24.03.2022 | 18:30

Саха норуотун сырдык уола — Степан Васильев

Саха норуотун сырдык уола — Степан Васильев
Ааптар: Анна Яковлева, Сунтаар улууһун Илимниир нэһилиэгин сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар киһи кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын, ханнык сиртэн-дойдуттан силис-мутук тардан үөскээбитин, ыраах-чугас өбүгэлэрин, аймахтарын билэрэ улахан суолталаах. Киһи хайа эмэ үөйбэтэх-ахтыбатах төрүттэрин утумнуурун, маарынныырын олох көрдөрөр. Арааһа, ол иһин сахалар ытык киһи ыччата, төрүт киһи үтүөтэ диэн этэн кэбистэхтэрэ.

Ньурба улууһун Маалыкай нэһилиэгэ чахчы кэрэ айылҕалаах, өлгөм оттоох-мастаах, өҥ буордаах сир. Сир аһын арааһа үүнэр, лагласпыт хатыҥнарынан суугунуур, сибэккинэн симэммит дьэдьэннээх кырдаллардаах, сылгы-ынах тоҕуоруйбут, үүт-сүөгэй үрүлүйбүт үтүө-мааны дойдута. Маалыкай нэһилиэгэ үтүө дьоннорунан эмиэ аатырар. Саха норуотун чулуу уола, политическай диэйэтэл, революционер Степан Васильевич Васильевич туһунан эһиэхэ кэпсиэхпин баҕарабын.

Васильев Степан Васильевич Бүлүү уокуругун Марха улууһун Бордоҥ нэһилиэгэр Тойон Уйа алааска сүөһү тутан айаҕын ииттинэр Васильев Василий Васильевич (Дьаҕааһын) дьадаҥы дьиэ кэргэнигэр 1896 сыл ахсынньы 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Маалыкай сэлиэнньэтигэр Мэҥэдьэк начаалынай церковнай-приходскай оскуолатын уонна Ньурбатааҕы 2 кылаастаах училищены бүтэрэн баран, 1914 сылга Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар киирбитэ. Кинини кытта Максим Аммосов, Исидор Барахов, Платон Слепцов (Ойуунускай), Степан Аржаков уонна оччотооҕу атын даҕаны бастыҥ ыччат үөрэммитэ. Кинилэр политсыылынайдар баһылаан-көһүлээн ыытар революционнай хамсааһыннарыгар тардыллан барбыттара.

Аммосов, Барахов, Васильев, Ойуунускай, Аржаков уонна да атыттар Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооһуну тэрийсэн барбыттара. Үлэлиир ыччаттан, оробуочайдартан уонна сулууспалаан бүппүт фронтовиктартан кистэлэҥ бойобуой дружиналары тэрийиигэ көхтөөхтүк кыттыбыттара. Степан Васильев пропагандистаабыта, кистэлэҥ-бойобуой дружина чилиэнэ буолбута. 1918 сыл бэс ыйын 19 күнэ буолар түүнүгэр (урукку истиилинэн) Дьокуускайга аан бастаан улахан хаан тохтуута суох Сэбиэскэй былаас олохтоммута. Ол эрээри саҥа былаас баара-суоҕа 35 күн туруктаспыта. Ону Сибиир Сэбиэскэй былааһы утарааччылара уонна ис контрреволюция суулларбыттара. Степан Васильев Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Платон Ойуунускайы уонна Сэбиэскэй былааһы олохтооһун атын да кыттыылаахтарын кытта тутуллан, Саха уобалаһын тас өттүгэр сыылкаҕа утаарыллыбыта.

Иркутскай хаайыытыттан босхоломмутун кэннэ кинини Иркутскайдааҕы подпольнай тэрилтэ Слюдянкаҕа (Прибайкалье) кистэлэҥ үлэҕэ ыыппыта, онно Семенов штабын этэрээттэриттэн биирдэстэрин саатын-саадаҕын тутан ылыыга кыттыыны ылбыта. 1920 сыл тохсунньу бүтүүтүгэр Иркутскайга эргиллибитэ уонна Наум Ленцери, Сергей Мосины кытта бастакы Иркутскайдааҕы комсомуолу тэрийбиттэрэ, Ыччат Арассыыйатааҕы коммунистическай сойууһун.

Иркутскай көбүөрүнэтээҕи тэрилтэтин бюротун чилиэнинэн талыллыбыта. 1921-1925 сылларга балаҕан ыйын 30 күнүгэр Степан Васильев Москваҕа Свердлов аатынан коммунистическай университекка үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ өрөспүүбүлүкэ оробуочай-бааһынай инспекциятын Наркомунан салайар үлэҕэ анаммыта. 1926 сыл муус устарыгар М.К. Аммосов киллэрбит этиитинэн “Алданзолото” Бүтүн Сойуустааҕы тириэһи тэрийиигэ Алдан куоракка уһун кэмҥэ болдьохтоон ыытыллар. Степан Васильев бу командировкаттан 6 ыйынан эргиллибитэ. Эмиэ ити боппуруоска кинини Москваҕа ыыталлар, онтон биир сылынан 1927 сыл балаҕан ыйыгар кэлбитэ.

Кинини Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччунан аныыллар. Бу дуоһунаска 1928 сыл кулун тутарыгар диэри үлэлиир.

Степан Васильев бэйэтин уһулуччулаах салайааччы, бэриниилээх государственнай итиэннэ политическай диэйэтэл быһыытынан көрдөрбүтэ. Ол иһин Ян Полуян хамыыһыйата, маассаҕа сабыдыаллааһыннарыттан сэрэхэдийэн, М. Аммосовы, И. Бараховы, С. Васильевы Москваҕа “төттөрү ыҥыттаран ылар” наадалаах диэн аахпыта.

Москваҕа төттөрү ыҥырыллан кэлэн, БСК(б)П КХК чилиэнинэн буола сылдьан, кини БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин линиятын дьаныардаахтык уонна принципиальнайдык салгыы көмүскээбитэ. ССРС ИДЬНК Лефортовскай хаайыытын олус кытаанах усулуобуйатыгар эрэйи-муҥу көрө сытан, 1939 сыл ахсынньы 21 күнүнээҕи бэйэтин көрдөрүүтүгэр Степан Васильев маннык суруйбут: “Мин Ярославскайга сылдьыбытым. Киниэхэ БСК(б)П КК политбюротун хамыыһыйатын үлэтин туһунан сиһилии иһитиннэрбитим, кырдьаҕас каадырдары үтүрүйүү сыыһатын, партийнайа суох ньыматын талан ылбыт БСК(б)П КК чилиэнэ Асаткины үҥсүбүтүм. Урукку салалтаны уҥа оппортунизмҥа буруйдуур БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин пленумун быһаарыыта ылыныллар кыаҕа суоҕун дакаастаабытым”. Ярославскай ол кэмҥэ Дьокуускайга Аммосовы, Бараховы уонна Васильевы үлэлэригэр хаалларарга көрдөһөн, БСК(б)П КК оргкомитетын чилиэннэригэр сурук суруйбута. 1940 сыл олунньу 2 күнүнээҕи силиэстийэ дьаһалыгар бэйэтин көрдөрүүтүгэр Степан Васильев эппит: ”Биһиги БСК(б)П КК-тын сэрэтиэх тустаах этибит...”

Саха сиригэр салайар партийнай уонна сэбиэскэй үлэттэн босхолообуттарын кэнниттэн С.В. Васильев Серго Орджоникидзе өйөбүлүнэн 1928 с. балаҕан ыйыгар-1930 сыл от ыйыгар БСК(б)П Киин хонтуруоллуур хамыыһыйатын партийнай коллегиятын чилиэнинэн үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунаска кини “саха боппуруоһун” хаста даҕаны Ярославскайга, Орджоникидзеҕа, Калиниҥҥа, Кагановичка туруорсубута.

1930 с. атырдьах ыйыттан биир сыл устата Степан Васильев ССРС рабочай-бааһынай инспекциятын Наркомун КХК өҥнөөх металларга бөлөҕүн салайбыта. 1931 с. атырдьах ыйыгар кини өҥнөөх металлары уонна кыһыл көмүһү хостооһун уонна обработкалааһын рабочайдарын профсоюһун Киин Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин эппиэттээх үлэтигэр анаммыта. 1939 сыл ыам ыйыттан сэтинньигэ диэри Степан Васильев хаһаайыстыбаннай үлэҕэ – Москва куорат иккис авторемонтнай собуотун дириэктэринэн көһөрүллүбүтэ.

С.В. Васильев 1939 сыл бүтүүтүгэр репрессияламмыта. Кинини Москваҕа уонна атын киин куораттарга олорор Саха сирин дьонуттан биир саамай кэнникинэн Ɵктөөп бырааһынньыга буолаары аҕай турдаҕына сэтинньи 6 күнүгэр туппуттара.

С.В. Васильев 1 сыл 7 ый 20 күн устата Бутырскай, Лефортовскай хаайыыларга түүннэри-күнүстэри салҕанан ыытыллыбыт ИДЬНК уорганнарын элбэх ахсааннаах доппуруостарыгар олус тулуурдааҕын көрдөрбүтэ: кими даҕаны этэн биэрбэтэҕэ уонна киниэхэ буруйдааһын оҥоһуллар “өстөөхтүү, үспүйүөннүүр, сэбиэскэй былааһы утары туһуламмыт” дьайыыларын билиммэтэҕэ, Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, Попову, Захаренконы уонна атын репрессияламмыт дьону партия уонна норуот иннилэригэр буруйа суохтарынан аахпыта. Коми АССР Канин Нос бөһүөлэгэр лааҕырга хаайыллан сытан, Сталиҥҥа, Берияҕа, Ярославскайга, Землячкаҕа ыыппыт суруктарыгар Аммосовы, Бараховы, Ойуунускайы, бэйэтин уонна да атыттары политическай реабилитациялааһын туһунан боппуруостары хаста даҕаны туруорбута.

Степан Васильев личноска сүгүрүйүү кэмигэр ньүдьү-балай быһыы уонна репрессия сиэртибэтинэн буолбута. 1939 сыллаахха Москваҕа массыынаны өрөмүөннүүр собуокка дириэктэринэн үлэлии сылдьан буржуазнай-националистическай түмсүүнү тэрийиигэ балыллан, Япония үспүйүөнүгэр күтүрүллэн хаайыллар. 1943 сыллаахха алтынньы 26 күнүгэр Коми АССР Нос Кожвинскай оройуонугар Канин диэн бөһүөлэккэ (билиҥҥинэн Печора куорат) политсыылынайдар лааҕырдарыгар өлбүтэ.

 

Степан Васильев дьоно-сэргэтэ

Степан Васильев 1896 сыл бүтүүтэ Дьаҕааһын дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ Дарья Тимофеевна Тобук кыыһа Даарыйа диэн аатынан биллэрэ. Степан үс эрэ саастааҕар Даарыйа сырдык тыына сэллик ыарыыттан быстыбыта. Икки быыкаа оҕолоох, сүүрбэччэ сүөһүлээх хаалбыт Дьаҕааһын Баһылай күн сириттэн күрэммит ойоҕун тастыҥ балтыгар 16 саастаах Куҥ Захар кыыһыгар Парасковья Захаровна Анисимоваҕа суорумньулаһар. Эдэркээн Бороскуо ол этиигэ сөбүлэһэр уонна Даарыйа оҕолоругар тапталлаах ийэ буолар. Кинилэргэ өссө үс сурдьуну уонна икки балыһы бэлэхтиир. Дьаҕааһын Баһылай Ньурбаҕа киирэн Сиэҥкэ диэн атыыһыттан араас табаары иэс суруйтаран таһаарбыт. Күһүн онтун кытарах биэнэн төлөөбүт. Сиэҥкэ атыыһыт ону мыыммыт уонна нэһилиэк кинээһин ыстаарыһатын Дьаҕааһын сүөһүтүн тутан ылыахха диэн тылыгар киллэрбит. Тоҕо кэлбиттэрин билэн баран Бороскуо ийэтин кытары күрдьэх үрдүгэр түспүттэр уонна төттөрү үтүрүйбүттэр. Онно 5 саастаах Степан Васильев эмиэ баар эбит. Сирэйдэрэ-харахтара кытаанаҕыттан чаҕыйан, Сиэҥкэлээх төттөрү тэскилээбиттэр. Ол кэннэ уокуруктааҕы суут быһаарыытынан, эбэлэрин 7 сууккаҕа, Балыыҥка Иннокентийы 13 сууккаҕа хаайбыттар. Кыра оҕолоох Бороскуону кэнники ыҥырбыттар. Бороскуо олус муударай, сахалыы дириҥ толкуйдаах, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх эбит. Ис иһиттэн чэбэрин, аһылыга минньигэһин, сүөһүтэ төрөлкөйүн, хайдах эрэ айылҕаттан айдарыылаах курдук диэн ахталлар. Сайын аайы Бөтүрүөп таҥара күнүгэр эмтээх оттору хомуйан оҕолорун эмтиир эбит.

Степан Васильевы хаайбыттарын кэннэ Бороскуо сиэнигэр муҥатыйаахтыыр эбит. Бороскуо баҕа санаата туолбута. Иннокентий Васильев – Соччо Киэсэ аармыйаҕа барбытын кэннэ Бороскуо сиэнэ Маарыйалыын уонна биир тыла, кулгааҕа суох эмээхсинниин эрэ хаалбыттар. Ыарахан олоҕу олорбуттар. Бороскуо күнү быһа колхуоска сиэрпэнэн хотуур кыайан ылбатах күрүө-хаһаа аттынааҕы оту быһар эбит. Соччо Киэсэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрииттэн тыыннаах эргиллэн, 10 оҕоломмута. Бороскуо төһө да үөрэҕэ суоҕун иһин өйдүүрэ дириҥэ, кэпсэтэрэ дуоспуруннааҕа, ис иһиттэн сахалыы култууралааҕа диэн сиэнэ Мария Федоровна ахтар.

Ити курдук төһө да быстыаҥкатык олордоллор, Дьаҕааһын Баһылай уонна Бороскуо уолларын Степаны үөрэттэрбиттэрэ. Кэнники Дьаакып Боппуоп көмөтүнэн, амарах дьонтон харчы хомуйан, кинини Дьокуускайга учуутал семинариятыгар үөрэххэ ыыппыттара. Степан Васильев быыс буллар эрэ дьонугар сурук суруйар, кэһии ыытар эбит. Суруктарыгар хайаан даҕаны «тапталлаах ийэм, күндү киһим» диэн тыллары туттар эбит.

Саха норуотун улуу уола Степан Васильев ити икки ийэтин Даарыйа уонна Бороскуо оҕолоро киэҥ аймах буола хаҥаабыттара. Үгүс сыдьааннара билигин Ньурба Маалыкайыгар эрэ буолбакка, аан дойду араас муннугар олороллор. Өбүгэлэрин сырдык ааттарын куруутун үтүөнэн эрэ ааттата уонна ахта сылдьаллар.

Саха сиригэр саҥа олох сайдыытыгар күүһүн харыстаабакка үлэлээбит, кырыымчык, кыһалҕалаах кэмҥэ сэдэх идэни баһылаан үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо үйэтитиллиэхтээх. Арай кини политическай репрессия ыар тыыныгар хабыллыбатаҕа буоллар, төһөлөөх үтүө дьыаланы, саха норуотугар ааҕан сиппэт өҥөнү оҥоруо, түҥкэтэх саханы үөрэхтииргэ күүскэ үлэлиэ этэй дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...