12.08.2022 | 12:00

Сандаарар сырдык суол

Кыыс оҕо барахсан айылҕатынан ситэн-хотон, сирдээҕи аналынан ийэ буолан, эйэҕэс эбээ буолар кэмэ тиийэн кэлэр. Ол аайы айылҕа биэрбит кэрэ сэбэрэтэ олох кэрдииһинэн уларыйан истэҕэ... Ол эрээри аныгы үйэ дьоно, ордук дьахтар аймах санаатарбыт эрэ сэбэрэбитин чөлүгэр түһэринэр кыахтаахпыт.
Сандаарар сырдык суол
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

... Ааны арыйан киирээппин кытта миигин арылхай сырдык харахтардаах, номоҕон дьүһүннээх, уһун дьылыгырас уҥуохтаах, ис-иһиттэн сандаара сылдьар киһи көрүстэ.

Марфаны көрөөт, миэхэ маннык санаалар киирдилэр: киһи сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, бэйэтэ да билбэтинэн, тулалыыр эйгэтин сырдата сылдьар эбит.

Хаһан эрэ учууталым Сайыына этэн турар: "Киһи бу орто дойдуга сырдык суол, сырдык аат хааллараары кэлэр. Оттон ол сырдык суолу, сырдык ааты тугу гынарыгар барытыгар бүтүн бэйэтин – өйүн-санаатын, сүрэҕин-быарын сылааһын, иэйиитин уктаҕына эрэ хаалларар. Киһи барахсан итини дириҥник аттаран, анааран өйдөөтөҕүнэ, тутустаҕына, кэрэни ханна баҕарар булан бэлиэтии көрөр, бэйэтин ис кэрэтин таска таһааран, кэрэни сиргэ үксэтэр кыахтанар".

Кыыс, дьахтар, эбээ айылҕаттан бэриллибит кэрэ сэбэрэтин чөлүгэр түһэрии туһунан кыраһыабай буолуу салонун хаһаайката Марфа Максимовалыын кэпсэттибит.

 

– Хас биирдии киһиэхэ оҕо саас кырааската хойуу, дьэрэкээн. Эн оҕо сааһыҥ ханна ааспытай?

– Оҕо сааһым кэрэ айылҕалаах, талааннаах дьон төрүүр-үөскүүр Улахан Аан бөһүөлэгэр ааспыта. 1996 сылтан Дьокуускай куоракка олоробут. Куорат 14 №-дээх оскуолатын ситиһии мэтээлинэн бүтэрбитим. Төрөппүттэрим иккиэн талбыт курдук үтүө дьон. Аҕам орто дойдуттан барбытын да кэнниттэн мааны майгытын дьон билиҥҥэ диэри саныыр. Ийэм Светлана Петровна оҕо сааспыттан хас биирдии идеябын өйөөн, үлэҕэ, үөрэххэ сыһыаммар оруола улахан. Төрөппүттэрбиттэн, чугас дьоммуттан өйөбүллээх буолан, баҕарбыт идэлэрбин ыллаҕым дии саныыбын. Ийэм эмиэ айар эйгэҕэ олус чугас. Кини астыыр, иистэнэр, ыллыыр талаана барыта ис дууһатыттан тахсарын биһиги, оҕолор, көрө-истэ улаатаммыт, үһүөн айар дьоҕурбутун таптыыр дьарык оҥосто сырыттахпыт. Бырааттарым иккиэн уустар. Мин кинилэринэн киэн туттабын. Ханнык баҕарар саҕалааһыммар күүс-көмө буолар саамай эрэллээх дьонум. Онон, киһи олоҕор ситиһиилэригэр чугас дьонун өйөбүлэ сүҥкэн суолталаах дии саныыбын. Мин эмиэ кэргэммэр Иваҥҥа, ийэбэр, бырааттарбар, чугас, өйүүр-өйдүүр дьоммор махталым муҥура суох.

– Оҕо сылдьан инники олохпутугар ким буолуохпутун оонньуубут диэҥҥэ сөпсөһөҕүн дуо?

– Икки үрдүк үөрэх дипломнаах, экономист уонна юрист идэлэрдээх киһи отут сааспын ааһан баран Дьокуускайдааҕы медицинэ колледжыгар медсиэстэрэ үөрэҕэр киирбиппэр чугас дьонум, доҕотторум, кэллиэгэлэрим бука бары соһуйан эрэ хаалбыттара.

Онон эн ыйытыыгын кытта сүүс бырыһыан сөпсөһөбүн. Тоҕо диэтэххэ, оҕо сылдьан наар «быраастаах” оонньуур буоларым. Элбэх куукуланы эпэрээссийэлээн, укуоллаан, биинтэлээн улааппытым. Билигин санаатахпына, дууһам сытар, сөбүлүүр дьарыгым медицина буолуохтааҕын оҕо сааспар оонньообут эбиппин.

– Кэрэ көстүү киһи аайы баар дуо?

– Кэрэ диэн хатыламмат ураты көстүү буолар. Бу көстүү хас биирдии Кэрэ Куоҕа баар. Бу кини уратыта. Мин санаатахпына, айылҕа киһиэхэ барсыбаты айбат. Ону таба көрөн, кырааска нөҥүө тупсаран биэриэххэ сөп.

– Кэрэ буолуу эйгэтигэр Дьокуускайга төһө элбэх салон баарый?

– Бу хайысханан үлэлиир эдэр дьон элбээтэ. Бу – 21-с үйэ биир идэтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Манна тыҥырах, кыламан оҥорууттан саҕалаан, парикмахер өҥөтө барыта киирсэр.

– Бу хайысхаҕа үлэлиир маастартан туох хаачыстыба ирдэнэрий?

– Кини, бастатан туран, дьарыгын таптыахтаах дии саныыбын. Ону ааһан, ис-иһиттэн билиэхтээх. Манна анатомия темата туора турбат. Кэрэ маастара үлэтин хаачыстыбалаахтык оҥорорго кыһаллыахтаах. Оччоҕуна эрэ киниэхэ элбэх клиент да кэлиэ, үлэлээх да буоларын ситиһиэ.

– Онтон эн бу эйгэҕэ хайдах кэлбиккиний?

– Ыал ийэтэ буоларым быһыытынан, бириэмэбин сөпкө аттарынан, көҥүллүк уонна сөбүлүүр дьарыктаах буолуохпун баҕарарым. Ол иһин медколледжка үөрэнэр кэммэр перманентнай макияж оҥорорго үөрэммитим. Миигин бу эйгэҕэ Лия Григорьева үөрэппитэ. Кини билигин бэйэтэ салоннаах, Балига олорор, онно үлэлиир.

Онон киһиэхэ хаһан да хойут диэн суох. Кылаабынайа, баҕа баар буоллаҕына, онно сыал-сорук туруорунан, үүнэн-сайдан истэххэ, киһи ситиһэр дии саныыбын. Мин эмиэ ити кэмнэртэн бастаан кабинет, онтон салон арыйбытым. Тустаах судаарыстыбаннай үлэбиттэн манна кэлэн сөбүлүүр дьарыкпын оҥоробун.

– Кэрэ көстүүлээх буоларга эн бэйэҥ методикаҥ тугуй?

– Үөһэ этэн аһарбытым курдук, хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит тус кэрэлээх. Мин ол кэрэлэрин уларыппакка, билиҥҥи кыраһыабай буолуу каноннарыгар киллэрбэккэ, бэйэтин айылҕаттан анаммыт хааһын, уоһун, хараҕын кырааска көмөтүнэн чуолкайдаан эрэ биэрэбин. Киһи сааһыран истэҕинэ син биир уларыйар. Ону көннөрөн биэрдэххэ, кини дьиҥнээҕэ, айылҕаттан бэриһиннэрбит кэрэтэ тахсан кэлэр. Методика диир буоллахха, мин онно болҕомтобун уурабын.

– Эйиэхэ кэлээччилэр саастарынан хааччахтаахтар дуо?

– Суох. Миэхэ 14 туолбут оҕолорун аҕалар төрөппүттэрдээхпин. 85-тээх дьоһун саастаах киһи кэлэрин киһи үөрэ, сөҕө эрэ көрөр. Онон киһи кэрэҕэ, кыраһыабайга тардыһыыта саастан тутулуга суох.

– Марфа, маастардар ортолоругар Аан дойду таһымнаах чемпионат кыайыылааҕа эбиккин. Бу туһунан.

– 2019 сыл этэ. Миэхэ бу маннык таһымнаах күрэхтэһиигэ анаан бэлэмнэнии суоҕа. Эмискэ баҕайытык кыттыахха диэн санааттан барбытым. Күннэтэ оҥорор, бэйэм сөбүлүүр дьарыкпын Москваҕа тиийэммин Сахам сирин аатыттан көрдөрөр сорук турара. Төрүт холкутук, буоларын курдук хаас, харах, уос оҥоруутун эппит бириэмэлэрин иһинэн эрдэ оҥорон бүтэрбитим. Аан дойду таһымнаах, сайдыылаах сир маастардарын ортотугар буолар күрэхтэһиигэ көннөрү кыттыы даҕаны улахан кыайыы дии саныырым. Онтон түмүгү биллэриилэригэр муҥутуур кыайыылааҕынан ааттаабыттарыгар, дьэ, чахчы соһуччу үөрүү этэ. Ону ааһан иккис сүрүн номинацияларыгар эмиэ кыайыыны ситиспитим. Аны туран, маннык тэрээһин бу эйгэҕэ саамай  чыпчаала эбит этэ. Онтон ыла бэйэм кыахпар, үлэбэр өссө эрэл баар буолбута. Саҥа былааннар, олохпор көрүүлэр үөскээбиттэрэ.

– Кэрэ буолуу маастардарын ортотугар маннык таһымнаах күрэхтэһии кэннэ туох санаа киирдэ?

– Аан дойдуга саамай үчүгэй маастардар Арассыыйаҕа бааллар эбит диэн бигэ санааҕа кэлбитим. Онтон саамай талааннаах маастардар Саха сиригэр үөскүүллэр диир кыахтаахпын.

– Саха дьоно туохха барытыгар, санаабытын уурдахпытына, талааннаахпытын илэ хараххынан көрдөҕүҥ ди?

– Оннук. Ылан көрдөххө, мас, тимир уустара, иистэнньэҥнэр бары – уус диэн буолаллар. Оттон кыраһыабай буолуу эйгэтигэр саха кыргыттара эмиэ уустар. Бу эйгэҕэ сахабыт эдэр дьонун профессиональнай таһымнарын  үрдэтиигэ учууталым, дьүөгэм Лия Григорьева буолан кэккэ былааннардаахпыт.

– Бу кэскиллээх бырайыаккыт туһунан кэпсээ.

– Бастакы хардыыбытынан Дьокуускай куоракка быйыл бэс ыйын 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах маҥнайгы Бьюти конференцияны ыытыыбыт буолла. Онно кыраһыабай буолуу эйгэтигэр үлэлиир маастардар ортолоругар ситиһии, үлэ хайысхаларын, инники кэскиллэр тустарынан кэпсэтиилэр буолан аастылар. Бэйэлэрин историяларыттан саҕалаан, эдэр, саҥа саҕалаан эрэр маастардарга хоруйдар, инникигэ былаан оҥостуу, ситиһиигэ хайдах тиийэр туһунан темалары таарыйдыбыт. Ону таһынан маастардар ортолоругар  күрэхтэһии ыыттыбыт. Маҥнайгы хардыы буолан, икки хайысханы талбыппыт. Конференция сыала – киһи олоҕун уларытан, бэйэтин сайыннаран, бу хайысханан иннин диэки хардыылыырыгар туһулааһын. Инникитин маннык тэрээһини сыл аайы ыытар былааннаахпыт. Арассыыйа куораттарынан тур быһыытынан ыытар баҕа санаа эмиэ баар. Өссө да былаан элбэх. Бу хайысха судаарыстыба өттүттэн өйөбүллээх буоларыгар болҕомто ууран, кыраһыабай буолуу өттүгэр бырайыактарга үлэлэһиэхпит.

– Киһи орто дойдуга туох эрэ аналлаах төрүүр.

– Мин саха буоларбынан киэн туттабын. Саха киһитэ наһаа талааннаах, дьоҕурдаах. Ханнык да эйгэҕэ бэйэбит санаабытын уурар, тапталбытын иҥэрэр, баҕалаах буоллахпытына, элбэҕи, үрдүгү ситиһэр кыахтаахпыт. Мин сөбүлүүр дьарыгым, кыраһыабай буолууну оҥорор эйгэҕэ үлэлиир саха ыччата киэҥ эйгэҕэ ааттаныаҕар баҕарабын.

– Саха сахатынан ураты, дьикти, кэрэ. Итини дириҥник өйдөөтөххө эрэ,  өбүгэттэн хаанынан утумнаммыт дьоҕурдар тыллар, сириэдийэр кыахтаналлар. Биһиги Сахабыт сиригэр кэрэ көстүүнү үксэтэргэ үлэлэһэр эдэр дьоммут маны дириҥник өйдөөннөр, ылыммыт дьыалалара сайда, үүнэ турарыгар эрэлбит баһаам.

Кэрэ эйгэ тематын сэгэтэн ааспыккар махтанабын, Марфа. Үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...