24.12.2022 | 16:00

Сандаара Иэйиэхсит: «Бу сиргэ кэлбит киһи ис кыаҕын арынар»

Сандаара Иэйиэхсит:  «Бу сиргэ кэлбит киһи ис кыаҕын арынар»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Сорох дьон оҕо эрдэхтэриттэн ураты көрүүлээх буолаллар, бэл, киһини өтө көрөллөр. Оттон ким эрэ улаатан баран арыллар... Маннык дьон биһиги ортобутугар бааллар. Бүгүн билиһиннэрэр киһим эмиэ аҕыйах сыллааҕыта арыллыбытым диэн кэпсиир.
Бу күннэргэ Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо, алгысчыт, арчыһыт, көрбүөччү, саха эмчитэ Елена Ефремова – Сандаара Иэйиэхситтиин көрүстүм.

Оҕо эрдэхпиттэн дьону өтө көрөрүм

– Мин оҕо эрдэхпиттэн дьону курдаттыы көрөр эбиппин. Ол эбэтэр ыалдьаары, анараа дойдуга бараары гыммыт киһини сэрэйэн билэр этим. Бу, арааһа, 9-10 саастарбар быһыылааҕа. Бэйэм үксүн эбэлээх эһэбэр иитиллибитим. Эбэм барахсан миигин куруук үлэҕэ үөрэтэрэ, мэлдьи дьарыктаах буоларбар кыһаллара. Онон кырабыттан ханнык да үлэттэн толлубакка улааппытым. Бырааттарбын, балтыларбын көрсөрүм, оҕо сууйсарым, таҥыннарарым, аһатарым. Кырабыттан тулуур уонна дьулуур диэн итинник иитиллибит эбит. Арыт чуҥкуйан олорон соҕотох сылдьаммын күөл уутун кэтии көрөрүм, чыычаах саҥатын, айылҕа тыаһын иһиллиирбин сөбүлүүрүм. Уопсайынан, тулабар туох ураты көстүү баарын барытын бэлиэтии, ырыта көрөрүм. Оскуолабын Хатырыкка үөрэнэн бүтэрбитим. 

– Хаһан арыллан дьону алгыстыыр, арчылыыр буолбуккунуй?

– Ол кэнники этэ. Сахалыы куттаах оҕо буоламмын 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Дьокуускайдааҕы Култуура уонна искусство кэллиэһигэр туттарсан киирбитим. Бу манна сиэри-туому, фольклору, саха төрүт култууратын дириҥник үөрэппиппит, араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт. Ырыаҕа-тойукка биһигини үс сыл устата уһуйбуттара. Маннык ылан санаатахха, хаһан да тойук туойбатах, сахалыы норуот ырыатын ыллаабатах, хомуска оонньооботох киһи,  үөрэх ыламмын, тирэхтэнэн таҕыстаҕым дии. Үөрэхпин бүтэрбит сылбар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх кулуубугар дириэктэринэн анаабыттара. Саҥа үөрэҕин бүтэрбит киһиэхэ улахан эппиэтинэс, наһаа долгутуулаах кэмнэр этэ, өссө нэһилиэнньэ аҥаара нууччалар. Ол гынан баран туох баар харса суохпун киллэрэн олус кыһаллан үлэлээбитим. Уруккуттан да оннук туруоруммут сыалбын-сорукпун ситиһэр киһибин. Куттана, толло сырыттахха, туох үлэтэ тахсыай?! Онтон Саха Судаарыстыбаннай циркэтигэр администраторынан, кэлин СГУ юридическай факультетыгар тоҕус сыл үлэлээбитим. Бу үлэлиир кэмнэрбэр ис туругум туохха эрэ куруук долгуйар курдуга, дууһам муунтуйара. Култуура эйгэтэ тардан, айар үлэ тыына син биир батыһа сылдьара... Бу кэмнэргэ олохпор уларыйыылар буолбуттара, дууһам харааста аймаммыта, санаам сыппыырга дылы этэ...

2014 сыллаахха Хатырык оччотооҕу баһылыга Алексей Михайлович Пинигин миигин кулууп дириэктэринэн дойдубар ыҥырбыта. Дьэ онтон 2015-2017 сылларга уоскуйуум, арыллыым саҕаламмыта. 2015 сыллаахха олоҕум аргыһын Анатолийы көрсүбүтүм, саахсаламмыппыт, дьоҕус уруу тэрийбиппит. Билигин санаатахпына, Анатолий бу олоххо миигин иитэ, үөрэтэ, уоскута кэлбит эбит. Кинини көрсүөхпүттэн олоҕум наһаа уларыйда, өйүм-санаам барыта сааһыланна, орун-оннугар турда. Уруубут киэһэтигэр Алгыс Уйбааҥҥа алгыстаппыппыт.

2019 сыллаахха Дьокуускайтан Светлана Дьячкова доруобуйаҕа сыһыаннаах араас бородууксуйаны көрдөрө, кэпсии кэлэ сылдьыбыта. Ол онно кини миигин айылҕаттан талааннаах, ис туруктаах, кыахтаах киһи бэйэҕэр үлэлиириҥ ордук буолсу диэбиттээҕэ. Дьылҕа Хаан диэн баарыгар итэҕэйэбин. Ити кэнниттэн барыта хайдах эрэ табыллан барбыта. 2019 сыл тохсунньу ыйыгар Ньурбаҕа Сата сиригэр баран кэлбиппит. Онно сылдьан айылҕаттан ураты күүстээх Үрүҥ Ойуун Аар Саарынныын билсибитим. Олохпор умнуллубат үс күн ааспыта. Бу айаным кэнниттэн бэйэм да билбэппинэн арыллан барбытым. Алгыстары суруйар, дьону хомуска үөрэтэр буолбутум, тылым-өһүм сайдыбыта. Ол сыл сайыныгар эмиэ бара сылдьыбытым. Маастар-кылаас курдук дьону үөрэппитим. Алгыс оҥорбутум, хомустаабытым, дьонум турукка киирэн хаалбыттара. Хомус киһини ыраастыыр, эмтиир, сааһылыыр. Сата сиригэр ити курдук сылга иккитэ баран ыраастанан, тыын ылан, дуоһуйан кэлэр буолбутум. Дьикти сир. Миэхэ элбэх күүһү-кыаҕы биэрбитэ, суолбун арыйбыта. Бу сиргэ кэлбит киһи ис кыаҕын арынар эбит диэн бэлиэтиибин.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо? Кэргэниҥ эмиэ массаастыыр, дьону эмтиир дииллэр дии... Ол аата иккиэн тэҥҥэ үлэлиигит дуо?

– Кэргэним норуот эмчитэ Анатолий Ефремов, дьон-сэргэ кинини ордук Туллай диэн аатынан билэр. Билигин Хатырыкка баарбыт, дойдубутугар олорон үлэлиибит. Хаһан да улахан рекламалары, биллэриилэри тарҕаппаппыт, дьон бэйэтэ истиһэн кэлэр, эмтэнэр. Кэргэмминиин иккиэн биир өйүнэн-санаанан, сүбэбитин-кыахпытын холбоон үлэлиибит. Мин төһө да култуура киинин салайааччыта, нэһилиэк дьокутаата буолларбын, быыс-арыт булан кыһалҕалаах дьону кытта үлэлэһэбин.

– Эйиэхэ ордук туох кыһалҕалаах дьон кэлэрий? Туох, ханнык өҥөнү оҥороҕунуй?

– Арчылыыбын, алгыс оҥоробун, дьону ыраастыыбын. Кэлбит киһини кытта аһаҕастык кэпсэтэбин, кинилэри арыйан биэрэргэ көмөлөһөбүн. Үлэм сүнньүнэн күнтэн-күн сайдан иһэрбин билэбин. Киһи организмын тута-хаба үөрэнним, туга ыалдьарын илиим иминэн билэбин. Биир үксүн дьахтар ыарыытыгар, ис-үөс, быар, ноор ыарыыларыгар үлэлиибин, точечнай массаас оҥоробун. Ону таһынан сүтүктээхтэргэ эмиэ көмөлөһөбүн. Холобур, биир сылгыһыт үөр сылгытын сүтэрбитин булан биэрбитим, бытархай мал-сал, төлөпүөн о.д.а. булуутугар эмиэ хаста да үлэлээбитим. Дьон “Ханнык ыарыылары эмтиигиний?” диэн ыйытыылаах буолааччы. Сүнньүнэн төбө, сис, ис-үөс ыарыылара, сүнньү, дабылыанньа хамсааһына о.д.а. Бэйэм туспа ньымалардаахпын. Онуоха өбүгэлэрим көмөлөһөллөр. Аҕам алтай омук, хос эбэм отоһут, эмчит. Айылҕаттан айдарыылаах дьон. Ийэм өттүнэн эмиэ айылҕалаах өбүгэлэрдээхпин. Биирдэ түүлбэр маҥан бытыктаах оҕонньор олоҕун-дьаһаҕын, бэйэтин кытта сибээһин кэлэн кэпсээн, алҕаан барбыта. Бу барыта мээнэҕэ буолбатах. 2020 сылтан дьоҥҥо сылга иккитэ-үстэ “ретрит” оҥоробун. Турбазаларынан хоно сытан дьахталлары кытта үлэлиибин. Бырагыраамабытыгар күннээҕи түбүктэн босхолонуу, сынньаныы, бэйэни иһиллэнии киирэр. Миигин алгысчыт,тамадаһыт быһыытынан сыбаайбаларга, үбүлүөйдэргэ, ыһыахтарга о.д.а. ыҥыраллар. Хаалыктаах хаамыынан дьарыктаммытым сэттэ сыл буолла. Ол гынан баран урукку курдук элбэҕи хаампаппын. Эти-сиини тупсарар «Чиргэл» диэн бөлөхпөр эмтиир физкультураны дьоҥҥо үөрэтэбин.

– Билигин үгүс суруйааччылар, артыыстар, эмчиттэр сахалыы аат, псевдоним ылыналлара элбээтэ. Эн Сандаара Иэйиэхсит диэн ааты хайдах толкуйдаабыккыный, хаһан ылыммыккыный?

– Бу аат миэхэ 2020 сыллаахха кэлбитэ, 2021 сылга олоххо киирбитэ. Сатаҕа илдьибит эдьиийдэрим миэхэ Сардаана диэн аат барсар диэн этэн турардаахтар. Иккис, үһүс сылбар тойук туойуохпун баҕарбытым. Бу кэмнэргэ куйаартан “Сандаара Иэйиэхсит тойук туойа тураҕын” диэн саҥа тыл иһиллибитэ. Ол кэнниттэн бу ааты сөбүлүү истэммин ылыммытым. Уопсайынан, мин бу сылларга наһаа уларыйдым уонна барыта үчүгэй эрэ өттүгэр. Холкутуйдум, сымнаатым, көрөрүм күүһүрдэ, толкуйдуурум кэҥээтэ, тылым-өһүм сайынна. Үлэм быдан таһаарыылаах, дьиэ кэргэним бөҕө туруктаах буолла.

– Сандаара Иэйиэхсит, биир маннык мунаарар ыйытыылаахпын. Билигин алгысчыт элбээтэ, анаан-минээн үөрэнэллэр да быһыылаах. Ол аата ким баҕарар алгысчыт буолар кыахтаах дуо? Дьиҥэр, киһи алгыһы мээнэ толоруо суохтаах дииллэр дии... Туох дии саныыгын?

–  Тус бэйэм айылҕа тыынын истэммин, куйаартан кэлэр күүс көмөтүнэн алгыстыыр буолбутум. Тулалыыр эйгэбиттэн, айылҕабыттан көҥүллэтэн баран оҥоробун. Алгыс ыраас, сырдык тыынтан иитиллэн тахсар, үтүө тыллаах, туруктаах буоллаҕа!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....