22.07.2022 | 12:00

Сахалартан бастакынан

Бу күннэргэ сунтаардар биир дойдулаахпыт, биллиилээх суруналыыс Иван Егорович Ксенофонтов-Сунтаарыскай төрөөбүтэ 85 сыла туолан ааста. Туолан ааста эрэ диирбитигэр тиийэбит...
Сахалартан бастакынан
Ааптар: Борис НИКОЛАЕВ
Бөлөххө киир

Тоҕо эрэ Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын, үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Ксенофонтов-Сунтаарыскай аата-суола бэйэтин үлэтигэр-хамнаһыгар эппиэттиирдии дьоһуннаахтык ахтыллыбакка кэллэ дуу дии саныыбын. Киһи аан бастаан үлэтинэн сыаналаныахтаах диэн буолара дии.

Кэргэнэ Клара Ивановна, Саха АССР Культуратыын үтүөлээх үлэһитэ, биологическай наука кандидата

Саха суруналыыстыкатын сайдыытыгар дьоһуннаах миэстэни ылар биир дойдулаахпын Иван Ксенофонтовы кытта, бэрт кылгас кэмҥэ да буоллар, алтыһан ылбыппын санаан кэллим.

Иван Егорович миэхэ «Айымньылаах аартыгынан» диэн бэйэтин кинигэтин бэрт истиҥник, иһирэхтик суруйан бэлэхтээбитэ. Онно кини: «Борис Парфеньевичка, биир дойдулаахпар, биир идэлээхпэр. Күн аннын, сир үрдүн бары үтүөтүттэн айыыһытыҥ өлүүлээтин диэн алгыыбын. Айыыһыттарыҥ айымньылаах айаныҥ суолун арыйан биэрдиннэр. Дом! Дом! Дом!» - диэбит этэ. Онон улахан суруналыыс алгыһын ылан, үөрэ, астына санаабыттаахпын.

Киргизскэй ССР Гостелерадиотын бэрэссэдээтэлэ З. Акаевалыын

Иван Егорович ол кинигэтигэр төрөөбүт сирин туһунан бэрт кылгастык: «Сунтаар күөл кыламаныгар саха балаҕаныгар төрөөбүппүн»,- диэн суруйбут этэ. Сүүрбэччэлээх  сааһыттан олоҕун бүтүннүүтүн кэриэтэ Дьокуускайдааҕы араадьыйаны, тэлэбиидэнньэни кытта алтыһан кэлбит И.Е. Ксенофонтов табаарыстара ахталларынан, эдэр уол Иван Ксенофонтов оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй үлэтинэн биллэр-көстөр Ленин аатынан бөдөҥсүйбүт холкуос хомсомуолун тэрилтэтин сэкирэтээринэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитин, сүүрбүтүн-көппүтүн бииргэ үлэлээбит дьоно-сэргэтэ астына ахталлар эбит этэ.

Биһиги Сунтаарбыт уола Саха сирин суруналыыстарыттан аан бастакынан уонна оччолорго соҕотоҕун дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москубаҕа Кириэмил баараҕай уораҕайдарыгар, баартыйа, бырабыыталыстыба үлэлиир ыстааптарыгар кииртэлээн, баартыйа, норуот дьокутааттарын сийиэстэригэр сылдьан, аан дойду суруналыыстарын кытта тэҥҥэ хаамсыбыт, үлэлэспит киһи буоларынан биһиги сиэрдээхтик, дьоһуннук киэн туттуохпутун сөп.

ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.И. Рыжков Саха сирин дэлэгээссийэтин көрсүһэр

Биһиги, билиҥҥи кырдьаҕас уонна орто көлүөнэ дьон, оччолорго өрөспүүбүлүкэ араадьыйатынан Иван Кенофонтов ураты дьикти көмүрүө куолаһынан араас официальнай биэриилэри ыытарын олус сөбүлүү, астына истэрбит. Иван Егорович кэлин тэлэбиидэнньэҕэ даҕаны онтон итэҕэһэ суох айымньылаахтык үлэлээбитин билэбит.

Иван Егорович суруналыыстыкаҕа саҥа сыстан эрэр биир дойдулааҕар, миэхэ,  киэҥ далааһыннаах урукку сырыыларыгар дойду араас салайааччыларын, култуура, ускуустуба биллэр-көстөр диэйэтэллэрин кытта алтыһыытын, суруналыыс үлэтин-хамнаһын киһи иһиттэр истэ олоруон курдук бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсээбитэ.

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа , космонавт-летчик В.В. Терешковалыын

Улахан суруналыыс арахсарбытыгар тоҕо эрэ: «Сунтаарым оройуонун экэниэмикэтэ, култуурата, социальнай сайдыыта иннин диэки хардыылыырыгар, ама, сэмэй кылаатын киллэрбэтэҕэ диэтэхтэринэ, айыыта бэрт буолуо суоҕа дуо? Биир эмэ кинигэм саатар улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ бар дьонум көрүүтүгэр-билиитигэр баара буолуо дуо?.. Буруйум диэн, кырдьык, кэнники сылларга, ыарытыйар эҥин да буолан, төрөөбүт Сунтаарбар элбэхтик сылдьыбатаҕым, сорохтор курдук биллэ-көстө сатаабатаҕым буолуо… Төрөөбүт улууһум салалтата урут даҕаны, билигин даҕаны өрөспүүбүлүкэбит киинигэр кэлэн биир дойдулаахтарын ыҥыртаан араас тэрээһин бөҕөнү ыытарын, ыһыах ыһарын ымсыыра эрэ истэбин. Бу тухары маннык киһилээх этибит диэн биирдэ эмит ыҥыран көрбөтүлэр. «Дьэ оччоҕо тоҕо улуус Бочуоттаах олохтооҕо оҥорбуттара буолла?!» - диэн араастаан толкуйдуур буоллум»,- диэбитэ.

Иван Егорович ити саҕана ыарытыйар эбит этэ. Бу көрсүһүүбүт кэнниттэн икки эрэ сыл буолан баран бу одурууннаах олохтоох орто туруу дойдуттан бараахтаабыта. Кини киһи быһыытынан көнө эрээри, ким да буоллун, санаабытын аһаҕастык, туруору этэр майгылааҕынан биллэрэ.

Общественнай-политическай эрэдээксийэ үлэһиттэрэ (хаҥастан уҥа): Лия Николаева — эрэдээктэр, Иван Ксенофонтов — эрэдээктэр, Иван Борисов —  эрэдээктэр, Тамара Корякина — режиссер, Раиса Готовцева — режиссер көмөлөһөөччүтэ, Владимир Варламов — сүрүн эрэдээктэр, Валентина Прибыткина — эрэдээктэр

Маннык түгэнинэн ситимнээн эттэххэ, өһүргэс буолбатах, билигин ханнык да тэрилтэ үлэһитэ, салайааччытыттан саҕалаан, бары кэриэтэ эдэрдэр буоллулар. Кинилэр уруккуну билбэттэрэ бааламмат эрээри, билэргэ кыһанар эбээһинэстээхтэр. Биһиги кэммит биир улуу бөлүһүөгэ Владимир Кондаков: «Муударай кырдьаҕастарга сүбэлэтэр ыраахтааҕы сотору улуу ыраахтааҕы буолара саарбаҕа суох»,- диэн этиитэ эдэр салайааччыларга хайдах эрэ тоҕоостоох курдук. Холобур, ити Иван Ксенофонтов-Сунтаарыскай  курдук төрөөбүт улууһун ытыктаан, кини аатын псевдоним оҥостубут улахан суруналыыспытын, кинини эрэ буолуо дуо, атыттары даҕаны кырдьар, мөлтүүр саастарыгар «умнан» хомотуо, хоргутуннарыа суох этибит буоллаҕа (чэ, бэйи, тиэмэбиттэн туораары гынным дуу – Аапт.).

Дьэ, ити курдук, Сунтаар сирин биир улахан суруналыыһа Иван Ксенофонтов-Сунтаарыскай түөрт уонтан тахса сыл суруналыыстыкаҕа үлэлээбитин усталаах-туоратыгар киэҥ-нэлэмэн Сахатын сирин бары муннуктарыгар тиийтэлээбитэ, табаһыт тордоҕор да хорҕойбута, булчут үүтээнигэр да хоммута биллэр.

Сэбиэскэй Сойуус Гостелерадиотын кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Гедасповтыын

Киэҥ нэлэмэн туундараҕа, Хотугу муустаах муора кытылыгар силлиэлиин-буурҕалыын тэҥҥэ эриспит, «күн уоттаах» Кириэмилгэ киирбит, элбэх дьону кытта алтыспыт суруналыыс Иван Ксенофонтов суруналыыс үлэтэ уустугун, мындырын, элбэх билиини-көрүүнү эрэйэрин, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыры, кылаабынайа, айылҕаттан талааннаах буолууну эрэйэр бочуоттаах, интэриэһинэй, эрдиитэ суох тыыга көҥүллүк устан иһэр курдук буолбатаҕын, үрдүк эппиэтинэһи ирдиирин тоһоҕолоон бэлиэтиир этэ.

Түмүкпэр, суруйааччы, философскай наука дуоктара К.Д. Уткин-Нүһүлгэн И.Е. Ксенофонтовка анабыл хоһоонун биэрэбин:

Аҕыс айанныыр аартыктаах,

Тоҕус толкуйдуур тумуллаах,

Тойон хаантан тохтоон турбат,

Соло чыынтан туораан биэрбэт

Сэтиилээх сэһэннээх – Силиппиэнтэп,

Сурахтаах суруналыыс – Сунтаарыскай.

 

Араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ:

Ыллыыр ыырдаах, ымыы куттаах,

Тыгар тыыннаах хаһыаттарга:

Уран охсор чуорааннардаах

Сэтиилээх сэһэннээх Силиппиэнтэп,

Сурахтаах Суруналыыс Сунтаарыскай.

 

Парламеҥҥа, сиэссийэҕэ

Барытыгар кимэн киирбит, 

Үтүө-мөкү, кэрэ, дьикти

Эгэлгэтин истэн кэлбит

Сэтиилээх сэһэннээх – Силиппиэнтэп,

Сурахтаах суруналыыс – Сунтаарыскай.

 

Арыт байаан аргыстанар,

Арчыланан алы буолар,

Арыт, дорҕоон тойуктанар

Сэтиилээх сэһэннээх – Силиппиэнтэп,

Сурахтаах суруналыыс – Сунтаарыскай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....