15.05.2020 | 17:01

Сайдыы салалта дьону өйүүрүттэн тутулуктаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар кыһалҕаҕа түбэспит, ыарыы буулаабыт киһитэ, бастатан туран, үрүҥ халлааттаах аанньалларга, уйулҕа үөрэхтээхтэригэр, бүтэр уһугар норуот эмчиттэригэр, көрбүөччүлэргэ барар.

Тус бэйэм хас да оннук холобуру билэбин. Ыарыы буулаан, уһугулаан баран, урут төһө да норуот эмчитин итэҕэйбэт, нууччалыы эттэххэ, “скептик” дьон эккирэтэн туран көрдөрө, эмтэнэ сылдьыбыттара. Оттон төрдүс группалаах онкология ыарыылаах билэр киһим Москванан көрдөрөн, Дьокуускайдааҕы балыыһаттан химия ыларыттан ончу аккаастанан баран, улахан ааттаах-суоллаах эмчиккэ көрдөрөн, алҕатан, ааспыт сыл саҥа дьылыгар эрэ тиийиэхтээх киһибит, хата, билигин этэҥҥэ сылдьар. Быраастар биэрбит прогнозтарыттан сыл аҥаара ааһан эрэр.

Ити үксэ киһи төһө дириҥник итэҕэйэриттэн, эрэнэриттэн буолара саарбаҕа суох. Эмчит биэрбит отун-маһын барытын чааһын тутуһан иһэ, алгыстаах малын тутта, көрдөһө сырыттахха, олоҕу уһатыахха сөп. Киһи – санаа кулута. Күүстээх санаа төһөлөөх ыарахан ыарыыттан быыһаабыта, өлөр өлүүттэн мүлчү туттарбыта буолуой. Сорох ардыгар дьон кэпсээнин истэ олорон киһи сөҕөр, итэҕэйбэт да курдук буолаҕын. Оттон искэннэрэ тардан, оһон хаалбытын быраастар бэйэлэринэн сөҕөн-махтайан кэпсээбит түбэлтэлээхтэр.

Бүгүн мин ааҕааччыларбар отоһут, көрбүөччү, норуот эмчитэ Петр Дмитриевич Николаев-Хордоҕойдуун кэпсэтиибин таһаарыам. Кини идэтинэн юрист. Дьокуускайга ааспыт сылга көһөн кэлбитэ. Социальнай харалта министиэристибэтигэр быстах кэмҥэ үлэлээбитэ, билигин "Алгыстаах Аартык" диэн кыһаны арыйан үлэлэтэр. Дьону умнуллубут сиэргэ-туомҥа үөрэтэр. Биирдиилээн чараас эйгэ идэтинэн көмөлөһөр. Чараас эйгэни кытта билсибитэ, үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Төрүттэригэр ойууттар бааллар.

- Петр Дмитриевич, бастатан туран, ааҕааччыларга бэйэҥ, дьиэ кэргэниҥ, хантан хааннааххын, төрдүҥ-ууһуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

- Мин төрдүм-ууһум төрүт Ньурба сирэ, аҕам өттүнэн Акана диэн улуу Дьөҥкүүдэ Эбэ кытыытыгар турар Ньурба улууһугар биир кэрэ нэһилиэгиттэн, ийэм өттүнэн Хатыҥ-Сыһыы диэн нэһилиэктэн төрүттээхпит. Кэргэним Сардаана Ивановна, Тимур диэн биир уол оҕолоохпут.

- Эйигин дьону эмтиир, көрбүөччү, отоһут диэн истибитим. Аан бастаан бэйэҥ арыллыыҥ туһунан сэһэргиэҥ дуо?

- Дьоҕурум кырабыттан баарын сэрэйэн билэр этим, кистии тутарым, дьиҥ арыллан, дьоҕурбун таһыгар таһааран утумнаан үлэлээбитим уонтан тахса сыл буолла. Бастаан арылларбар убайым Аар Саарын көмөтө сүҥкэн, кини сүбэлэрэ, ыйан-кэрдэн биэриилэрэ билиҥҥи үлэбэр улахан оруоллаахтар. Дьону эмтиибин, ол гынан баран ыарыыны барытын кыайабын диир кыаҕым суох. Инникини уонна сүтүгү кыралаан көрүөхпүн сөп.

- Умнуллубут сиэргэ-туомҥа үөрэтии диэни хайдах быһаараҕыный?

- Билигин биһиги урукку туомнарбытын сөргүтэн, өбүгэлэрбититтэн илдьэ кэлбит билиибитин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар кэммит кэллэ. Ол эбэтэр уһуктуу, дьон дьиҥ бэйэтин төрүт итэҕэлигэр төннөр кэмэ. Дьиҥинэн этэр буоллахха, умнуллубут диэн сыыһа буолуо дии саныыбын, син биир биһиги бэйэбит да билбэппитинэн күннэтэ ити туомнары туттабыт. Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит былыргы сиэри-туому умнубатахпыт, аар кырдьаҕастарбытыттан саҕалаан аныгы көлүөнэ ытыгылаан, туттан кэлбитэ.

- Эн “Алгыстаах Аартык” диэн кыһаны арыйан үлэлэтэ сылдьаҕын. Ол туһунан билиһиннэр эрэ.

- “Алгыстаах Аартык” өбүгэ үтүө үгэһин утумнуур, киһи буор кутун чэбдигирдэр, тус сайдыытын, кэскилин түстүүр төрүт эйгэ түһүлгэтэ.

Бу уһуйаан дьон бэйэтин ис кыаҕын тутта үөрэнэригэр, кистэлэҥ дьоҕурдарын арыйарыгар көмөлөһөр. Кыһа иһинэн икки уһуйааннаахпыт, уопсай ким баҕарар кэлэн дьарыктанар, үөрэтэр уонна айылҕалаах дьону уһуйар уһуйаан.

Бу маннык мин иккис уһуйааным буолар, бастакым дойдубар Ньурбаҕа үлэлээбитэ.

- Дьон ордук туох кыһалҕалаах кэлэрий?

- Билиҥҥи дьалхааннаах үйэбитигэр дьон мунара-тэнэрэ, бэйэтин көрдөнөрө наһаа элбэх. Онон ити өттүнэн дьон ордук үгүстүк кэлэр, сүб-ама ылаары, сөптөөх суолу булаары. Ону таһынан эмтэтэллэр, бэйэлэрин, дьиэлэрин ыраастаталлар, чааһынай дьиэлээхтэр дьиэлэрэ турар сирин, тэлгэһэлэрин көрдөрөллөр, оҕо кутун тартараллар, арчылаталлар.

- Бэйэҥ саамай күүстээх талааҥҥын этиэҥ дуо?

- Айылҕа күүстэрин кытары үлэ, дьиэни-уоту үөртэн ыраастааһын диэхпин сөп.

- Эмчит дьон кыһалҕатын, ыарыытын бэйэтигэр ылар дииллэр. Эн санааҥ онно сөбүлэһэр дуо?

- Бэйэни тэбэнэ, ыраастана үөрэниэххэ наада, барытын бэйэҕэ иҥэриммэккэ, онуоха араас ньыма элбэх.

- Ханнык ыарахан ыарыыны эмтээбитиҥ, улахан кыһалҕаны быһаарбытыҥ туһунан биир эмит холобуру кэпсиэҥ дуо?

- Миэхэ кэлэр дьон кыһалҕата, эмтэтэр ыарыылара көрдөһүүлээх кэлбит киһиэхэ бэйэтэ туспа улахан кыһалҕа, ыарыы буолар. Онон мин кыра - улахан диэҥҥэ араарбаппын. Эн ыарыыҥ, кыһалҕаҥ кыра, улахан эбит диэн санаан да көрбөккүн, кэлбит киһиэхэ тута көмөлөһөн бараҕын.

- Хордоҕой диэн аатыҥ суолтатын арыйыаҥ дуо? Хаһан ылыммыккыный?

- Хордоҕой диэн мин иккис аатым, этитиинэн хас да айылҕалаах дьоҥҥо кэлбит аат, суолтата бэрт судургу – Үрдүк, Үрдүк сир диэн.

- Көрбүөччү быһыытынан дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит дьылҕатын, инникитин туһунан тугу этиэҥ этэй?

- Төрүт итэҕэлбит өссө арыйан биэрэрбит буоллар, сайдыы күүскэ барыан сөп этэ. Маны таһынан үрдүкү салалтабыт дьону-сэргэни, олохпут-дьаһахпыт укулаатын күүскэ өйүөн наада. Дьэ оччоҕо норуот уһуктуута түргэтиэ этэ, маны таһынан сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу билиҥҥи кэмҥэ, бу олохпутугар олус наада.

- Билигин аан дойдубутун аймаабыт хара дьайдаах ыарыы, корона вируһа, симэлийэн, сүтэн хаалыа дуо?

- Коронавирус симэлийиэ, дьиҥэр, бу уруккуттан баар ыарыы, кэмиттэн кэмигэр өрө тахсан биллэрэр, ааттыын да вирус, кини сайдар, үөрэнэр. Кинини кыайыахха сөп дии саныыбын, билигин медицинабыт наһаа сайдан турар, күүстээх кэмэ. Бу ыарахан кэмнэргэ инники күөҥҥэ сылдьар үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар наһаа сүгүрүйэбин, махтанабын.

- Дойдубут бу ыарыыттан, кириисистэн хайдах тахсарын көрөҕүн?

- Атын соҕус кэм кэллэ, улахан уларыйыылар буолуохтара диэн сылыктыыбын, кириисистэн да этэҥҥэ тахсыахпыт, олохпут сыыйа-баайа урукку чөлүгэр түһүөҕэ, оннубутун булуохпут.

- Ааҕааччыларга баҕа санааларгын, алгыскын сүбэ быһыытынан тиэрдэриҥ буоллар?

-  Эн, сир оҕото! Бүппэт Улуу Куйаар биир кыракый бытархайа буолаҕын. Эн Орто Туруу Бараан Дойдуга олох олороору, киһи буолаары, Ийэ Сиргин ис сүрэххиттэн таптаары, Аан Дойдугун – Бүппэт Куйаары, киэҥник ырыҥалаан толкуйдаары, туох эрэ анал сорудахтанан  кэлбитиҥ. Ол сорудаххын толорорго дьүккүөрдээхтик үлэлээ. Баҕар, эн улууну, умнуллубаты, уһун үйэлэргэ хаалары айыаҥ-тутуоҥ, арыйыаҥ. Сир киһитэ төһө да муҥур үйэлээҕин, быстах ыйаахтааҕын иһин, кэннигэр хаалар кэс тыла кэккэлээн, үүнэн кэлэр кэмнэр кэрэһиттэрэ, улуу суолдьут сулустара буолуон сөп. Олоҕуҥ устатыгар таптаа уонна харыһый Аан Дойдугун, Ийэ Айылҕаҕын. Бу таптал сир оҕотун анала, толоруохтаах ытык эбээһинэһэ буолар. Аан Дойдуну бу таптал тутан турарын умнума. Таптаа! Үрдүк Мэндэл Халлааҥҥын, Үрүҥ Сыдьаай Күҥҥүн, Халлаан күөх урсунун, куба куорсунунуу былыттары, сарсыардааҥы саһарҕаны, киэһээҥи кыыспыт күн сардаҥатын, Үөһээттэн кэлэр Аан Дойду дорҕооннорун, киэһэ мичилийэр-дьиримниир сулустары!

Таптаа! Ийэ Сириҥ киэҥ ньуурун, дириҥ далай ууларын, лиҥкинэс ойуурдарын, нарын-намчы хатыҥнарын, имигэс иирэ талахтарын, кэрэ сибэккилэр дыргыл сыттарын, сайын от-мас үүнэр тыаһын, хас биирдии кыылы-сүөлү, булду-алды, дьэрэкээн лыахтары, чыычаахтар, көтөрдөр сааскы ырыаларын, тойон ыҥырыа лүҥкүнэччи көтөрүн, ибир салгыны сиккиэр тыал имэрийэрин, күөллэргэ балык ыырын, кус суунарын. Итини барытын Үрүҥ Аар Тойон, Аар Айыылар эйиэхэ анаан айбыттар. Эн кинилэри таптаа, харыстаа, көмүскээ! Оччоҕо кинилэр эмиэ эйиэхэ оннук сыһыаннаһыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...