27.11.2022 | 12:00

Саха сирэ — бары бииргэ!

Саха сирэ — бары бииргэ!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Быстах хомуур биллэриллиэҕиттэн норуот биир санаанан салайтаран, ким төһө кыахтааҕынан мобилизацияламмыт дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас көмө тиһигин быспакка оҥоһуллар. 
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, ким тугу сатыырынан быстах хомуурга уонна хантараагынан барбыт дьоҥҥо үтүлүк, бэргэһэ, сылаас таҥас тигэн ыытар.

Ийэ илиитин сылааһа туохтааҕар да күндү

Бэрт соторутааҕыта “Тепло материнских рук” быыстапка түмүктэммитэ. Онно киин куорат уокуруктарыттан дьахталлар сэбиэттэрэ кытыннылар. Ол курдук аҕыйах хонук иһигэр хомуурга хабыллыбыт эр дьоҥҥо наскылары уонна үтүлүктэри баайдылар. Маны барытын «Якутия с тобой!» хомуур пуунугар тиксэрдилэр.

«Мобилизацияламмыт саллааттарбытыгар көмөлөһөр баҕаттан кылгас кэм иһигэр 20-тэн тахса ичигэс наскыны баайдыбыт», –  диэтэ Октябрьскай уокурук дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Вера Аммосова.

«Саамай уустук кэмҥэ дьахталлар куруук сомоҕолоһон, инники күөҥҥэ сылдьаллар. Бу аахсыйанан биһиги саллааттарбытыгар ис сүрэхпититтэн кыһалларбытын биллэрэбит. Ийэлэрбит илиилэрин сылааһын иҥэрбит ичигэс таҥастара кинилэри харыстыы сырыттыннар»,  –  диэтэ «Дьокуускай куорат дьахталларын лигата» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Антонина Титова.

Дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөллөр

Сэтинньи 17 күнүгэр Элгээйи нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын көҕүлээһининэн муус ылыытыгар субуотунньук ыытыллыбыт.  Нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно, нэһилиэк дьокутааттара түмсэн, быстах хомуурга хабыллан Ийэ дойду көмүскэлигэр сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, соҕотох олорор аҕам саастаах дьоҥҥо, доруобуйатыгар хааччахтаах дьиэ кэргэҥҥэ, элбэх оҕолоох соҕотох ийэлэргэ муус ылан, тиэйэн биэрдилэр.

 

Сылаас балаклавалар

Дьокуускай куоракка Худуоһунньук дьиэтигэр СӨ национальнай художественнай музейын үлэһиттэрэ уонна ыарахан кэмҥэ туора турбатах кэрэ аҥаардар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сахалыы харысхаллаах сылаас бэргэһэлэри тиктилэр.

Бу аахсыйаны НХМ профсойууһун кэмитиэтэ көҕүлээбит, музей үлэһиттэрэ бэйэлэрин харчыларыгар матырыйаал атыыласпыттар. Балаклавалары тигиини методист Варвара Заровняева салайар.

«Эр дьоммут Ийэ дойдуларыгар тыыннаах эргиллэллэригэр баҕарабыт. Бэргэһэлэрбит бастакы баартыйалара анал сахалыы харысхаллаахтар», –  диэн кэпсээтэ кини.

Мобилизацияламмыт дьону өйүүр штабка номнуо 80 балаклава туттарылынна.

Байыаннай аптечкалар

Алтынньы ый бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын артыыстара, филармония артыыстара Айаал Аммосов салайааччылаах Приморскай кыраай байыаннай чаастарыгар сылдьыбыттара. Кинилэр мобилизацияҕа хабыллыбыт саха эр дьонугар хас да кэнсиэри бэлэхтээтилэр, ону сэргэ «Симэх” норуот айымньытын дьиэтэ тикпит анал байыаннай аптечкалары уонна сахалыы харысхаллары туттардылар.

Тыһыынчанан саха быһаҕа

Предпринимательство, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын кытта эр дьоммутугар сахалыы быһахтары оҥорорго этии киллэрдилэр. Техническэй сорудахтар байыаннайдар баҕа санааларын учуоттаан туран оҥоһуллаллар. Былаан быһыытынан тыһыынчанан быһах тахсара күүтүллэр.

Ойуурдаах куобах охтубат

Вера Колпашникова этэринэн, алтынньы 1 күнүттэн улуус олохтоохторо Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр бэйэлэрин иистэнэр массыыналарын илдьэ кэлэн сылаас таҥастары тигэллэр.

Ол курдук саарпыктаах бэргэһэлэри, аптечкалары тигэллэр, саҥа саҕалааччылары үөрэтэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ күргүөмнээх  үлэ түмүгэ – 150 аптечка, 100-тэн тахса сылаас бэргэһэ.

Дьонноох киһи тутайбат

Ньурба оройуонун дьахталлара 50-тан тахса байыаннай аптечканы, мал хаалыырга 25 хаачыстыбаннай суумканы тикпиттэр. Галина Федорова этэринэн, кинилэр көҕүлээһиннэринэн улуус олохтоохторо бэйэлэрэ көмөлөһөллөр. Ньурбаттан Семен Гаврильев иистэнэр массыыналарын өрөмүөннээн биэрбит. Антоновкаттан Зинаида Мухоплева байыаннай матырыйаал биэрбит, бэйэтэ тикпит суумкаларын тиксэрбит. “Мин бизнеһим» киин резиденэ Алексей Егоров ууну аһардыбат матырыйааллары биэрбит, ону тэҥэ суумкалары тикпит.

Хаҥалас улууһа

Хаҥалас улууһуттан Октябрина Шипицина этэринэн, улуус дьахталлара 122 тыһыынча солк. сылаас малы-салы ылбыттар. «Саргы түһүлгэтэ» кииҥҥэ олохтоохтортон бэйэ тикпит таҥаһы-сабы, бэргэһэни, үтүлүгү хомуйаллар. Төхтүр нэһилиэгэр дьахталлар аптечкалары тигэллэр.

Дьокуускай куорат

Дьокуускай куорат олохтоохторо «Хоту тент» тэрилтэни уонна «Кэрэ» фабриканы кытары мобилизацияламмыт дьоҥҥо анаан ичигэс таҥаһы-сабы тигэллэр. Ол курдук балаклава бэргэһэлэри, сылаас олбохтору, утуйар мөһөөччүктэри уо.д.а. 

 

Бүлүү Далбар хотуттара

Сардана Сыроватская салайааччылаах Бүлүү дьахталлара илийбэт таҥастан саҕалаан, эмп-том укта сылдьарга аптечка суумкалары, олбохтору тикпиттэр. Төһө да алтынньы 31 күнүгэр быстах хомуур түмүктэммитин үрдүнэн, билигин даҕаны үтүө дьыала хамсааһына ыытылла турар.

Ити курдук, быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммутугар ким төһө кыахтааҕынан, тугу сатыырынан өйөбүл буолар. Дьокуускай куорат салалтата араас көмөнү оҥорор, волонтердар дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэллэр, оҕолору уһуйааҥҥа таһыыга илии-атах буолаллар.

Тыа сиригэр үлэ элбэх, үтүө дьыала тохтоло суох оҥоһуллар – мас хайытыы, муус киллэрии, булуус ыраастааһына, түннүгү уларытыы, чох аҕалыы, этинэн-аһынан хааччыйыы. Нэһилиэктэр уонна тэрилтэлэр кыһалҕаны тута быһаарарга көмөлөһөллөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....