Сергей Слепцов: «История өйдөбүнньүктэрин харыстаан, оннунан хаалларыы — Дьокуускай куорат сытыы кыһалҕата»
Емельян Ярославскай аатынан Саха музейа «Город Якутск: вехи истории» быыстапкатыттан киин куорат историятын туһунан элбэҕи билиэххэ сөп. Ааспыт субуотаҕа история салаатын исписэлииһэ, быыстапка куратора Сергей Геннадьевич Слепцов «Якутский кремль: история крепости» лиэксийэтин сэргии иһиттибит, ону сурукка тиһэн, ааҕааччыларбытыгар тиэрдэбит.
Сүрүн сорук – халаан уутуттан куоттарыы
– Дьокуускай куорат кириэппэһин историята бэрт интэриэһинэй. Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар Дьокуускай кириэппэһэ уонна Дьокуускай остуруога диэн тус-туһунан тутуулар буолалларын быһа түһэн этэрбит, чуолкайдыырбыт тоҕоостоох. Тоҕо диэтэххэ Дьокуускайга элбэх остуруок баар буола сылдьыбытын үгүстэр билэҕит. Мин XVII-с үйэ бүтүүтүгэр тутуллубут саамай бүтэһик уонна улахан, сиэдэрэй уонна кыраһыабай көстүүлээх эбийиэк туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Ол эрээри син биир бастакы остуруоктар тустарынан аҕыйах тылынан ахтан ааһарбыт булгуччулаах.
Дьокуускай куорат историята 1632 сыллаахха балаҕан ыйын бүтүүтэ Петр Бекетов Өлүөнэ эбэ биэрэгэр Ленскэй остуруогун тутуоҕуттан саҕаламмыта. Бу тутуу икки эрэ сыл турбут уонна халаан уутуттан эмсэҕэлээбит. Онтон 1634 сыллаахха айанньыт, Енисей атамаана Иван Галкин арыый үрдүк сири талан саҥа остуруогу туппута син биир сыл аайы сааскы халаан уута ылар эбит. 1643 сыллаахха Дьокуускай бастакы бойобуодата Петр Головин куорат билигин турар сиригэр, Туймаада хочотугар, саҥа остуруогу туттарбыта. Чуолкай миэстэтин этэр кыахпыт суох, ол эрээри эбэттэн чугас этэ диэн сабаҕалыахпытын сөп. Ол Саха музейын пуондатыгар хараллан турар худуоһунньук Пантелеймон Попов «Якутск в 1650 году. Крепость Головина» диэн хартыынатыгар көстөр. Бу тутуу 40 сыл тулуктаспыт – уу сыыйа-баайа ылбыт. Ол курдук, бастаан биэрэк таһынааҕы эркинэ, илиҥҥи башнялара, онтон иһинээҕи тутуулара эмсэҕэлээбиттэр. 1650-с сыллар бүтүүлэригэр Головин остуруогун аҥаара ууга барбыт. Саҥа остуруогу тутар туһунан ыраахтааҕыга хаста да сурук суруллубут.
Архитектура ураты пааматынньыга
1682 сыллаахха бойобуоданан саҥа анаммыт Иван Приклонскайга остуруогу уу ылбат сиригэр сөргүтэн тутарыгар, чөлүгэр түһэрэригэр бирикээс бэриллибит. Сурукка киирбитинэн уонна историк Пантелеймон Петров сабаҕалааһынынан, быһа холоон эргэ Преображенскай таҥара дьиэтэ турар миэстэтигэр диэххэ сөп. Историк этэринэн, бу таҥара дьиэтэ кириэппэс иһигэр турбут. Билигин археологическай хаһыылары ыытар оруна суох, тоҕо диэтэххэ, үөһэ эппитим курдук, Головин остуруогун аҥаара ууга барбыт, онон тугу да булар кыах суох. Арай Учуутал бульварын эргин туох эмэ көстүөн сөп; манна даҕатан эттэххэ, 2019 сыллаахха онно хаһыылар ыытыллыбыттара, XVII-XVIII-с үйэлэр араҥалара көстүбүттэрэ.
Ол курдук, Иван Приклонскай “куоратын” (инньэ диэн ааттаабыта – Аапт.) тутарыгар өрүстэн тэйиччи сири талбыт. Кини бэйэтэ суруйбутунан, посад кыраныыссатыттан 200 саһааны (сажень, уста кээмэйэ, 2 134 миэтэрэҕэ тэҥ) кээмэйдээбит. 400 саһаан диэн быһа холоон 1 км буолар, Кырдьаҕас куораттан көнөтүнэн аахтахха, төрдүс кириэппэс турбут сирин барыллаан быһаарыахха сөп. Бу тутуу 20-с үйэҕэ диэри турбута уонна архитектура ураты пааматынньыгынан ааттаммыта.
XX-с үйэ саҕаланыытыгар ыытыллыбыт археологическай хамыыһыйа чилиэнэ Николай Султанов 1907 сыллаахха “Остатки Якутского острога” диэн чинчийэр үлэтигэр: “Якутская крепость представляла “собою едва ли не единственный во всей Русской империи образец нашего древнего деревянного крепостного сооружения, ведущего своё начало... от времен Игоря и Ольги”, – диэн суруйбута. Кырдьык, бу тутуу кээмэйинэн, көстүүтүнэн да оннуга.
Баараҕай тутуу
Аны XVII-с үйэҕэ Арассыыйа бөҕөргөтүүлээх тутууларын ылан көрүөххэ. Остуруок (острожный тын) – оччолорго, чуолаан Сибииргэ, саамай судургу уонна киэҥник тарҕаммыт мас тутуу көрүҥэ. Сороҕор бэрэбинэни суорбакка да, көннөрү уһуктаах олбуор оҥороллоро. Городня – арыый уустук, П буукубаны санатар тутуу, Сибииргэ син элбэҕэ. Тарасы – бөҕө-таҕа эркиннэрдээх баараҕай, сүүнэ тутуу. Артиллерийскай саба түһүүнү тулуйар кыахтаах. Бойобуода Иван Приклонскай бу көрүҥү талбыта. Манна даҕатан эттэххэ, ол саҕана Арассыыйа Кытайы кытта атааннаспыт кэмэ этэ. Дьокуускай, баҕар, сорохтор соһуйуоххут, Амуру кытта кыраныысса аттынааҕы кириэппэс аатырара. Тоҕо диэтэххэ оччолорго кинилэр икки ардыларыгар бөҕөргөтүүлээх улахан тутуу суоҕа. Бу кириэппэһи Иркутскай чунуобунньуга Н.С. Щукин “Поездка в Якутск” (1833) диэн кинигэтигэр көрүөххэ сөп. Кини Дьокуускайга үлэтинэн кэлэ сылдьыбыта уонна биһиги куораппыт ыйынньыгын оҥорбута. Бэйэтин кэмигэр үгүс ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта. Щукин Дьокуускай кириэппэһин тобоҕун уруһуйдаабытын көрдөххө, ытыыс эркиннэрэ эрэ ордон хаалбыт.
Кэлиҥҥи чинчийээччилэр Иван Приклонскай “куоратын” чөлүгэр түһэрбиттэрэ эмиэ баар да, кэккэ сыыһалардаах. Холобур, башнятын ахсаана аҕыс (дьиҥэр, 7), аны туран, кээмэйдэрэ тэҥнэр (оннук буолбатах этэ).
Иван Приклонскай кириэппэһин биир уратытынан сүрүн башнялааҕа буолар. Бу тутуу Арассыыйа ыраахтааҕытын муҥутуур үрдүк былааһын туоһулуура. Кээмэйэ билиҥҥинэн даҕаны олус үрдүгэ. Бойобуода 14 саһаан диэн суруйбут, ол аата быһа холоон 29,8 миэтэрэ. Санаан көрүҥ, оччотооҕу дьоҥҥо халлааҥҥа харбаспыт сөҕүмэр тутуу этэ. Аны туран, башня үрдүгэр икки төбөлөөх хотойдооҕо (хомойуох иһин, бүтүн хаалбатах, ханна тиийбитэ биллибэт). Башня ойуутун Семен Ремезов 1701 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр көрүөххэ сөп. Кини бэйэтэ Дьокуускайга кэлэ сылдьыбатах, ол эрээри манна олорор доҕотторун кэпсээннэриттэн уруһуйдаабыт.
Иван Приклонскай кэнниттэн Дьокуускайга Матвей Осипович Кровков бойобуоданан ананан кэлбитэ. Дьиҥэр, бу киһи туһунан төһө баҕарар кэпсиэххэ, туспа лиэксийэ да ааҕыахха сөп. Кини байыаннай идэлээх, элбэх сэрии кыттыылааҕа этэ. Кровковка ыраахтааҕы Алексей Михайлович биир бастакынан генерал аатын иҥэрбитэ. 1680-с сылларга былаас былдьаһыыта, улахан атааннаһыы буолбута. Онон Матвей Кровков Саха сиригэр кэлэргэ күһэллибитэ. Биир өттүнэн, сыылка диир арыый сыыһа соҕус буолуо. Биллэн турар, үрдүкү былааска сөбө суох киһини туоратыы курдук сыаналыахха сөп. Ол эрээри 17-с үйэҕэ Саха сиригэр бойобуоданан ананар улахан чиэс-бочуот курдуга, иккиһинэн, манна үрдүк хамнаска кэлэллэрэ. Үсүһүнэн, Кытайы кытта сыһыан мөлтөөн турар кэмигэр дойду илин өттүгэр байыаннай идэлээх киһи үлэлиирэ ордук суолталааҕа. Матвей Кровков Дьокуускай кириэппэһэ ситэри бөҕөргөтүүтэ суох диэн, күүһүрдүү үлэтин ыытарга турууласпыта. Оруобуна ол кэмҥэ Амурга Албазиноҕа икки өттүттэн төгүрүктээһин буолбут сураҕа иһиллибитэ (историяҕа осада Албазина диэн биллэр – Аапт.). Кытайдар сэбилэниилэрэ күүстээҕэ. Ону өйдөөн, Кровков Приклонскай кириэппэһин эркиннэрин уонна башняларын эбии күүһүрдэн, бигэ-таҕа оҥорон биэрэргэ санаммыт. Илиҥҥи надвратнай башняны үгүстэр бэркэ билэҕит, ону Кровков туппут буолуон сөп. Бу тутуу худуоһунньук Иван Васильевич Попов “Город Якутск в конце XVII столетия” хартыынатыгар арылхайдык көстөр. Ону реконструкция курдук сыаналыахха сөп. Иван Приклонскай “куората”, хотойдоох башнята эмиэ баар. Хомойуох иһин, кириэппэс маннык сүүрбэ сылы кыайбат кэмҥэ турбут. Арассыыйа Кытайы кытта Нерчинскэйдээҕи дуогабары түһэрсиэҕиттэн, сэрии куттала суоһаабат диэн, кириэппэс байыаннай суолтатын сүтэрбит, харабыллаабат, көрбөт-истибэт буолбуттар. 1701 сыллаахха улахан баһаарга кириэппэс иннинээҕи эркиннэрэ, илиҥҥи сүрүн башнята, мас таҥара дьиэтэ уокка былдьаммыт. Ол да кэннэ баһаар элбэхтэ турбут. 2002 сыллаахха бүтэһик хаалбыт башня умайбытын өйдүүр буолуохтааххыт.
Куораппыт XVIII-с үйэҕэ хайдах этэй? Ону XVIII-с үйэ 30-с сылларыгар Беринг Камчаткатааҕы экспедициятын кыттыылааҕа Люрсениус уруһуйа хаартыска үөдүйүөн иннинэ Дьокуускай куорат мөссүөнүн кырдьыктаахтык тиэрдибит диэххэ сөп. Бу үлэнэн Рудаков гравюра оҥорбута. Онно куорат боротуоката, Күөх хонуу, бириистэн, посад, ол кэннигэр хас да башня (кириэппэстэн хаалбыт тутуулар) бааллар. Саха музейыгар харалла сытар Дьокуускай куорат 1770 сыллааҕы былааныгар куорат боротуоката, халаан уута ылар сирэ, посад, куорат соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр кириэппэс тутуулара көстөллөр. Манна даҕатан эттэххэ, ол иннинэ умайбыт сүрүн башня ыйыллыбатах, эркиннэрэ быһа холоон эрэ уруһуйдаммыт. XVIII-с үйэ бүтүүтэ остуруок тас эркиннэрэ көтүрүллүбүттэр, башнялара эрэ туран хаалбыт, ону даҕаны куорат олохтоохторо, туһаҕа таһаараары, хомуйан ылар буолбуттар. XIX-с үйэ бүтүүтэ Приклонскай “куоратыттан” үс башнялаах арҕааҥҥы эркинэ уонна биир өттүгэр илиҥҥи проезжай башнята эрэ ордон хаалбыта. Оччотооҕу хаартыскалар кэрэһилииллэринэн, иһинээҕи башнялара тас өттүлэринээҕэр ордук улахаттар уонна тупсаҕай көстүүлээхтэр.
«Сордоох-муҥнаах» башня
Илиҥҥи надвратнай башня “айанын” кэпсээтэххэ, маннык. Бастаан XX-c үйэ саҕаланыытыгар бэйэтин историческай сиригэр – билиҥҥи Доҕордоһуу болуоссатын оройуонугар тутуллубут эбийиэк турбут тиэргэнин иһигэр сыҕарытыллыбыта. Онтон XX-c үйэ 60-с сылларын бүтүүлэригэр кыраайы үөрэтэр музей территориятыгар (билигин саха балаҕана турар сиригэр) көһөрүллүбүтэ. 80-с сылларга өрөмүөн саҕана 20 миэтэрэ сыҕарыппыттара биллэр. Онтон 2002 сыллаахха уокка былдьаммыта. Кэлин Кырдьаҕас куоракка, Киров уулуссатыгар, чөлүгэр түһэриллэн, сөргүтүллэн тутуллубута. Ол эрээри суолтан олус чугас диэн 10-ча миэтэрэ сыҕарытыллыбыта.
Чинчийээччилэр ортолоругар кыра мөккүөр баар. Ол курдук, сорохтор бу башня барыларыттан эргэ, Головин остуруогуттан аҕалыллыбыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.
Дьокуускай мөссүөнэ – былааҥҥа...
Емельян Ярославскай аатынан Саха музейыгар Дьокуускай куорат хас да былаана харалла сытар. Бастакыта 1912 сыллаахха кыраайы үөрэтээччи Москвин оҥорбута баар. Кини от күөҕэ өҥүнэн кириэппэс ордон хаалбыт эркиннэрин, кыһыл өҥүнэн 1701 сыллаахха буолбут улахан баһаарга эмсэҕэлээбит өттүн бэлиэтээбит. Ону сэргэ, ис тутууларын көрдөрбүт – кириэппэс соҕуруулуу-илиҥҥи муннугар Троицкай собор, Саха сиригэр бастакы таас тутуу – бойобуода канцелярията, ампаардар, бойобуода дьиэтэ, оҥкучах. Ааһа баран, ыалдьыт түһэр дьиэтин, таҥара дьиэтин эмиэ көрдөрбүт. Кириэппэс тутууларын уопсай көстүүтэ сөп. Ол эрээри, сыныйан көрдөххө, Москвин былаана чуолкайа суох, кыра алҕастардаах.
XX-с үйэ ортотугар Пантелеймон Попов оҥорбут былааныгар эргэ кириэппэс тутууларын хара уонна сиэрэй өҥнөрүнэн бэлиэтээбит. Кириэппэс кээмэйин, ханна турбутун быһа барыллаан ыйбыт. Манна эбэн эттэххэ, 1950-60 сс. үгүс уулусса аата уларыйбыта, ону сорох ааҕааччылар атыҥырыы көрүөхтэрин сөп.
Куорат XVII-с үйэтинээҕи былаана Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар харалла сытар. Онно кириэппэс уонна иһинээҕи тутуулара Пантелеймон Попов былаанын кытта сөп түбэһэр диэххэ сөп. Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Национальнай архыыба умайбытын билэр буолуохтааххыт. Хата, Москваҕа сорох матырыйааллар ордон хаалбыттар, чуолаан Дьокуускай кириэппэһин туһунан матырыйааллар, Иван Приклонскай, Матвей Кровков суруйуулара онно бааллар.
Дьокуускай кириэппэһин тутуулара бүгүҥҥэ диэри тиийбиттэрэ буоллар, бу сир куорат историческай киинэ буолуохтаах этэ. Арай Троицкай кафедральнай собор 1721 сыллаахха тутуллубут таас дьиэтэ (ол иннинээҕи мас тутууну солбуйбут) эрэ былыргы кэми кэрэһилиэн сөп. Хомойуох иһин, собор реставрацията уһаан-кэҥээн иһэр, хаһан эмэ бүтэр ини диэн эрэнэбит.
Бойобуода канцелярията
Кириэппэс умайбыт эркинин уонна башнятын оннугар Бойобуода канцелярията тутуллубута мээнэҕэ буолбатах. Арассыыйа судаарыстыбатын былааһын кэрэһилиир тутууну солбуйбута диэххэ сөп. Башня үрдүгэр турбут икки төбөлөөх хотой Бойобуода канцеляриятын дьиэтин үрдүгэр туруоруллубута. Хомойуох иһин, кэлин ханна барбыта биллибэт, билигин бэртээхэй экспонат буолуохтааҕа хаалбыт. Манна даҕатан эттэххэ, “Город Якутск: вехи истории” быыстапкаҕа бойобуода канцеляриятыттан өйдөбүнньүк билиитэтин, куорат араас үйэлэргэ былааннарын уонна былырыын оҥоһуллубут Дьокуускай кириэппэһин макетын көрүөххэ сөп. Онно бөҕөргөтүүлээх эрэ тутуулары буолбакка, кириэппэс иһин көрдөрө сатаабыппыт.
Бойобуода канцелярията турбут сиригэр элбэх хаһыы ыытыллыбыта. Дьиҥэр, билигин Каландаришвили уулуссатыгар быраҕыллан турар сквери археологическай пааркаҕа кубулутуохха сөп, элбэх интэриэһинэй көстүө этэ дии саныыбын.
Уопсайынан, история өйдөбүнньүктэрин харыстаан, оннунан хаалларыы – Дьокуускай куорат сытыы кыһалҕата. Үгүс эбийиэги сүтэрбиппит хомолтолоох. Арай, музейдар баар буолан, сорох баайбыт онно харалла сытар.
***
Дьокуускай куорат историятын кэпсиир “Город Якутск: вехи истории” быыстапкаҕа сылдьан, саҥаны, сонуну билиэххэ сөп. Быыстапка Ем. Ярославскай аатынан Саха музейыгар Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах цикл түмүк тэрээһинин быһыытынан тохсунньу ыйтан ыытылла турар. Кэнэҕэһин музей Дьокуускай куорат историятын уонна араас кэрдиис кэмнэрин сырдатар лиэксийэлэри былаанныыр.
Лиэксийэттэн уонна быыстапкаттан хаартыскалар. Ааптар түһэриилэрэ