Сахалар күлүү йогатын баһылаабыттар
Күлүү доруобуйаҕа олус туһалааҕын, бэл, олоҕу уһатарын туһунан элбэхтик кэпсииллэр. Оттон Үөрүү-күлүү йогата диэн баарын билэр этигит дуо?
Чөл өйдөөх-санаалаах буолуу Академиятын доцена, чөл олоҕу пропагандалааччы уонна тарҕатааччы, Күлүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тренер Анжелика Ильченко-Оконешникова кэпсиир:
– Күлүү йогата диэн тугуй? Киһи уйулҕатыгар туох дьайыылааҕый? Атын дьарыктартан туох уратылааҕый?
– Мин бу методика баарын өссө 2000 сыллаахха Сайыынаттан билбитим. Сайыына диэн сахаҕа сэдэхтик төрүүр, улахан айдарыылаах киһи олоро сылдьыбытын билэр буолуохтааххыт. Кини “Көмүлүөк” киинигэр дьоҥҥо куурустары арыйбыта. Сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр “арыгы – дьаат”, “күлүү киһини эмтиир” диэни үөрэппитэ. Муостаҕа төбөбүтүн сыһыары сытыаран (ромашка сибэкки курдук сытыарара) 3 мүнүүтэ устата күллэрэр этэ. Ким да эйигин анаан-минээн күллэрбэт, тугу да күлүүлээҕи кэпсээбэт, бэйэҥ ис-искиттэн күлүү тахсыахтаах. Бастаан утаа искусственнай күлүү тахсар, онтон атын киһи күлэрин истэн, бэйэҥ күлэргин истэн дьиҥнээх үөрүү иэйиитэ үөскүүр этэ.
Киһи мэйиитэ соруйан күлэргин дуу, дьиҥнээхтии күлэргин дуу араарбатын наука дакаастаабыта. Ханнык баҕарар күлүүгэр үөрүү гормоннара элбииллэр эбит – эндорфиннар, серотониннар. Сайыына “киһи бу дойдуга үөрэ-көтө, айа-тута кэлэр” диэн этэрэ. 21 сыл ааспытын кэннэ көрдөхпүнэ, киһи барыта позитивка талаһар эбит. Билигин пенсияҕа тахсан дьэ дууһам таптыыр идэтинэн үлэлээн эрэбин – оҕолорго арыгы куһаҕанын өйдөтөбүн, үөрэргэ-көтөргө, олоххо судургутук сыһыаннаһарга үөрэтэбин.
Арыгы тематын таарыйар киһи ыарахан санааҕа киирэн хаалар этим. Дьон туһуттан санаарҕыыр буолбутум, кинилэр олоххо дьоллоро, үөрүүлэрэ тиийбэтиттэн иһэр буолаллар эбит.
Оҕо сылдьан киһи судургутук үөрэр – айылҕа тыллыытыттан, чыычаахтан, күн тыгарыттан. Уонна оҕо күл да күл буолар дии. Улаатан истэхпит аайы кыраттан үөрэрбит сүтэн иһэр.
Мин кырабыттан мэник-тэник, күлүүк баҕайы оҕо этим. Сааһыран истэҕим аайы, биллэн турар, онтукам сүтэн испитэ. Ол иһин Үөрүү-күлүү йогата диэҥҥэ оҥостон баран үөрэммитим, Сочига кыстаан кэлбитим.
Соруйан да күлүөххэ сөп
– “Күлүү - олоҕу уһатар” дииллэрин эмиэ билэбит. Бу кырдьык дии саныыгын дуо? Эн наукаҕа олоҕуран маны наһаа үчүгэйдик быһааран биэриэххин сөп эбит.
– Күлүү йогатын Арассыыйа таһымыгар тарҕатар аатырбыт тренер Митя Ефимов бэйэтэ Саха сириттэн төрүттээх уол эбит. Быйыл кини Күлүүгэ аан дойду бастакы чемпиона буолла. Төһө да күлүүлээхтик иһиллибитин иһин, дьиҥэ, бу наука эбит – Гелотология (Смехотерапия). Холобур, ыарыһах оҕолору түргэнник үтүөрдээри клоуннары сырытыннараллар (“Больничная клоунада” диэн ааттанар). Ону таһынан туспа хайысха быһыытынан Үөрүү-күлүү йогата диэн баар буолбут. Маны Мадан Катария диэн Индия психофизиолога, наука доктора, быраас толкуйдаан таһаарбыт. Бастаан дьону мунньан баран күлүүлээх кэпсээннэринэн күллэрбит, онтон йога хамсаныыларын, тыыныытын киллэрэн биэрбит.
Бастаан биһиги эппитин-хааммытын эрчийэр чэпчэки хамсаныылары толоробут, онтон тыынабыт уонна күлэн саҕалыыбыт. Саҕалыырга ыарахан эрээри, күлбэт да дьону күлэр оҥорор методикалаахпыт. Маны таһынан, күлүү ис уорганнары массаастыыр, тыҥа, мэйии кислородун байытар, араас ыарыыны профилактикалыыр кыахтаах. Оннооҕор коронавирус ыарыытын чэпчэкитик аһарынарга көмөлөһөрүн бэйэбитинэн биллибит.
Күлүү тыҥаҕа, сүрэххэ үчүгэй дьайыылаах. Күҥҥэ хаста да 30 мүнүүтэ, 1 чаас устата дьарыктаныахха сөп. Боруобалаабыт дьон туһатын тута бэлиэтииллэр. Дьокуускайга хас да бөлөх баар. Туох да төлөбүрэ суох дьарыктар онлайн буолаллар. Манна кэккэ быраабылалардаах, бэрээдэктээх.
Олоҕу тупсарар ньыма
– Сахаларга күлүү йогата төһө барсар дии саныыгын? Ордук кырдьаҕас дьон “эмиэ наһаа күлэн эрэҕин, уоскуй”, “алларастаама”, “оҕону наһаа күллэримэҥ” диэн буойар идэлээхтэр... Саха омук эмоциятын, дьиҥнээх кутуллан кэлэр иэйиитин кистии сатыыр үгэстээх курдук өйдүүбүн.
– “Доктор смех” диэн бөлөхтөөхпүт. Биһиги, тренердэр, аан дойдуну барытын хабан үлэлиир “Доктор смех” бырайыак волонтердара буолабыт. Дьону үөрэргэ үөрэтэбит. Билиҥҥи дьалхааннаах үйэҕэ оннооҕор оҕолор күлэр дьоҕурдарын сүтэрэн эрэллэр. “Акаары киһи мээнэ-мээнэ күлэр” диэн сэбиэскэй кэм саҕанааҕы өйдөбүл эмиэ кытаанахтык киирэн сылдьар...
Мин өбүгэлэрбин олус ытыктыыбын. Кинилэр кыһалҕалаах олоҕу олорон кэлбиттэрэ. Оттон биһиги билигин үксэ бэлэм олоххо олоробут, ол эрээри син биир кыһалҕаҕа баттатабыт. Онно эбии пандемия бүрүүкээн, санаа түһүүтэ наһаа элбээтэ. Ол иһин Үөрүү-күлүү йогата биһиэхэ быыһанар суол буолуон сөп дии саныыбын.
Биһиги өбүгэлэрбит “улаханнык күлүмэ”, “солуута суох күллэххинэ ытыаҥ” дииллэр этэ – ол былыргы санаа. Кинилэр айылҕаны кытта алтыһар, айылҕаҕа чугас буоланнар, ыраастанар кыахтаахтара, кинилэргэ биһиги тарҕатар методикабыт наадата да суох этэ. Күлүү йогатын туһалаах дьарык курдук көрүөххэ наада.
Волонтер быһыытынан инбэлиит оҕолорго уонна төрөппүттэригэр бу йоганы онлайн ыытабын. Киһи олоҕо санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Стресстэн ханнык баҕарар ыарыы үөскүөн сөп. Ону күлүү-салыы эрэ кыайар кыахтаах. Ол иһин санаа көтөҕүүтүгэр анаммыт Үөрүү-күлүү йогата сахаларга наһаа үчүгэй методика кэллэ.
– Күлэргэ хаһан да хойут буолбатах буолуохтаах. Бу йога кимиэхэ ордук барсарый?
– Дьахтарыттан, эр киһититтэн, сааһыттан тутулуга суох дьарыктаныахха сөп. Оҕо күүтэр дьахталлар 7 ыйдарыттан дьарыктамматтар, сүрэх-тымыр ыарахан ыарыылаахтар, эпилепсиктэр, эпэрээссийэ кэнниттэн сибиэһэй сииктээх дьон сэрэнэн дьарыктаналлар.
– Күлүү йогатын дьоҥҥо тарҕатыы хайдах барарый? Киһи бэйэтэ дьарыктаныан сөп дуо? Онлайн семинардар эҥин буолаллар дуо?
– Онлайн дьарыктары ыытабын. Кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ босхо, үлэлиир дьонтон удамыр төлөбүрдээх. Бастакы дьарык барыларыгар босхо ыытыллар.
Митя Ефимов тренердэри онлайн үөрэтэр, нэдиэлэ аайы вебинардардары ыытар. Аан дойду үрдүнэн уопсайа 166 Күлүү кулууба үлэлиир, сылтан-сыл күүһүрэн иһэллэр. Тоҕо диэтэххэ, өлүү сүрүн биричиинэтэ билигин стресс буолан турар. Ол иһин бу методика туһатын өйдөөтүлэр.
Бизнес эйгэтин дьоно Үөрүү-күлүү йогатыгар кыттыстылар. Корпоративнай өй-санаа үтүө хайысханы ыларыгар, бизнес сайдан барарыгар үөрүү иэйиитэ олус көмөлөһөрүн сыаналаатылар.