Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар...
Сатабыллаах хаһаайкалар оҕуруот аһыттан сонун бүлүүдэлэри астыыллар, дьиэлээхтэрин күндүлүүллэр. Кинилэр күннээҕинэн олорботтор, күһүнү күүппэттэр, кыһыҥҥы хаһаастарын билиҥҥэттэн бэлэмнэнэллэр. Сайын устата бэйэҥ үүннэрбит, көрбүт-харайбыт аскыттан ордук амтаннаах, минньигэс туох баар буолуой?!
Эргиччи дьоҕурдаах, тарбаҕар талааннаах maryanka_burtseva блогун күн аайы сэргии көрөбүт, кинини кытта тэҥҥэ “аһыыбыт” уонна астыыбыт.
Марианна Бурцева – Дьокуускай куорат олохтооҕо, үс уол ийэтэ:
– Идэбинэн омук тылын учууталабын, билигин оҕобун көрөн олоробун. Иллэҥ кэммэр сакааска торт астыыбын уонна араас оҥоһуктары оҥоробун.
Оҕурсуттан уонна помидортан кыһыҥҥы салаат
Туох наадата:
1 кг оҕурсу,
1 кг помидор (эбэтэр 180 г томатнай пааста буолуон сөп)
500 г эриэппэ луук,
1 тутум укуруоп,
100 мл мас арыыта,
ыстакаан аҥаара саахар,
1 ост.нь. туус,
100 мл 9 %-наах уксуус.
Астааһына:
Оҕурсуну синньигэс гына, тиэрбэстии, оттон луугу чиэппэрдээн, укуруобу бытархайдык кырбыыбыт, барытын улахан көстүрүүлэҕэ кутан булкуйабыт. Онтон уксууһу, тууһу, мас арыытын эбэбит, булкуйабыт. Хаппахтаан баран, икки чаас туруора түһэбит.
Икки чааһынан помидорбутун кырбаан кутабыт уонна саахардыыбыт. Булкуйан баран, орто уокка уурабыт. Сотору-сотору булкуйабыт.
Оргуйбутун кэннэ 2-3 мүн. туруора түһэбит. Сойорун күүппэккэ, тута эрдэттэн бэлэмнээбит ыраас бааҥкаларбытыгар кутабыт. Хаппахтыыбыт, таҥнары уурабыт, таҥаһынан бүрүйэбит. Үчүгэйдик сойуор диэри (биир суукка) туруоран баран, хараҥа, сөрүүн сиргэ уурабыт.
Олус минньигэс кыһыҥҥы хаһаас бэлэм!
Кабачоктан «Сергиево-посадскай» салаат
Туох наадата:
1,5 кг кабачок,
300 г болгарскай биэрэс,
300 г моркуоп,
300 г эриэппэ луук,
200 мл мас арыыта,
1 ост.нь. (толору) туус,
7 ост.нь. саахар,
1 ост.нь. 70%-наах уксуус,
250 г томатнай пааста,
500 мл уу.
Астааһына:
Луугу хаҕын ыраастаан, аҥаардаан баран, тиэрбэстии быһабыт. Моркуобу сууйан, ыраастаан, соломолуу кырбыыбыт. Дириҥ хобордооххо арыы кутан, луугу, моркуобу 10 мүн. бытаан уокка туруорабыт. Улахан көстүрүүлэҕэ томатнай паастаны, ууну, тууһу, саахары кутабыт, үчүгэйдик булкуйан баран, буһара уурабыт. Кабачогу, биэрэһи сууйан, иһин ыраастаан, сиэмэлэрин ылҕаан, соломолуу быһабыт.
Томатнай паасталаах иһит симиэһэ оргуйдаҕына, хобордооххо турбут лууктаах моркуоппутун онно эбэбит. Онтон кабачоктаах биэрэспитин кутабыт. Барытын үчүгэйдик булкуйан баран, оргуйбутун кэннэ 30 мүн.бытаан уокка туруоран буһарабыт. Таһаарыахпытын иннинэ уксуус эбэбит, эмиэ үчүгэйдик булкуйабыт. Ыраас бааҥкаларга кутан, хаппахтаан баран, таҥнары уурабыт, таҥаһынан бүрүйэбит, сойуор диэри оннук туруорабыт. Хараҥа, сөрүүн сиргэ хаһаанабыт.
Оҕурсуттан икра
Туох наадата:
1 кг оҕурсу,
300 г моркуоп,
300 г помидор,
300 г минньигэс биэрэс,
300 г эриэппэ луук,
1 чеснок болчуоҕа,
2-3 ост.нь. томатнай пааста,
1 ост. нь. туус,
1 ост. нь. саахар,
1 ч.нь. 70%-наах уксуус (эбэтэр 4 ч. нь. 9%-наах уксуус),
мас арыыта – ыһаарылыырга.
Астааһына:
Оҕуруот аһын (биэрэстэн уратыны) барытын тус-туспа блендердиибит (наһаа хааһы буолуор диэри гынымаҥ). Теркалыахха эбэтэр мясорубкаҕа эрийтэриэххэ сөп. Биэрэһи куубуктуу бысталыыбыт. Помидорбутун дириҥ көстүрүүлэҕэ кутабыт уонна бытаан уокка буһара уурабыт. Ол кэмҥэ лууктан саҕалаан, оҕуруот аһын барытын ыһаарылыыбыт. Луугу сырдьыгынатабыт – помидорбутугар кутабыт. Моркуобу ыһаарылыыбыт – эмиэ помидордаах иһиппитигэр эбэбит. Маннык ыһаарылыы-ыһаарылыы холбоон иһэбит. Онтон барытын бииргэ буһарабыт. Томатнай паастаны кутабыт, туус эбэбит. 15-20 мүн. туруора түһэбит. Салгыы саахары, бытархай гына кырбаммыт чесногу кутабыт (кыһыл аһыы биэрэһи кыратык эбиэххэ сөп), барытын булкуйабыт. Өссө 5 мүн. туруора түһэбит. Онтон билиитэбитин араарабыт, уксуус эбэбит. Оҕурсуттан икра бэлэм!
Моркуоптаах салаат
Туох наадата:
2 кг моркуоп (төкүнүктүү быһабыт),
1,5 кг помидор (куубуктуу кырбыыбыт),
1 кг болгарскай биэрэс (соломолуу),
160 г саахар,
40 г туус,
1 кг эриэппэ луук,
160 г чеснок (чараас, хаптаҕай гына),
80 г 6%-наах уксуус,
450 г мас арыыта.
Астааһына:
Лууктан ураты оҕуруот астарын иһиккэ кутабыт, саахар, туус, уксуус, мас арыытын 2/3 эбэбит, булкуйабыт, буһара уурабыт, сөп буола-буола булкуйабыт. Чаас аҥаара оргуйбутун кэннэ эрдэ ыһаарыламмыт 1 кг эриэппэ луугу, бэйэ сөбүлүүрүнэн күөх үүнээйини кутабыт уонна 15 мүн. бытаан уокка туруорабыт. Моркуоп төһө чараастык (халыҥнык), хайдах кырбаммытыттан көрөн, 40-60 мүн. буһарыахха сөп. Сойутан баран, бааҥкаларга кутабыт. Холодильникка хаһааныахха эбэтэр тоҥоруохха сөп.
Кабачоктан рулет (голубцы)
Орто кээмэйдээх кабачок аҥаарын ылабыт, сууйабыт, хаҕа кытаанах буоллаҕына, ылан быраҕабыт. Кабачогу синньигэс балаһаларга арааран быһабыт, туустуубут уонна симэһинэ таҕыстын, сымнаатын диэн 15 мүн. туруорабыт. Бу кэмҥэ начыыҥкатын бэлэмниибит: 300 г эриллибит эккэ (ханнык баҕарар, миэнэ куурусса) биир ытыс сууллубут ирииһи кутабыт, онно 1 теркаламмыт моркуобу, кып-кыра кабачок иһин, 2 өлүүскэ чесногу, тууһу, биэрэһи эбэбит уонна үчүгэйдик булкуйабыт. Кабачокпут балаһаларын биирдии-биирдии ылабыт уонна начыыҥкатын (быһа холоон 1 ост.нь.) кутабыт уонна рулет курдук эрийэбит.
Духуопка лииһигэр фольга тэлгиибит уонна рулеттарбытын уурталыыбыт. Үрдүгэр томатнай паастаҕа сүөгэй эбэн соус оҥорон кутуоххутун эбэтэр көннөрү уу эбиэххитин сөп. Үрдүн фольганан бүрүйэбит уонна 160° кыраадыс итии духуопкаҕа 40 мүн. кэриҥэ буһарабыт. Күөх үүнээйинэн киэргэтиэххэ сөп.
Оҕурсуттан роллы
Биһиэхэ 1 оҕурсу, черри помидор, кыһыл балык, творожнай сыыр, укуруоп уонна петрушка наада. Балыгы бытархай гына кырбыыбыт, творожнай сыыры уонна күөх үүнээйини кытта булкуйабыт. Оҕурсуну оҕуруот ыраастыыр анал тэрилинэн (овощечистка) синньигэс гына бысталыыбыт. Онно начыыҥкатын кутабыт уонна эрийэбит. Үрдүгэр помидор аҥаарын уурабыт уонна шпажканан анньабыт. Олус судургу уонна түргэн бүлүүдэ бэлэм!
Кабачоктан сыырдаах рулет
Туох наадата:
300 г кабачок,
3 сымыыт,
2 лабаа укуруоп эбэтэр петрушка,
½ ч.нь. хатарыллыбыт чеснок,
1 ч.нь. паприка,
130 г сыыр (начыыҥкатыгар),
2-3 ост. нь. мас арыыта – ыһаарылыырга.
Астааһына:
Кабачогу бөдөҥ теркаҕа анньабыт, уутун сүөкүүбүт. Сымыыт, чеснок, паприка эбэбит, үчүгэйдик булкуйабыт. Хобордоохпутун үчүгэйдик сылытабыт, бэлэмнээбит симиэспитин блины курдук орто уокка ыһаарылыыбыт, үрдүгэр сыыр кутабыт уонна тута хобордооххо рулет курдук эрийэн иһэбит.