23.06.2023 | 12:00

Сартаҥ кыыһа Даайа

Айымньылаах дьон олоҕо ордук судургута суох буолар, тэтимнээх үлэ өрөгөйө элбэх тургутугу ааһар.
Сартаҥ кыыһа Даайа
Ааптар: Г.С. Стручкова–Табайаана
Бөлөххө киир

Композитор Коля сыдьаана

Дария Маркова-Аммосова үлэтин сүнньүн сүүрээнин өрө-таҥнары сүүрдэн ырытан көрдөххө, фольклор эйгэтигэр өтөн киирбитэ балайда ырааппыт. Бу кыысчаан оҕо эрдэҕиттэн ырыаҕа талааннааҕа, фольклорга сыһыаннааҕа, өбүгэлэриттэн, чуолаан Сартаҥ нэһилиэгэр "Композитор Коля" диэн биллэр эһэтэ Николай Николаевич Слепцовтан кэлбит диэн сыаналаатым. Кини туһунан: «Талааннаах хоһоонньут, санаатын холкутук сайа этинэр сүрдээх киэҥ билиилээх, бэрт сытыы-хотуу, бэйэ эрэ иһигэр аҕыйах киһиттэн алтыһан ааспыт дьиҥнээх соҕотох доҕорум Колям этэ», — диэн музыкант Александр Иосифович Васильев ахтан аһарбыттааҕа. Ырыа эйгэтигэр оччотооҕу кэмҥэ бэйэтин кылаатын киллэрсэн хаалларбыт биир талаан бу орто туруу бараан дойдуттан барбыта ырааттаҕа. Ырыатын, үлэтин, айымньытын иэйиилэрин аны ыччаттара салҕыыллар.

Дария ийэтэ Ирина Николаевна Сартаҥ сыанаттан түспэт бэтэрээнэ. Ол да иһин Култуура управлениетыттан бэриллибит үгүс наҕараадалар хаһаайкалара, оччолортон Сартаҥ оскуолатын чаҕылхай сулуһа Даайа Аммосова сыл-хонук түргэн сүүрүгэр сүтэн-симэлийэн хаалбакка, аата-суола иһиллэн, күөн күрэстэргэ бэйэтин миэстэтин лаппа ситиһэн, биир дойдулаахтара киэн туттар далбардарыгар кубулуйбутун истэммин, киэн тутта санаатым. Бу сыл Ийэ Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи форумугар ситиһиилээхтик кыттыбыт сэргэх сонуннарын үөрэ иһиттим.

 

Аныгы кэм идэтин баһылаан

Дария Иннокентьевна Маркова-Аммосова тус санааларын үллэстибититтэн ордук сэҥээрбиппин сурукка тистим:

– Учуутал идэлээх буоламмын, Дьокуускай куоракка 2019 сыллаахха "Өрөгөй" диэн сахалыы хайысхалаах оҕону эбии дьарыктыыр-сайыннарар киини тэрийбитим. Бу кииммэр үп-харчы өттүнэн уйуммат, элбэх оҕолоох, соҕотох төрөппүттэри кытары үлэлэһэбин. Ону таһынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытары эмиэ үлэлиибин.

Кэлин "закупщик" идэтин баһылаан, анал үөрэҕи бүтэрэн, араас министиэристибэлэри кытары судаарыстыбаннай хантараак толорсон үлэлэһэбин. Үлэм сүрүнэ – министиэристибэ сорудаҕынан сууйуу-хомуйуу чааһын толорторуу. Илиибэр 17 үлэһиттээхпин.

 

Айар үлэттэн тэйбэккэ

– Киһи барыта иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыктаах буолар. Миигин ийэм оҕо эрдэхпиттэн дьон иннигэр ыллыырга-туойарга үөрэппитэ төһүү күүс буолан, СӨ үтүөлээх артыыһа Юрий Егорович Платоновка үөрэммитим. Саха уонна эбээн норуотун тылынан уус-уран айымньыларын дириҥник үөрэппитим. Билигин бу хайысхабын тутуһан, айар үлэнэн дьарыктанабын.

Ол курдук, "Иччилээх кэпсээннэр" (бу Илин эҥээр олохтоохторун кэпсээннэриттэн олоххо дьиҥ чахчы буолбут тубэлтэлэр) уонна "Дьааҥыбыттан хомуурунньук" диэн бэйэм айбыт-суруйбут уус-уран айымньыларбын тиһэн кинигэ таһаарбытым. Мин Дьааҥым кэрэ айылҕатынан, аар-саарга аатырбыт туруук таас хайаларынан эрэ буолбакка, олоҥхоһуттарынан эмиэ аатырар. Биһиги дойдубут фольклорун, үгэстэрин кэлэр көлүөнэ өрө тутуохтаахпыт дии саныыбын.

 

Дойдум дьонун өйөөрү

– Бэйэм элбэх оҕолоох ыал оҕото буоламмын, хоту улууска үп-харчы ыараханнык кэлэрин, олорор усулуобуйабыт ыараханын билэр буолан, биир дойдулаахтарбар араас көмөнү оҥоробун. Ол курдук, быйыл тохсунньу 20 күнүгэр улууспут сылы түмүктүүр-арыйар тэрээһинигэр кэлэн, бэйэм үөрэх эйгэтигэр үлэлиир буолан, улууһум туйгун үөрэнээччилэригэр бэйэм ааппынан анал истипиэндьийэ олохтоон туттардым. Ону таһынан, билигин бу улууспутуттан ыараханнык ыалдьан соҕуруу эмтэнэ бараары сылдьар оҕолорго үп-харчы көмө наада буолуо диэн, улууһум иһигэр ырыа күрэҕин тэрийээри сылдьабын. Онон биир дойдулаахтарым кыттыыны ыларгытыгар көрдөһөбүн.

Үлэм өссө биир саҥа хайысхата – байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах хомуурга барбыт дьоммут ыалларын, дьоннорун өйөөһүн. Ону таһынан, улууһум олох очуругар оҕустарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүн. Саамай сүрүн сыалым диэн — дойдум дьонун, аймах-билэ дьоммун, дойдум араас эйгэҕэ ыытыллар үлэтин өйөөһүн.

Миигин кытары үлэлэһэр улууһум култуураҕа, үөрэххэ салалталарыгар, олохтоох дьаһалтатын үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Миигин өйүүр, сүбэ-ама буолар дьоммор, ийэбэр, аҕабар, махтанабын.

***

Дьэ бу курдук аныгы тэтим ыгым сүүрээннэригэр тэҥҥэ олорсон, элбэх эбээһинэһи санныгар сүгэн, сэмэй саха кыысчаана — Дьааҥы Сартаҥыттан төрүттээх Даайа Маркова үлэтин сүнньүн билсэммин сүрдээҕин диэн сөхтүм. Бу этиллибит былааннар олоххо киирэллэригэр үрдүк эппиэтинэс, сүҥкэн кыах, эрэл уонна итэҕэл наада буолуоҕа. Даайаны айылҕаттан ананан кэлбит аныгы үйэ далбара эбит диэн олох атын харахпынан көрдүм.

Дария Марковаҕа ылсыбыт үлэтэ санаа хоту этэҥҥэ туоларыгар кыахта биэриэҕиҥ! Дьааҥы улууһун биир чулуу кыыһыгар күүһүгэр күүс, эрэлигэр эрэл элбии турарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...