16.10.2022 | 13:00

Саха геолога

Саха геолога
Ааптар: Константин Стручков, ХИФУ доцена
Бөлөххө киир

Норуот суруйааччыта, геолог В.Н. Егоров-Тумарча “Саха геолога” диэн саҥа кинигэтин сүрүн дьоруойа (Гаврил Киирикэп), ытыктыыр кэллиэгэбит Николай Дмитриевич Кириллин бэс ыйын 14 күнүгэр кэргэним Г.С. Анисимова үлэтигэр – Геология институтугар киирэн, бэлэх туттаран үөрпүтэ.

Бу кинигэ туһунан Саха сирин айылҕатын харыстааһыҥҥа элбэх сыратын-сылбатын ыытар, харса суох туруулаһар эколог, көхтөөх уопсастыбанньык, геолог Уйбаан Буурсап “Туймаада” хаһыакка (25.08.22) суруйуутун аахтым. Уйбаан Сэмэнэбис “Бастакылар” диэн саха бастакы көлүөнэ үрдүк үөрэхтээх геологтарын  туһунан кинигэтин 2020 сыллаахха таһаарбыта уонна саха геологтарын үлэлэрин-хамнастарын сырдатан суруйарга ыҥырбыта. Кини ол кинигэтигэр Н. Кириллины “туйах хатарааччы” диэн бэргэнник ааттаабыта.

Мин Колялыын СГУ-га сылынан быысаһан (мин – РМ-67, кини – РМ-68 группаларга) үөрэммиппит. Биһиги көлүөнэ уолаттара хара маҥнайгыттан геолог күүстээх санаалаах, бэйэтин көмүскэнэр кыахтаах, сындалыйбат сындааһыннаах буолуохтаах диэн санаанан салайтаран, бокс, көҥүл тустуу, самбо курдук күөн көрсүһүү көрүҥнэринэн дьарыктаммыппыт. Мин бастакы кууруска «Спартакка” Николай Волковка – көҥүл тустууга, иккис кууруска “Динамоҕа” Борис Айкаровка – самбоҕа, үһүс кууруска университекка Сергей Ларионовка боксаҕа эрчиллибитим. Спорт туһатын, тулуурдаах, дьулуурдаах, ыарахантан чаҕыйбат буоларга, олоххо элбэҕи ситиһэргэ көмөлөһөрүн билэбин. Билигин көрдөххө, боксанан утумнаахтык дьарыктаммыт уолаттарбыт ордук улахан ситиһиилэммиттэр эбит.

Ол курдук, Руслан Протопопов – “Вьюн” көмүстээх сири арыйааччы, үтүөлээх геолог, геология билимин хандьытаата, Аркадий Андреев “Манчаары” кимберлит туруупкатын булууга улахан өҥөлөөх, 70-нун лаппа аастар да, хонуу үлэтиттэн тахса илик, үтүөлээх геолог, Николай – үтүөлээх геолог, геология билимин хандьыдаата, бырабыыталыстыба таһымыгар тиийэ салайааччы, Виталий Филиппов – геология билимин дуоктара, РНА Сибиирдээҕи салаатын Бочуоттаах бэтэрээнэ,  “Тыал күүһүнэн үөскээбит туһалаах баайдаах сирдэр” диэн геологияҕа саҥа хайысха ааптара, 20-тэн тахса булан таһаарыы патеннаах улахан учуонай. Университет чемпионаттарыгар Коля боксаҕа биир сүрүн утарсааччыта, физмакка үөрэммит нуучча уола Виктор Бескрованов алмаас кристалларын чинчийэн, геология-минералогия билимин дуоктара. Кинилэр бэрт эрийсиилээх киирсиилэригэр Колябытыгар ыалдьан ыһыы-хаһыы бөҕөтө түһэрэрбит. Устудьуон кэмнэргэ Коля атын куурус уонна уопсайга олорботох буолан, чугастык алтыспатахпыт.

Николай Дмитриевич хаҕыс тыаллаах, дьалхааннаах, геологияны “тобуктаппыт” 90-с ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар Бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев хамаандатыгар киирэн, Госкомгеология тэриллиитигэр, сир баайын чинчийиигэ-үөрэтиигэ, хостооһуҥҥа федераллардыын саҥа сыһыаннаһыылар, сокуоннар үөскээһиннэригэр кыаҕа баарынан үгүс өрүттээх, киэҥ далааһыннаах өрөспүүбүлүкэ, норуот олоҕо тупсарын туһугар үтүмэн үлэҕэ кыттыбытын бу кинигэттэн биллим, сөрү диэн сөхтүм. 

Кириллин Н.Д.

Госкомгеологияҕа үлэлиир кэмнэригэр сир баайын хостооһуҥҥа хорсун санаалаах, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, ботуруйуоттуу санаалаах «Анаабыр алмаастара” АУО-ны, “Арктик-Капитал” холдины тэрийбит, элбэх саха ыччатын үлэнэн, үрдүк хамнаһынан хааччыйбыт саха чаҕылхай уола Матвей Евсеевы уо.д.а. күүскэ өйөөбүт, көмөлөспүт эбит. Коля саха ыччата бырамыысыланнаска кыттарыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллара, элбэхтэ хаһыакка суруйара. Биир оннук “Сэдьүк оҕонньор буолан бүтүөҕүҥ” диэн ыстатыйатын бэркэ сэҥээрэн аахпытым. “Эдэр саас” хаһыат тэрийбит 15-16 төгүл ыытыллыбыт “СЫП - Саха ыччатын бырамыысыланнаска” бырайыак олоххо киирэригэр төһүү күүс буолбут, күүскэ өйөөбүт – эмиэ кини.

Николай Дмитриевич көҕүлээһининэн, салайыытынан, өйөөбүлүнэн тэриллибит, толоруллубут 3 тэрээһиҥҥэ кыттыспыппын сырдатарга санаатым.   

Бастакытынан, 2005 сыллаахха оскуола оҕолоругар, учууталларга анаан “Геология” диэн 2 томнаах үөрэх босуобуйата бэлэмнэммитэ. Бастакы томун мин бииргэ үөрэммит доҕотторбун геология факультетын профессора М.Л. Мельцери уонна доцена В.Н. Руковиһы кытта суруйбуппут. Бу том 1500 ахсаанынан “Сайдам” кинигэ кыһатыгар тахсыбыта. Иккис томун эмиэ биһиги кэллиэгэлэрбит оҥорбуттара. Кинигэ суруллуутугар, бэчээттэниитигэр, үбүлээһинигэр, улуустарга, оскуолаларга тарҕаныытыгар Николай Дмитриевич ГРФ профессора В.Ф. Уаровтыын үгүс сыраларын ыыппыттара, өссө 2008 сыллаахха иккиһин бэчээттэнэрин ситиспиттэрэ.

Иккиһинэн, 2006 сыл кулун тутар 30 күнүгэр геологоразведочнай факультет устудьуоннара, үлэһиттэрэ В.Н. Егоров-Тумарчаны кытта көрсүһүүнү тэрийбиппит. Суруйааччы “Таптал уонна мөккүөр” саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолбута, айымньыларын быыстапката туруоруллубута. Көрсүһүүнү Николай Дмитриевич үүннээн-тэһииннээн ыыппыта. Сүрүн дакылааты Д.Е. Васильева оҥорбута. Тэрээһиҥҥэ Суруйааччы сойууһуттан Н.Е. Винокуров-Урсун, “Бичиктэн” – В. Луковцев, геологтар В.А. Ян-Жин-шин, Р.И. Протопопов, профессор К.Г. Башарин, В.С. Яковлев-Далан огдообото Я.В. Яковлева кыттыбыттара.

Үсүһүнэн, 2009 сыл сааһыгар сахаҕа умнуллубат Виталий Тимофеевич Андросов бырайыагынан Саха сиригэр үрдүк үөрэх аһыллыбыта 75 сылыгар анаммыт СГУ тэрийбит массыынанан айанын өйөөбүтэ, көмөлөспүтэ. Айаммыт салайааччытынан – Виталий, кини солбуйааччытынан мин сылдьыбыппыт. Автопробег олунньу 28 күнүгэр саҕаламмыта, кулун тутар 5 күнүгэр ситиһиилээхтик түмүктэммитэ. Манна Саха судаарыстыбаннай университетын 10 үлэһитэ уонна 6 устудьуона кыттыбыта. Автопробегпыт: Дьокуускай – Мэҥэ Хаҥалас – Чурапчы – Таатта – Уус Маайа – Алдан – Нерюнгри – Хаҥалас сирдэринэн барбыта. Сылдьыбыт нэһилиэкпит аайы олохтоохтору, Чурапчы, Ытык Күөл, Харбалаах, Чычымах, Уус Маайа, Петропавловскай, Кутана оскуолаларын үөрэнээччилэрин, учууталларын, Чурапчытааҕы спорт институтун, Нерюнгритааҕы техническэй институт, Алданнааҕы политехническэй колледж устудьуоннарын, СГУ выпускниктарын кытта көрсүһүүлэри тэрийбиппит.

Онно саха дьоно Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиитигэр улахан өҥөлөөхтөрүн, М.К. Аммосов Саха сиригэр бырамыысыланнас сайдыытыгар тус оруолун, Алдаҥҥа көмүс хостооһунугар улахан кылааттарын киллэрбит сахаттан бастакы хайа инженердэрэ, геологтара: “Алданзолото” ПЭУ салайааччыта П.Г. Габышев, “Алданзолото” трест кылаабынай инженерэ И.П. Лебедкин, “Алданзолото” трест Лебединэй фабрикатын начаалынньыга Н.Г. Рысаков, “Алданзолотоснаб” салайааччыта А.Д. Попов олохторун, Саха сирин билиҥҥи геологтарын уонна горняктарын сыралаах үлэлэрин, сахалар БАМ уонна АЯМ тутуутугар кыттыыларын туһунан сиһилии кэпсээбиппит. Устудьуоннарбыт оҕолорго бэйэлэрин институттарыгар, факультеттарыгар ханнык идэлэргэ үөрэтэллэрин, быйыл үөрэххэ киириигэ ханнык эксээмэннэри туттарыахтаахтарын, үөрэххэ киирии быраабылаларын, устудьуоннар олохторун туһунан сырдаппыттара, илдьэ кэлбит профориентационнай матырыйаалларын түҥэппиттэрэ.

Николай Дмитриевич тус үлэтин таһынан саха уопсастыбаннаһын бас-көс киһитэ И.И. Шамаев чугас көмөлөһөөччүтэ, доҕоро, өрөспүүбүлүкэ олоҕор, норуот дьылҕатыгар ураты суолталаах боппуруостары туруулаһыыга кини хаһан да туора турбат, мэлдьи инники кэккэҕэ сылдьар.

Тумарча саҥа кинигэтигэр Киирикэп төрөппүттэрин, аймахтарын, оскуолаҕа, университекка үөрэппит учууталларын, бииргэ үөрэммит доҕотторун, үлэлээбит, алтыспыт кэллиэгэлэрин ааттарын уларыппакка баарынан киллэрбитэ кэрэхсэбиллээх. Олохтон туораабыт үөрэппит учууталларбын, бииргэ үөрэммит атастарбын, билсибит, истибит ытыктыыр кэллиэгэлэрбин тыыннаах бэйэлэрин көрсүбүт, кэпсэппит кэриэтэ санаатым, сырдык мөссүөннэрин көрөн долгуйдум, олоххо буолбут дьиҥнээх чахчыларга, докумуоннарга олоҕурбут уус-уран айымньыттан астынным. Махтал норуот суруйааччытыгар Тумарчаҕа – саха геологтарыгар айбыт үйэлээх өйдөбүнньүгүн иһин!

Биһиги көлүөнэ саха геологтара тапталлаах Сахабыт сирэ, бар дьоммут туһа диэн бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит, кини баайын-дуолун хаҥатыспыт сэмэй, үлэһит дьонноохпут диир кыахтаахпыт. Биир оннук, тумус туттар, бары өттүнэн таһыччы үрдүк таһымнаах киһинэн Николай Дмитриевич Кириллини ааттыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...