17.04.2022 | 10:00

Саха саарына киһи этэ...

Саха саарына киһи этэ...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Убайым Баанньа, Иван Иванович Борисов туһунан өссө тыыннааҕар, оччолорго Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Наталья Васильевна Егорова: “Наталья, убайыҥ туһунан хайаан да суруйдаххына табыллар, кини курдук тарбахха баттанар үлэһит, үтүө киһи аҕыйах”, - диэн турардаах. Ону хайдах эрэ ылыммакка, убайым баарыгар кэпсэппэтэхпин, сурукка тиспэтэхпин билигин кэлэн кэмсиннэрбин да, дьоҥҥо, ааҕааччыларга билиһиннэрдэхпинэ, баҕар, ол көтүппүт кэрдиис кэми боруостуом дуу диэн алы гынабын.

Иван Иванович Борисов, биһиги бары тапталлаах убайбыт Баанньа, Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгэр 1951 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр Дария, Иван Борисовтарга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Айар талаана кыра сааһыттан биллэн барбыт. Ол курдук доҕотторугар, бырааттарыгар мас аптамаат саа оҥортоон сэриилээх оонньууллара, кини илиннэргэ хамандыыр буолар эбит, аны туран араас маасканы, маскараады илиитинэн оҥорорун этэ да барбаккын. Ол курдук уруһуй, айар үлэ алыбыгар ылларан, Намнааҕы педагогическай училищеҕа худуоһунньук идэтигэр үөрэнэ киирэр. Ол кэннэ кыралаан онно-манна үлэлээн баран төрөөбүт Кэптэнитигэр отуттан тахса сыл кулуупка худуоһунньуктуур.

Баанньа кулуубугар худуоһунньук, киэргэтээччи эрэ буолбакка, сыанаҕа араас көрдөөх сценкаларга оонньуура, монологтары ааҕара, үҥкүүлээн да ылара, бэстибээллэргэ кыттара, айар, суруйар да этэ. Кини кулуубу хатыыра, арыйара, ыһыах буолла да, эрдэттэн түһүлгэни киэргэтэ киирэрэ, кыракый “кытайын” тыраахтарыгар реквизиттэри тиэйэн киллэрэрэ, ыһыах бүттэҕинэ хомуйан, кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут дьиэтигэр кэлэрэ. Кини үлэтигэр эрэ буолбакка, дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар олус бэриниилээҕэ, эрэллээх кэргэн, аҕа, эһээ, убай, быраат этэ.

Эр киһиэхэ сэмэй киһи баар диир эбит буоллахха, дьэ кини кырдьык сэмэй этэ. Ону ааһан холкута, мас көнөтө, сымнаҕаһа – киһи этэ да барбат. Үйэтигэр киһини соруйар, соруйсар диэни билбэтэҕэ. Аһыы олорон “чэйдэ кутан кулу” диэҕинээҕэр, бэйэтэ туран куттар этэ. Туох эрэ наадалааҕын аттынан ааһан иһэр буоллахха, таарыйа тутан кэл диэҕинээҕэр, бэйэтэ баран ылара. Оттуу сырыттахха, “утаттыбыт” диэхпит эрэ кэрэх, убайбыт барахсан алаас ортотуттан отуубут диэки сүүрүүнэн баран бытыылкалаах ууну аҕалара, күлэн тииһэ кэчигирээн турара харахпар бу баардыы көстөр.

Оскуолаҕа сылдьан уруһуй, черчение уруогар альбоммун таһааран биэрэн уруһуйдатан, “5” сыананы элбэхтэ ылбытым, оннооҕор атаахтаан харандааспын кытта уһуктатарым. Төһөлөөх саҥа дьыллааҕы мөһөөччүкпүтүгэр барыбытыгар ааҕа кини уруһуйдаабыта буолуой. Мин икки ыалынан кыралара буоламмын, убайдарым, эдьиийдэрим атаахтарыгар улааппытым. Кэлин наар дойдубар тахсан убайым ааҕы кытта эҥэрдэһэн сайылыыр этибит. Тугу эрэ этиэхпин кэрэх, хайаан да толорон, оҥорон тэйэрэ.

Кини чөл олоҕу тутуһара, уу куттан “деткалыыра”, хайаан да сүүрэ таарыйа күн аайы алаастарын көрөн кэлэрэ. Оннооҕор саҥа дьылга, тохсунньу 1 күнүгэр, биһиги дьэ аа-дьуо туран эрдэхпитинэ, убайым кырыа бөҕөтө буолан киирэн кэлэн, күлэн тиистэрэ кэчигирии турара бу баар. Тымныыга сүүрэр киһиэхэ диэн анаан муннута тоҥмот, хараҕа эрэ көстөр бэргэһэ ылан биэрбиппитигэр наһаа үөрбүтэ.

Биһиги нэһилиэк-питигэр Бэрииһэптэр аймах холкуларынан, хайдыбыт мастыы көнөлөрүнэн биллэллэр. Ону таһынан аҕаларбыт Уйбаан уонна Көстөкүүн артыыстаабыттарын, сценкаҕа, драмаҕа оонньуулларын оччотооҕу дьон, билиҥҥи да кырдьаҕастар өйдүүллэр. Аҕам Хара Мааска оруолугар оонньуу киирбитигэр холуочук киһини оонньоттугут диэн, аны туран “Итирик киһи монологун” аахпытыгар улуус дьүүллүүр сүбэтэ эмиэ арыгы иһэн баран киирбит диэн ахсыаҥкатын намтата сатаабыттар этэ. Дэлэҕэ аҕабытын Саха драматическай тыйаатырыгар ыҥырыахтара дуо? Билигин аҕаларбыт туйахтарын хатаран улахан, тумус туттар убайбыт Борис Иванович Борисов Ньурбатааҕы көһө сылдьар драмтыйаатырга үлэлиир, СӨ үтүөлээх артыыһа, убайбыт Баанньа СӨ култууратын туйгуна, бырааппыт Иннокентий Борисов СӨ култууратын туйгуна, Уһун-Күөллээҕи култуура сынньалаҥ киинин дириэктэрэ, аймах балтыбыт Вера Егоровна П. Оготоев аатынан Кэптэнитээҕи сынньалаҥ киин методиһа, СӨ култууратын туйгуна, сиэн бырааппыт Афанасий Олесов Опера уонна балет тыйаатырын солиһа. Ону таһынан ыллыыр-туойар, үҥкүүлүүр аймах-билэ оҕолорбутун киһи ааҕан сиппэт. Онон аҕаларбыт кулууп сыанатыгар оонньоон хаалларбыт оруолларын, кулуупка киэһэ аайы орох тэппит суолларын, кэрэхсэппит талааннарын удьуордара салгыыллар, ааттарын ааттаталлар.

Убайбыт аата үйэлэргэ хаалыаҕа

Бу дьыл муус устар 7 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр дьоро, умнуллубат күн тэрилиннэ. Ол курдук, убайбыт үлэлээбит кулуубугар кини аатынан улуустааҕы көр-күлүү түһүлгэтэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Күнэ-дьыла да туран биэрдэ, убайым барахсан айылҕа оҕото буолан куораттар биир чалбаҕы, бадарааны кэспэккэ, кини сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьарын курдук бэрт үчүгэйдик айаннаан баран кэллибит. Сарсыҥҥы күнүттэн дьэ уу-хаар тахсан барбыта.

Кини ол курдук биһигини үөһэттэн көрөн куруук харыстыы, араҥаччылыы сылдьарын сэрэйэбит, билэбит.

Кыттааччылар улуус араас нэһилиэктэриттэн барыта 9 хамаанда кэлбит. Сэрэбиэй кэннэ икки аҥаар чаас диэки көрүү саҕаланна, 32 нүөмэри көрдүбүт. Киэһэ 7 чааска гала-кэнсиэр буолуохтаах. Төһө да икки  кэнсиэр буоллар, дьон иккилээххэ да кэмэ суох кэлбит. Онтон киэһээҥҥи кэнсиэргэ миэстэ суох үлүгэрэ этэ. Бу буоллаҕа биһиги убайбытын биир дойдулаахтара сыаналыыллара, убаастыыллара, кини талаанын кэрэхсииллэрэ. Онон бары даҕаны долгуйдубут, биир бэйэм миэстэ булан олорботум, оҕо эрдэҕинээҕим курдук ойоҕоско туран сорох сценкалары иккистээн көрдүм. Дьэ, талаан диэн дэриэбинэҕэ баар эбит. Бу айылаах бииртэн биир көрүдьүөс, ханна да көрбөтөх, истибэтэх сценкаларым, бииртэн биир артыыс, талаан арыллан истэ. Били ОРТ ханаалыгар көстөр КВН дьүүллүүр сүбэтин курдук харахпыт уута тахсыар, быарбыт туһунан ыалдьыар диэри күллүбүт, умса түһэ-түһэ, тиэрэ бара-бара. Чахчы олохпут уһаата, тыҥабыт кэҥээтэ бадахтаах.

Киэһэ сэттэлээх кэнсиэргэ кулууп иһэ ньиргийэн олордо. Ытыс хабыллар тыаһа, күлүү, үөрүү, хас нүөмэр киирэн таҕыстаҕын аайы көрөөччүлэр, олохтоохтор ыалдьыттарга биһирэмнэрин, махталларын биллэрэн, өргө диэри ытыс тыаһын харыстаабатылар. Дьэ онтон күүтүүлээх, кэтэһиилээх, долгутуулаах түмүгү таһаарыы буолла. Ол курдук лауреаттар, дипломаннар ааттаммыттарын кэннэ “Бастыҥ дьахтар оруола” анал аат – Лена Софронова (Танда), “Бастыҥ эр киһи оруола” анал аат – Гаврил Шепелев (Тулуна), Гран-при “Преображение” көр-күлүү бөлөҕө (Танда), оҕолорго Гран-при Лөгөй орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччилэрин “Бэйэ оҕолоро” көр-күлүү бөлөҕө “Сайдыылаах учуутал” сыаҥкаларынан, ону таһынан Туяра Охлопковаҕа Хомустаахтан “Саталлаах Саарын” диэн бастыҥ оруолу арыйааччы анал бирииһин Иван Иванович сиэн быраата Иннокентий Борисов дьиэ кэргэнэ туруорда. Монолог ааҕыытыгар улахан дьоҥҥо 1-кы истиэпэннээх лауреат аатын Светлана Сысолятина, 2-с истиэпэннээх лауреат Валентина Тищенко (кэптэнилэр), оҕолорго 1-кы истиэпэннээх лауреат – Оксана Пермякова (Лөгөй орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ), 2-с истиэпэннээх лауреат – Ваня Колодезников (ЛОО 9-с кылаас).

Бары олус өрө көтөҕүллэн, кэлбит дьон махтанан, көрөөччүлэр дуоһуйа сынньанан тарҕастылар. Биһиги Бэрииһэптэр аймах аатыттан дириҥ махталбытын бу тэрээһини сүүрэн-көтөн, иилээн-саҕалаан ыыппыт Петр Оготоев аатынан сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Владимир Федорович Прядезниковка, худрук Варвара Константиновна Федороваҕа, методист Вера Егоровна Сыроватскаяҕа, декоратор Андрей Афанасьевич Лугиновка, кулууп бары үлэһиттэригэр, ону таһынан Кэптэнигэ олохтоох Бэрииһэптэртэн сыдьааннаах, биир сүбэ буолан бу тэрээһини көҕүлээн, ас астаан, өйдөбүнньүк слайда оҥорон наһаа истиҥник көрсүбүт Егор Заровняев, Сэмэн Лугинов кыргыттарыгар сиртэн халлааҥҥа диэри махталбытын тиэрдэбит.

Убайбыт барахсан аата үйэлэргэ ааттана туруо, көр-күлүү тэрээһинэ манан эрэ бүтүө суоҕа, кэлэр сылларга үгэс буолан өссө тэрээһиннээхтик хатыланыа, улуус көрү-нары сөбүлүүр, таптыыр дьонун тардар, түмэр улахан түһүлгэҕэ кубулуйуо диэн бүк эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...