28.01.2023 | 16:00

Сардаана Токоемова: «Иистэн дуоһуйууну ылабын...»

Сардаана Токоемова:  «Иистэн дуоһуйууну ылабын...»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Иис сахаларга урут-уруккуттан хааммытыгар баар. Билигин биһиги ортобутугар талааннаах иистэнньэҥнэр, норуот маастардара аҕыйаҕа суохтар. Кустуктуу субуллар оһуор быысапкалары, сахалыы тыынынан илгийэр кылтан, сиэлтэн оҥоһуктары, туостан көбүөрдэри, сэлээппэлэри, халадаай былаачыйалары, оноолоох соннору, хаһыаччыктары о.д.а. саха дьахталлара ис сүрэхтэриттэн тигэллэр. Бу тигиилэргэ төһөлөөх дууһа сылааһа ууруллубута буолуой диэн киһи сөҕө эрэ саныыр.

Бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – Таатта улууһун норуот маастара, иистэнньэҥ, алта оҕо күн күбэй ийэтэ, билигин Хатаска олорор Сардаана Токоемова.

Бу күннэргэ Сардааналыын болдьоһон, үлэлиир мастарыскыайыгар көрсөн, оҕо саас, устудьуон сыллар, иискэ уһуйуллуу, бастакы ситиһиилэр, сөбүлүүр дьарык туһунан киэҥ кэпсэтиини таһаардыбыт.

Кыра эрдэхпиттэн тигэрим

Мин Үөһээ Бүлүү Далыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм, Дүллүкүгэ улааппытым. Олох кырабар кумааҕы куукуланан оонньуурбун сөбүлүүрүм. Матырыйаалларын бэйэм оҥорон таҥыннарарым, харандааһынан уруһуйдуурум, киэргэтэрим. 1 кылааска аан бастаан бэйэбэр бастыҥа тиктибитим. Эбэм, ийэм иистэнэллэр этэ. Оҕо эрдэхпиттэн сабы, иннэни, тимэҕи, оҕуруону сэргии көрөрүм. Ол курдук оччолорго миигин ким да анаан-минээн иискэ үөрэппэтэҕэ гынан баран, ийэм иистэнэрин көрөн үөрэммит эбиппин. Онтон 3 кылаастан “Үлэ” диэн иис куруһуогар суруйтарбытым (сал. С.А. Николаева). Манна быысапкалыыбыт, баайабыт, иистэнэбит. Роза сибэкки ойуутун быысапкалаабытым, оһуордаабытым. Ону таһынан макрамелыыбыт, бэйэбитигэр наскы, үтүлүк баанабыт. Орто кылаастарга үөрэнэ сылдьан дьууппа, булууһа, былаачыйа, ыстаан тиктэн саҕалаабытым. Бу куруһуокка оскуоланы бүтэриэхпэр диэри дьарыктаммытым, ону билигин наһаа элбэххэ үөрэппит эбиттэр диэн махтана саныыбын. Иистэнэрим таһынан өссө ыллыырбын сөбүлүүрүм. “Саха” НКИХ тэрийэр “Хотугу сулус” улуустааҕы ырыа күрэҕэр кыттарбар бэйэбэр былаачыйа тиктибитим. Онтон кэлин балтыларбар тигэр буолбутум.

 

Олох киэҥ аартыгар үктэнии

– Оскуоланы бүтэрэрбэр ийэм Намнааҕы Педагогическай колледжка туттарыс диэн сүбэлээбитэ. Онтон бэйэм эмчит буолар баҕаттан СГУ-га Медицинскэй институкка туттарсан баран, кыранан баалым хапсыбакка киирбэтэҕим. Ол иһин Дьокуускайдааҕы коммерческай лицейгэ атыы-тутуу үөрэҕэр киирдим. Салгыы 16 №-дээх СПТУга “резчик по камню” диэн идэҕэ үөрэнэн, кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Онтон Дьокуускайга Алмааһы кырыылыыр собуокка огранщигынан алта сыл үлэлээбитим. Бу кэмнэргэ син биир ииспин тута сылдьыбытым. 1997 сыллаахха саһыл саҕалаах сукуна соммун көтүрэн, бэйэбэр оҕуруолаах кыһыҥҥы бэргэһэ тиктибитим. Оройугар, кулгааҕар киһи хараҕар быраҕыллар дьэрэкээн оҕуруолардаах. Бэргэһэбин кэтэн уулуссаҕа таҕыстахпына, дьон наһаа сэҥээрэн көрөрө. Таҥнар таҥаспын, бэргэһэбин, үтүлүкпүн, ону таһынан эргэ кубанка уонна киис бэргэһэлэрбин уларытан, кырааскалаан тигэрим. Миэхэ ол саҕана саҥа тирии диэн суох буолан, хаалбыт саҕалары, эргэ түүлээҕи барытын туһаҕа таһаарарым.

Таатта – талааным арыллыбыт сирэ

2007 сыллаахха Таатта Харбалааҕар балтыбар ыалдьыттыы тиийэн баран, устунан үлэ булан олохсуйа хаалбытым. Бу кэмнэргэ олохпор саҥа, ураты кэрдиис саҕаламмыта. Изабелла Элякова диэн биллэр маастартан сахалыы таҥаһы тигэргэ үөрэммитим. Кини улууска иис күрэхтэрин тэрийэрэ. Сыл аайы уларыта сылдьан халадаай былаачыйаҕа, эр киһи оноолоох сонугар, сахалыы этэрбэстэргэ о.д.а. аналлаах куонкурустары оҥороро. Мин бу күрэххэ кыттаммын, дьиҥ-чахчы былыргылыы халадаайы тигии кистэлэҥнэрин билбитим. Манна аан бастакыбын миэстэлэспитим. Онтон санаам көтөҕүллэн, куруук кыттан, миэстэлэһэр буолбутум. Сайын аайы ыһыахтарга оҕолорбун кытта кыттарым. Күрэхтэргэ сылдьан киһи элбэххэ үөрэнэр, билэр, улахан иистэнньэҥнэр, маастардар үлэлэрин көрөн киһи айыан-тутуон баҕарар.  Таатта Харбалааҕыттан Анна Викторовна Афанасьева миэхэ былыргылыы сииккэ, иискэ саамай сүдү сүбэһитим буолбута. Улахан ситиһиим диэн Таатта улууһа төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах “Иис сэһэнэ – 2012” иккис региональнай муода бэстибээлигэр Гран-при үрдүк аатын сүгүүм буолбута. Онтон 2014 сыллаахха Намнааҕы Педагогическай колледжка иис үөрэҕэр туттарсан киирбитим. Манна түөрт сыл кэтэхтэн үөрэнэн эбии үөрэхтээһин педагогун идэтин ылбытым, модельер Зинаида Дмитриевна Поноховаҕа уһуйуллубутум. 2019 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа “Таҥас дизайнера” үөрэххэ киирбитим. Бу кэмнэргэ худуоһунньук-дизайнер Зинаида Михайловна Заболоцкаяҕа үөрэммиппинэн киэн туттабын. Билигин уһуйааччыларбар махталым муҥура суох.  Үөрэххэ барар кэмнэрбэр Тааттатааҕы Оҕо реабилитационнай киинэ улахан өйөбүл буолбута. Сыл аайы үөрэнэ барарбар оҕолорбун көрсүбүттэригэр, көмөлөспүттэригэр улаханнык махтанабын. 2018 сыллаахха миэхэ “Таатта улууһун норуот маастара” диэн ааты иҥэрбиттэрэ.

 

Киин сиргэ талаһыы

– 2020 сыллаахха пандемия кэмигэр оҕолорбун кытта Хатас нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Уруккуттан даҕаны Хатас диэн нэһилиэги истэр этим гынан баран, чопчу ханан турарын билбэт этим. Чааһынай дьиэ ыламмын, манна олохсуйдум. Оҕолорум бары Хатас оскуолатыгар үөрэнэллэр, улаханым аармыйаттан кэлэн үлэлии сылдьар. Икки оҕом устудьуон. Хатаһы олус сөбүлээтим, сахалар уутуйан олорор сирдэрэ уонна Дьокуускайтан чугас турара олус табыгастаах. Билигин бэйэм манна олбуорум иһигэр туспа мастарыскыайдаахпын. Ханна да тэрилтэҕэ үлэлээбэппин, сүрүн үлэм – иис.

– Сардаана, оччоҕо билигин сүрүн үлэҥ иис диэтиҥ. Билигин ордук тугу тигэҕиний? Сакаастыыр дьон эйигин хайдах булалларый?

Оннук. Күн аайы таптыыр идэбиттэн дуоһуйууну ылабын, сөбүлүүр үлэбэр, дьарыкпар таба тайанным диэн үөрэбин. Билигин халадаай, саппыкы, киэһээҥҥи былаачыйа, араас куопталары о.д.а. барытын тигэбин. Биирдиилээн дьоҥҥо эрэ буолбакка, үҥкүү ансаамбылларын кытта үлэлэһэбин. Хоту улуустар эмиэ үгүстүк сакаастыыллар. Кинилэргэ сөмөлүөтүнэн, почтанан ыытабын, чугастааҕы улуустарга таксинан барар. Бэйэбин аһара күүскэ рекламаламмаппын, ол да буоллар дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэллэр уонна бастайааннай килийиэннэрдээхпин. Саҥа дьыл иннинэ ордук киэһээҥҥи былаачыйаҕа сакаас киирбитэ, онтон кулун тутар ыйтан дьон үксүн саха таҥаһын тиктэрэр. Үксүн дьахтар аймах кэлэр эрээри, эр дьон да биирдиилээн бааллар. Бэйэм кыахпынан көрөн үлэлиибин. Оҕолорум улаатан туһа дьоно, куруук миигин өйүүллэр, өйдүүллэр.

– Онтон иистэниэн баҕалаах дьону үөрэтиэххин сөп дуу?

– Биллэн турар. Үксүн халадаай былаачыйаларга маастар-кылаастары ыытабын. Биирдиилээн дьоҥҥо эбэтэр хас да киһилээх бөлөххө оҥоруохпун сөп. Онон баҕалаах дьонтон хаһан да аккаастаммаппын.

– Күн аайы иистэнэртэн сылайбаккын дуо? Иллэҥ бириэмэ көһүннэҕинэ, тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүн?

– Мээнэ тэлэбиисэр көрө-көрө сытарбын сөбүлээбэппин. Иистэн хаһан да сылайбаппын, салҕыбаппын, тоҕо диэтэххэ барытын былааннаан үлэлиибин. Урут оҕолоно киирэрбэр кытта оҕуруобун илдьэ барарым, ханна баҕарар ити курдук иистэнэ сылдьабын (күлэр). Сайынын айылҕаҕа сынньанарбын сөбүлүүбүн, сир астыыбын. Дьиэбитигэр оҕуруот олордобут. Миэхэ уһун уоппуска диэн суоҕун кэриэтэ. Төгүрүк сыл тохтоло суох үлэлиибин.

– Оттон кыргыттарыҥ иистэнэллэр дуо? Туохха дьоҕурдаахтарый?

– Түөрт уоллаахпын, икки кыыстаахпын. Улахан кыыс билигин кыламан, маникюр оҥорор, онтон кыра кыыс иискэ кыралаан сыстан эрэр, миэхэ көмөлөһөр. Онон оҕолорум олохторо өссө да иннигэр, талааннара, дьоҕурдара арыллан иһиэ диэн эрэнэбин.

– Сорох иистэнньэҥнэр куруук дьоҥҥо эрэ тигэллэр, бэйэлэригэр тиктэр бириэмэлэрэ да суох буолааччы... Эйиэхэ бэйэҕэр, оҕолоргор тиктэр бириэмэ баар дуо?

– Мин “сапожник без сапог” буолбатахпын (күлэр). Бэйэбэр да, оҕолорбор да куруук тигэбин.

– Биир таҥас төһө уһуннук тигиллэрий? Бириэмэни ылар буолуохтаах...

– Хас биирдии иистэнньэҥ бэйэтэ туһунан тэтимнээх: ким эрэ түргэн, ким эрэ бытаан. Мин түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык тигэбин. Өр тутары, дьону кэтэһиннэрэри сөбүлээбэппин уонна үлэм түмүгүн көрөрбүттэн дуоһуйууну ылабын.

– Сардаана, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Саҥа сылга саҥа ситиһиилэри баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...