09.11.2024 | 12:00

Сайсары уокуруга: оҕуруот аһын кыһыннары үүннэриэххэ сөп

Сайсары уокуруга: оҕуруот аһын кыһыннары үүннэриэххэ сөп
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Дьокуускайга, административнай дьиэ иһигэр (!), эбиитин кыһыннары оҕурсу, помидор үүннэрбит холобурдарын билэҕит дуу? Дьэ, баар буолбут! Буолаары буолан, үүнээйи, оҕуруот аһын эйгэтиттэн тэйиччи тэрилтэҕэ – “Сайсары” уокурук быраабатын дьиэтигэр! Маны “Сити-фермерство” диэн социальнай бырайыак чэрчитинэн, холонон көрүү быһыытынан, бу атырдьах ыйыттан олоххо киллэрбиттэр. Куорат да сиргэ, дьиэ иһигэр, бэл, тэрилтэ дьиэтигэр кытта кыра үбүнэн бэйэ бородууксуйатын бэлэмниэххэ сөбүн көрдөрөр соруктаахтар. Бастакы оҕурсуларын амсайбыттар. Помидордара үүнэ турар.

Манна хааһына биир да солкуобайа туттуллубатах. Барыта бэйэ үбүнэн, күүһүнэн, дьоҥҥо холобур буолар баҕа санаа, дьулуур көмөтүнэн ситиспиттэр. Ону ааһан, үүннэрээччибит – эдэр киһи! Дьиэ-уот, хомунаалынай хаһаайыстыба исписэлииһэ Валерий Валерьевич Ордахов сүрүн үлэтин таһынан (!), ис сүрэҕиттэн баҕаран туран дьарыктанар. Салалтата өйүүр, кэллиэгэлэрэ көмөлөһөллөр. Дьэ, хайдаҕый?! 

Гидропоника (о.э, ууга үүннэриллэр) ньымата туһаныллар буолан, буор да, дьааһык да, киэҥ уораҕай да ирдэммэт. Бырааба дьиэтигэр 2.5х4.5 м да курдук иэннээх сири быыһаан, “тэпилииссэ” гыммыттар. Штукатурканы сиигирдимээри, поликарбонат эркиннээбиттэр. Салгын сиигэ, ортотунан, 40-50 % эбит, кыраадыһа – +25 С.

В. Ордахов Үлэ түмүгэ тута көстөр

Валерий Ордахов:

– Гидропоннай систиэмэ үчүгэйэ – буору кытта кэлиэн сөптөөх ыарыыттан куттаммаккын. Тугу да сүгэ-көтөҕө сатаабаккын. Сибэкки маҕаһыыныгар атыыланар минеральнай баата (базальт да буолуон сөп) наада. Арассаадатыгар вермикулит курдук састаап туттуллар. Сантехника ситимигэр анаммыт 110-наах пластик турба наада. Онно бэйэтин саҕа кээмэйдээх “переходнигы” олордоҕун. Онтон салгыы 50-наах “угольнигы” сыһыартаан, алларанан туттуллубут уу эргийэн кэлэр турбатын олордоҕун. Гидропоннай систиэмэбит оҕурсуга уонна помидорга диэн тус-туһунан, 2-лии миэтэрэ уһуннаах. Элбэх миэстэни ылбат. 9-туу ук олордо. Минеральнай баатаҕа олорор оҕуруот аһын силиһигэр уу киирэрин курдук, арассаадаҥ ыстакааннарын аһаҕастардаах гынаҕын. Ол ыстакааннаргын угар гына оччо диаметрдаан, турбаҕар дьөлөҕөстөрү оҥороҕун. Үүнээйи силиһэ оччотугар турба иһигэр салгыҥҥа турар курдук буолар. Турбаҕа кэмиттэн кэмигэр уу кутуллар. Уута боростуой автоматиканан салаллар. Икки 60-наах пластик бааҕы ылбыппыт. Иһигэр даачаҕа туттуллар, олох кыра кыамталаах судургу носуоһу укпуппут. Пластик буолара ордук. Сыаната 1-2 тыһ. солк. иһинэн халбаҥныыр. Таймерыгар 600-700 солкуобайдаах да барсар. Икки көрүҥү боруобалыы сылдьабын. “Сииктээххэ барсар” диэнэ арыый сыаналаах. Көннөрү да барсар эбит. Холобур, 110-наах турбам төһө кэминэн уунан туоларын быһааран баран, чаас буола-буола, 3 мүн. курдук холбонор гына туруорбутум. Шпагат уйуо суох диэн, 1 тыһ. солк. 10 м усталаах тросс ылан ыйаабытым (кюар коду туһаайан, видеону көр – Аапт.)

– Төһө уу туттулларый? Кутуллар эбииликтэрин бэйэҥ оҥороҕун эбит?

– 40 л курдук уу сөп буолар. Уута эргийэн кэлэ турар (циркуляциялыыр) буолан, элбэх  туттуллубат. Нэдиэлэҕэ биирдэ кыратык эбэн биэрэбин. Сүрүнэ, носуос ууга олоччу тимирэн туруохтаах. Ууга тустаах көрүҥҥэ ирдэнэр, үүнэригэр-сайдарыгар көмөлөөх минераллары, битэмииннэри бытарытан кутабын. Олус түргэнник үүнэр. Онон аһа бүппүт өттүн, сэбирдэхтэрин тоноон баран, маннык эрийэн иһэбит. Мин химик да, агроном да буолбатахпын, ол эрээри син эмиэ атын даачалаахтар, оҕуруоттаахтар курдук, балачча үөрэтэн, быһаарсар буоллум. Иһитиннэрии куйаар ситимигэр элбэх. Табылыннаҕына, мантан инньэ үүнүүбүн экспертизалатыам. Биэнсийэлээх, уруккута биолог киһи баар. Кинилиин наар кэпсэтэбит. Сыһыаннаах, учуонай киһи быһыытынан, утарар да, сүбэлиир даҕаны. “Ордук-хос кутуллубата ситиһиллиэхтээх, нитрата элбэх түгэнигэр, абырыаҕынааҕар, алдьатыа”, – диэн сөпкө этэр. Барыта нуорма иһинэн буоллаҕына, экология өттүнэн ыраас диэн доргуччу этэр кыахтаныам.

Көрөрүҥ курдук, барыта судургу уонна удамыр сыаналааҕы туһанныбыт. Холобур, бу турбабыт олорор сирин тиэргэн ыраастааччыларбыт быраҕыллыбыт лесаттан оҥорбут мастарыгар 4-тээх хаптаһын ордугунан атах оҥорон иҥиннэрбиппит. Лаампаларбыт эмиэ удамыр сыаналаахтар. Дьиҥинэн, LED лаампа кэлэн, уулусса сырдатыытыгар туттуллубат буолбут урукку лаампалары да туһаныахха сөп. Дьиэ киэнигэр көннөрү LED да барсар. Сүрүнэ, термодинамическай сылааһа 3-4 тыһ. кельвин иһинэн буолуон наада.

В.Слепцов Бастакы оҕурсу баар

Валерий Чурапчыга төрөөбүт, куоракка улааппыт. Омук тылын учуутала. Эрдэ 10-ча сыл оскуолаҕа үлэлээбит. Эдэри-эмэни да кытта уопсай тылы кэбэҕэстик булар чинчилээх, бэрт элэккэй, эдэр киһи. Бу саҕалааһыннарын дьон сэргиирин, бэйэтэ эмиэ оҕуруотчуттардыын алтыһан, элбэххэ үөрэнэрин этэр.

– Владимир Владимирович (уокурук салайааччыта В.В. Слепцов – Аапт.) эрдэ бэйэтэ маннык былааннаах эбит, оттон мин гидропониканы боруобалыыр интэриэстээҕим, маннык холонуохпун баҕарар этим. Ол түмүгэр бу бырайыак үөскээн тахсыбыта. Оскуолаҕа үлэлиирбэр оҕолору айылҕаҕа, үүнээйигэ сыһыарар сыалтан күөх туманы үүннэрэр этибит. Хоббим. Хайаан да оҕурсу, помидор эрэ үүннэрбэккэ, атын да көрүҥнэри боруобалыахпыт. Бу – саҕалааһын эрэ. Уокурукпут оскуолаларын эмиэ кытыарар баҕалаахпыт. Бэлиэр сэргээн, олордон көрүөхтэрин баҕарбыттар бааллар.

– Оччотугар оҕолор үөрүйэхтэнэн, дьиэлэригэр да олордуохтарын, чинчийэр үлэни ыытан, научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыахтарын сөп.

– Бары өттүттэн туһалаах. Маннык курдук ньыманы туһанан арбууһу, эриэккэс сибэккилэри да олордор киһи бэрт буолуо этэ. Мантан салгыы бу иннинэ куоракка үүннэриллибэтэх үүнээйилэри, талахтары, сибэккилэри эрдэттэн тэпилииссэҕэ арассаадалаан баран, уопсастыбаннай туоналарга олордуохпутун баҕарабыт. Кэллиэгэлэрбит Санкт-Петербурга куораты көҕөрдүү туһунан мунньахха сылдьан, дуб сиэмэтин аҕалбыттара. Урут Саха сиригэр виноград, арбуз, вишня ситэр үһү дуо диэн буолара. Кимнээҕэр үүннэрэр буоллулар. Онон ылсан көрөр тоҕо сатаммат буолуой?

Бииргэ төрөөбүт быраатым Герман эмиэ бу хайысханы сэргээн, миэхэ көмөлөһөр. Киниттэн истэн, маны көрөн, гидропониканы Өлөөҥҥө боруобалаары сылдьаллар.

– Тыый, дьэ, уолаттар эбиккит! Оҕуруокка, үүнээйигэ оҕо эрдэххититтэн сыстаҕаскыт? Быраатыҥ туһунан кыбытан ааһыахха эрэ.

– Ийэбит үүннэрэрин таһыттан көрөр эрэ этибит. Көннөрү “буорда аҕалыҥ, итини оҥорон биэриҥ” диэтэҕинэ, толорорбут. Онтон хайдах эрэ сааһыран (күлэбин – Аапт.), ээ, 30-путугар чугаһаан баран, ордук сэргиир, сэҥээрэр буоллубут. “Оҕуруот аһылыга – ас буоллаҕа, туһалаах дьарык, эбии битэмиин. Ылсыахха сөп этэ”, – диэн санаа киирбитэ. Быраатым 28 саастаах, куоракка фирмаҕа үлэлиир. Эмиэ сылы эргиччи салааты эҥин үүннэрэр. Иккиэн үүнүүнү хайдах үрдэтэр туһунан толкуйдуур уопсай интэриэстээх, тиэмэлээх буолан хаалбыппыт.

***

Аныгы тутууларга холл, туһата суох кэриэтэ турар, кэҥэс сир баар бөҕө. Сайсарылар ону бэркэ туһаммыттар. Аны, аам-даам тымныыттан иһирдьэ киирдэххэ, утары, өстүөкүлэ курдат сайыҥҥылыы чээлэй күөх көрсөрө да астык буолуо. Кэрэхсэбиллээҕэ, хайдах манныгы үүннэриэххэ сөбүн, туох ирдэнэрин, төһөнү кутарын хантан ылыахха сөбүгэр тиийэ сүбэлээн-амалаан биэрэр. “Ол ордук өрөбүлгэ кыаллар, үлэ күнүгэр иллэҥ көстүбэтин тэҥэ”, – диир. Билиҥҥи ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутугар болҕомто күүһүрбүт, сыана күн-түүн халлааҥҥа харбаһар кэмигэр бэйэ дьиэтигэр, тэрилтэҕэ бу курдук дьаһаныы тоҕоостоох. Валерий, быһа холуйан, 18 -20 тыһ. солк. туттубуттарын эттэ. Барытын саҥаны атыыласпат уонна аҕыйаҕы үүннэрэр түгэҥҥэ, суума өссө кыччыан сөп. Биирдэ төлүүгүн, хас да сыл туһанаҕын. Үчүгэй буолбаат?

Үлэҕэ сүүрүү-көтүү, быыһыгар саахал тахсыыта, ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүрэ, ону түргэнник быһаара охсор наадата тириирэ ханна барыай? Ол быыһыгар араас дьон кэлэн барарын сэрэйиэххэ сөп. Валерий: “Үлэ кэнниттэн биитэр өрөбүлгэ манна, чуумпуга киирэн үүнээйинэн дьарыктаннахха, киһи сынньанар, уоскуйар, толкуй тобуллар. Үлэҥ түмүгэ тута көстөр. Тэрилтэлэр оҕурсуну-помидору да буолбатар, сылы эргиччи тропик үүнээйилэрин, араас сибэккини олордон, дьон сынньанар, дуоһуйар сирин оҥостоллоро үчүгэй буолуо этэ”, – диир. Сөбүлэһэҕит?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....