Сайылык саҥалыы олоҕо
Самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр саха киһитэ былыр-былыргыттан үлэни өрө тутан кэллэҕэ...
Үлэ сылыгар тыа сирин үлэһит дьонун олохторун билсэ, саҥалыы олохтоох сайылык түбүктэрин көрө-истэ, сэргии диэн, «Иэйии» кэммиэрсийэтэ суох холбоһук салайааччыбыт И.И. Афанасьев-Алмаас көҕүлээһининэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин Бэрдьигэстээх сайылыгар бара сырыттыбыт.
Биһиги, Дьокуускайтан Илья Ильич Афанасьев-Алмаас, ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ, «Үйэлээх ырыалар» үрдүк бэлиэ хаһаайына Константин Мохначевкай, кини олоҕун аргыһа Степанида Иванова-Санаара, Зоя Москвитина-Арыллаана уонна мин, Мария Поскачина, бэһиэ буолан айаҥҥа туруннубут. Аллараа Бэстээхтэн Марина Кычкина-Ситим Кут холбосто.
Дьэ мантан ыла остуоруйа олоҕор тиийбит курдук буоллубут: Бэрдьигэстээх тыа тулалаах алааһа, самаан сайын үүт-тураан күннэрэ, сайылык уу-нуурал олоҕо, саха сайдам дьоно, истиҥ сыһыан, үрүҥ илгэ, күндээрэр күөх халлааҥҥа күөрэгэй тойуга, хопто дайара, ыамҥа кэлбит ынахтар маҥыраһыылара, бэл, сибэкки арааһа – бу барыта биһигини, куорат тигинэс олоҕуттан тиийбит дьону, бэйэтин сылаас салгынынан кууһан ылан, өбүгэлэрбит олохторун саната охсон ылла...
Матвей, Федор Лобановтар уонна да атын биллиилээх дьоммут олорон, үөрэнэн ааспыт Бэрдьигэстээх алаас баай историятын биһиэхэ сырдаппыт, Бэрдьигэстээх сайылык диэн кэрэ дойдуга ыҥыртаабыт киһинэн Марелла Афанасьевна Баишева-Сайдыына буолар. Кини 1975 сыллаахха М. Горькай аатынан сопхуоска ыанньыксытынан үлэлии киириэҕиттэн сүөһүттэн илиитин араарбакка 2015 сылга диэри үлэлээбит. 1986 сыллаахха биир ынахтан 3500 киилэ үүтү ыан үрдүк ситиһиилэммитэ, бастыҥ үлэлээх дьахталлар улуустааҕы сүлүөттэригэр кыттыыны ылбыта. Марелла Афанасьевна билигин улуустааҕы «Эркээйи» хаһыат кэрэспэдьиэнэ, сурутууга үлэһитэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун көхтөөх кыттыылааҕа, хомоҕой хоһоонньут. Кэргэнэ Валерий Николаевич Романов сааһын тухары суоппарынан үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорорун аахсыбакка, Майа уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Бу сайдам саха ыала билигин даҕаны сайылыкка бырааттарыгар күүс-көмө буолаллар эбит.
Марелла Афанасьевна ахтан кэпсээбитинэн, 1990 сылларга Сахабыт сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев «Сайылыктааһын» бырагырааматын биир бастакынан кини аҕата – холкуос, сопхуос племеннэй үлэтин бэтэрээнэ Афанасий Михайлович Баишев өйөөн, Бэрдьигэстээх алааска тахсан балаҕан туттан, икки ыал буолан олохсуйбуттар.
Билигин Бэрдьигэстээх сайылыкка түөрт ыал суулаһан олорон, сайын үтүөтүгэр оттоон, ынах сүөһү иитэн, үүтү өлгөмнүк ыан туттараллар. Балартан икки ыал алааска кыстыыллар. Олортон биирдэстэрэ, эһэтин өтөҕүн сөргүппүт Марелла Афанасьевна быраата Артем Иванович Борисов, биэс оҕотун үлэҕэ сыһыартаан, Бэрдьигэстээх алааска 2017 сылтан хаһаайыстыба тэринэн, күн бүгүн 70-ча хороҕор муостааҕы иитэн, сүөһүлэрин кыһыны кыстатар отун оттоон, 25 ыанар ынахтан өлгөм үүтү ыан, былааннаахтык үлэлии олорор. Биһиги Артем Ивановичтаахха хонон-өрөөн, ыалдьытымсах саха ыалын истиҥ сыһыаныгар сыстан, тыа сиригэр эдэр дьон олохторун-дьаһахтарын хайдах тэриммиттэрин, үлэҕэ сатабыллаахтык туруммуттарын кэрэхсээтибит.
Сайылык олохтоохторо үлэлэрэ таһаарыылаах буоларыгар дьоһун усулуобуйа тэриллибит. Ол курдук, аныгылыы уот-күөс, үүт сойутар температуратын тутан турар улахан холодильник (сайылыкка олорор атын ыаллар эмиэ үүт тиэйэр тыраахтыр кэлиэр диэри манна үүттэрин аҕалан туталлар эбит-Аапт.), интэриниэт, вай-фай, тимир көлө алдьаннаҕына, тута иһэрдэн оҥосто охсорго сварочнай аппарат барыта хаһаайыстыба бэйэтин үлэтигэр эрэ буолбакка, сайылык олохтоохторугар, отчуттарыгар бигэ тирэх буолар. Интэриниэт үлэтин тыа сиригэр таба туһанан олороллорун манна көрдүбүт-иһиттибит. Ол курдук, бэл диэтэр, ынахтара хайа диэки мэччийэ тиийбиттэрин көрө охсон, матассыыкылынан чуо тиийэн хомуйталаан аҕалаллар эбит. Аны мас эрбэтэр пилорама үлэлэтэн, дьиэлэрин-уоттарын олохтоохтук оҥостон олороллоро бу сайдыылаах олох, ситиһиилээх үлэ сарсыҥҥылаах буоларын туоһулуур. Сынньалаҥнарын даҕаны сөпкө аттаралларыгар улахан телевизор, холодильник, быһата, дьиэ мала толору тэриллибит. Хаһаайыстыба үлэһиттэрэ маны таһынан сибиинньэ иитэн тураллар, күннээҕи астарыгар бэйэлэрэ иитэр кууруссаларын сымыытын ылаллар эбит. Маннык тэринэн биһиги эбэлэрбит, эһэлэрбит былыр-былыргыттан олорон кэллэхтэрэ, ону аныгы ыччат сөргүтэн, өссө эбии сайыннаран олороро сүргэни көтөҕөр.
Ханнык даҕаны үлэ былааннаахтык тэрилиннэҕинэ, ситиһиилээх буолар. Сайылык үлэтин үмүрүтэргэ икки үлэһит көрүллүбүт, ону таһынан Артем Иванович бэйэтин оҕолоро уонна аймахтара Баишевтар, Борисовтар оҕолорунуун көмөлөһөллөр. «Үлэбэр сүрүн көмөнү таайым Еремей Баишев, чугас ыалбыт, доҕорбут Лука Попов, убайдарым Табаҕаттан Петр Максимов, Майаттан Афанасий Максимов, эдьийим Марелла Афанасьевна кэргэниниин Валерий Николаевичтыын, быраатым Игорь Павлов, төрөппүттэрим Ирина Афанасьевна, Иван Егорович Борисовтар өйөбүл, күүс-көмө буолаллар»,– диэн хаһаайын махтана кэпсиир. Ынах ыаһыныгар Артем Борисов улахан уола Айтал Борисов, Горнайтан бырааттара Степан Павлов үлэлии сылдьаллар.
Сайылык түбүктээх күнэ сарсыарда биэс чаастан саҕаланна. Уолаттар ынахтарын хомуйан аҕалан, лоп курдук алта чаастан ыамнарын саҕалаан, ынах ыыр массыыналар, илиинэн ыанар үүт биэдэрэҕэ түһэн тыаһыыра барыта үлэ кэрэ дьүрүскэнэ буолан кутулла түстэ. Биһиги кыргыттарбыт Марелла Баишева, Марина Кычкина-Ситим Кут, Степанида Иванова-Санаара киэһээҥҥи уонна сарсыардааҥҥы ыамнарга ынах ыастылар. Кыргыттар оҕо эрдэхтэринэ иҥэриммит үөрүйэхтэрэ сүппэтэҕиттэн бэйэлэрэ даҕаны сөхтүлэр, үөрдүлэр.
Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар диэн өс хоһоонунуу, халлаан туран биэрэн, отчуттар үлэлэрэ даҕаны таһаарыылаах, кээһиилээх оту кэчигэрэтиилээх буолла. Ходуһаҕа хоно сылдьан үлэлиир уолаттар күннээҕи күүстээх үлэлэрин түмүктээн, анаан-минээн ыалдьыттары кытары көрсүһээри диэн күн киирбитин кэннэ тиийэн кэлэн, сахалыы сиэринэн сэһэн-кэпсээн дэлэйдэ.
Үлэ күнүн түмүктүүр киэһэ кулуһун тула истиҥ кэпсэтиинэн, хоһоонньуттар бэйэлэрин хоһооннорун ааҕыыларынан, тумус туттар киһибит мелодист Константин Мохначевскай бииртэн биир кэрэ ырыаларынан киэргэтилиннэ. Үлэһит дьону, сайылык олохтоохторун сэргэхситтибит диэн үөрүү санаалаах уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн үтүөкэн киэһэни түмүктээтибит.
Сарсыарда алтаттан отчут уолаттар алаастарыгар туруннулар, өйүөлэрин эдьиий киһи Марелла Афанасьевна тэрийэ охсон атаартаабытын кэннэ тутуспутунан ынах ыаһыныгар бардыбыт. «Биэс бэһиэлэй кыргыттар» ырыалаах, солуур тутуурдаах, ынах ыыр уолаттарга көмөлөһөр кыргыттарбытын арыаллаан, үрүҥ илгэ кутуллар үлэтин сэргээтибит.
Дьэ ити курдук хаһаайыстыба тэринэн олорор оҕолор үлэһиттэрин сөҕөн, хайҕаатыбыт. Үрүҥ илгэни үрүлүтэ сылдьар уолаттар бу тутталлара-хапталлара ырааһын, түргэнин! Уолаттарга от үлэтигэр кыайа-хото үлэлээн, дьылы тахсар отторун булуналларыгар, туруоруммут сыаллара туоларыгар, дьиэ кэргэттэрэ бары этэҥҥэ буолалларыгар, инникитин даҕаны Бэрдьигэстээх алааһы тулаайахсыппакка, үлэлээн-хамсаан, өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин тэнитэн олороллоругар баҕа санаабытын анаатыбыт.
Артем Иванович бэйэтэ, аҕа табаарыстара эрэ үлэлииллэринэн муҥурдаммакка, оҕолорун, бырааттарын, эдэр ыччаты үлэҕэ көҕүлүүрүн хайҕаатыбыт. Билиҥҥи кэмҥэ итинник үлэни өрө тутар, дьиҥ сахалыы сиэринэн олорор, үлэлиир ыаллар, оҕолор баалларын тухары саха омук тутайбат эбиппит диэн эрэл санаалаах кэллибит.
Махталбытын этэбит саха сайдам ыалыгар – күндүлэтэн, маанылатан сылдьыбыппытыгар, туруу үлэһит, ыалдьытымсах майгыларыгар. Дьиҥнээх саха Далбарыныы дьаһаллаах Марелла Афанасьевнаҕа, кини кэргэнигэр, биир кэм тохтообокко дьиэ тас үлэтин үмүрүтэ сылдьар Валерий Николаевичка сарсыардаттан Күөх Боллох бэлэҕин илим соботун аҕалан биһиэхэ кэһии биэрбиттэрин таһынан, мииннии охсон минньигэс балыгынан, ахтылҕаннаах аспытынан күндүлээбиттэригэр махтанабыт.
Сайылык олохтоохторугар алаас ааттаах, дойду сурахтаах, утум салҕааһыннаах буоллун диэн алгыспытын этэбит, «Көрсүөххэ диэри, сайылык барахсан» диэн араҕа иликтэн ахтылҕан санаалаах айаҥҥа турунабыт.
Бэрдьигэстээх сайылыгын туһунан үтүө өйдөбүл сүтэ илигинэ өссө биир үтүө сонуну иһиттибит. Ол курдук, биһигини сайылык сайдам олоҕор ыҥыртаан ыалдьыттаппыт Марелла Афанасьевна анал байыаннай дьайыы кэккэтигэр сылдьар уолаттарга таҥас тигэр Майатааҕы сыахха сыаналаах иистэнэр массыына бэлэхтээбитин туһунан «Саха» НКИХ ханаалыгар кэпсээтилэр. Маннык киэҥ хабааннаах, саха дьоно барыта туруммут үлэтигэр кыттар, дьиҥнээх патриоттуу санаалаах киһини кытары билсибиппитинэн киэн туттабыт.
Үтүө санаа кынаттаах күндү дьоммут, эһиэхэ барҕа махтал буоллун, Үлэ сылыгар ситиһиигит үрдүү турдун!