01.08.2020 | 11:27

САНААЙА: “ЫАРЫҺАХТАР БЭЙЭЛЭРЭ БУЛАН КЭЛЭЛЛЭР”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кистэлэҥ эйгэ, көстүбэт күүс, түүл туһунан хаһыаппытыгар суруйабыт, киһи харахтаан көрбөтөҕүн, кулгаахтаан истибэтэҕин арыйар кыахтаах дьону дөрүн-дөрүн сырдатабыт. Кэнники кэмҥэ сүһүөх, уҥуох ыарыыта элбээтэ. Бу барыта олох уларыйыытыттан, ийэ айылҕаҕа киһилии сыһыаннаспаппытыттан тахсар дииллэр. Бу нүөмэргэ айылҕаттан бэриллибит талааннаах киһини,  норуот эмчитэ Сардаана Юрьевна Петрова-Санаайаны кытта кэпсэттибит.

ДОЙДУ СУРАХТААХ, АЛААС ААТТААХ

-«Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара, үтүө күн буолуохтун! Мин Бүлүү улууһун Бүлүү куоратыттан төрүттээхпин, онно улааппытым. Кэлиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга олохсуйан олоробун. Ийэм Руфова Матрена Егоровна 1-кы Күүлэттэн төрүттээх, үйэтин тухары балыыһаҕа үлэлээбитэ. Аҕам Петров Юрий Львович Бүлүүгэ төрөөбүтэ, дьоҥҥо биллэр талааннаах, уус киһи этэ. Бииргэ төрөөбүттэртэн 4 уолу кытта соҕотох кыыспын.

Аҕам өттүнэн эһэбит аата ааттаммат ойуун этэ. Кини бэйэтэ Сыдыбылтан төрүттээх. Өссө биир төрдүбэр Бадьан ойуун баар.  Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Петров Лев Львович, Уус Алдан Чараҥар олорон, урут дьону эмтиир этэ. Өссө биир быраата Тоҥус Федя диэн киһи, эмиэ Сыдыбылтан төрүттээх, дьону хаанныыр уонна сүһүөх ыарыылаахтары эмтиир, угуттуур.

АҺАҔАС ХАРАХ, ТЫЫНАР САЛГЫН

-Оҕо эрдэхпиттэн дьонум ону-маны көрөрүм, истэрим иһин: «Бу оҕо аһаҕас эттээх, аһаҕас харахтаах быһыылаах», – дииллэрэ. 4 кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Ньыыкан кырдьаҕаска илдьэ бара сатаабыттарын, аара айаҥҥа ыалдьан хааламмын, Боотулууга кыайан тиийбэтэҕим. Ньыыкан кырдьаҕас: «Кэлиэхтээх оҕону аҕалбатахтар, саатар ис таҥаһыттан биэрэн ыытыахтаах этилэр», – диэбит. Ону ийэм хойукка диэри кэпсиирэ. Орулуур отут сааспар сылдьан куоракка көрдөрүнэ кэлбитим. Биир быраас миигин көрөн баран, Мерзлоткаҕа баар саха эмчиттэрин ассоциациятыгар Анастасия Константиновна Чирковаҕа ыыппыта. Дьэ, манна кэлэн киммин-туохпун, айылҕаттан айдарыылаахпын билбитим. «Үөрэн» диэбитин улахаҥҥа уурбакка, үөрэммэтэҕим...

УДАҔАННАР АЙДАРЫЫЛАРА

-Мин тууйуллар кэммэр саха эмчиттэригэр ыраастатар этим. Ол сылдьаммын, 2019 сыллаахха суолбун Сиэгэйэ-хотун удаҕаҥҥа анаабыттара. Суол ыйдарыллан кэлбитин, Сиэгэйэ көрөн-истэн баран, арыллыахтаах айыыларбын уһугуннаран арыйбыта, арчылаабыта. Ол кэннэ Элиэнэ Егоровна Куорсуннаах удаҕаҥҥа анаабыта уонна кини үөрэнээччитэ буолбутум, норуот эмчитин сертификатын туппутум. Үөһэттэн айдарыылаахпын сөбүгэр көрөн, арыйан, үөрэтэн, сааһылаан биэрбиттэригэр махталым муҥура суох.

ДЬОНУ ӨТӨ КӨРҮҮ

-Үөрэх ылыам иннинэ 4-5 сыл кэриҥэ дьону имэрийэн-томоруйан көрөн баран, бэйэм тылланан туох көстөрүн этээччибин. Ыйытардаах киһиэхэ этэбин, сүбэлиибин. Ардыгар бэйэтэ үөһэттэн кутуллан кэлээччи. Туох баарынан, үтүө өрүтүн этэбин. Билигин илбийиинэн сүһүөх, хондуруос туустарын таһааран эмтиибин.

-Ыарыһахтар эйигин хайдах булан, эмтэнэ кэлэллэрий?

-Билиҥҥи олох тутулун, илиитигэр ылбыт ситимнэри олох сэҥээрбэппин. Бассаап, инстаграм нөҥүө реклама суох. Ыарыһахтар бэйэлэрэ булаллар, хааччахтааһын суох. Сир иэнэ кыараҕас, эмтэммит дьонтон истиһэн кэлэллэр.

-Инникини төһө өтө көрөҕүн?

-Үлэлии турдахпына, туох көстөрүн кэпсиибин. Биллэн турар, үчүгэйин эрэ этэр буоллаҕым дии. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон төлөпүөн нөҥүө көрдөһөр уонна көрдөтөр буолла.

-Кыһалҕалаах дьоҥҥо аккаастыыгын дуо?

-Кырдьык, кыһалҕалаах, бу киһи сүһүөх ыарыылаах диэбит киһибин кытта ылсан үлэлиибин, тутатына ыарыы хантан барарын-кэлэрин билэбин.

АНЫГЫ ҮЙЭ ЫАРЫЫТА

-Кэнники кэмҥэ глобализация бөҕө буола турар. Манна кыра ахсааннаах норуот түргэнник ылларар. Олохпут сайдан истэҕин аайы араас ыарыы барыта тарҕанар буолла. Саха дьонугар кэлин инсульт, искэн, сүһүөх, хондуруос, сис ыарыыта элбээтэ дии саныыбын. Айылҕабыт тутула уларыйда, дьон аныгы эйгэҕэ түргэнник сыстар буолла. Миэхэ үксүн сүһүөхтэрэ уонна хондуруостара ыалдьар дьон  кэлэн ааһаллар.

-Ханнык эмтээх оттору туһанаҕыный?

-Сүрүннээнкытыантан маас, арыы оҥоробун, ыраастыырга туттабын. Эмтээх отторго: кыа уга, тиит хатырыга, муох, боҕоруоскай от.

ИТЭҔЭЛ УОННА СИЭР

-Итэҕэлгэ тус санааҥ.

-Киһи орто дойдуга ситиһиилээхтик олороругар, нус-хас быйаҥнаах буоларыгар Аан Айылҕа суруллубатах сокуоннаах, ону итэҕэл диэн ааттыыллар. Сирдээҕи сокуоннар эмиэ бааллар, ону тутуһар буоллаҕына, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх нус-хас олохтонор диибит. Оттон итэҕэли тутуспакка олордоҕуна, олоруон сөп, ол гынан баран, олоҕор элбэх сыыһаны-халтыны көрсүөн да, оҥоруон да сөп. Итэҕэл сиэри, суобаһы кытта быһаччы сибээстээх уонна ситимнэнэн бара турар. Дьиҥинэн, судургу курдук эрээри, өйдүүргэ ыарахан соҕус. Ол иһин киһи бу орто дойдуга булгуччу кэлиэхтээх уонна суруллубут сокуонунан суобастаахтык олоруохтаах.

Төһөнөн элбэх киһи итэҕэли тутуһар, соччонон олохпут тупсан иһэр. Аан дойдуга элбэх итэҕэл, религия баар. Саха итэҕэлин “космическай” диэн этэллэр. Ол аата халлааҥҥа баар сулустары, киэҥ далай куйаары кытта сибээстээх. Онон биһиги алгысчыттарбыт алгыс түһэрэллэригэр киэҥ куйаары кытта сибээстэһэллэр. Хас биирдии киһиэхэ итэҕэлэ кутугар-сүрүгэр баар. Киһи бэйэтэ итэҕэлин истиэхтээх, кэпсэтиэхтээх.

КИҺИ ДУУҺАТА ЫРААС БУОЛУОХТААХ

-Киһи бэйэтин ис санаатын ыраастааһына, ол эбэтэр куһаҕан санаалары, ымсыыны, онтон да атын куһаҕан майгыны киэр илгэн кэбиһиэхтээх. Киһи дууһата ыраастанарыгар уонна ис санаатын туруга саҥаттан сааһыланарын «дууһата ыраастанар” дии саныыбын. Дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи, кэрэни баҕарыы, оҥоруу, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны олохтоотоххо, кыһалҕалаахха көмөлөстөххө, уопсайынан, үөрэ-көтө, чэпчэкитик сырыттахха киһи ыраастанар.

ЫАРЫЫ – КЫРЫЫС

-Ханнык баҕарар ыарыыны кырыыс дииллэр эбит. Сөбүлэһэҕин дуо?

Ыарыы кырыыс бөҕө буоллаҕа дии. Кырыыс диэн куһаҕаны баҕарар, иэстэһэр санааны тыл этэн тириэрдиини этэллэр.

“Айака, туох кырыыстаах ыарыыта булла”, – дииллэр эбээт. Манна даҕатан эттэххэ: “Кырдьар кырыыс”, – дииллэрэ оруннаах эбит. Өбүгэлэрбит кырдьыыны кырыыс диэбит буоллахтарына, ыарыы өссө дьиикэй кырыыс буоллаҕа...

КОРОНАВИРУС ТУҺУНАН

-Коронавирус аан дойдуну аймаата, уйатыгар уу киллэрдэ. Былырыын мин айылгылаах дьон наһаа элбээтэ, хас иккис киһи барыта оннук диэбиппин, Элиэнэ Егоровна Куорсуннаах эппитэ төбөбөр хаалбыт: “Билигин улахан, тосту уларыйыылар буолаары тураллар... онон айылгылаахтары хомуйан эрэллэр”. Билигин кэлэн өйдөөтөхпүнэ, бу коронавирус туһунан эппит эбит.

Сардаана Юрьевна, чараас эйгэ иэйиитин, кутун-сүрүн сэгэппиккэр махталбын тиэрдэбин! Өссө даҕаны дьикти дьоҕургун сайыннаран, дьоҥҥо туһаны аҕаларгар баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...