19.02.2021 | 08:39

САХАЛЫЫ ҮӨРЭНИИНИ МЭКТИЭЛИИР БЫРААБЫ СОКУОҤҤА КИЛЛЭРИЭХХЭ!

САХАЛЫЫ ҮӨРЭНИИНИ МЭКТИЭЛИИР БЫРААБЫ СОКУОҤҤА КИЛЛЭРИЭХХЭ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 16 күнүгэр саха тылын үөрэххэ хааччыллыытын сокуоҥҥа киллэрии туһунан кэнники сылларга уопсастыбанньыктар күүскэ туруорсан эрэр боппуруостарын тула “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү көҕүлээһининэн Zoom платформаҕа төгүрүк остуол буолан ааста.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Үөрэҕириитин” сокуонун 6 ыстатыйатын 1 чааһыгар суруллубутунан, нуучча тылынан үөрэтии мэктиэлэнэр (гарантируется) диэн сылдьар. Хомойуох иһин, саха тылынан үөрэх мэктиэлэммэт (“гарантируется” диэн тылбыт манна суох).

Ол иһин Саха cирин уопсастыбанньыктара, “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү уонна СӨ эдэр юристарын ассоциацията маннык ис хоһоонноох уларытыыны киллэрэргэ этиилээхтэр:

- Внести в Закон Республики Саха (Якутия) от 15 декабря 2014 года N 1401-З N 359-V «Об образовании в Республике Саха (Якутия)» следующие изменения:

1) в части 1 статьи 6 после слов “как государственном языке Российской Федерации” добавить “и на языке саха как государственном языке Республики Саха (Якутия)”;

Уопсастыбанньыктар сокуон барылын элбэхтик ырытыһан кэллилэр. Араас таһымнаах экспертэргэ  көрдөрдүлэр. 2019 сыллаахха юрист Сандаара Кулаковская сокуон барылын СӨ Конституционнай суутун научнай-консультативнай сүбэтигэр иһитиннэрбитэ (https://ks.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3083721).

2020 сыллаахха ахсынньыга “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү тэрийбит “Оҕону ийэ тылынан саҥардыахха” Өрөспүүбүлүкэтээҕи форумҥа бу сокуон тула далааһыннаах кэпсэтии барбыта.

Быйыл тохсунньу 13 күнүгэр норуот дьокутаата Феодосия Габышева Ил Түмэн аппараатыгар сокуон барылыгар отзыв суруттарбыта. Отзывы Ил Түмэн аппараатын Быраапка управлениетын солбуйааччыта В.Н. Иванов суруйбута (https://drive.google.com/file/d/1V97JWv3NYpRBQhfxB5If4uvlZrJ9dOIx/view?usp=sharing).

ТУРУОРСУУ ҮҺҮС СЫЛЫГАР БАРДА...

Бу сырыыга “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү көҕүлээһининэн, Ил Түмэн, улуустар дьокутааттара, суруналыыстар, актыбыыстар, уопсастыбынньыктар, юристар бу сокуон тула хорутуулаах кэпсэтии таҕыста.

Этиллибитин курдук, сүрүн сыал-сорук – сахалыы үөрэниини мэктиэлиир быраабы СӨ сокуонугар киллэрии. Бу туһунан кэпсэтиилэр барбыттара үһүс сылыгар барда.

Арассыыйа үөрэҕин политиката “Об образовании” сокуоҥҥа тирэҕирэр. Саха тыла өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тыла буоларын быһыытынан саха тылынан үөрэнэри мэктиэлиир сокуон наада диэн уопсастыбанньыктар туруорсаллар.

Маннык бэйэлэрин тылларынан үөрэҕи мэктиэлиир атын өрөспүүбүлүкэлэр бааллар дуо? Кабардино-Балкарияҕа уонна Татарстаҥҥа баар эбит. Ол эрэн балар ылыммыт сокуоннара элбэх өрүттэринэн Арассыыйа Сүрүн сокуонугар сөп түбэспэтин Чурапчы борокуруора Иван Ядреев бэлиэтээтэ.

Сокуоҥҥа маннык уларыйыы киирдэҕинэ биһиги тугу туһанабыт? Сыл аайы төрөппүттэр сахалыы кылаастан матан хаалаллар. Бу ордук Дьокуускайга баар көстүү. Биһиги сокуоммутугар нуучча тылынан үөрэнии мэктиэлэнэр – ол аата инники күөҥҥэ тутуллар. Дьиҥэ, саха тыла уонна нуучча тыла иккиэн судаарыстыбаннай таһымнаахтарын да быһыытынан, тэбис-тэҥ кэккэҕэ туруохтаахтар этэ. 

ДЬОКУТААТТАР ӨЙҮӨХ КУРДУКТАР

“Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү, быыбардааччылар накаастарын тиэрдии быһыытынан, норуот дьокутааттара А.А. Григорьеваҕа, Ф.В.Габышеваҕа, Е.Х.Голомареваҕа, М.Н.Христофороваҕа, П.В.Ксенофонтовка сокуоҥҥа көҕүлээһин быһыытынан киллэрэллэригэр көрдөстүлэр.

Кэпсэтиигэ норуот дьокутааттара Ф.В.Габышева, Ойуур Байбал уонна Бүлүүттэн дьокутаат Нь.Ф. Захарова санааларын чопчутук быһааран биэрдилэр.

Ойуур Байбал “киллэриэххэ, модьуйуохха, суруйуохха” диэн ис хоһоонноох тыл эттэ. Кини этэринэн, бу сотору СӨ Сүрүн сокуонугар уларытыылары киллэрии буолуохтаах, онон ситимнээн ырытыһыы, кэпсэтии бөҕө тахсыаҕа, хамыыһыйа үлэлиэҕэ. Ону баттаһыахха диир эбит. “Закон о языках” уонна “Закон об образовании” барытыгар киирсиэххэ, төрүт сокуоҥҥа көҕүлээһин быһыытынан киллэриэххэ диир.

Түмсүү салайааччыта Вилюяна Никитина хас муннук аайы эппит этиитин диэххэ (биһиги хаһыаппыт эмиэ хаста да суруйан турар) оҕону уһуйааҥҥа, оскуолаҕа киллэриигэ суруйтарыы Өрөспүүбүлүкэтээҕи портала тылы талларбатын туһунан өссө биирдэ эттэ. Холобур, урут Дьокуускай дьаһалтатыгар баран суругунан сайаапка түһэрэрбитигэр оҕобутун ханнык тылынан үөрэттэриэхпитин баҕарарбытын ыйар кыахтаах этибит. Электроннай көрүҥүнэн уочарат баар буолуоҕуттан ыла бу тохтообута – ол, биллэн турар, биһиги Конституциянан мэктиэлэнэр бырааппытын кэһии буолар. Түмсүү салайааччыта маны куорат дьаһалтатыгар даҕаны, өрөспүүбүлүкэ былаастарыгар даҕаны тиэрдэ сатаабыта ыраатта. Бу буолбут төгүрүк остуол кыттыылаахтара маныаха Прокуратураҕа үҥсүү киллэрэр уолдьаста диэн биир санааҕа кэллилэр.

Өссө биир сытыы кыһалҕа – Дьокуускайга билигин саха тылын “язык обучения” уонна “изучение языка” диэн өйдөбүллэри араарбакка олороллор. Бу боппуруос Үөрэх управлениетыгар туһаайыллыбыта ыраатта. Судургутук быһаардахха, билигин саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр кылаастары уонна сахалыы үөрэтэр кылаастары барыларын биир халыыпка саба тутан “сахалыы кылаастар” диэн ааттыы, “бачча саха кылаастаахпыт” диэн учуоттуу, отчуоттуу олороллор. Толкуйдаан да көрдөххө, олоххо баары да ылан ырытан көрдөххө, бу манна улахан сыыһа тахсар. Биһиги хаһыаппыт бу тиэмэни эмиэ хаста да таарыйан турар.

Ырааҕы эргитэ барбакка, мин быйыл бэйэм түбэспит холобурбунан кэпсиим: оҕобун “сахалыы кылааска” диэн сайабылыанньа суруйан киин куорат биир оскуолатыгар, пропискатынан киллэрбитим. Онтукам “Букубаар” эрэ уруога сахалыы буолар эбит. Атын предметтэрэ барыта нууччалыы барар, учуутал оҕолорун кытта нууччалыы кэпсэтэр. Ол аата биһиги уопсастыбанньыктар этэр “сымыйа сахалыы кылаастарыгар” түбэспиппит. Сокуону тутуһааччы буолан, этиллибит болдьоҕор, прописканан киирии бэрээдэгин хайдах да албыннаабакка, прописка атыылаһан хайаан албастаабакка, оҕотун чиэһинэйдик олорор сиринэн киллэрэр төрөппүт манныкка түбэһиэн сөп эбит. Ол буруйбар,  билигин дьиэбэр бэйэм сахалыы литератураҕа сыһыаран, дьарыктаан эрдэҕим...

Ньургуйаана Федоровна Захарова диэн Бүлүү улууһуттан талыллыбыт дьокутаат бу кыһалҕаҕа быһаарсарын, уопсастыбанньыктарга санаатын тиэрдэр кыахтааҕын хайҕыы иһиттим. Кини Татарстаны холобурдаан олорон, төрөөбүт тылларын өрө тутуу кинилэргэ сокуоҥҥа эрэ сурулларынан буолбакка, национальнай өйгө-санааҕа кытаанахтык иҥэн сылдьарын эттэ (татардар, холобур, ийэ тылын билбэт киһини судаарыстыбаннай сулууспаҕа чугаһаппаттар). Саха тылын уонна нуучча тылын оскуолаларга үөрэтии нормативтара баалларын тоһоҕолоото. Ол нормативтары уларыттахха, оскуолаларга саха тылыгар элбэх чаастар, учууталлар баар буолуохтарын сөбүн ыйда. Норматив баар буолла да дьыала үбүлээһинигэр сытара биллэр суол буоллаҕа. Кини биир суругунан хас да дьокутаат киирэрбит сөп буолуо этэ диэтэ.

Уу сахалыы тыллаах, толкуйдаах Иван Васильевич Ядреев диэн Чурапчы прокурора кэпсэтиигэ бу сырыыга чааһынай сирэй быһыытынан кыттабын диэтэ. Кини эппит сүрүн санаата маннык буолла: Өрөспүүбүлүкэ сокуона хайаан даҕаны Федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһэр буоллаҕына, прокуратура ол сокуону тутуһууну көрөр. Судаарыстыбаннай тылга хааччах суох. Ону туруулаһарга төрүөт баар буолуохтаах. Ол нэһилиэнньэттэн бэйэтиттэн тахсыахтаах. 

Кини этэринэн, Сокуон өттүттэн РФ сокуона барыта чуолкай. Судаарыстыбаннай тылынан үөрэнии мэктиэлэнэр. Ону кытта талар кыах эмиэ бэриллэр. РФ сокуона көнүөн иннинэ эһиги туоруорсар уларыйыыгыт хайдах да киирбэт дии саныыбын диэтэ. Уонна ол санаатын саас-сааһынан сааһылаан биэрдэ. Эһиги Федерация сокуона көҥүллүүр эйгэлэригэр үлэлиэххитин наада диэн сүбэлээтэ. Оттон тылы талыыны хааччахтаабыт портал туһунан этиигэ прокурор сөбүлэстэ, маныаха үҥсүү хайдах быһыылаахтык суруллуохтааҕын кэпсээтэ. Оттон Дьокуускайга сахалыы кылаастары учуоттааһыҥҥа эмиэ сыыһа тахсар эбитин,  мээртэн саҕалаан барыларыгар суруйуҥ диэтэ. 

***

Хаһыат кээмэйинэн хааччахтанан киһи барытын батаран суруйбат. Ол эрэн маннык хорутуулаах уонна туһалаах кэпсэтиилэр, тэйиччиттэн да буоллар ыытыллар төгүрүк остуоллар чахчы туһалаахтар. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар. “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү уопсастыбыннай тэрилтэ быһыытынан регистрацияланан, маннык тыын боппуруостары сытыытык уонна хорсуннук салгыы туруорсарыгар баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...