08.05.2024 | 16:00

Саха сирин туой иһиттэрэ: таас үйэттэн билиҥҥигэ тиийэ

Саха сирин туой иһиттэрэ: таас үйэттэн билиҥҥигэ тиийэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат историятын түмэлигэр “Саха керамиката: умнуллууттан сөргүтүллүүгэ диэри” быыстапка аһылынна. Быыстапканы тэрийиини СӨ Керамистарын сойууһа, “Көмүлүөк” хампаанньа, “Туой Арт” мастарыскыай, Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киин, ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлэ, Гуманитарнай чинчийии института өйөөтүлэр.

Туой — киһи оҥорбут бастакы матырыйаала. Саамай былыргы туой иһиттэри 7000 сыл анараа өттүгэр оҥорбуттара биллэр. Айылҕа туойун кытта кумаҕы, оту, көтөр түүтүн булкуйан оҥороллоро. Оттон учуонайдар бу ньыма көмөтүнэн оччотооҕу кэмҥэ кимнээх олорбуттарын, туох үүнээйи үүммүтүн, ханнык кыыл, көтөр төрүү-үөскүү сылдьыбытын быһаарар кыахтаахтар.

“Саха керамиката: умнуллууттан сөргүтүллүүгэ диэри” быыстапка сахалар кэлиэхтэрин иннинэ манна олорбут тунгуус, эбээн, эбэҥки, дьүкээгир омуктар өбүгэлэрин туой иһиттэрин үлтүркэйдэриттэн саҕаланар.

Онтон соҕурууттан сахалар өбүгэлэрэ 9-11 үйэлэргэ кэлбиттэрин кэннэ Кулун-Атах култуурата саҕаланар. Бу кэм оҥоһуктарын өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар уонна Туймаада хочотугар билигин да булаллар, кинилэр биир сүрүн уратыта — туруору сурааһыннар.

— Сахаларга былыргыттан туой иһит-хомуос арааһа баара. Туойу охсуу үлэтинэн төрөөбүт эрэ дьахталлар дьарыктаналлара, ол кистэлэҥэ ийэттэн кыыһыгар бэриллэрэ биллэр. Оттон туойу эр дьон эрэ хомуйара: үчүгэйин-куһаҕанын амтанынан быһаараллара, ыылаах минньигэс амтаннааҕа хаачыстыбата ордугунан биллэрэ. Ону таһынан туой иһити билгэҕэ туттар эбиттэр. Холобура, оҕо төрөөтөҕүнэ киниэхэ анаан кыра үүт күөһүн оҥоттороллор, туой маастара ону бу ыал дьиэтигэр кэлэн (бэйэтин дьиэтигэр оҥорбот) оҥорор. Иһит хайдах  тахсыбытыттан оҕо дьылҕатын билгэлииллэр: туох да эҥкилэ суох тута табылыннаҕына — олоҕо чэпчэки буолуоҕа, алдьаныылаах-кээһэниилээх буоллаҕына ыарахан олохтоох, ыарыһах оҕо буолуо диэн билгэлииллэр эбит. Ону таһынан өссө биир билгэ: туой иһиккэ үүтү оргутан, хайдах “куотарын” көрөллөр: үүт сүүрээнэ былгыччы сүүрдэҕинэ — бу сылга сүөһү, сылгы төрөөһүнэ элбиэҕэ дииллэр эбит,— диэн түмэл исписэлииһэ Наталья Кривогорницына кэпсиир.

Нуучча кэлиэҕиттэн маастардар гончарнай төгүрүгү туттар буолбуттар. Онон бу кэм керамиката көнө, симметричнай оҥоһуулаах. Ону таһынан соҕурууттан фабрика оҥорор иһитэ үөдүйэн, туой тиэхиньикэтэ судургутуллан барар, идэлээх маастардар аҕыйыыллар.

Аныгы үйэҕэ туойунан дьарыгы сөргүтүү биир көстүүтүнэн “Туой арт” мастарыскыай былыргы үлтүркэйдэртэн бэйэтин көрүүтүнэн саҥа иһиттэри айан таһаарара буолар. Биир оннук ураты оҥоһук — хомпуор. Хомпуор умайа сылдьар чох көмөтүнэн аһы сылытарга аналлаах. Эбэтэр, көмүлүөк уота умуллан хааллаҕына, таһынааҕы ыаллартан уоттаах чоҕу ыларга туттуллар эбит. Билигин хомпуору дьиэни ыраастыыр оту буруолатарга туһаналлар.  Быыстапкаҕа итии чэйи иһэр оҕонньоттор, хамсалаах Байанай, ураһа, балаҕан быһыылаах аныгылыы хомпуордары көрүөххэ сөп.

Билигин туойунан ким баҕалаах дьарыктаныан сөп — уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ, эдэр кыргыттар, эр дьон.  Керамистар сойуустара, “Туой Арт” мастарыскыай саҥа ньымалары баһылаан, иһит-хомуос арааһын, декоративнай оҥоһук эгэлгэтин хото оҥорон эрэллэр. “Саха керамиката: умнуллууттан сөргүтүллүүгэ диэри” быыстапка Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт биир ураты төрүөтүнэн тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ —“Көмүлүөк”, “Туой Арт” хампаанньалары төрүттээччилэр — Үөһээ Бүлүү улууһун Матыгыс ууһун сыдьааннара буолаллара буолар. Ол эбэтэр дьиэ кэргэнинэн өбүгэлэрин дьыалатын салгыыллара кэрэхсэбиллээх.

Ону таһынан быыстапкаҕа өрөспүүбүлүкэ бастыҥ маастардарын үлэлэлэрэ бааллар. Намтан Прасковья Винокурова хааһы буһарар оһуордаах күөһэ, норуот маастара Лариса Тавалакова былыргылыы истииллээх үлэлэрэ эбэтэр Сунтаар улууһуттан Лена Пинигина уонна Диана Иванова дьиэни киэргэтэр оҥоһуктара хайа баҕар киһиэхэ туойтан саҥаны оҥорор-тутар иэйиини бэлэхтиэхтэрин сөп. Бу уонна да атын туой иһиттэри, оҥоһуктары, ону таһынан лиэксийэлэри, маастар-кылаастары Дьокуускай куорат историятын түмэлигэр бэс ыйын 15 күнүгэр диэри көрүөххүтүн-истиэххитин сөп.

 

Түмэл аадырыһа: Дьокуускай к., Аммосов уул., 1/1. Билсэр төл.:  74112402583.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....