21.04.2022 | 15:00

«Сарыалым» — эдэр сааһым сыдьаайа

«Сарыалым» — эдэр сааһым сыдьаайа
Ааптар: Афанасий Дьяконов, СӨ култууратын туйгуна, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, 1975-1984 сс. “Сарыал” үҥкүү уонна ырыа ансаамбылын үҥкүү бөлөҕүн кыттыылааҕа
Бөлөххө киир

Лоп курдук 50 сыл анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн дойдуга киэҥник биллибит «Сарыал» ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын бастакы кэнсиэрэ буолбута.

Ол 1972 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр, В.И. Ленин төрөөбүт күнүн иннинэ этэ. Бэлэмнэнии үлэтэ икки сыл инниттэн саҕаламмыта. Ол үлэ өрөспүүбүлүкэ култууратын тутаах исписэлиистэригэр сүктэриллибитэ. Ол курдук, Александра Николаевна Мохотчунова, Саха сирин бастакы профессиональнай балетмейстера, Саха госуниверситетын медико-эмтиир факультетын устудьуоннарын базатыгар уонна бастакы профессиональнай балетмейстер Аксинья Васильевна Посельская, саха бастакы балерината, култуурунай-сырдатар училище классическай үҥкүүтүн педагога, куораттааҕы култуура дьиэтин иһинэн үҥкүү кэлэктиибин базатыгар бэлэмнээбиттэрэ. Үҥкүүнү таһынан атын музыкальнай нүөмэрдэр бааллара. Виктор Яковлевич Птицын, Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище хоровой салаатын сэбиэдиссэйэ, хорга аналлаах нүөмэрдэри музыкальнай училище хоровой салаатын устудьуоннарыттан таҥмыта уонна биирдиилээн толорооччуларга бэлэмнээбитэ. Музыкальнай доҕуһуолга Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище норуот үнүстүрүмүөннэрин салаатын устудьуоннара кыттыбыттара. Саҥа кэлэктиип ырыатын-үҥкүүтүн Новосибирскайдааҕы консерватория выпускнига, музыкальнай училище преподавателэ Николай Иванович Кисленко салайааччылаах народнай үнүстүрүмүөннэр оркестрдара, арыаллыахтааҕа. Маны барытын оччотооҕу Саха горисполкомун култуураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Александр Иванович Ломако салайбыта.

Саҥа кэлэктиип бастакы кэнсиэрэ ССКП КК политическай үөрэхтээһин дьиэтин аһыллыытыгар үрдүк ситиһиилээхтик ааспыта. Бу күнтэн ыла куоракка биир да култуурунай дьаһал «Сарыала» суох ааспатаҕа. Ансаамбыл чугастааҕы бөһүөлэктэр сыаналарыгар тахсан, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарынан гастролларын саҕалаабыта.

Норуот кэлэктиибин бастакы улахан ситиһиитинэн үлэһиттэр уус-уран самодеятельноһын бастакы Бүтүн Сойуустааҕы бэстибээлин ааттыахха сөп. 1976 с. Магадан куоракка ыытыллыбыт зональнай туурга лауреат буолан, Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы түмүктүүр кэнсиэркэ кыттар путевканы ылбыта. 1977 с. ыам ыйыгар Кремль дыбарыаһыгар буолбут түмүк кэнсиэргэ биир бастыҥ кэлэктиип-кыттааччы аатын ылан, ЫБСЛКС КК Бочуотунай грамотатынан, оттон кэлэктиип хас биирдии кыттааччыта анал ааттаах хары чаһытынан наҕараадаламмыта. Ансаамбыл ССРС Киин телевидениетигэр, «Останкино» телестудиятыгар ыҥырыллан, хас да үҥкүүнү устубуттара, кэлэктиип кыттыылаахтара интервью биэрбиттэрэ. Бүтүн Сойуустааҕы «Мелодия» фирма «Сээдьэ» үҥкүү мелодиятын грампластинкаҕа суруйбута.

Дьэ ити кэмтэн ыла ансаамбыл киэҥ араҥаҕа тахсыбыта. 1977 с. атырдьах ыйыгар Ленинград куоракка ыытыллыбыт ВНР-ССРС ыччатын доҕордоһууларын III-с бэстибээлигэр кыттыыны ылбыта. Манна биллиилээх артыыстар Эдита Пьеханы, Людмила Ненашеваны, Эдуард Хилы, киэҥник биллибит Сибиир үҥкүүтүн Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай ансаамбылын, “Пламя”, «Кавказ», «Мзиури» о.д.а. кытта сыанаҕа тэҥҥэ тахсыбыта.

Кэлэктиип балаҕан ыйыгар «Арассыыйа туһунан номохтор» диэн толору метражтаах документальнай киинэҕэ уһуллубута.

Эмиэ ити сыл сэтинньигэ ССРС киин телевидениетыгар “Шире круг” саҥа дьыллааҕы биэриигэ ыҥырыллыбыта. Аатырбыт Шаболовкаҕа Юрий Никулины, Людмила Туманованы, композитор Эдуард Ханогы уонна да атын дойдубут биллэр кэлэктииптэрин кытары уһуллубуттара.

Аан бастакытын кыраныысса таһыгар 1978 с. Латинскай Америка Панама Өрөспүүбүлүкэтигэр тахсыбыта. Манна Ленинскэй комсомол 60 сылыгар аналлаах Сэбиэскэй быыстапка аһыллыытын култуурунай бырагырааматыгар кыттыбыттара. Ансаамбылы кытары бу култуурунай бырагыраамаҕа Саха балетын артыыстара Наталья Христофорова уонна Анатолий Ултургашев барсыбыттара. Бу айаҥҥа Сэбиэскэй Сойуус биир бастакынан маннык улахан састаабынан тахсыбыта, оччолорго биһиги дойдубут уонна Панама Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар быһаччы дипломатическай сибээс өссө да суох этэ. Онон култуурунай киэргэтии эрэ буолбакка, дипломатическай сыһыаны олохтуур аналлаах этэ. Сэбиэскэй дэлэгээссийэни космонавт Владимир Жолобов салайбыта. Быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттан баран, ансаамбыл бу ыраах дойду олохтоохторугар хаста да кэнсиэрдээбитэ.

Германия Карл-Маркс-штадт куоратыгар ыытыллыбыт ГДР-ССРС ыччатын доҕордоһууларын V-с бэстибээлин эмиэ ахтыбакка ааһар сатаммат. Дэлэгээссийэ састаабыгар космонавт Валерий Быков, композитор Александра Пахмутова, поэттар Роберт Рождественскай, Андрей Добронравов, олимпийскай чемпионнар Ирина Роднина, Ирина Моисеева уонна Андрей Миненков, Лариса Бестемьянова уонна Андрей Букин уо.д.а. киирбиттэрэ. Дэлэгээссийэни ЫБСЛКС КК бастакы сэкирэтээрэ Борис Пастухов салайбыта.

Ол гынан «Сарыал» саамай суолталаах, улахан ситиһиитинэн Москваҕа ХХІІ Олимпийскай оонньуулар култуурунай бырагыраамаларыгар кыттыы буолбута. Бу путевканан сырыы, куонкуруска, көрүүгэ кыттыы, бырааһынньык кэнсиэрэ буолбатах. Бүтүн Сэбиэскэй Сойуус 15 өрөспүүбүлүкэтиттэн бастыҥтан бастыҥ профессиональнай кэлэктииптэртэн сүүмэрдэнэн талыллыы. Онон улахан чиэс-бочуот, эппиэтинэс. Бу – хас да сыллаах сыралаах үлэ түмүгэ. «Сарыал» итиннэ ССРС народнай артыыстара Людмила Зыкинаны, Муслим Магомаевы, Олег Поповы, Игорь Моисеев салайааччылаах ССРС судаарыстыбаннай үҥкүү ансаамбылын, «Жок» Молдавскай ССР судаарыстабаннай үҥкүү ансаамбылын, Камчаткаттан “Мэнго”, Северо-Осетинскайтан “Алан” курдук ансаамбыллары, артыыстары кытта биир сыанаҕа тахсыбыта.

1981 с. «Сарыал» ССРС ВДНХ-тыгар “Пою мое Отечество” көрүү-куонкуруһугар РСФСР айар дэлэгээссийэтин састаабыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Бу куонкурустан кинилэр ССРС ВДНХтын кыһыл, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэрдээх кэлбиттэрэ. Кэнсиэр оччолорго ССРС киин телевидениетигэр 1982 с. муус устар 27 күнүгэр, Саха АССР тэриллибитэ 60 сылыгар көстүбүтэ.

1982 үбүлүөйдээх сылга ансаамбыл Москваҕа Саха АССР литературатын уонна искусствотын күннэригэр, ону тэҥэ Самсун куоракка (Турция) норуоттар икки ардыларынааҕы фольклорнай бэстибээлгэ кыттыбыта.

«Сарыал» ансаамбыл — элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү уонна норуот айымньытын куонкуруһун лауреата. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Сойуустааҕы уус-уран көрүү бэстибээллэригэр лауреат аатын ылбыт соҕотох үҥкүү кэлэктиибэ. Айар үлэтигэр Саха сирэ эрэ буолбакка, Венгрия, Югославия, Польша, Болгария, Германия, Турция, Испания уонна Кытай, оннооҕор ыраах Панама олохтоохторо ытыстарын тыаһын харыстаабатахтара.

Бу үтүөкэннээх кэлэктиип национальнай үҥкүү искусствотыгар ситиһиилэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, тас дойдуларга кытары биллибитэ, ону ааһан кини өҥөтө Саха сиригэр үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбыла – Сергей Зверев аатынан судаарыстыбаннай үҥкүү тыйаатыра төрүттэнэригэр олук буолбута. Вокальнай бөлөх базатыгар «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл тэриллибитэ. «Сарыал» өрөспүүбүлүкэ үгүс самодеятельнай кэлэктииптэригэр үҥкүү эйгэтигэр аан арыйбыта.

Кэлэктиип ситиһиитигэр улахан оруолу ансаамбыл балетмейстердара Александра Николаевна Мохотчунова, Ангелина Григорьевна Лукина, Любовь Алексеевна Никитина, хормейстердар Зоя Егоровна Романова, Светлана Павловна Иванова, салайааччы-тэрийээччилэр Валентин Филаретович Слепцов, Любовь Дмитриевна Неустроева (Аммосова), Яна Викторовна Игнатьева, Светлана Тимофеевна Степанова, Маргарита Григорьевна Саввина, үҥкүү нүөмэрдэрин толорооччулар Августина Ануфриева, Нина Золотарева,  Варвара Румянцева, Валентина Федореева, Маргарита Федорова (Данилова), Айталина Новгородова, Людмила Ли-Фу (Никитина), Маргарита Баишева, Лариса Дьячковская (Лугинова), Александр Монастырев, Борис Бубякин, Егор Калинин, Александр Скрябин, Николай Дьячковскай, Василий Попов, Антонина Дьяконова (Ефремова), Мария Борисова (Михайлова), Татьяна Борисова, Наталья Филатова, аҕас-балыс Любовь уонна Наталья Федоровалар, Туйаара Пестрякова (Олесова), Василий Борисов, Петр Кондаков, Сергей Едисеев, Василий Сорокин, Александр Мандаров, Наум Готовцев, Алена Скрябина, Татьяна Полятинская (Петрова), Сардана Яковлева (Федотова), Надежда Тихонова, хомусчуттар Спиридон Шишигин, Петр Оготоев, Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, ырыаһыттар Петр Старков, Наталья Захарова, Фаина Лебедева,  Николай Баскаров, Ким Степанов уо.д.а.

Биһиги бүгүн өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор боччумнаах кылааты киллэрбит араас сылларга ансаамбыл кыттыылаахтарын ааттарынан киэн туттабыт: искусство үтүөлээх деятелэ Октябрина Афанасьева, Анна Дьячковская, Александр Бурнашев, култуура үтүөлээх үлэһиттэрэ Алексей Калининскай, Иннокентий Романов, Владимир Корякин (Индигирскэй), Клара Ксенофонтова, Сима Толстякова, Вера Захарова, Ольга Николаева, Федор Шарин, Александра Христофорова (Элякова), Александра Попова, Александр Мандаров, Елена Васильева, Любовь Аммосова, Полина Ноева, С. Зверев аатынан саха судаарыстыбаннай үҥкүү тыйаатырын артыыстара Лена Ноговицына (Баишева), Галина Захарова (Тарабукина), Надежда Бурцева, Наталья Иевлева, Ольга Гурьева, Владимир Захаровтар уо.д.а.

Дьэ, онон, сыанаҕа тахсыбыттара үйэ аҥаарын бэлиэтээри, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин уонна «Дьокуускай куорат» култуураҕа управлениетын өйөбүлүнэн, номоххо киирбит “Сарыал” үҥкүү уонна ырыа ансаамбылын Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах өрөгөйдөөх киэһэтэ буолаары турар.

 

Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын муус устар 22 күнүгэр «Сарыал» ырыа уонна үҥкүү ансаамбылын кэнсиэригэр киэһэ 18.00 чаастан  Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна искусство аныгылыы киинигэр ыҥырабыт. Аадырыһа: Можайскай уул, 25.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...