылаастарга Ытык Күөлгэ оскуолаҕа үөрэммитим. Онно да интэринээт көмөтүнэн үөрэммитим. Чычымах, онтон Ытык Күөл оскуолатыгар киһи быһыытынан, оҕоҕо сыһыаннарынан үчүгэй, киэҥ билиилээх учууталларга үөрэммит дьоллоохпун. Ол курдук Реас Алексеевич Кулаковскай, Николай Романович Малышев, Георгий Романович Малышев, Вера Артемьевна Малышева, Елена Романовна Петрова (маҥнайгы учууталым), Трофим Егорович Мординов, Егор Семенович Никифоров ааттарын киэн тутта, махтана ааттыыбын.

«Көрдөрүүлээхтэр» сэриигэ ыҥырыллан баран түспүттэр

— Оччотооҕу ыар олох саамай чугас дьоҥҥун былдьаабыт. Дьылҕа Хаан  кинилэр олохторун салгыырга эйигин ыйаахтаабыт эбит.

— Киһи буолар быабар, этэҥҥэ улаатан, үөрэхтэнэн, бастыҥ үлэһит аатын сүкпүтүм. Ньурба Хатыытыттан төрүттээх бииргэ үөрэммит уолум Степан Иванович Васильевтыын 1964 сыллаахха олохпутун холбообуппут. Үөрэхпитин бүтэрэрбитигэр Эдьигээҥҥэ анаабыттара. Кэргэним Степан Иванович  “Эдьигээн” сопхуоска кылаабынай бэтэринээринэй бырааһынан, мин лабораторияҕа серолог бырааһынан үлэлээбиппит. Манна улахан уолбутун, кыыспытын оҕоломмуппут. Барыта түөрт сыл үлэлээбиппит. Оҕолорбут хоту дойду салгынын тулуйбакка, сотору-сотору ыалдьар буоланнар, 1968 сыллаахха бэйэм Ытык Күөлгэ көһөн кэлбитим. Ветстанцияҕа үлэлээбитим. Оттон аҕабытын салгыы Аллараа Халымаҕа “Халыма” сопхуоска кылаабынай бэтэринээринэн анаан ыыппыттара. Харбалаахха 1971 с. ананан көһөн кэлбиппит. Саҥа бөһүөлэк эдэр исписэлиистэрэ буолан, үлэни өрө тутан, дьоллоохтук олорбуппут.

— Нэһилиэккэр бастыҥ уопсастыбанньыккын. Ону сырдат эрэ.

— Харбалаах отделениетыгар үлэлии сылдьан, пиэрмэ үлэһиттэрин ортотугар “Зооветеринарнай” куруһуогу үлэлэппитим, политинформатордаабытым. Нэһилиэкпэр кырдьаҕастар сэбиэттэригэр, үс оҕом оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри төрөппүт кэмитиэтигэр үлэлээбитим. Кэнсиэри, бэстибээли, субуотунньугу көтүппэтим. Сааһыран баран “Далбар эбэлэр” диэн түмсүүгэ иистэнэбин. Кыайыы 70 сылыгар иис маастара Люция Кривошапкина салалтатынан улуу сирдьит Иосиф Виссарионович Сталины кылынан оҥорбуппут. Сыл устата кыл-сиэл муспуппут. Эскиһи, хайдах оҥорорбутун маастар бэйэтэ сүрүннээбитэ. Төһө да хамсык дьиэҕэ хаайдар, Кыайыы 74 сылыгар куйаар ситиминэн “Арчы” дьиэтэ ыыппыт күрэҕэр С.Р. Кулачиков-Эллэй “Бырастыылаһыы” хоһоонун ааҕан, иккис миэстэни ылан турардаахпын. Нэһилиэкпэр кийииппиниин эмиэ кыттыбытым. Сыллата ыһыахха түмсүүбүт түһүлгэтин аһылыгар саламаат, быырпах оҥоробун. Онон мээнэ олорбоппун, атаҕым уйарынан, сүрэҕим баҕатынан, ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттан иһэбин.

Бииргэ төрөөбүт Нюровтар ыччаттара

— Татьяна Егоровна, бэйэҥ эмиэ иистэнньэҥ быһыытынан биллэҕин. Хас сааскыттан иистэнэҕиний?

— Эдэрбиттэн иистэнэбин. Оҕолорбор кэтэр таҥастарын тигииттэн саҕалаабытым. Билигин да иистэнэбин. Сааһыран баран кыбытыылаах иискэ кытта үөрэнним. Таҥас эрэ ииһин буолбакка, түүлээҕи кытта тигэбин. Кийииттэрбэр, кыргыттарбар, сиэннэрбэр анаан хаппар суумкалары, олбохтору тигэн бэлэхтээтим. Киһи дьарыктаах буоллаҕына, кырдьыыга бэриммэт. Иистэнэрим таһынан, 50-н сааспыттан күн бүгүҥҥэ диэри сарсыарда аайы пааркаҕа хаамабын. Спортивнай хаамыынан саҕалаабытым, билигин скандинавскайдыы хаамабын.

— Соҕотох бэйэҥ тэнийэн олороҕун. Дьиэ кэргэниҥ туһунан сырдат, кэпсээ эрэ.

— Кэргэним Степан Иванович Васильевтыын түөрт оҕоломмуппут. Аҕабыт “Коммунизм” сопхуос дириэктэригэр тиийэ үүнэн үлэлээбитэ. Сүрдээх үлэһит, көнө майгылаах киһи этэ. Улахан уолбут Игорь биһиги курдук бэтэринээр быраас, бэтэринээринэй учаастак сэбиэдиссэйэ, кэргэнэ Сардаана “Бырааттыы Мординовтар” музейы салайар, икки уол, биир кыыс оҕолоохтор, икки сиэннээхтэр. Улахан кыыс Оксана провизор идэлээх, биир кыыстаах. Кыра кыыс Мария акушерка, икки уоллаах, биир сиэннээх. Кыра уол Иван ДьТХА-ны бүтэрбитэ, кэргэнэ Анжелалыын “Якутскэнерго” тэрилтэҕэ үлэлииллэр, кыыс, уол оҕолоохтор, биир сиэннээхтэр. Ийэлээх аҕам олорботох олохторо соҕотох кыыстарынан, миигинэн, салҕанан тэнийдэ. Төрөппүттэрбин кэриэстээн, олорор олохпунан, ыал ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ буолан чиэстээхтик толордум.

— СПТУ-га тыа ыччата идэлээх буолуутугар өр сыл үлэлээбиккин.

— Доруобуйабынан бэтэринээр үлэтиттэн уурайан, 1979-1986 сс. Харбалаахтааҕы СПТУ-га бэтэринээрдэри бэлэмниир группаҕа преподавателлээбитим. Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн үөрэнэллэр. Бу сыллар усталарыгар 200-тэн тахса оҕону бэйэм идэбэр уһуйбутум.  Методист-учуутал буола үүммүтүм уонна Социалистическай үлэ кыайыылааҕа буолары ситиспитим. Тыа сиригэр сүөһү иитиитэ баарын тухары, бэтэринээр идэтэ баар буолуоҕа. Бэйэ кэтэх да сүөһүтүн көрөргө-истэргэ, эмтииргэ наадалаах. Күн бүгүн  үлэлээбит үөрэҕим кыһата олох хаамыытынан тыа ыччатын үөрэтэ олороруттан үөрэбин.

Кэргэним Степан Ивановичтыын

— Олох сокуонунан кэм- кэрдии ааһан иһэр. Кэми баттаһа, дьиҥ чахчы буолбуту үйэтитэн, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар ытык иэстээхпит. Бу сиэринэн төрөөбүт дойдугар  үйэтитиигэ туох үлэ барарый?

— Төрөөбүт Сиэллээҕим «Көрдөрүүлээҕэ” холбоһуктааһын кэмигэр Чычымах сиригэр-уотугар киирбитэ. Үйэтитии үлэтэ үгэс быһыытынан салҕанар. Кыайыы 75 сылыгар Амма нэһилиэгэр сэриигэ баран өлбүт, тыыннаах эргиллэн кэлбит буойуттарга стела оҥорторбуттара. Оттон биһиги, «көрдөрүүлээхтэр», төрөөбүт алааспытыгар норуодунай скульптор Максим Павлов эскииһинэн, “Көрдөрүүлээхтэн” төрүттээхтэр көмөлөрүнэн бэлиэ стела оҥорон туруорбуппут. Көрдөрүүлээхтэр сыдьааннара бары харчы хомуйбуппут. Хас да сыллааҕыта Любовь Васильева (Аввакумова) “Көрдөрүүлээхтэн силис тардан” диэн кинигэни таһаарбыта. Онон үйэтитии курдук суолталаах үлэ барар, инникитин да биһиги ыччаттарбытынан салҕаныа  турдаҕа.

— Татьяна Егоровна, төрөөбүт сааскынан тыыл бэтэрээнэ буолуохтаах эбиккин. Итиэннэ тыыл кытаанах үлэтин эккинэн-хааҥҥынан билэн кэллэҕиҥ?

— “Сэрии сылын тулаайаҕа” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ол эрээри биир да чэпчэтиинэн туһаммаппын. Онтон тыыл бэтэрээнэ буолууну этэр буоллахха, төрөөбүт сибидиэтэлистибэбин көрдөөн булбатахпыт. Хаһаайыстыбаннай кинигэттэн оҥоруу уурааҕа тохтотуллубутун кэннэ биирдэ көстүбүтэ. Ол кэнниттэн докумуон хомуйан түһэрэн көрбүтүм да,  итэҕэс элбэх аатырбыта.  Холкуоска үлэ киниискэтэ суох үлэлээбиппит. Оннооҕор биир салайааччы үөһэ билэр салайааччылааххын дуо диэн ыйытан турардаах. Онон оннук хаалбыта. Бэйэм кырдьыгым бэйэбэр эрэ хаалбыта.

— Быйыл 87-с хааргын ууллардыҥ. Улуу Кыайыы 77 сылын бэлиэтээри олороҕун. Кыайыыны тыылга үлэлээн аҕалсыбыт киһи быһыытынан, ыччаттарга тугу этиэҥ этэй?

— Бу Кыайыы – биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит хааннарын тоҕон ситиспит ситиһиилэрэ. Кыайыы ыараханнык кэлбитин хас биирдии киһи көлүөнэттэн көлүөнэтигэр кэпсиэхтээх. Ону эдэр ыччат үөрэтиэхтээх, махтана, сүгүрүйэ сылдьыахтаах. Оччоҕо биирдэ “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэхтээхпит. Сэрии хаһан да буолбатын.

— Татьяна Егоровна, истиҥ кэпсэтиигэр махтанабын. Бүгүҥҥү ыраас халлааннаах олох туһугар тыынын толук биэрбит саха биир ньургун уолун, аҕаҥ Егор Спиридонович Нюров уонна оонньооботох оҕо сааскын, тыыл ыарахан үлэтин туһунан бар дьоҥҥор, ыччаттаргар кэпсии тур. Күннээҕи түбүгүҥ үйэҕин уһаттын, туруккун тупсардын.

4 кылаас, үөһэ эррээккэ бастакы олоробун. Учууталбыт Улита Гаврильевна Мончурина

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...