29.10.2022 | 10:00

Сэрии буолбатын, эйэлээх олох мэлдьи баар буоллун

“Мин, Михайлова (Кузьмина) Аграфена Гаврильевна, Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр 1937 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр төрөөбүтүм. Билигин, 85 сааспын ааhан баран, олохпун барытын эргитэ санаатахпына, оҕо сааһым ким да баҕарбат ыарахан кэмнэригэр ааспыт эбит.
Сэрии буолбатын, эйэлээх олох мэлдьи баар буоллун
Ааптар: Бэчээккэ бэлэмнээтэ Валентина Сартаева- Васильева
Бөлөххө киир

Сир үрдүгэр кэлиэхпиттэн тулаайах этим. Ийэм бырааппын төрөөрү хаана баран бу сиртэн бараахтаабыт. Аҕам ол кэнниттэн холкуоска илиитинэн дьааттаах бурдугу ыһа сылдьан, онно сүһүрэн, эмиэ бу күн сириттэн күрэммит. Дьон кэпсииринэн, мин бырааппыныын, үс сыл аҕа эдьиийбиниин балтараа саастаахпар тулаайах, аhыыр аhа, таҥнар таҥаhа суох кураанах дьиэҕэ хаалбыппыт. Онон, ийэм, аҕам кимнээхтэрин көрбөккө, Чаппандаҕа 6 сааспар диэри сиртэн оту хомуйан сиэн сылдьыбыппын. Биир эмит ыал лэппиэскэ бэрсээйэллэр диэн киирдэхпинэ, үүрэн таһаараллара. Араас өйдөөх-санаалаах дьон ханна барыай, ол саҕана да бааллара.

Сэрии саҕана элбэх ыал аҕалара, уолаттара сэриигэ бараннар, ыал ийэлэрэ холкуос бааhынатыттан тохтубут бурдугу хомуйаллара. Бурҕаа, кутуйах хасааhын буллахтарына, олус үөрэллэрэ. Ол бурдуктарын кистээн суорунаҕа мэлийэн, оҕолорун аhаталлара. Ону холкуос салайааччылара биллэхтэринэ, ол ийэлэри хаайыыга ыыталлара. Онон элбэх оҕо тулаайах хаалара. Биирдэ ыал ийэлэрин батыһан бурдук бааһынатыгар тохтубут бурдук куолаһын илдьиритэн сии олордохпуна, аттаах мааны киhи иһэрин көрөн, дьахталлар бары ойуурга куоппуттара. Ол киһи миигин атынан тэбистэрэ сатаабыта, өлөрөр сыаллаах буолбакка, куоппут дьахталлар миигин аһынан төнүннэхтэринэ тутаттаары буолуо диэн хойут саныыбын. Ону бу санаан кэлбиччэ суруйа олоробун... Салгыы сэрии сыллара, эмиэ атын дьон дьылҕаларын курдук, ыараханнык ааспыттара.

Федот Шестаков диэн хараҕа суох оҕонньору "аҕам" диэн ааттыырым. Шестаков аҕам урут холкуостаах, дьиэлээх-сүөhүлээх ыал аҕата эбит. Кэргэнэ мин 4 саастаахпар сэлликтэн өлбүт. Эмээхсинэ өлбүтүгэр элбэх кумааҕы тутуурдаах дьон кэлэн, сүөhүтүн пиэримэҕэ диэн илдьэ барбыттар. Дьиэтин холкуос бырабылыанньата оҥоробут диэн, оҕонньор куобах суорҕаннаах, чараас тэллэх сүгэhэрдээх сир-халлаан ыккардыгар хаалаахтаабыт. Ону мин, тайаҕын төбөтүттэн сиэтэн, илдьэ сылдьыбытым. Кини ыалларга биир ытыс мэлии бурдук манньаҕа суорунанан бурдук тардара, мин суоруна дьөлөҕөhүгэр бүтүн бурдугу кутан биэрэрим, ону сэргэ сайынын ыалларга от охсоро. Онно харах оруолун толорон сирдиирим. Маhа суох сири – "оҕус", мастаах сири "охсума" диирим. Күнү быhа аһаабакка, күөлтэн уу баhан иhэн сылдьарбыт. Арай мин күөлтэн уу анныттан "бөччүөк" диэни, сиртэн "кииhилэ" диэни хомуйан сиирим. Уонна хаптаҕас, моонньоҕон аhын, төрдүн хомуйан сиирим. Баҕар, ол иhин баччааҥҥа диэри тиийдэҕим буолуо.

1943 сыл сайыныгар аҕам от охсо сырыттаҕына, биир мааны чүөчэ кэлбитэ. Онуоха аҕам муҥнаах үөрүүтүттэн "Таҥара ханна баарый?" диэн ботугуруу турбута. Ол кэннэ миигин ити чүөчэни кытары барсаҕын диэбитэ. Онуоха мин: "Суох, барбаппын", — диэн ытыы-ытыы, оҕонньор атаҕар эриллэ сыппытым. Били чүөчэм сиэбиттэн тугу эрэ ылан "сиэ" диэбитэ. Ону мин сири көрөн туран хаба тардан ылан, сыыҥпын сотто-сотто, айахпар укпутум. Минньигэhиэн! Аччык муҥнаах "өссө биэрээрэй" диэн сиэбин көрөн турдахпына, чүөчэм: "Миэхэ оҕо буолуоҥ дуо? Мин элбэх араас аhынан аhатыам, таҥыннарыам, үөрэттэриэм, үчүгэйкээн киhи гына иитиэм", — диэбитэ. Онуоха, сиэбиттэн өссө аhылык ылан биэрээрэй диэн, "ээх... оҕо буолуом" диэбитим.

Онон миигин ыҥыыр атынан Ньурбаҕа илдьэ барбыта. Баран иhэн "мама" диэн ыҥыраар диэбитэ. Ону мин, "ийээ" диэн нууччалыы "мама" буоларын билбэт оҕо, аата буоллаҕа диэн, ыҥыырга олорон иhэн "мама" диэн ыҥырдым. Онуоха чүөчэм кууhан туран, сыллыы-сыллыы, "кыыс оҕо мама диирин истэр үчүгэйиэн!" диэн үөрдэ. Мин онтон киhиргээн уонна ким да сыллаабатах оҕото, ахсаана суох "мама" диир буоллум.

Дьиэҕэ тиийбиппит, остуол үөhэ, сиргэ эр дьон бөҕө утуйа сытар. Ону мамам: "Сэриигэ баран иhэр дьон утуйдуннар, сарсыарда пароходунан бараллар",- диэтэ. Бэйэбин ваннаҕа сууйда, ырбаахы, ис-таҥас тигэ охсон таҥыннарда уонна маҥан бырастыыналаах, ыраас таҥастаах тимир ороҥҥо утутта. Хаhан да оннук таҥаска утуйбатах оҕо, илиибинэн таҥаспын имэрийэ сытан, утуйан хаалбыппын.

Сарсыарда турбутум, били дьон барбыттар. Остуолга сэрии саҕанааҕы хара килиэп, тойуу саахар, хортуоска, кэмпиэт бөҕө. Мин, ону көрөөт, ытаан тоҕо бардым. Хараҕа суох аҕам Чаппандаҕа аччык, хонор сирэ суох сылдьарын санаан. Манна баара буоллар, бу аhылыктан аhыа этэ диэн. Ону билэн, мамам оҕонньору Чаппандаттан аҕалтаран, миигин кытта, оҕонньор кырдьан өлүөр диэри, ииппитэ.

Мамам аата Кузьмина Евдокия Софроновна диэн, Чаппандаттан төрүттээх, киhи өйдөөҕө. Олох ыарахаттарын барытын ааспыт, саха мындыр, мааны дьахтара. Ньурбаҕа райсэбиэккэ инструктор этэ. Сэриигэ барар дьону тэрийэн атаарара, сэриигэ ичигэс таҥас тиктэрэн баһыылкалыыра. Сэрии саҕанааҕы дьон ыарахан олоҕор көмө бөҕө оҥороро. Оннук тэҥнээҕэ суох үтүө санаалаах көмүс киhи этэ. Сэрии огдообото бэйэтэ элбэх киhини ииппитэ, атаҕар туруорбута, төhөлөөх киhиэхэ көмөлөспүтүн ааҕан сиппэккин. Кэргэнэ Александров Михаил Федотович 1943 сылга сэриигэ баран, Тверь куоракка диэри тиийэн кыргыhыыга өлбүтэ.

Сэрии бүттэ диэн сурах кэлбитигэр, Ньурбаҕа нэдиэлэни быhа оһуохайдаабыттара. Дьон утуйбакка үөрүүлэриттэн түүннэри сылдьыбыттара. Биhиги, оҕолор, эмиэ тэҥҥэ сылдьыбыппыт. Сайын пароходунан сэрииттэн аҥаар атахтаах, биирдии харахтаах, биирдии илиилээх, мас тайахтаах, төбөлөрө бэрэбээскилээх дьон кэлэллэрэ. Биэрэккэ Ньурба дьоно, оҕото бары киирэрбит. Онно көрдөхпүтүнэ, дьоно тыыннаах кэлбит ыал ийэлэрэ үөрэллэрэ. Оҕото, кэргэнэ кэлбэтэх ыал ийэлэрэ биэрэккэ кумахха умса түhэ сытан ытыыллара. Ону көрөр олус дьулаан этэ.

Мин үгүс аймахтарым сэриигэ сылдьыбыттара. Ол курдук, Алексей Ефимович Фёдоров, Иван Иевлевич Васильев, Никита Наумович Иннокентьев, Михаил Федотович Александров уоттаах сэрииттэн төннөн кэлэн, Сэбиэскэй былаас бөҕөргүүрүгэр, дьон олоҕо тупсарыгар күүстээхтик үлэлээбиттэрэ. Сэрии бүппүтүн кэнниттэн тулаайах хаалбыт оҕолору интэринээккэ, Куочайга детдомҥа киллэртээбиттэрэ. Онон бэлэм аhы аhаан-таҥнан, үөрэнэн, элбэх оҕо киhи буолбута. Кэлин үөрэхтээх дьон буолан дойдуларын өрө көтөхпүттэрэ. Ыал буолан, оҕо төрөтөн, киһи ахсаанын элбэппиттэрэ. Федоров Алексей Ефимович сэриигэ 7 сыл сылдьан кэлбитэ. Маамам кинини Бүлүү педагогическай училищетыгар үөрэттэрбитэ. Ол кэнниттэн Дьокуускайга педагогическай институкка үөрэнэн, үтүөлээх история учуутала, икки оҕо аҕата буолан олорон ааспыта. Кини балтын Таняны Москубаҕа пушно-меховой институкка үөрэттэрбитэ. Таня Свердловскай куоракка кэргэн тахсан, оҕолонон-сиэннэнэн олорор. Иван Иевлевич Васильев Маар нэһилиэгэр үгүс сылларга учууталлаабыта, нэһилиэк ытыктанар ыала этилэр, кэргэнэ Мария Константиновна Елизаровалыын 10 оҕону иитэн, үөрэхтээх дьон оҥортообуттара. Никита Наумович Иннокентьев сэрииттэн аҥаар илиитэ суох кэлэн, мин аҕабынан эдьиийбин кэргэн ылан, Чуукаар нэһилиэгин убаастанар ыалын аҕата, сопхуос туруу үлэһитэ этэ. Тыа сиригэр сэрии кэмигэр, ол да кэнниттэн, олох ыарахан этэ. Сэриигэ барбыт, тыыннаахтара суоҕа биллибэт дьону кэтэhии...

Мамам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, кэргэнэ өлөн, икки оҕолоох хаалбыта, онон Марха дэриэбинэтигэр көспүппүт. Оҕолору иитиhэн, үөрэхтээх дьон оҥортообута. Мамам Мархаҕа араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, кулууп сэбиэдиссэйэ этэ. 

1950-1960 сыллар – мин балыыhаҕа саҥа үлэлээн эрэр кэмнэрим. Оччотооҕу быраастар үлэлэрэ элбэх да буоллар, ситиhиилэрэ улахан буолара. Араас сыстыганнаах ыарыы элбэҕэ: трахома, сэллик, сыстыганнаах ис ыарыылара, ыт элбэх буолан, быар ыарыыта... Эмп тиийбэтиттэн оҕо, улахан да дьон өлүүтэ элбэҕэ. Трахоманы суох оҥорбуттара, сэллик салгыы тарҕанарын аҕыйаппыттара. Ол саҕанааҕы быраастар, учууталлар дэриэбинэ олоҕо тупсарыгар күүстээх үлэни ыыталлара. Бары киhи убаастыыр дьоно этилэр. Билиҥҥи курдук төлөпүөн суоҕа. Оройуон киинигэр аҕыйах сиргэ хара араадьыйа баара. Дэриэбинэлэргэ биирдии араадьыйа кулууптарга турара. Холобур, Мархаҕа кулуупка учууталлар, балыыhа үлэhиттэрэ истэллэрэ уонна сарсыныгар дьоҥҥо тугу истибиттэрин, балаhыанньа хайдаҕын лиэксийэ быhыытынан кэпсииллэрэ. Ол саҕана нууччалыы билэр, хаhыаты ааҕар киhи аҕыйаҕа, үөрэхтэрэ суоҕа. Ол иhин учууталлар ыаллары кэрийэ сылдьан ааҕарга-суруйарга үөрэтэллэрэ. Дэриэбинэлэргэ үлэлиир балыыhа үлэhиттэрэ ыаллары кэрийэ сылдьан ыттары баайтараллар, трахомалаах дьоҥҥо харахтарыгар эмп куталлар. Аhаҕас сэлликтээх дьону эмтэрин көрөн туран дьиэлэригэр иhэрдэллэрэ. Туhунан хостоох, аhыыр иhиттээх буолалларын ирдииллэрэ. Силлиир иhити сиэптэригэр укта сылдьалларын ситиhэрбит. Оннук ыаллары күн аайы кэрийэрбит.

Хаартыскаҕа түhэрии суоҕун кэриэтэ этэ. Оройуон киинигэр биир фотограф баара. Хараҕа суох аҕабыныын биhиги биирдэ да түспэтэхпит. Мамам кэм үлэhит буолан хаартыската баар.

Ити курдук Марха дэриэбинэтигэр мин үчүгэй оҕо сааhым ааспыт буолан, Марханы мэлдьи сырдык күннээх, элбэх үтүө дьонноох үтүөкэннээх сиринэн ааҕабын, олус ахтабын.

Эдэр сааспар Михайлов Валентин диэн уолга кэргэн тахсан, 4 оҕону төрөөн-иитэлээн, үрдүк үөрэххэ үөрэттэрэн, үлэhит дьон оҥортообуппут. Бэйэбит 51 сыл бииргэ олорон ааспыппыт. Кэргэним ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан барбыта.

Мин медсиэстэрэнэн 30 сыл үлэлээбитим. Бииргэ төрөөбүт бырааппын, эдьиийбин 10 кылааһы бүтэриэхпэр диэри ханна баалларын билбэт этим. Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга үөрэххэ кэлэн баран булбутум. Бырааппын Тебритяровтар диэн ыал ылбыт. Ииппит аҕата сэриигэ баран өлбүт. Онон Куочай детдомугар иитиллибит. 7 кылааһы бүтэрээтин кытары элбэх уолаттары Булуҥҥа үлэҕэ ыыппыттар. Ичигэс таҥаһа суох. Онон хас да уол буурҕаҕа эриллэн сүппүт. Быраатым икки сыл үлэлээн баран Дьокуускайга кэлэн, художественнай училищеҕа үөрэнэн, худуоһунньук буолбута; ыал буолан, 4 оҕону төрөтөн дьон оҥортообут. Эдьиийим Дьокуускайга партийнай архыыпка үлэлиир таайбыт Алексеев Михаил Спиридонович дьиэ кэргэнигэр иитиллибит. Ыал буолан, икки оҕону төрөтөн улаатыннартаабыта.

Мин билигин Дьокуускай куоракка оҕолорбор олоробун. Сиэннэрим бары үрдүк үөрэхтээх үлэһит буоланнар, араас куораттарга үлэлии сылдьаллар.

Онон түмүкпэр «сэрии буолбатын, эйэлээх олох мэлдьи баар буоллун» диибин», - диэн ахтыытын түмүктүүр үлэ бэтэрээнэ, Маар бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, Социалистическай үлэ удаарынньыга Аграфена Гаврильевна Михайлова (Кузьмина).

Эриирдээх-мускуурдаах, ол эрэн дьоһун олоҕу олорбут Аграфена Гаврильевнаҕа кытаанах доруобуйаны, хомойор, хоргутар диэни билимэ диэн баҕарабын, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ мамаҥ Евдокия Софроновна Кузьмина үтүө аатын киэн тутта кэпсии, уос номоҕо оҥостон үйэтитэ сырыттыннар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...