14.04.2023 | 14:00

Сайнаара: «Нумерология нөҥүө киһи туохха аналлааҕын билиэн сөп»

Сайнаара:  «Нумерология нөҥүө киһи туохха аналлааҕын билиэн сөп»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ “нумерология”, “нумеролог” диэн тыллары үгүстүк истэр буоллубут. Ол гынан баран ис өйдөбүлүн, туох суолталааҕын үчүгэйдик билбэппит. Билигин социальнай ситимнэргэ да көрдөххө, нумерология өҥөтүн оҥорор саха кыргыттара элбээн эрэллэр. Мин бүгүн эһиэхэ Сайнаараны билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Аан бастаан үлэтин, дьарыктарын туһунан кэпсиэн иннинэ бэйэтин туһунан ааҕааччыларга билиһиннэрдэ.

– Мин Хатас нэһилиэгэр улааппытым. Дьокуускай куорат уонна Хатас оскуолаларыгар үөрэммитим. Саха политехническай лицейи бүтэрбитим.

Кыра эрдэхпиттэн биир саастыылаахтарбар “хамандыыр” курдук этим (күлэр). Доҕотторум, билэр оҕолорум үксүн уолаттар этэ. Кинилэри кытта тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн улааппытым. Онтон оскуолаҕа кылааспар куруук ыстаарыста этим. Ол саҕаттан дьыалабыай соҕус эбиппин дии саныыбын. Куруук сурунааллаах, тэтэрээттээх, блокноттаах, уруучукалаах буоларым, туох баар интэриэһинэйи, өйдөөн хаалбыппын бэлиэтэнэ, суруна сылдьар үгэстээҕим.

Кыра сылдьан учуутал буолуохпун баҕарарым, учуутал буолан оонньуурум. Оҕолору, аймахтарбын, бырааттарбын мунньан үөрэтэрим (күлэр). Онон, кыра эрдэхпиттэн актыбыыс, көхтөөх буола улааппытым, сыанаҕа ыллыырым, куонкурустарга кыттарым, кэлин ырыаһыт буолуохпун баҕарбытым. Ол быыһыгар парикмахер, модельер, иитээччи да идэлэрин сэҥээрбиттээҕим. Онтон 11 кылаастан уларыйыы, хамсааһын тахсан барбыта. Ити сыл олимпиадаҕа миэстэлэспитим уонна муус устар ыйтан устудьуон аатын сүкпүтүм, инженернэй-техническэй факультекка киирбитим. Тутууну наһаа күүскэ интэриэһиргиирим. Суоттуурбун сөбүлүүрүм, саҥа тутуу матырыйаалларын айыахпын баҕарбытым. Устудьуоннуу сылдьан эмиэ куруук актыбыыс, көхтөөх этим, науканан дьарыктанарым. 

– Онтон, дьэ, дьиҥнээх бэйэҥ дьарыккын, бизнескин хаһан саҕалаабыккыный? Урбаан эйгэтигэр хайдах киирбиккиний?

– 2013 сыллаахха ийэ буолбутум. Ол кэмҥэ өйүм-санаам уларыйан хаалбыта. Куруук “Мин кимминий?” диэн санаалар киирэр буолбуттара. Онтон сылтаан депрессияҕа, стресскэ да киирэн ыларым. Ол курдук сметчик үөрэҕэр киирбитим. Эбиэт иннинэ бэйэм үөрэхпэр, онтон эбиэт кэннэ сметчик киэнигэр үөрэнэ барарым. Ол быыһыгар быстах атыыһыттыырым, муоста сууйааччы да буола сылдьыбытым. Оҕобун иитиэм этэ диэн куруук өрө мөхсөрүм. Мин 14 сааспыттан үлэлии үөрэммитим. Тэпилииссэҕэ, травпууҥҥа үлэлиирим, устудьуоннуу сылдьан сакааска оҕолор дьиэтээҕи үлэлэрин оҥорорум. Инньэ гынан бэйэм хамнастанар буоламмын ийэбиттэн олох харчы ылбат этим. Хатаска уонна Дьокуускайга тутуу фирмаларыгар үлэлии сылдьыбытым. Бу саҕана аны кимиэхэ да, ханнык да тэрилтэҕэ үлэлиэхпин баҕарбат эбиппин диэн олохтоохтук өйдөөбүтүм. Көҥүллүк, кимтэн да тутулуга суох бэйэм бэйэбэр үлэлиэхпин баҕарбытым. Ити 2016 сыл этэ. Тоҕо эрэ инник быһаарыныы ылыммытым кэнниттэн миэхэ аартыктар, араас суоллар арыллан испиттэрэ... Араас бизнес этиилэр киирэн барбыттара, үөрэхтэргэ, куурустарга үөрэммитим, урбаанньыттары кытта билсэр, алтыһар буолбутум, өйүм-санаам тосту уларыйбыта. 2017 сыллаахха сэтинньи ыйга Хатаска оскуола оҕолоругар аналлаах “Мин лидербин” диэн ситиһии оскуолатын арыйбытым, урбаанньыт буолбутум. Манна үөрэнээччилэри научнай-практическай конференцияҕа кыттарга, бэйэни билиһиннэрэн бырайыак көмүскүүргэ үөрэтэн саҕалаабытым.

– Онтон хайдах нумерологияҕа кэлбиккиний?

– 2019 сыллаахха муна-тэнэ, санааҕа ыллара сылдьар, уустук кэмнэрбэр Дьокуускайга нумеролог кыыстыын билсибитим уонна интэриэһиргээммин киниэхэ төлөбүрдээх консультацияҕа суруйтарбытым. Үс, түөрт чааһы быһа олорон аһаҕастык сэһэргэспиппит. Кини миэхэ олохпун, туохтан санаам түһэрин, туох кыһалҕалаахпын барытын уот харахха эппититтэн олус соһуйбутум, бэл, долгуйаммын хараҕым уутун туттумматаҕым. Онтон интэриэһиргээн, бэйэм нумерологияҕа үөрэммитим. Тоҕо бэйэм эрэ туһаныахтаахпыный, атын дьоҥҥо эмиэ сүбэлиэм, көмөлөһүөм диэн санааттан дьарыктанан саҕалаабытым. Кыралаан социальнай ситимнэргэ нумерологияны үөрэтэн саҕалаабытым туһунан кэпсээбитим, онно элбэх киһи суруйтарбыта, 100-тэн тахса киһиэхэ консультация оҥорбутум, интэриэһиргиир, мунаарар ыйытыыларыгар хоруйдаабытым. Онтон дьон сэҥээрэр эбит диэн дьэ күүскэ ылсан саҕалаабытым. Билигин онлайн да үлэлиибин, сорохтору кытта тыыннаах көрсүһүүлэри оҥоробун.  

– Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиги “Нумерология” диэн тылы үгүстүк истэбит, ол гынан баран ис суолтатын үчүгэйдик өйдөөбөппүт. Аҕыйах тылынан быһаарыаҥ дуо?

–  Нумерология диэн киһи дьылҕатыгар кини төрөөбүт күнэ, чыыһылата, аата-суола хайдах дьайарын көрдөрөр. Нумерология көмөтүнэн киһи бэйэтин характерын, туохха аналлааҕын, хайдах үлэ табыгастааҕын, туох кистэлэҥ талааннардааҕын билиэн, арыйыан сөп. Итиэннэ чыыһыла киһи олоҕугар хайдах дьайарын, суоттаан таһаарар, бэйэни билии, үөрэтии биир ньымата буолар.

– Эйиэхэ ордук хайдах саастаах дьон кэлэллэрий? Саастарыттан тутулуга суох кими баҕарар консультациялыаххытын сөп дуо?

– Миэхэ араас саастаах дьон барыта сылдьар. Ол гынан баран ордук 35-тэн  60 саастарыгар диэри дьон суруйтараллар, дьахтар да, эр дьон да кэлэллэр. 

– Нумерология көмөтүнэн тугу быһаарыахха сөбүй? Кылгастык сэгэтэ түһэриҥ буоллар...

– Үксүн бэйэлэрин көрдөнөр дьон кэлэллэр. Ону таһынан дьоллоох, олохторугар табыллыбыт дьон эмиэ бааллар. Сорохтор ааттарын уларыттарыахтарын баҕараллар. Эбэтэр арахсыбыт буоллахтарына, эрбит араспаанньатын хаалларабыт дуу, суох дуу диэн ыйыталлар. Мин араас куурустардаахпын. Бу кууруска ыйдааҕы дохуоттарын үрдэтиэхтэрин, өйдөрүн-санааларын уларытыахтарын, бэйэлэрин сайыннараары о.д.а. сыаллаах-соруктаах дьон кэлэллэр. Манна кэлэн ардыгар идэлэрин уларыталлар, атын ааты талаллар, бизнестээх дьон дохуоттарын үрдэтэллэр.

Кэлин кэтээн көрдөххө, ааты уларытыы элбээтэ. Холобур, мин 4 сылбын үлэлээбитим тухары 50-тан тахса саҥа төрөөбүт оҕоҕо аат иҥэрдим. Эдэр ыаллар кырачааннарыгар сөптөөх ааты таларга көмөлөһүннэрэллэр. Барыта төрөөбүт ыйдарынан, күннэринэн көрөн талабын. Нууччалыы да, сахалыы да ааты биэрэбин. Билигин кыра оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьон кытта ааттарын уларытар буоллулар. Ордук эбэлэрин, эһэлэрин, ийэлэрин, аҕаларын ааттарын ылбыт дьон уларыталлара элбэх.

– Нумеролог буолуон баҕалаах дьону үөрэтэҕин дуо? Оннук куурустар бааллар дуо?

– Хас да куурустаахпын. Сорох үөрэнээччилэрим номнуо нумеролог буолан сылдьаллар, бэйэлэрэ туспа килийиэннэрдээхтэр, ый аайы дохуоттаналлар. Ону таһынан араас маастар-кылаастары, вебинардары оҥоробун.

– Бэйэҥ тоҕо Сайнаара диэн ааты ылыммыккыный? Туох диэн суолталааҕый?

– Сайдыыга талаһар, сайдыылаах диэн өйдөнөр. Таҥара оҕото диэн. Бэйэм нумерологияны үөрэтиэхпиттэн олоҕум үчүгэй өттүгэр уларыйда. Кэргэн таҕыстым, оҕолоннум, бэйэм дьиҥнээх сөбүлүүр дьарыкпар, үлэбэр таба тайанным. Элбэх дьон махталын, үтүө санааларын истэбин, ол миигин кынаттыыр, инники үлэбэр күүс-көмө, тирэх буолар.

Саамай сүрүн сыалым-соругум диэн дьону үөрдүү, дьон санаатын көтөҕүү. Тоҕо диэтэххэ кинилэр миэхэ кэлэн мунаарар, мунаахсыйар ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйу ылаллар, санаалара сааһыланар. Кэлин миэхэ “оннук гынным, маннык гынным” диэн суруйаллар, тупсан, сайдан, көнөр суолга үктэннэхтэринэ киһи наһаа үөрэр, астынар эбит.

 – Сайнаара, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Кистэл буолбатах буоллаҕына, үлэҕинэн инники былааннаргын сэгэтэ түһүөҥ дуо?

– Махтал! Киһи биир сиргэ тохтоон турбакка, үүнэ, сайда сатыахтаах. Мин күн аайы үлэбэр саҥаттан саҥаны арыйабын, үөрэнэбин, элбэҕи ааҕабын. Былырыын мин нумерологиянан дьарыктаммытым 3 сылын бэлиэтээбитим. Дьокуускайтан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан килийиэннэрим, ыалдьыттар бөҕө кэлбиттэрэ. Ийэм миигин кытта тэҥҥэ сылдьан наһаа сөхпүтэ, астыммыта. Инники былааммын кылгастык сэгэттэххэ, “Сайнаара” диэн ситиһии оскуолатын арыйдым уонна күүскэ үлэлэтэр былааннаахпын.

 

Хаартыскаларга: Эдэр урбаанньыт, нумеролог Сайнаара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...