Семен Матвеев: “Хааччахтааһын эрэсиимэ ордук киин куорат кырдьаҕастарыгар охсуулаах буолла”
Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уонна үлэ управлениета – Дьокуускай куораты тутан олорор тутаах тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар управление салайааччыта Семен Иванович Матвеев ыалдьыттыыр.
–Билиҥҥи уустук кэм кырдьаҕас, кыаммат, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо ордук охсуулаах буолла. Бүгүн Аҕам саастаах дьон күнэ бэлиэтэнэр. Семен Иванович, онон кэпсэтиибитин кинилэргэ туһаайыахха диэн этиилээхпин.
–Пандемия саҕаламмытыгар 65-тэн үөһэ саастаах дьон бэйэ изоляциятын эрэсиимин тутуһуохтаахтар диэн Ил Дархан Ыйааҕа тахсыбытын бары билэҕит. Онон аҕам саастаахтар дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирдэригэр мустубаттар, бэйэ-бэйэлэрин кытта көрсүбэттэр. Кырдьык, хааччахтааһын эрэсиимэ ордук киин куорат кырдьаҕастарыгар охсуулаах буолла. Сайыҥҥы өттүгэр өссө улаханнык хаайтарбатылар быһыылаах.Тоҕо диэтэххэ даачалаахтар онно сайылаатылар. Сорохтор улууска барбыт буолуохтаахтар. Нэһилиэнньэ бу араҥата илэ көрсөн кэпсэтиигэ, ирэ-хоро сэлэһиигэ, болҕомтоҕо ордук наадыйар.
Пандемия саҕаламмытыгар куорат кырдьаҕастарыгар 2-лии тыһыынча солкуобай көмө харчы көрүллүбүтэ. Ылыахтаах дьон ыллылар.
Саамай улахан тэрээһиннэрбит – Кыайыы күнэ, Өлбөт үйэлээх полка, II-с Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнэ – барыта ытык кырдьаҕастара суох ааста. Аймахтарынан өйдөбүнньүк бэлэхтэри ыыппыппыт.
Ыарыы иккис долгуна иһэр дииллэр. Онон эрэсиими өссө кытаатыннаран биэрдилэр. Аҕам саастаах дьон күннэригэр эмиэ илэ көрсөн эҕэрдэлээбэт буоллубут. Бу күннэргэ управалар нөҥүө оҕуруот аһын наборун соҕотох наадыйар сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр аймахтарынан тиэрдэ олоробут. Куорат таһынааҕы нэһилиэктэр бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаахтар, онон биһиги Дьокуускайга олорор кырдьаҕастары хаптыбыт.
Билигин нэһилиэнньэҕэ сабыылаах олоробут. Арай суһал наадалаах дьон эрэ эрдэ суруйтаран кэлэр. Күҥҥэ аҕыйах киһини приемнуубут.Килийиэннэрбитин харыстыыр – бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн сорукпут. Сүрүн сонуннары, иһитиннэриилэри, уларыйыылары usznykt.ru сайт нөҥүө билэ-көрө олоруҥ диэн ааҕааччыларга этиэхпитин баҕарабыт.
Киин куоракка 45 сэрии кыттыылааҕа олорор
–Саха сирин үгүс бэтэрээнэ Дьокуускай куоракка олорор. Ол курдук, 2020 сыл балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи туругунан 45 Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 261 огдообо, 20 Ленинград блокадатыгар түбэспит, 1642 тыыл бэтэрээнэ, “сэрии кэмин оҕото” категорияҕа киирэр 8950 киһи баар.
Манна тохтоон аастахха, 45 сэрии кыттыылааҕа баарыттан биир бэйэм үөрэбин.
Биһиги управлениебыт управалары уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьаһалталарын кытта ыкса үлэлээбитин түмүгэр, сэрии кыттыылаахтара уонна огдооболоро бары араас тэрилтэлэргэ, үлэ кэлэктииптэригэр уонна үөрэх тэрилтэлэригэр сыһыарыллыбыттара.
Быйыл олунньу 27 күнүгэр сэрии кэмин оҕолорун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларыйыы киирбитэ. Ол курдук, 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт дьон “сэрии кэмин оҕото” диэн категорияҕа киирэллэр. “Сэрии кэмин оҕото” дастабырыанньаны аҥаардара ылла.
Биһиги управлениебыт дааннайынан, Дьокуускай куоракка 5 уһун үйэлээх ытык кырдьаҕас баар. Ол курдук, быйыл икки киһи 100 сааһын туолла, киин куорат саамай ытык кырдьаҕаһа алтынньыга 103 сааһын бэлиэтиир. Соторутааҕыта куорат биир ытык кырдьаҕаһа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Раиса Васильевна Федорова этэҥҥэ буолла, коронавируһу кыайда диэн үтүө сонуну истибит буолуохтааххыт.
Кыайыы 75 сылынан
–Кыайыы өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бары да долгуйа күүппүппүт. Анал пуонда тэриллибитин, нэһилиэнньэ көхтөөх кыттыыны ылбытын туһунан эрдэ суруйбуппут.
–Үбүлүөйдээх сылга Кыайыы пуондата таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Манна киирбит харчыттан элбэх суума киин куоракка Кыайыы Паарката тутулларыгар туһуланыахтаах. Ону таһынан Судаарыстыбаннас күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Геройа Владимир Лонгинов аатынан сквер аһылынна. Онно пуонда көмөтө улахан.
Маны таһынан киирбит харчынан сэрии кыттыылаахтарыгар, огдооболоругар, тыыл бэтэрээннэригэр үбүлүөй мэтээллэрин ылбыппыт. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин саҥа миэбэлинэн хааччыйдыбыт. Кыайыы сайта оҥоһуллубута. Ону таһынан кинигэ тахсыахтаах, сыл бүтүүтүгэр сыҕарыйан биэрдэ.
Биэс сыллааҕыта, Улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүгэр, Дьокуускай куоракка “Туймаада саллаата” мемориальнай комплекс аһыллыбыта. Бу өйдөбүнньүк бэлиэтэ 1941-1945 сылларга Дьокуускай куорат военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыт саллааттар ааттарын үйэтитэр. Куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сылдьар ытык сирдэригэр кубулуйда.
Мемориальнай комплекс испииһэгэ эбиллэ турар. Ол курдук, 2018 сылга эбии 62 буойун билиитэтэ туруоруллубута. Улуу Кыайыы 75 сылыгар мемориалга Дьокуускай куораттан сэриигэ ыҥырыллыбыт 27 саллаат аата-суола эбии киирдэ.
Өйдөбүнньүк испииһэгэр киирэ илик саллааттары көрдүүр үлэ салҕанар, кинилэр ааттара эбии суруллан, үйэтитиллэн иһиэҕэ.
“Мир” каартаҕа көһүү туһунан
–Алтынньы 1 күнүттэн туох баар социальнай босуобуйа барыта “Мир” каартаҕа эрэ түһэр буолар диэн сонуну истэн, дьон-сэргэ, чуолаан аҕам саастаахтар олус долгуйдулар. Баһаалыста, бу уларыйыы туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?
–Сокуоҥҥа уларыйыы тахсыбытынан сибээстээн, биэнсийэлээхтэр уонна да атын социальнай төлөбүрдэрэ баан каартатыгар түһэр дьон “Мир” каартаны оҥорторуохтаахтар.Социальнай төлөбүрдэрэ кирэдьиит тэрилтэлэрин (бааннар) нөҥүө Visa, MasterCard, Maestro, о.д.а. каарталарга түһэр дьон “Мир” каартаҕа хайаан да көһүөхтээхтэр.
Кинилэр бастаан бааннарыгар тиийэн “Мир” каарта оҥоһуллубутун-суоҕун ыйыталаһыахтаахтар, реквизиттэрэ уларыйбытын эбэтэр уларыйбатаҕын чуолкайдыахтаахтар.
Холобур, социальнай төлөбүрдэрэ “Алмазэргиэнбаан” каартатыгар түһэр дьоҥҥо “Мир” каарталара оҥоһуллан бэлэм, счеттарын реквизитэ уларыйбатах. Дьокуускай куоракка олорор “Алмазэргиэнбааҥҥа” социальнай каарталаах дьон (тыыл бэтэрээннэрэ, үлэ бэтэрээннэрэ, политическай репрессия сиэртибэлэрэ, инбэлииттэр) баан реквизитин уларыттара управлениеҕа кэлэллэрэ наадата суох диэн иһитиннэрэбит. Баһаалыста, долгуйумаҥ диэн хаһыат нөҥүө тиэрдэбит.
“Сбербанк России” публичнай акционернай уопсастыба килийиэннэригэр социальнай төлөбүрдэрэ “Мир” эрэ каартаҕа түһэр буолуоҕа. Ону таһынан ханнык баҕарар болдьоҕо бүппэт солкуобайынан ааҕыллар счеттарыгар эбэтэр уһулар уонна эбэр кыахтаах уурунуу харчылаах (вклад) счеттарыгар киириэҕэ. Өскөтүн бу этиллибит счет көрүҥнэриттэн ханныга да суох буоллаҕына, төлөбүр түһэригэр анал счет арыллыаҕа уонна харчыта онно түһэр буолуоҕа. Ону “Сбербанк Онлайн” сыһыарыы көмөтүнэн каартаҕытыгар (баар буоллаҕына) көһөрүөххүтүн эбэтэр бааҥҥа тиийэн уу харчынан ылыаххытын сөп.
Бааҥҥа счет саҥа реквизиттэринsmena_35@mail.ru диэн электроннай почтаҕа суруйан биллэриэххитин сөп. Эбэтэр Дьокуускай куораттааҕы социальнай көмүскэл управлениетыгар анал дьааһыкка хааллараҕыт (сайабылыанньаҕытын, пааспаргыт копиятын, баан реквизиттэрин).
Эрдэттэн приемҥа суруйтарыы наадата суох.
Социальнай төлөбүрдэрин почта нөҥүө дьиэлэригэр ылар эбэтэр бааҥҥа сберкиниискэлээх дьоҥҥо төлөбүр бэрээдэгэ уларыйбат, тугу да эбии арыйбаккыт.
(Матырыйаал бэчээккэ тахсыан иннинэ уларыйыы таҕыста. Ол курдук, биэнсийэлээхтэр “Мир” каартаҕа көһөр болдьохторо ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата диэн ТАСС иһитиннэрэр – Ааптар).
Дьиэ-уот өрөмүөнүгэр, тупсарыытыгар көмө
–Киин куорат кырдьаҕастарын өйүүр муниципальнай бырагыраама, дьиэлэрин-уоттарын өрөмүөннэнэллэригэр, тупсаралларыгар көрүллэр материальнай көмө туһунан сырдата түһэргит буоллар.
–Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр дьиэлэрин-уоттарын тупсаралларыгар диэн биир кэмнээх төлөбүр – 30 тыһыынча солкуобай көрүллэр. Бу министиэристибэ нөҥүө оҥоһуллар көмө.
Ону таһынан “Дьокуускай куорат” куорат уокуругун муниципальнай бүддьүөтүттэн(маны тоһоҕолоон бэлиэтиир тоҕоостоох) биир кэмнээх материальнай көмө оҥоһуллар. Дьиэ-уот өрөмүөнүгэр, тупсарыытыгар туһуланар. Манна 70-нарыттан үөһэ саастаах дьон хапсаллар. Дьиэ хайаан да бэтэрээн бас билиитигэр буолуохтаах. Бу дьиэлэрэ-уоттара быстар мөлтөх буоллаҕына (холобур, уу тэстэ турар) куорат бүддьүөтүттэн суһал көрүллэр көмө. Аны туран, биэнсийэтэ тиийинэн олоруу балтараа кээмэйиттэн, ол эбэтэр 26 тыһыынча солкуобайтан үрдүк буолуо суохтаах.
Икки сыл иһигэр 120 бэтэрээҥҥэ көмө оҥоһулунна. Аадырыһынан материальнай көмө муҥутуур кээмэйэ – 50 тыһыынча солкуобай. Быйыл 3 мөлүйүөн солкуобай үп көрүллүбүтэ.
Маны таһынан “Дьокуускай куорат” уокуругар киирэр куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ олорор тыыл бэтэрээннэрэ уонна инбэлииттэр көрдөһүүлэринэн 2019 сыллаахха олорор дьиэни-уоту тупсарыыга биир кэмнээх аадырыстарынан материальнай көмө оҥоһуллубута.
Олорор дьиэни тупсарыы ороскуотун испииһэгэ баар: оборудование ыларга уонна хааччыйарга (ууга аналлаах емкость, душ кабината, раковина, унитаз), ону туруорарга уонна холбуурга, септик систиэмэтин монтажтыырга.
Бу хайысхаҕа аадырыһынан материальнай көмө муҥутуур кээмэйэ 172 500 солкуобайга тэҥнэһэр.
2020 сылга суума – 3450, 0 тыһыынча солкуобай. Пригороднай уонна Марха микрооройуона хапсалларыгар этии киирбитэ. Быйыл 20 кырдьаҕас дьиэтин тупсарарыгар көмө оҥоһулунна. Онтон салгыы 1, 2 группалаах инбэлииттэргэ көрүллүөхтээх.
Кырдьаҕастар көрүүгэ-харайыыга наадыйаллар
–Саха сиригэр «Приемные семьи для пожилых граждан» бырайыак 2013 сылтан үлэлиир. Соҕотох олорор кырдьаҕас дьон олохторун хаачыстыбатын тупсарар аналлаах бырагыраама Дьокуускай куоракка хайдах үлэлиирий?
–Үс өттүттэн дуогабар түһэрсэбит: кырдьаҕас киһи, управление уонна приемнай дьиэ кэргэн. Кырдьаҕас киһини көрөбүн диир ыалга 20700 солкуобай бэриллэр. Дьон сүнньүнэн урут-уруккуттан билэр кырдьаҕастарын ыла сатыыллар. Холобур, ыраах-чугас аймахтарын, ийэлээх аҕаларын доҕотторун. Ол бобуллубат эрээри, билигин кырдьаҕаһы интэринээт-дьиэттэн ылар ордук биһирэнэр. Куоракка үс өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэ баар. Билигин, пандемия кэмигэр, бу үлэ хайысхата инники күөҥҥэ турар.
Ол курдук, анал хамыыһыйа үлэлиир. Чуолаан куорат кырдьаҕастарын биэрэ сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ улуустар бэйэлэрэ туспа бырагыраамалаахтар. Улуустан көһөн кэлбит кырдьаҕастары эрэ ыла олордохпутуна, куораттар хаалан хаалыахтарын сөп. Ол эрээри биир да көрөр-харайар аймаҕа суох дьоҥҥо, биллэн турар, хамыыһыйа сүрүн болҕомтотун уурар.
Күн бүгүн киин куоракка кырдьаҕас киһини көрө ылбыт 16 приемнай дьиэ кэргэн баар. Кырдьык, куорат ыалыгар бу уустук соҕус. Тоҕо диэтэххэ көрө ылар кырдьаҕаһыҥ хайаан да туспа хостоох буолуохтаах диэн ирдэбил баар.
Бу бырагыраамаҕа киириэн баҕалаах дьону испииһэккэ киллэрэбит. Баҕар, “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыттан биир эмэ киһи сэргиэ диэн эрэнэбит.
Элбэх үлэ тохтоото
–70-нарыттан үөһэ саастаах биэнсийэлээхтэргэ эбии социальнай төлөбүр туһунан кылгастык этэн ааһар тоҕоостоох. Ый аайы – 730 солкуобай. Урут дьон истибэккэ-билбэккэ куоттаран кэбиһэр этэ. Билигин барыта автоматическай буолла. Бу иннинэ биһигиттэн социальнай төлөбүр ыла сылдьыбыт дьонтон сайабылыанньа ирдэммэт. Быйыл бу пандемиянан сибээстээн, өр туруорсубут боппуруоспут түргэнник олоххо киирдэ.
Быйыл сэрии кыттыылаахтара протез тиис оҥортороллоругар диэн саҥа бырагыраама баар буолла. Урут даҕаны, билигин даҕаны тыыл бэтэрээннэрэ бу көмөнөн түөрт сылга биирдэ туһанар кыахтаахтар. Онтон сэрии кыттыылаахтара бу бырагыраамаҕа киирсэр буоллулар. Бу көмө муҥутуур кээмэйэ – 15 000 солкуобай.
Тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ биһиги нөҥүө санаторийга, курорка сынньанабараллара тохтоон турар. Дьиҥэр, куонкуруһу кэмигэр биллэрбиппит, ыыппыппыт. Бэйэлэрин харчыларыгар баран кэлиэхтэрин, онтон кэлэн барантолуйтарыахтарын сөп. Ол эрээри билигин 65-тэриттэн үөһэ саастаах дьону курортарга ылбаттар.
Быйыл Өлүөнэ очуостарыгар барыы эмиэ тохтообута. Эмиэ дьон-сэргэ бэркэ сэргиир бырагыраамата этэ.
Бэтэрээннэр күүтэр тэрээһиннэрэ – Спартакиада пандемиянан сибээстээн, хаһан ыытыллара чуолкайдана илик.
Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Аҕам саастаах дьон күнүгэр аналлаах онлайн конференция буолар. Онно кырдьаҕастарбытын эҕэрдэлиэхпит.
Күндү киин куорат аҕам саастаах ытык-мааны дьоно! Эһигини бүгүҥҥү бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Тумуу тумуннун, ыарыы ыалласпатын, этэҥҥэ сылдьыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.