Санаторийга эмтэммит ороскуоту хайдах төннөрүөххэ сөбүй?
Санаторийга эмтэммит нолуогабай вычеты ыларга, маны өйдүөххүтүн наада: харчыны эмтэниини ааспыт эрэ процедураларгытыгар ылаҕыт.
Ол эбэтэр санаторийга эмтэнэ кэлбит буоллаххытына, гостиницаҕа курдук олорбут, сынньаммыт түгэҥҥитигэр, нолуогабай вычет оҥоһуллубат.
120 000 солк. – эмтэнэр ороскуот муҥутуур суумата.
15 600 солк. – вычет муҥутуур кээмэйэ.
Ханнык докумуоннар наадаларый?
НДФЛ декларацията;
Санаторийы кытта түһэрсибит дуогабаргыт, санаторий тустаах лицензиятын куоппуйата;
Медицинскэй өҥөнү төлүүр туһунан ыспыраапка (код 1);
Ороскуоту туоһулуур квитанциялар, чектэр;
2- НДФЛ ыспыраапка.
Вычеты нолуок сулууспатын эбэтэр үлэлиир тэрилтэҕит нөҥүө оҥорторуоххутун сөп.
Өссө тугу билиэххэ нааданый?
13 бырыһыаннаах подоходнай нолуогу официальнайдык төлүүр буоллаххытына эрэ нолуок вычетын ылар кыахтааххыт.
Вычеты бэйэҕэ эрэ буолбакка, 18-гар диэри саастаах оҕоҕо, төрөппүккэ уонна кэргэҥҥэ оҥорторуохха сөп.
Ааҕан көрүөххэ
Холобура, эһиги путевкаҕыт 40 тыһ. солк. эбит, онтон 15 тыһ. эмтэнэргэ барбыт. Эбии 10 тыһ. солк. процедураларга бэйэҕит төлөөтүгүт. Оччоҕо вычет маннык ааҕыллар: (15 тыһ. + 10 тыһ.)*13% = 3250 солк.