04.11.2022 | 16:00

«Саха волонтердара» — Москваҕа

«Саха волонтердара» — Москваҕа
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дойдубутун аймаабыт байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт баран кытта сылдьаллар, баҕа өттүнэн билигин да барааччылар бааллар. Манна хаалбыт кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ, соһуччута бэрдиттэн мунан-тэнэн, кэлэр-барар сирдэрэ суох курдук мунаахсыйаллара баар суол. Этэргэ дылы, социальнай ситимнэргэ, телеграм-ханаалларга тахсыбыты ситэн ааҕа охсубаттар, сүтэрэн кэбиһиэхтэрин да сөп. Онон хаһыакка суруллубуту уура сылдьан ааҕан, илдьиритэн, туһалааҕы кырынан ылан сөптөөх хоруйдары ылыахтара диэн бүгүн сүбэ-ама бэчээттиэхпит.

Москваҕа баар Бастайааннай Бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ билигин Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан, ыйыытынан Украинаҕа мобилизацияланан уонна баҕа өттүнэн барбыт саллааттарга, бааһырбыттарга көмө-тирэх, сүбэ-ама буолаллар. Бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ утуйар да ууларын умнан туран түүннэри-күнүстэри сибээскэ сылдьаллар, төлөпүөннэрин араарбаттар, кыһалҕалаахтарга көмөлөрө тохтоло суох ыытыллар.

Онон Саха сирин олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт биһиги, эһиги –  барыбыт туспутугар үлэлииллэрин, хаһан баҕарар көмөҕө кэлэллэрин билиэх тустааххыт, мунаахсыйар ыйытыыларгытыгар олус үчүгэйдик сахалыы кэпсээн, сүбэлээн биэриэхтэрэ, салгыы тугу гынаргытын этиэхтэрэ. Онон кинилэр нүөмэрдэрин өйдөөн, сурунан кэбиһиэххитин наада.

+7-926-887-0852

+7-926-886-8604

Электроннай аадырыстара:

postpred@sakha.msk.ru

Координационнай киин тэринэн, анал схеманан үлэлииллэр. Ол эбэтэр онно РФ Оборонатын министиэристибэтиттэн саҕалаан, актыыбынай гражданнар, СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былааһын уорганнара, байыаннайдар төрөппүттэрэ, волонтердар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, пуондалар уо.д.а. тиийэ сибээстэһэллэр. Чугас киһигит бааһырбыт, сураҕа суох сүппүт буоллаҕына кинилэр суһаллык бу схеманан үлэлииллэр, этэргэ дылы, тиһэх суолугар “Груз-200” атаарыыга диэри.

“Волонтеры саха-Саха волонтер” бөлөх салайааччыта Туяра Константинованы кытта быыс булан кэпсэтэ сырыттым:

– Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн сахабыт дьонугар күүс-көмө буолуу; бааһырбыт уолаттарга госпитальга сылдьыы; дьиэтээҕи аһы астаан илдьии; Саха сириттэн кэлбит кэһиини тиэрдэн биэрии уонна туттарыы; гуманитарнай көмөнү наардааһын; икки өттүттэн бэйэ-бэйэни өйдөһөн кэпсэтии.

Бу күннэргэ госпитальга сытар уолаттарбытыгар анал набордары, наадалаах маллары ыллыбыт, эмиттэн-томуттан саҕалаан астарыгар, сууналларыгар тиийэ. Куукунабыт билигин саллааттарбытыгар анаан аһылык астыыр сиргэ кубулуйда, эбии билиитэ эҥин атыыластыбыт, сахалыы алаадьыттан саҕалаан ахтылҕаннаах дойдуларын астарын, эттэрин астыыбыт.

“Саха волонтердара” диэн кимнээҕий? Бу Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт тэриммит бөлөхтөрө. Билиҥҥитэ 30-чабыт эрэ, бары биир санаанан, толкуйунан сылдьабыт, өйөбүл буолар дьонноохпут. Кинилэри хайаан да ахтан ааһыахпын баҕарабын. Бастатан туран, эбээлэр, холобур, “Ньырбакаан” түмсүү, ийэлэрбит Марфа Макарова ийэтэ, Москваҕа уонна Дьокуускайга олорор урбаанньыт уолаттарбыт, “Отцы Якутии” бөлөх, “Лига женщин города Якутска” бэрэссэдээтэлэ Антонина Степановна Титова, Бааһынай ырыынак атыылааччылара, Светлана Диодорова кэпсэтиитинэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, ньырбакааннар кэпсэтиилэринэн “Саха астар” уонна да атын амарах сүрэхтээх сахабыт дьоно. “Талбан” биэрии кэннэ мин тус каартабар кыра-кыралаан харчы ыытаннар, ас-үөл, наадалаах мал атыыластыбыт. Эдьиийим Зоя-Санаайа дьэдьэн барыанньатыгар, хааныгар тиийэ астаан аҕалан госпитальга илдьэ охсон биэрдибит.

Бачча ыраах, киэҥ сиргэ сахалар, төһө да аҕыйах буолларбыт, бэйэ-бэйэбитин булсан, өйөһөн, сатаабаппытын сатаан, харахпыт уутун сотто-сотто ити курдук түмсэбит, үлэлиибит, көмөлөһөбүт. Хас биирдиигитигэр, харчынан, аһынан, сүбэнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар муҥура суох махтанабыт.

Балаһыанньа кытааттар кытаатан иһэр, эмтэнэр, көмөҕө наадыйар киһи ахсаана элбии турар. Онно көмөҕө кэлбит бастакы хараҥаччылар, саҕалааччылар, дьону түмээччилэр кимнээхтэрий диир буоллахха Аина Храмова, Марфа Макарова, мин бэйэм – үһүөн элбэх оҕолоох ийэлэрбит. Чурапчыттан төрүттээх Светлана Гоголева, Нахабиноттан Бела кэһии оҥорон ыыппыттара. Онно наһаа да үөрбүппүт. Ол көмө барыта госпиталларга тарҕаммыта, тустаахтарга тиийбитэ. Аны массыынанан астаах-маллаах волонтердары тиэйэн илдьэр аҕалар бааллар. Сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа графигынан сылдьарга сүбэлэстибит.

Ити курдук күн иллэҥэ суох ыраах Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт харахтаан көрбөтөх уолаттарыгар ийэлии, аҕалыы сыһыаннаһан бу уустук кэмҥэ бары биир сомоҕо буолан көмөлөһөн, бодьуустаһан, өйөбүл буолан сылдьалларыгар биһиги сиртэн халлааҥҥа диэри махтанабыт, бокулуоннуубут. Уонна хаһыат ааҕааччылара Москваҕа олорор билэр дьоҥҥутугар “Саха волонтердар” тустарынан кэпсээн, ити бэриллибит нүөмэрдэргэ эрийэн сибээскэ тахсан, көмө оҥорсоллоругар этэргит буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ, бу наадалаах кыракый ыстатыйаны дьоҥҥо тарҕатан бары билэллэригэр көмө буолларгыт олус үчүгэй, үтүө дьыала буолуо этэ. Оттон харчынан көмөнү ыытыан баҕалаах дьон бу нүөмэргэ ыытыаххытын сөп, отчуот куруук оҥоһулла турар, харчы ханна барбытын, тугу ылбыттарын аһаҕастык көрдөрөн иһэллэр: +7-977-620-88-81 Туяра Николаевна К.

Ыйыт-хоруйдуубут

Мобилизацияҕа барбыт гражданин харчыта түһэригэр ханнык докумуоннар наадаларый?

Харчынан төлөбүр кэмигэр түһэрин туһугар мобилизацияламмыт киһи байыаннай чааһыгар пааспарын дааннайын (куоппуйата да буолуон син) уонна ИНН (судаарыстыбаннай өҥө порталыттан выписка эбэтэр тус кабинеккыттан көрдөрүөххүн сөп)

 

Байыаннай сулууспалаахха төлөнөр харчыны кэргэнин эбэтэр атын аймаҕын каартатыгар ыыттарыахха сөп дуо?

Суох, харчы байыаннай сулууспалаах аатыгар оҥоһуллубут баан счетугар эрэ ыытыллар.

 

Хомуурга ыҥырыллыбыт эбэтэр баҕа өттүнэн барааччылар үлэ биэрээччигэ үлэ дуогабарын тохтоторго ханнык докумуоннары биэриэхтээхтэрий?

Мобилизацияҕа ыҥырыллыбыттар үлэ дуогабарын тохтотор сайабылыанньаны кытта бэбиэскэни (куоппуйатын) көрдөрүөхтээхтэр, онно олоҕуран үлэ дуогабара тохтотуллар.

Оттон баҕа өттүнэн барбыттар үлэ биэрээччи аатыгар сайабылыанньаны кытта РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр баҕа өттүнэн барбыт соруктары толоро сылдьар хантараактарын көрдөрөллөр.

 

Мобилизацияланан баран ыалдьан госпиталга киирдим. Бу эмтэнэ сытар кэммэр харчым түһэрэ тохтуур дуо?

Тохтообот. Харчы эн байыаннай чааска түбэспит күҥҥүттэн ааҕыллан төлөнөн барар, онон госпитальга сытарыҥ дуу, бэриллибит соругу толоро сылдьарыҥ дуу, онтон тутулуга суох.

 

Гражданин араспаанньатын уларыппыт, оттон байыаннай билиэтигэр урукку дааннайдара хаалбыттар. Маннык билиэт дьиҥнээҕинэн билиниллэр дуо?

Гражданин араспаанньатын уларыппыт буоллаҕына, саҥа пааспар  ылан баран икки нэдиэлэ иһигэр военкомакка кэлэн дааннайдара уларыйбытын биллэриэхтээх. Онон, маннык балаһыанньаҕа сылдьар дьон военкомакка байыаннай билиэккитин уларыта кэлиэххитин наада.

 

Аҕата ийэтиттэн арахсыбыт буоллаҕына, мобилизацияламмыт гражданин дьиэ кэргэнин чилиэнэ буолар дуо?

Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнинэн ийэтэ, аҕата арахсыбыт да буоллахтарына буолаллар.

Чечня сэриитин бэтэрээнин сүбэтэ

Чечняҕа сэриигэ сылдьыбыт бэтэрээн байыаннай дьайыыга хайдах тыыннаах ордуохха сөбүн туһунан бэйэтин сүбэтин-соргутун тиэрдэр.
Александр 45 саастаах, мобилизацияҕа түбэспит. Кини урут баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт. Бэйэтин бойобуой уопутун кытта үллэстэр уонна тыыннаах хаалар туһугар, дьиэҕэ-уокка этэҥҥэ эргиллэргэ сүбэтин биэрэр.
– Мин Чечня байыаннай дьайыытын бэтэрээнэбин. Мобилизацияҕа түбэһэн ,СВО барарбынан киэн туттабын, онно тиийэн бойобуой доҕотторбун кытта тэҥҥэ сэриилэһиэм, дойдубун көмүскүөм. Урукку дьоҕурум, уопутум умнуллубат, онон табаарыстарбар кэпсээн туһалыам этэ. Холобур, уолаттар бронежилеттарын куруук кэтэ сылдьалларын хонтуруоллуом, бу байыаннай дьайыыга биир саамай наадалаах усулуобуйа.
Бронежилеты таһынан, каасканы хайаан да кэтэ сылдьыахха наада. Маны таһынан, олохтоохтортон аһы уонна ууну ылымаҥ. Өссө биир саамай наадалаах быраабыла – сиртэн тугу да ылымаҥ, көтөҕүмэҥ, билбэт малларгытын көрө, тута сатаамаҥ. Өссө биир суолталааҕа – аҕа хамандыыргыт тылын, тугу этэрин истиҥ. Уонна, биллэн турар, киһилии быһыыгытын сүтэримэҥ – хаһан да мародердаамаҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...