10.08.2023 | 10:00

Сардана Романова: «Сахалар аспытын атын омук эмиэ билиэхтээх»

Сардана Романова:  «Сахалар аспытын атын омук эмиэ билиэхтээх»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Биһиги ортобутугар киһи хараҕын далыгар субу көстө сылдьыбат эрээри, бар дьон олоҕор суолталаах үлэни күннэтэ кыайа-хото, толоро сылдьар дьон үгүс. Олортон биирдэстэрэ – СӨ Аһылык индустриятын туйгуна, СӨ Атыытын-эргиэнин бочуоттаах үлэһитэ, “Сэргэлээх” ас кэмбинээтин (норуокка биллэринэн 5-с нүөмэрдээх устудьуоннар остолобуойдара) дириэктэрин солбуйааччы, “Азия оҕолоро” Оонньуулар кыттыылаахтарын астарын менютун ааптара, Саха сирин оскуолаларын менюларын таҥан оҥорооччулартан биирдэстэрэ, ас технолога, Дьокуускай хас да оскуолатын итии аһылыгынан хааччыйан олорор тэрилтэ салайааччыта,  дьиҥнээх үлэ киһитэ Сардана Лаврентьевна Романова.

– Сардана Лаврентьевна, бастаан эйигин ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ.

Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээхпин. Лаврентий Николаевич уонна Галина Евстафьевна Романовтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтүм. Аҕам Лаврентий Николаевич үйэтин тухары тыа хаhaaйыстыбатыгар килбиэннээхтик үлэлээбитэ, СӨ Үтүөлээх зоотехнига, Мэҥэ Хаҥалас улууhун уонна кини 7 нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, сыралаах үлэтэ “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн сыаналаммыта. Ийэм Галина Евстафьевна анал үөрэҕи бүтэриэҕиттэн уһуйааҥҥа иитэччинэн бу олохтон барыар диэри эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Төрөппүттэрим кыайыгас үлэhит дьон буоланнар, биhи убайбыныын эмиэ үлэни өрө тутан кэллибит.

Аҕам билигин РФ Сурунаалыстарын сойууһун чилиэнэ, университет бэтэрээнэ, үтүөкэн киһи Людмила Егоровна Слепцовалыын иккистээн олоҕун оҥостон олорор.

Бииргэ төрөөбүт иккиэбит. Убайым Андрей Лаврентьевич Романов Экология министиэристибэтин иhинэн булт-алт департаменыгар тутаах исписэлииһинэн уhуннук үлэлээбитэ. Кэргэннээх, 3 кыыс оҕолоох.

Кэргэним Евгений Иннокентьевич Өймөкөөн Томторуттан төрүттээх, идэтинэн буҕаалтыр. Икки оҕолоохпут. Улахан кыыспыт  Лена Дьокуускай куоракка Физико-техническэй лицейи ситиhиилээхтик бүтэрбитэ, өссө нуучча тылын БКЭ-тин 100 баалга туттаран үөрдүбүтэ. Онтон ХИФУ-ты кыhыл дипломунан бүтэрбитэ. Салҕыы Арассыыйа Норуотун хаhаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын магистратуратын бүтэрэн, Москва куоракка улахан тэрилтэҕэ эйчар-менеджеринэн үлэлии сылдьар. Кыра кыыспыт Соня быйыл 3 кылааска үөрэнэ киирэр.

– Идэҕин хайдах талбыккыный, ханна үөрэммиккиний?

Табаҕа орто оскуолатын 1990 сыллаахха бүтэрбитим. Ол сыл үөрэххэ кыайан киирбэтэҕим, Дьокуускайдааҕы атыы-эргиэн техникумугар экономическай отделениеҕа эксээмэҥҥэ пааспара суох кэлэммин киллэрбэтэхтэрэ. Онон кылааhынньыктарбыныын оскуоланы бүтэрбит сылбытыгар 10 оҕо буолан Араҥас пиэрмэтигэр ыанньыксыттаабыппыт, субан сүөһүнү көрбүппүт.

Эhиилигэр Новосибирскайдааҕы атыы-эргиэн институтугар эмиэ экономист идэтигэр туттарсыбытым. Ол гынан баран куонкуруһунан кыайан ааспатаҕым, инньэ гынан докумуоммун “инженер-механик торгового оборудования” диэн идэҕэ  көһөрбүтүм. Дьэ, эксээмэннэрбин: математиканы – «4», физиканы – «4», нуучча тылын – «4/5»  сыаналарга туттаран киирбитим. Арай бастакы кууруһу бүтэрэн сайын дойдубар сынньана тиийбитим,  инженер-механик отделениетын сабан кэбиспиттэр уонна группабытын инженер-технолог идэтигэр көhөрбүттэр. Хайыахпыный, сөбүлээбэтэрбин да, үөрэнэн бардаҕым дии. Оннук 5 аҥаар сыл үөрэнэн бүтэрбитим. Инженер-технологка урут күнүскү үөрэххэ 5 сыл үөрэтэллэр этэ, оттон кэтэхтэн үөрэнээччилэр – 6 сыл.

Идэбин аа-дьуо сөбүлээбитим

Үөрэнэр сылларбар сайын аайы кэлэн дойдубар практикаланар этим. Ол сылдьан идэбин аа-дьуо дьэ сөбүлээн испитим. 10 сыл “Холбос” систематыгар араас үлэҕэ үлэлээбитим: остолобуойдарга асчытынан, производство сэбиэдиссэйинэн, онтон 1999 сыллаахтан “Холбос” правлениетыгар сүрүннүүр,  онтон кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээбитим. Ол сырыттахпына, 2003 сыллаахха, Наталья Никитична Слепцова – өрөспүүбүлүкэҕэ атыы-эргиэн уонна уопсастыбаннай аhылык салаатыгар аатырбыт салайааччы –бэйэтин солбуйааччытынан, Саха судаарыстыбаннай  университетын остолобуойугар ынырбыта.

Ол күнтэн ыла бу остолобуойбут юридическай аата элбэхтик уларыйда. «Роса» ППК САУо,  «Якутия» ФАПК, Саха судаарыстыбаннай университетын, онтон Федеральнай университет да иhинэн буола сылдьыбыта. Билигин «Комбинат питания «Сэргэлээх» ХЭТ диэн юридическай көрүҥнээх тэрилтэ буолан олоробут. Бу остолобуойга үлэлээбитим оробуна 20 сыл буолла. Урукку да, билиҥҥи да устудьуоннар ааттыылларынан, норуокка биллэринэн – “Пятай столовай”.

Дьокуускайга соҕотох аһылык кэмбинээтэ

– Биһиги тоҕо «аhылык кэмбинээтэ» диэммитий диир буоллахха, маннык элбэх технологическай оборудованиелаах, анал сыахтардаах, атыннык эттэххэ улахан кыамталаах остолобуой Дьокуускай куораппытыгар соҕотох буолуо. Манна производствобыт эт-балык, оҕуруот аhын, бурдук ас, кондитерскай, тымныы уонна итии сыахтарга арахсар. Ону таhынан 3 аһатар саалалаахпыт. 340 киhи тэҥинэн киирэн аhаан тахсыан сөп.

Комбинаппыт хас да филиаллаах: университеппыт территориятыгар кылаабынай куорпуска, медицинскэй институтка, автодорожнай факультетка, инфраструктурнай колледжка, 6-с уонна 17-с корпустарга буфеттардаах уонна остолобуойдардаах. Ону таhынан, куорат 5 оскуолатын оҕотун итии аhылыгынан хааччыйабыт. Пандемия иннинэ остолобуойга 1000 устудьуон аhыыр этэ, уонна филиалларынан 3000 киһини хабарбыт. Билигин остолобуойга 600 устудьуон аһыыр уонна филиалларынан 2000 тыһыынча оҕо хабыллар.

Урут күҥҥэ 3000 устуука араас начыыннаах бэрэскини уонна 2000 устуука пирожнайы астаан атыылыыр этибит. Билигин университет территориятыгар элбэх кафе арыллан, килийиэн ахсаана көҕүрээтэ. Ол да буоллар куруук аhыыр оҕолорбут кэлэ тураллар. Ону таhынан университет үлэhиттэрэ, куорат олохтоохторо, тыаттан кэлэ сылдьар дьон да кэлэн аспытын амсайан, махтанан бараллар.

Фаст-фуду олох утарабыт

Остолобуойбутугар килийиэннэрбит үксүн устудьуоннар буолан, үгэс буолбут уопсай аhылыгы астыыбыт. Ол аата сарсыарда хааhы, сымыыт, алаадьы, блины; күнүс араас миини: борщ, щи, рассольник, эттээх, хортуоппуйдаах миин; “второйбут”: кэтилиэт, тефтель, гуляш, духуопкаҕа буспут муора балыга онтон да атын. Хомпуот, кисиэл, дөлүһүөнтэн, отонтон утахтары, быыппаҕы оҥоробут.  Араас көрүҥ бурдук аһы буһаран атыылыыбыт.

Фаст-фуд аhын олох утарабыт. Биhиэхэ ыччат сылдьар, онон фаст-фуд аhынан доруобуйатын буорту эрэ гынар диэн санааттан олох утарабыт, оннук аһы төрүт астаабаппыт.

Оҥорон таһаарар салааларбыт сэбиэдиссэйдэрэ бары анал үрдүк үөрэхтээхтэр, уопуттаахтар. Билигин эдэр кэскиллээх исписэлиистэри үөрэттэрэн, үүннэрэн таhааран эрэбит. Асчыттарбыт, кондитердарбыт эмиэ бары орто анал үөрэхтээхтэр, производстоҕа элбэххэ үөрэнэн, такайыллан тахсаллар. Онон үлэбит тохтообокко салҕанан баран иhэр.

«Азия оҕолорун» менюта

Тэрилтэбит элбэх куорат, өрөспүүбүлүкэ, норуоттар икки ардыларынааҕы таhымнаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылар.  Олоҥхо ыhыахтарыгар Намҥа, Үөhээ Бүлүүгэ, Манчаары оонньууларыгар Горнай Бэрдьигэстээҕэр, Тыа сирин спортивнай оонньууларыгар Уус Алдан Бороҕонугар, «Дьулуур» инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэhиилэригэр Аммаҕа, онтон да атын бөдөҥ тэрээһиннэргэ тиийэн, спортсменнары, артыыстары, волонтердары аhаппыппыт.  2004 сылтан саҕалаан Дьокуускай куоракка буолбут “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларга барытыгар кыттыыны ылабыт, элбэх омук оҕотун аhаппыппыт. Онон омук куухунатын эмиэ балачча баһылаатыбыт.

Мин бэйэм 2000 сылтан Дьокуускайга буолбут оонньуулар менюларын онорбутум. Менюларым тустаах министиэристибэлэринэн, Роспотребнадзорунан үгүс түһүмэхтээх сөбүлэҥнэри ааhан, оргкомитетынан бигэргэтиллэллэр этэ. Менюну ордук оҕо рационугар, ас пищевой энергетическай сыаннаһыгар олоҕуран, ону таhынан европейскай, азиатскай куухуналар уратыларыгар тирэнэн оҥоробун. Бу кэлэр 2024 сылга буолар оонньуу менюта эмиэ сөбүлэҥ таһымын баран эрэр.

Арассыыйа бастыҥнарын кэккэтигэр сылдьабыт

Тэрилтэбит быйыл уопсастыбаннай аhылык тэрилтэлэрин иhинэн ыытыллыбыт күөн күрэскэ кыайыылааҕынан тахсан, “Кыһыл көмүс меркурий” статуэтка хаhаайына буолла. Статистика учуотун рейтинин көрдөрүүтүнэн, Арассыыйаҕа 50 үчүгэй көрдөрүүлээх тэрилтэ иhигэр киирэр, оттон Уһук Илиҥҥэ 7-с миэстэҕэ сылдьар.

Куоракка биир бастакынан кэмбинээппит ХАССП систиэмэтинэн  сыаналанан, сертификат ылбыта. Ону таhынан быйыл оҥорон таhаарар бородууксуйабытыгар барытыгар тэхиньиичэскэй  усулуобуйалаах стандарт оҥорон таhаардыбыт. Онон оҥорон таhаарбыт бородууксуйабытын араас атыы-эргиэн тэрилтэлэринэн атыылыыр буолабыт. Ити өттүгэр билигин күүспүтүн ууран үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

– WorldSkillsRussia бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарга эксперт быһыытынан ыҥырыыга сылдьар киһигин. Асчыт идэтин талар оҕо төһө элбэҕий? Оҕолор күрэххэ бэлэмнэрэ хайдаҕый?

WorldSkillsRussia  куонкуруска 2013 сылтан “Поварское дело” компетенцияҕа эксперт быhыытынан араас таһымҥа ыҥырыллан кыттааччыбын: улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да ыҥыраллар. Арассыыйаҕа 2013 сыллаахха экспертээбитим. Сыл аайы ыҥырыы кэлэр, ол гынан баран ити куонкурус уhуннук барар, ол иhин бириэмэм ыгымыттан аккаастаммыт түгэннэрдээхпин. Сылтан сыл  усулуобуйалара чочуллан, ыараан иhэр, онон даҕаны оҕолор барахсаттар астыыр таһымнара эмиэ үрдээн иhэр диэн көрөбүн.

Оскуола оҕотун менюта

– Саха сирин оскуолаларын менюларын оҥорсубут эбиккин. Оҕо менюта туохха олоҕурарый?

2020 сыллаахха Саха сирин оскуолаларын оҕолорун цикличнай менюта оҥоhуллан тахсыбыта, Ульяна Михайловна Лебедева диэн өрөспүүбүлүкэ ыстааты таһынан диетолог бырааһын салалтатынан үлэлээбиппит. Мин онно ас астанар технологиятын уонна саха аhын киллэрии өттүгэр үлэлэспитим.

– “Школьная столовая” – как здорово звучит” кинигэҥ туһунан кэпсээ...

«Школьная столовая» – как здорово звучит” кинигэм бэйэм «Роса-общепит» диэн тэрилтэҕэ 2004 сылтан дириэктэринэн үлэлээбит үлэм түмүгэ буолар. Бу мин иккис сүрүн, ис сүрэхпиттэн ылсан үлэлии сылдьар үлэм. “Роса-общепит” куорат 13 оскуолатын итии аhылыгынан хааччыйан олорор. Сыл аайы тендер нөҥүө үлэлиибит. Бу тэрилтэбэр, үлэhиттэрбэр (сорохтор 20 сыл эҥкилэ суох үлэлээн кэллилэр) махтанан, ити кинигэни суруйбутум.

Асчыт үлэтэ сүрдээх ыарахан. Сарсыарда 5 чааска туран үлэлэригэр кэлэллэр. 8 чааска итии ас номнуо бэлэм буолар. Ол курдук биирдэ эрэ астаабаттар, күҥҥэ 6-8 “заход” диэн баар буолар. Оскуола оҕолоро симиэнэнэн үөрэнэр буоланнар, күҥҥэ оччото сибиэhэй итии аhы астыыллар. Асчыт барахсан күнү быhа атаҕар туран үлэлиир. Бүтэhик симиэнэ киэhэ 18.00 чааска диэри буолааччы. 

Оҕолор үөрэ-көтө киирэн аhыыллар. Меню дьыл кэмин, оҕо аhын рационун учуоттаан оҥоhуллар. Күннээҕи меню оскуола саайтыгар тахсар, төрөппүттэр оҕолоро бүгүн тугу аһыырын көрө олорор кыахтаахтар.

Кинигэбэр үлэhиттэр, үөрэнээччилэр, учууталлар, оскуола дириэктэрдэрин кылгас ахтыылара киирбитэ. Оҕолор махтанан хоhоон айан суруйбуттара – бу биhиэхэ, үлэлии сылдьар дьоҥҥо, саамай улахан наҕараада буоллаҕа.

Асчыттар уонна технологтар тиийбэттэр

Кэнники технологтары, асчыттары, атыы-эргиэн товароведтарын үөрэтэр орто анал үөрэх кыһата сабыллан, тустаах исписэлиистэрбит олох тиийбэт буоллулар. Повардар уонна технологтар диписииттэрэ номнуо кэллэ. Онон хас биирдии үлэhиппит, асчыппыт биhиэхэ күндү. Саҥа кэлбит исписэлиистэр  производствоҕа киирэн уhаарыллан, уопутуран тахсаллар.

Сахалыы колориттаах, астаах рестораннар Дьокуускай куораппытыгар эрэ буолбакка, улуустар кииннэригэр, улахан куораттарга Москваҕа, Санкт-Петербурга арыллаллара буоллар, олус үөрүөм этэ. Бүрээт, татаар, Арассыыйа онтон да атын омуктарын куухуналара киин куораттарга элбэх. Сахалар эрэ куухунабыт арылла илик диибин. Онон эдэр ыччат ити өттүгэр үлэлиэ этэ дии саныыбын.

Уопсастыбаннай аhылык сүрдээх ороскуоттаах салаа, онон ити улахан куораттарга тахсарга судаарыстыбаннай өйөбүл наада. Мантан табабыт, ынахпыт, убаhабыт этэ, балыкпыт соҕуруу куораттарга тиийэрэ олус ороскуоттаах. Ол гынан баран сайдыы баран иhиэхтээх, бэйэбит сахалар аспытын атын омук эмиэ билиэхтээх, киэҥ сиргэ таhааран иһиэхтээхпит.

Үөһээ Айыыларбар махтанабын

Киhи хоббита олоҕун тухары уларыйа турар. Урут баайарбын сөбүлүүр этим. Билигин оҕуруот аһынан кэнсиэрбэ, отоннортон  наливкалары, эмтээх отунан, мас эриэхэлэринэн настойкалары оҥорорбун сөбүлүүбун. Сайын быырпаҕы быспакка оҥоробун.

Ити курдук, 30 сыл анараа өттүгэр бэйэбэр да соһуччутук алҕас киирэн үөрэммит идэм олоҕум тухары сөбүлээн илдьэ сылдьар дьарыгым буолан тахсыбытыттан үөрэбин уонна Үөhээ Айыыларбар махтанабын. «Киин куорат» хаһыат нөҥүө Учуутал уонна уһуйааччы сылынан настаабынньыктарбар – РФ Норуотун хаһаайыстыбатын туйгуна Наталья Никитична Слепцоваҕа, РФ Маастар-повара Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховка улахан махталбын тириэрдэбин.

Сардана Романова ырысыаптара

Быырпах

Куорат усулуобуйатыгар судургутук оҥоһуллар быырпах:

Кефир 3,2% – 0,5 л;

Сүөгэй 15% – 0,25 л;

Саахар – 0,15 кг;

Оргуйбут уу –  5 л.

 

5,9 лиитирэ быырпах тахсар. 40 кыраадыс сылаас ууга кефир, сүөгэй, саахар кутан баран, муос ытыгынан күүгэннириэр диэри ытыйыллар, онтон 2-3 хонукка сылаас сиргэ ууруллар. Онтон холодильникка тымнытан баран иhиллэр.

Тиит эриэхэтиттэн барыанньа

Тиит эриэхэтэ – 1 кг;

Сахар – 1 кг;

Уу – 0,3 кг.

 

Тиит эриэхэтин бэс ыйын саҥатыттан ый 20 чыыhылаларыгар диэри хомуйуллуохтаах, кини кытархайдыҥы өҥнөөх буолар.

Оргуйа турар ууга булкуйа-булкуйа саахар кутаҕын, онтон саахар ууллубутун кэннэ эриэхэҕин кутаҕын, сотору-сотору булкуйаҕын. Оргуйбутун кэннэ өссө 10-15 мүнүүтэ мөлтөх уокка тэптэрэҕин.

Барыанньаны бэйэтинэн сиэххэ эбэтэр араас барыанньаҕа тупсарыы курдук туттуохха сөп. Кыhын тумууттан харыстанарга итии чэйгэ кутан иhиллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...