03.12.2023 | 12:00

«Саха дьахтар таҥаралаах»

«Саха дьахтар таҥаралаах»
Ааптар: Бэчээккэ бэлэмнээтэ Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

«Саха – дьахтар таҥаралаах» дииллэр. Чахчыта даҕаны, дьиэни-уоту иччилээн олорор, дьонун аһатан-таҥыннаран этэҥҥэ буолалларын хааччыйар дьиэ иһигэр – ыал ийэтэ.

Оччоттон баччаҕа тиийэ итинник дьоһун ийэлэр, ытык-мааны дьахталлар тустарынан норуот номоҕор кэпсэнэр. Дьаһаллаах, уустуктарга бэриммэт мындыр быһаарыылаах, асчыт ааттааҕа, иис имигэһэ буолан дьонун-сэргэтин күүстээх үлэтин, күннээҕи олоҕун чэпчэтэн иннин диэки дьулуруйар дьахтары ытыктаан, махтанан, сахалар барахсаттар таҥараҕа тэҥниир  буоллахтара.

Оннук туруу үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ, туппута-дьаһайбыта барыта олохтоох киһинэн биир дойдулаахпыт Мария Николаевна Спиридонова буолар дии саныыбын.

Мария Николаевна орто дойдуга 1948 сыллаахха балаҕан ыйын 10 күнүгэр Чуукаар нэһилиэгэр колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ эрэйдээх, колхуос ыарахан үлэтигэр эриллибит, сэрии аас-туор олоҕуттан кыаммат буолан, Өлөөн Дьэлиҥдэтиттэн таайа Петр Семенович Софронов кэлэ сылдьан: “Машаны биһиэхэ ыытан үөрэттэр, доҕор буолуо”,– диэн көрдөөбүтүгэр, 3 кылааһы бүтэрбит кыысчаанын биэрэн ыыппыта.

Кыысчаан 8 кылааһы бүтэрэн баран: "Дойдубун көрүөхпүн баҕарабын",– диэн тылланан, таайыныын Ньурбаҕа кэлэллэр. Бу сыллар тухары курдаттыы дойдутун ахта сылдьыбыт оҕо барахсан кэлэн эдьиийигэр: "Аны Ньурбаттан ханна даҕаны барбаппын, манна хаалабын",– диэн кытаанахтык туруорсар. Ол курдук, Маша төрөөбүт Чуукаарыгар үөрэнэ хаалар. Хайа даҕаны ыарахан үлэттэн саллыбат кыысчаан оскуолаҕа сылдьан колхуос бары үлэтигэр дьонун кытта бииргэ сылдьыһара. Онус кылааһы бүтэрэр сылыгар Комсомол райкома кинини от үлэтигэр күүстээх үлэтин иһин грамотанан наҕараадалаабыта. Бу грамота кини дьоһун үлэтин, олоҕун бастакы үрдүк билиниитэ буолбута.

Оскуоланы бүтэрэр сылыгар ол саҕанааҕы «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыыны өйөөн, Мария Степан Васильев аатынан сопхуос Чуукаардааҕы отделениетыгар оробуочайынан түөрт сыл үлэлээбитэ. Ийэтэ Марияны 36-гар оҕоломмута, онон, сааһыран эрэр дьонугар көмө буолаары, ыраах тэлэһийбэтэҕэ, ийэтигэр, быраатын, балыстарын иитиигэ тутаах киһи буолбута.

1972 сыллаахха хотуу үлэһит кыыһы арыы маастарын куурсугар үөрэххэ ыыталлар. Онтон ыла Мария Спиридонова 20 сыл устата арыы сыаҕар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, сахалыы мааны да, күннээҕи даҕаны аһы, минньигэһин ааһан, бары ирдэбили тутуһан астыыр сатабыллаах маастар буола үүммүтэ.

Эт-үүт кэмбинээтигэр үлэлиир көхтөөх комсомолка, салгыы партия чилиэнэ кыыс нэһилиэк олоҕор кыттара, биир дойдулаахтара аҕыйах эрээри дьоһун тыллааҕын-өстөөҕүн иһин өйүүллэрэ. Оттон комсомол райкома Марияны Саха сирин бары улуустарыттан бастыҥ ыччаты кытта Москваҕа күүлэйдии тэрийэн ыыппыта. 35 саха ыччатын сөмөлүөттэн түһээттэрин кытта тута ГАИ массыыналарынан арыаллаан, олорор сирдэригэр тириэрдэн, куоракка араас  өйдөбүнньүк, кэрэ сирдэринэн илдьэ сылдьыбыттара. Ол кини олоҕун биир умнуллубат үтүө өйдөбүлэ буолан сылдьар.

1972 сыллаахха Мария Спиридонова олоҕун аргыһа Михаил Баттаховы көрсөн, ыал буолаллар. Улан-Удэтээҕи орто тэхиньиичэскэй үөрэҕи бүтэрбит Михаилы Ньурбатааҕы эт кэмбинээтигэр старшай инженеринэн анаабыттара. Онон эдэр ыал бастаан Ньурбаҕа олохсуйбуттара.

Икки таптаһар сүрэхтэр, ону ааһан биир идэлээх, биир интэриэстээх буоланнар, биирдэ ар-бур дэһиспэккэ, эйэ-дэмнээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Мария түргэн туттунуулаах, быһаарыныылаах буоллаҕына, Михаила налыччы, холку майгылааҕа, оннук бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэллэрэ.

Мария Николаевнаны дьоҥҥо сыһыанын, үлэҕэ эппиэтинэһин иһин оройуон дьокутааттарын сэбиэтигэр талбыттара. Аһыныгас, биир тыллаах, эппитин толорон баран тэйэр дьокутаат, дьахталлар уонна төрөппүттэр сэбиэттэрин чилиэнэ кыаммат-түгэммэт ыалга, кытаанах дьылҕалаах оҕолорго үгүстүк мындыр сүбэһит буолбута.

Онтон Мария төрөппүттэрэ ыалдьыбыттарыгар, эдэр ыал уолаттарын көтөхпүтүнэн, Чуукаарга көһөр буолбуттара, дьиэ туттан олохсуйа хаалбыттара. Михаил Петрович «Чуукаар» сопхуоска кылаабынай инженеринэн, дириэктэри солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Мария оҕо садыгар үлэлиирэ, быыһыгар оҕолорун оскуолатааҕы түбүктэринэн, төрөппүт кэмитиэтин, нэһилиэк дьокутааттарын сэбиэтин соругунан дьарыктанан, тыа ыалын сиэринэн бур-буруо унаарытан испиттэрэ.

1984 сыл кинилэр олохторугар эмиэ хамсааһыны таһаарбыта – Михаил Петровиһы Ньурбаҕа эт-үүт кэмбинээтигэр дириэктэринэн саҥа ананан кэлбит бүрээт уола Борис Андреевич Болдохонов үлэҕэ ыҥырбыта.

Мария Ньурбаҕа оччолорго ааттаах-суоллаах, биллэр-көстөр үлэлээх Ленин уордьаннаах Ньурба арыылыыр собуотугар Мария Васильевна Николаевалыын лабораннаан, онтон кини кэнниттэн кылаабынай маастарынан үлэлээбитэ.

Уустук 90-с сылларга Ньурбаҕа астыыр-үөллүүр салаа симэлийбэккэ, төттөрүтүн, үрдүк ситиһиилээхтик сайдарын ситиспит кэргэнин Мария Николаевна баар кыаҕынан күүскэ өйүүрэ. Үүт аһы астыыр сыах куруутун ситиһиилээх буолара. Ити сылларга хайа да кэмнээҕэр үгүс үүт ас астанан, эт соҕотуопкаланан атыыга тахсара. Ньурбалар кэмбинээттэрин этэ-үүтэ Бүлүү улуустарынан атыыга киэҥник тарҕанар этэ. Онон ити улахан ситиһиигэ кэргэннии Михаил Петрович уонна Мария Николаевна тус кылааттара баарын ити эйгэҕэ үлэлээбит биир дойдулаахтара билэллэр, үрдүктүк сыаналыыллар.

Дьаһаллаах, быһаарыылаах Мария Николаевнаны оройуон сэбиэтин иһинэн оҕо, дьиэ кэргэн салаатыгар исписэлииһинэн ыҥырбыттара. Онтон кэлин эмиэ ити эйгэҕэ куорат дьаһалтатыгар социальнай харалта салаатыгар ис дууһатын, санаатын ууран үлэлээбитэ.

Кэргэнин доруобуйатынан Дьокуускайга кэлэн олохсуйаннар, Михаил Петрович сүрэҕэр 5 уустук эпэрээссийэни ааспыта. Мария Николаевна кэргэнин олоҕун укулаатын, аһыыр аһын илиитигэр бигэтик ылан, көрөн-харайан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыта. Атаҕар туран эрэр үс уоллаах, ыарытыйар кэргэннээх киһи үлэҕэ олуһун наадыйара.

Ити сыл СӨ бочуоттаах олохтооҕо, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба, Муома, Горнай улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин иһин Норуоттар доҕордоһуулара, икки төгүл Бочуот знага уордьаннаах Варвара Андреевна Петрова Ньурба улууһугар баһылыгынан талыллыбыта. Варвара Андреевна таһымнаах, эппиэтинэстээх Мария Николаевнаны Дьокуускайга тэрийбит Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэҕэ ыҥырбыта. Онон Николай Иванович Наумов салайааччылаах Ойуунускай уулуссатыгар турар бэрэстэбиитэлистибэ үлэтин атаҕар туруоран, улуус туһа диэн сүүрэн-көтөн үлэлээн барбыттара. Николай Иванович соторунан уурайан хаалбытын кэнниттэн Мария Николаевна 8 сылы быһа соҕотоҕун Ньурба курдук киэҥ далааһыннаах үлэлээх улуус бэрэстэбиитэлинэн уһуннук үлэлээбитэ. Варвара Андреевна курдук номох буолбут салайааччы ирдэбилигэр толору эппиэттээн, сорудаҕын барытын эҥкилэ суох толорор, ситэрэр буолан, чиэстээхтик сырыттаҕа.

Мария Николаевна баһылыгын Варвара Андреевнаны кытта улуус бэрэстэбиитэлин быһыытынан араас тэрилтэлэринэн, министиэристибэлэринэн, АЛРОСА хампаанньаҕа сылдьыһан, оройуон сайдыытыгар боччумнаах, сүдү суолталаах боппуруостары быһаарар кэмнэригэр эрэллээх көмөлөһөөччү этэ. Төрөөбүт улууһун туһугар утуйар уутун, сытар сынньалаҥын умнан туран үлэлэспитэ.

2003 сылтан бэттэх Мария Николаевна, эмиэ Варвара Андреевна Петрова мэктиэтинэн уонна сүбэтинэн, Ил Түмэн курдук сүдү суолталаах тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитэ. Варвара Андреевна: “Ил Түмэҥҥэ үлэҕэ киир”,– диэн этиитин истэн бараммын долгуйан биэс күн утуйбатаҕым. Онтон, санаабын сааһыланан, толкуйданан, сөбүлэспитим. Онон 15 сыл Ил Түмэҥҥэ үлэлээбитим тухары Варвара Андреевна аатын түһэн биэрбэтэҕим",– диэн кэпсиир Мария Николаевна.

Бу ураты улахан эппиэтинэстээх судаарыстыбаннай уоргаҥҥа исписэлиис быһыытынан Мария Николаевна Спиридонова үтүө суобастаахтык үлэлээбитин элбэх Махтал сурук, наҕараада кэрэһилиир.

Бүтүн Саха сириттэн ыҥырыллыбыт дьокутааттар таһаарыылаахтык үлэлииллэрин, айаннарын-сырыыларын хааччыйар сыалтан төһөлөөх элбэх тэрилтэни, министиэристибэни, олохтоох дьаһалталары уо.д.а. кытта сибээһи олохтуур наадатын сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Мариялаах бииргэ төрөөбүт бэһиэ этилэр. Бырааттаах балта олохтон эрдэ бараахтаабыттар. Кыра балта Татьяна уонна Раиса Чуукаар сопхуоска буҕаалтырдаабыттара. Татьяна ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан барбыта сыл буолла. Балта Раисалыын иккиэйэх хаалан, өрүү бииргэ сылдьаллар, ыарахан кэмнэригэр өйөһөн, үөрүүлээх түгэннэрин тэҥҥэ үллэстэн олороллор. Раиса эдьиийин оҕолорун, сиэннэрин көрсөн, саамай чугас тапталлаах эдьиийдэрэ. "Үлэҕэ маннык бэринэн сылдьыбыппар таптыыр кэргэммэр Михаилга, балтыбар Раисаҕа махталлаахпын. Михаилым аҕа быһыытынан уолаттарын бэйэтигэр чугас тутара. Улаханнык ыарытыйар да буоллар, дьиэ ис-тас үлэтин, даачаны көрүүнү-харайыыны барытын бэйэтэ дьаһайара. Дьиэ кэргэним эрэллээх илиигэ баар диэммин бигэтик сылдьарым,  кини миигин кэргэн, дьахтар быһыытынан өйөөн-убаан илдьэ сылдьыбыта. Ыалдьан дьиэтигэр олорон, сарсыарда үлэбэр барарбар соммун кэтэрдэн истиҥник атаарара, үлэбиттэн кэлэрбэр үөрэ-көтө көрсөрө. Наһаа хойутаатахпына, үлэбэр тиийэн массыынанан кэтэһэн олорон, илдьэ кэлэрэ. Ол курдук үчүгэй кэргэҥҥэ түбэспит дьоллоох дьахтарбын»,– диэн тапталлаах кэргэнин иһирэхтик ахтар Мария Николаевна.

Мария Николаевна уонна Раиса Дмитриевна төһө да бочуоттаах  сынньалаҥҥа олордоллор, араас улуустартан түмсэр өрөспүүбүлүкэтээҕи "Эйгэ" уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрэ. Мария Николаевна ньурбалар түмсүүлэрин биир көхтөөх кыттыылааҕа. Хаһыаты, кинигэни олус сөбүлээн ааҕар. Дьокуускайга олорор биир саастыылаах аҕа дьонун кытта сибээһи быспакка сонун-нуомас кэпсээн, хаһыат-сурунаал ааҕан иһитиннэрэр.

Кыра сааһыттан үлэ куттаах улааппыт буолан, ханна да үлэлээбитин иһин,  үлэттэн дуоһуйууну ылар. Нэһилиэнньэ ортотугар, үлэлиир кэлэктиибигэр ыытыллар уопсастыбаннай үлэни үксүгэр тэрийээччи уонна салайааччы буолан, ис-иһиттэн истиҥ-эйэҕэс иэйиилээх, сылааһынан сыдьаайар үтүө майгытынан өрүү  кэрэхсэнэр. Кэргэн уонна ийэ быһыытынан алла сылдьар астаах хаһаайка быһыытынан биллэр. Сирдээҕи олоххо аналын чиэстээхтик толорон – ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн, дьон-сэргэ ортотугар сылдьан, үтүө суобастаахтык үлэлээн, дьонугар-сэргэтигэр көмө, бигэ тирэх буолан, бииргэ үлэлээбит дьонун дириҥ ытыктабылын ылар. Мария Николаевна Спиридонова коммунистическай үлэ уонна пятилетка ударнига, дьоһун-маастар, СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна.

Уолаттара улаатаннар, үөрэхтэнэн, идэлэнэн, ыал буолан, минньигэс  сиэннэри бэлэхтээн, ийэлэрин үөрдэллэр. “Киһи оҕотунан сылдьар” дииллэрэ чахчы. Ийэ, эбээ быһыытынан Мария Николаевна оҕолоро, сиэннэрэ кэллэхтэринэ, ураты минньигэс аһынан күндүлээн көрсөр, күндүттэн күндү дьоннорун көрөн сүргэтэ көтөҕүллэр, санаата көнньүөрэр. Оҕолорун, сиэннэрин тапталларынан угуттанан, ситиһиилэриттэн астынан, өйөбүллэриттэн дуоһуйан, оҕолорун бэлэмигэр олорорун дьолунан ааҕынар. Хас биирдии күн үөрүүлээх сонуна 

Кэһии курдук кэрэтийэн,

Киирэн кэллин дьиэҕитигэр!

Күлүм үөрүү аргыстаах

Күүһү саҕар эрэл

Баар буоллун эһиэхэ!

Санааҕытын көтөҕөн,

Сэргэх сэһэн дэлэйдин,

Сирдээҕи олох кэрэтэ

Симэх буолан киэргэттин!–диэн баҕа санаанан түмүктүүбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...