25.08.2022 | 16:00

Семен Нучеканов: «Иэйии бэйэтэ кэлэр...»

Семен Нучеканов:  «Иэйии бэйэтэ кэлэр...»
Ааптар: Наталья Григорьева, Таатта
Бөлөххө киир

Кып-кырачаан уол бооччойо-бооччойо уруһуйдуур да уруһуйдуур. Дьиэҕэ баар кинигэни барытын уруһуйдаан эһээтиттэн элбэхтик мөҕүллүбүт Сэмэнчик номнуо улаата охсон, тыыллан-хабыллан, худуоһунньук идэтин баһылаан, бар дьонугар дьоһун түһүлгэни тэрийдэ.

Тааттатааҕы хартыына галереятыгар эдэр кэскиллээх худуоһунньук Семен Нучеканов «Ил-эйэ» диэн тус быыстапката үлэлии турар. Семен айар быыстапкатын бу иннинэ 2019 с. Тааттаҕа, 2021 с. Дьокуускайга «Үргэл-арт» галереяҕа тэрийбитэ. Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы И.И. Потапов, Таатта нэһилиэгин баһылыга Е.И. Павлов Семен ураты буочардаах, туспа көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах худуоһунньук буола үүнэн эрэрин бэлиэтээтилэр. Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы М.В. Степанова худуоһунньук айар үлэтэ историческай, этнографическай хабааннанан эрэрин, ону кини уруһуйдаабыт мэтириэттэрэ, натюрмортара туоһулуулларын эттэ. Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыы мааны ыалдьытынан Семену уруһуйга угуйбут, кини ураты дьоҕурун таба таайбыт учуутала С.К. Билюкина, үөрэммит кыһатын, Ф.С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Д.А. Попова буоллулар.

Дьикти түһүлгэни бэлэхтээбит Семен Нучекановы кытта кэпсэтиэҕиҥ:

– Семен, дьон-сэргэ айар быыстапкаҕын олус сэргээтэ. Ааҕааччыларга хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буоларгын кэпсиэххэ.

1991 сыллаахха Ытык Күөлгэ Степанида Афанасьевна уонна Семен Афанасьевич Нучекановтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Орой мэник оҕо сааһым дойдубар Тааттаҕа ааспыта, Алампа аатынан Ытык Күөл 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын бүтэрбитим.

– Айылҕаттан бэриллибит дьоҕуру таба тайанары үрдүк дьол дииллэр. Эн уруһуйдьут буолар аналыҥ туохтан саҕаламмытай?

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар Ф.С. Аргунов аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар Саргылана Константиновна Билюкинаҕа уруһуйга дьарыктаммытым. Уруһуйдуур дьоҕурбун сайыннарбыт, тулалыыр эйгэбин кустук араас өҥүнэн ойуулуурбар үөрэппит-такайбыт, искусство кэрэ эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит маҥнайгы учууталбар махталым муҥура суох.

Сайын аайы доҕотторбунаан Уйбаанчык, Степа Билюкиннары кытта учууталым Саргылана Константиновна абаҕата Иван Степанович Билюкин салалтатынан Чурапчы улууһун Хатылытыгар хоно-өрүү пленэрдии тахсааччыбыт. Онно айылҕа араас көстүүтүн кэтээн көрөн, кини хатыламмат кэрэтин уруһуйдаан, элбэххэ үөрэммитим. Онтон ыла худуоһунньук айар алыптаах суолугар туруммутум. Аармыйаттан кэлэн, салгыы худуоһунньук үөрэҕэр туттарсыахпын баҕарарбын эппиппэр, Саргылана Константиновна күүскэ бэлэмнээбитэ. Ол түмүгэр П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа эксээмэммин үрдүк баалга туттаран устудьуон аатын сүкпүтүм. Училищеҕа СӨ култууратын туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал Евдокия Петровна Романова, Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар СӨ ускуустубатын үтүөлээх деятелэ худуоһунньук Марианна Михайловна Лукина курдук үтүө санаалаах бастыҥ учууталларга үөрэммит дьоллоохпун. Киһиэхэ айылҕа биэрбит дьоҕура бастакы миэстэҕэ турар. Уруһуйдуур киһи анал да үөрэҕэ суох ойуулуур-дьүһүннүүр буолар эрээри, үөрэх худуоһунньугу өссө ордук чочуйар дии саныыбын. Быйыл институту бүтэрэммин, худуоһунньук идэтин баһылаатым.

– Оччотугар «саха сатаабатаҕа суох», «саха буолла да сатабыллаах» диэн этиилэри кытта төһө сөпсөһөҕүнүй?

Өбүгэ саҕаттан өлбөт-сүппэт, тыыннаах хаалар туһугар тыйыс айылҕалыын туруулаһан, сатаабаты да сатыырга күһэллэр буоллахпыт. Онон ыараханы туоруур, мындыр буолар, кэрэни кэрэхсиир, үчүгэйи үксэтэр үөрүйэхпит хааммытыгар баар эбит. Саха барыта дьоҕурдаах.

– Дьоҕурдаах, айар киһи ис эйгэтэ төһө уратылааҕый, иэйииҥ хантан кэлэрий?

Бэйэбинэн оҕустахха, айар-тутар киһи ис эйгэтэ ураты. Наар туох эрэ саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи көрдүү сылдьар буолан хаалабын. Саҥа хартыына уруһуйдуурга араас көстүүнү бэлиэтии көрбүтүм эрэ баар буолааччы. Ханна эмэ атын сиргэ тиийдэхпинэ, онно-манна сырыттахпына, наар уруһуйдуур матырыйаал көрдөөччүбүн. Мольберт иннигэр иэйии хантан эмэ түһэн кэлэрин күүтэн олорбоппун, сыал-сорук туруорунан ойуулаан бардахпына, уруһуйдуурбар иэйии бэйэтэ кэлэр. Ол тэтими ыһыктыбакка төһө баҕарар уруйдуохпун сөп. Уонна саамай иэйэр дьонум – тапталлаах кэргэним Лиана уонна кыракый уолчааным Ньургун.

– Киһи сөҕүөх хартыыната хайдах төрөөн тахсарый, уруһуйдуоҥ иннинэ тутуһар туох сиэрдээххиний-туомнааххыный?

Уруһуйдуом иннинэ дьэ өр бэлэмнэнэбин, хартыынам хайдах буолуохтааҕын өйбөр оҥорон көрөн баран эскиз толкуйдуубун. Манна маннык, итиннэ инник диэн сыныйан үөрэтэбин. Ол кэнниттэн биирдэ ойуулуубун. Сюжета киэҥ, композицията ыарахан үлэлэрбэр, актер оруолугар киирэн хааларын курдук, уруһуйдуур дьоруойдарбын кытта тэбис-тэҥ да буолааччыбын.

– Арай билигин эйиэхэ ааспыт кэм биллэр-көстөр худуоһунньуктарын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр кыах биэрдиннэр. Кимниин сэһэргэһиэҥ этэй?

Биллэн турар, киэн туттар биир дойдулааҕым, саха бастакы худуоһунньуга Иван Васильевич Попову кытта. Ону тэҥэ Петр Романов уонна Михаил Носов үлэлэриттэн элбэххэ үөрэнэбин. Кинилэр уруһуйдуур кистэлэҥнэрин эт харахпынан көрүөм этэ.

– Үлэлэргин көрдөххө, ордук мэтириэттэри уруһуйдуур эбиккин...

Мэтириэт – ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба саамай уустук көрүҥэ. Тоҕо диэтэххэ, майгынныыр гына уруһуйдууру таһынан, герой ис туругун, санаатын барытын арыйан көрдөрүөхтээххин. Миэхэ урут олох сатаммат этэ, ону дьаныһан туран үөрэтэ сатыыбын, билэ-көрө таарыйа, кэлиҥҥи сылларга үксүн мэтириэттэри уруһуйдуубун.

–  Үлэлэргиттэн саамай өрө тутар, сөбүлүүр уруһуйуҥ ханныгый?

Оннук диэн суох, уруһуйбун барытын биир тэҥник сөбүлүүбүн. Хас биирдии уруһуйум сыралаах үлэттэн, элбэх үөрүүттэн, бириэмэттэн ойууланан тахсар буолан, бэйэбэр бары олус чугастар. Арай ордук чорботон училищены бүтэрэр дипломнай үлэбин «Сахалыы натюрморт» диэн саха үгэһин көрдөрөр триптих хартыынабын ааттыахпын сөп.

– Эн санааҕар орто дойду олоҕор худуоһунньук анала тугуй?

Бастатан туран, хас биирдии худуоһунньук бэйэтэ эрэ тутуһар туспа көрүүлээх, истииллээх, идеялаах уонна буочардаах буолар. Ол иэйиитин, сатабылын нөҥүө дьону-сэргэни күннээҕи түбүктэн тэйитэн, тулалыыр эйгэ хайдах курдук кэрэтин, кинилэр тугу өйдөөн көрбөтөхтөрүн бэлиэтиир, өйдөтөр уонна тиэрдэр, ону таһынан бэйэтин кэнниттэн үйэлээх суолу хаалларар аналлаах дии саныыбын.

– Семен, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын! Талыы талба Таатта өҥ буоругар таалалаан үөскээбит, саха бастакы худуоһунньуга И.В. Попов ускуустубаҕа тэлбит суолун батыһа, көлүөнэ ахсын айылҕаттан дьоҕурдаах дьоммут үүнэн-чэчирээн иһэллэриттэн үөрэбит, эрэл кыымын саҕабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...