«Сэлии кэмэ» быыстапка: искусство уонна билим дьүөрэлэһиитэ
Манна бааллар ол кэми кэпсиир хартыыналар, сэлии муоһуттан композициялар, ювелирнай оҥоһуктар, палеонтологическай булумньулар – барыта 300 кэриҥэ предмет. Түмэл баай пуондатыгар харалла сытар Саха сирин ураты айылҕатын, тыйыс тымныытын сэһэргиир чулуу үлэлэри күн аайы биир сиргэ түбэһэ көрбөккүн. Оттон бу быыстапкаҕа Афанасий Осипов, Николай Курилов, Кирилл Гаврильев курдук ааттаах-суоллаах худуоһунньуктарбыт норуокка киэҥник биллэр үлэлэрин атын хараххынан арыйаҕын. Тоҕо диэтэххэ искусство уонна билим дьүөрэлэһиитэ оннук дьикти, алыптаах эйгэни оҥорор эбит!
Түмэл генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева кэпсээбитинэн, быыстапка Саха сирин сүрүн феноменнарын: сэлии кэминээҕи хамсыыр харамайдары, таас хайа живопиһын уонна ирбэт тоҥу билиһиннэрэр аналлаах. Научнай уонна быыстапкалыыр үлэҕэ генеральнай дириэктэри солбуйааччы Юлия Кравцова эппитинии, саҥа бырайыак көрөөччүнү тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр, урукку кэмнэр улаҕааларыгар угуйар уратылаах. Чахчы, кыл түгэнигэр Киһилээх хайатыгар, Өлүөнэ очуостарыгар, бэл диэтэр, Лабыҥкырга тиийбит курдук сананаҕын.
Аҕыйах тыл минньигэс
Саха АССР норуодунай худуоһунньуга Михаил Носов «Первые засельники Лены» (1947) диэн биир чулуу айымньыта ол кэм ураты тыынын итэҕэтиилээхтик тиэрдэр.
Саха норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов хоту дойдуну хоһуйар хартыыналара сырдыгынан сыдьаайаллар, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли саҕаллар, үрдүккэ, кэрэҕэ сирдииллэр. Кини айымньыларыгар күн тыйыс айылҕалаах тымныы дойду дьонугар, саха норуотугар ураты миэстэни ылара көстөр. Аны күн саамай муҥутаан уһаан турар кэмигэр худуоһунньук үлэлэрин көрбүт эрэ чаҕылхай күннээх Киһилээх хайатыттан күүс-сэниэ ылбыт, алгыстаммыт, ыраастаммыт саҕа сананар.
Дьүкээгир бастакы худуоһунньуга, суруйааччыта, СӨ норуодунай худуоһунньуга Николай Курилов туундара олоҕун туойар үлэлэрэ быыстапкаҕа дьоһун миэстэни ылаллар.
Ураты буочардаах худуоһунньук Эдита Степанова хас да үлэтэ турбутун, кини хатыламмат истиилэ харахха тута быраҕылларын бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох.
Сэдэх экспонаттар
Быыстапкаҕа биир дьоһун миэстэ 1991 сыллаахха Чурапчы улууһугар Синньигэс үрэххэ көстүбүт сэлии уҥуоҕар ананар. СӨ Наукаларын академиятын сэлии фаунатын чинчийиилэрин лабораториятын научнай үлэһитэ Станислав Колесов кэпсээбитинэн, бу иннинэ экспонат Японияҕа кытта тиийэ сылдьыбыт, куруук дьон-сэргэ интэриэһин тардар. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, сэлии быһа холоон 40 саастаах уонна атыыр. Үрдүгэ 290 см кэриҥэ. Станислав Дмитриевич: «Сэлиини олус улахан харамай курдук саныыллар. Дьиҥэр, билиҥҥи Африка слонуттан кыратык кыра эбит. Хойуу түүтүн уонна аһыытын суотугар аарыма курдук көстөр буолуохтаах», – диэн санаатын үллэһиннэ.
2014 сыллаахха Абый улууһугар көстүбүт Саша диэн түүлээх носорог оҕотун чуучалата – чахчы, өссө биир сэдэх экспонат. Палеонтологияҕа маннык бүтүн хаалбыт, үчүгэй туруктаах соҕотох уонна бастакы булумньу. 33 тыһыынча сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт носорог оҕото быһа холоон 7 ыйдааҕа биллибит. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, оччолорго носорогтар кыра саастарыттан түүлэрэ кытаанах буолар эбит.
Маны сэргэ, быыстапкаҕа истиэп бизонун төбөтүн уҥуоҕун, былыргы киһи дьиэтин реконструкциятын көрүөххэ сөп. Станислав Дмитриевич: «Былыргы киһи дьиэтин туох баарынан туттара. Биһиги сэлии уҥуоҕун кытта туһаҕа таһаарар буолуохтаах диэн сабаҕалыыбыт», – диэтэ.
Быыстапка алтынньы 13 күнүгэр диэри үлэлиир. Экспозиция чэрчитинэн маастар-кылаастар, лиэксийэлэр, көрсүһүүлэр ыытыллыахтара. СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлэ араас эйгэлээх тэрилтэлэри кытта ыкса ситими олохтоон, сонун сүүрээни киллэрэргэ дьулуһар.
Ааптар түһэриилэрэ