Саха цииркэтин эдэр артыыһа Роман Романов
— Роман, цииркэ аптаах эйгэтигэр хаһан кэлбиккиний, уһаарыллыы хайдах ааспытай?
— Цииркэ эйгэтигэр 10 саастаахпар, 2003 с. сүүмэрдээһини ааһан киирбитим. Кыра эрдэхпиттэн акробатиканы сэҥээрэр буолан, Брюс Ли, Джеки Чан оонньуур киинэлэрин интэриэһиргээн көрөрүм. Төһө даҕаны оччолорго анал дьарыкка сылдьыбатарбын, үҥкүүнэн дьарыктанар эдьиийдээх убайбын үтүктэн, шпагат түһэргэ, кольцо оҥорорго үөрэммитим.
Биир күн ийэм Цииркэ дьиэтигэр кастиҥҥа аҕалбыта. Ити кэмҥэ бастакы бөлөх Кытайга үөрэнэ сылдьар этэ. Ол оҕолор сайын дойдуларыгар кэлэн кэнсиэр көрдөрдөхтөрүнэ, ийэм булгуччу онно сырытыннарара. Ол саҕана тэлэбиисэринэн даҕаны Кытайга үөрэнэ сылдьар саха оҕолорун көрдөрдөхтөрүнэ, ымсыырар буоларым. Ити сылдьан «Кинилэр курдук буолуоххун баҕараҕын дуо?” диэн ыйытыы турбутугар, кастиҥҥа барбытым. Оччолорго саҥа цииркэбит тутулла илигэ, Автовокзал оройуонугар эргэ цииркэҕэ тиийбиппит. Арай, үллэҥнэс киһи, 400-тэн тахса оҕо мустубут. Син уҥа-хаҥас бырахсан иһэн бүтэһик түһүмэҕи сатаан ааспатаҕым. Эһиилигэр эмиэ кастинг буолар диэтилэр. Иһиттим-истибэтим диэтим да, туох баар харса суохпун киллэрэн, иккистээн тиийдим. Хата, тургутуулары этэҥҥэ ааһан, талыллан, сэттэ оҕо буолан Кытайга үөрэнэ барар чиэскэ тиксибиппит.
— Уопсайа хас сыл үөрэнниҥ?
— Аҕыс сыл үөрэммитим. Биһиги бөлөхпүт үс потогунан кэлбитэ. Уопсайа сүүрбэ оҕо буолан үөрэммиппит. Бастаан тиийбиттэри «основаҕа” – илиигэ турарга үөрэтэллэр, элбэх чааһы акробатикаҕа аныыллар. Иккис-үһүс сылларгар быһыыгын-таһааҕын учуоттаан, сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруутуттан көрөн, ханнык нүөмэргэ барсаргын быһаараллар, наардыыллар.
Биһиэнэ бөлөҕүнэн толоруллар нүөмэр этэ. Мин итини сэргэ жонглированиенан дьарыктаммытым.
Бастакы сылбар син ыарахан соҕус этэ. Кытайдыы эрэ саҥарар тренердэр, кытай аһа-үөлэ, култуурата, менталитета барыта уустук, киһи атыҥырыыр курдуга. Кэлин аска үөрэнэн, тылы өйдүүр буолан, үөрэх чэпчэкитик киирэр буолбута.
— 10 саастаах оҕо кырата бэрт дии... ыллыҥ даҕаны баран хааллыҥ дуо?
— Оччолорго баҕа санаам улахана бэрт буоллаҕа. Бэйэм дьаныһан, туруулаһан туран барбыт киһи барытын тулуйарга тиийдэҕим.
— Режим даҕаны кытаанах буолуохтаах.
— Сарсыарда алтаҕа турабыт, сэрээккэлиибит, онтон былаах көтөҕөр этибит. Күн аайы дьарык. Нэдиэлэҕэ иккитэ оскуола үөрэҕин барабыт – математика, нуучча тыла, уоннааҕыта барыта дьарык. Сарсыарда алтаттан саҕалаан киэһэ аҕыска биирдэ бүтэбит.
— Улуу Кытай эйиэхэ киһи буолан тахсаргар тугу биэрдэ?
— Кытай норуота сүрдээх үлэһит уонна олус кытаанах дьиссипилиинэлээх. Онон мин кинилэртэн тулуурдаах буоларга үөрэммитим буолуо. Дьоммутуттан ыраах сылдьар буолан, кыра эрдэхпититтэн бэйэбитин көрүнэ, харчыны да сатаан тутта үөрэннэхпит. Саамай киэн туттарым – ханнык да үлэттэн чаҕыйбат буоларга үөрэммитим.
— Өйдөөх эрэ киһи жонглердуур дииллэр, оннук дуо?
— Оннук буолбата ини. Мин санаабар, ким баҕарар сатыан сөп. Бэйэм оҕолорго маастар-кылаастары ыытабын, үчүгэйдик дьарыктаммыт оҕолор баара суоҕа биир чааһынан номнуо сатыыр буолаллар.
— Бука, үлэҥ чэрчитинэн аан дойду араас муннугун көрдөҕүҥ.
— Буолуон сөп. Кэмиттэн кэмигэр араас күрэхтэһиилэр, бэстибээллэр ыытыллаллар. Сахабыт цииркэтин аатыттан Испанияҕа, Казахстаҥҥа, Венгрияҕа ыытыллыбыт бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кыттан турардаахпыт. Бэйэбит цииркэбитигэр «Мамонтенок” диэн бэстибээллээхпит.
— Цииркэ артыыһын идэтин талыан баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Цииркэ артыыһа буоларга олус күүстээх баҕа наада.
— Үлэҥ таһынан эбии дьарыктааххын дуо?
— М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га региональнай культурологияны үөрэтэбин. Иллэҥ кэммэр футболлуубун, хабылык оонньуурбун сөбүлүүбүн. Спорт салаатыгар тиһиктээхтик сылдьар цииркэ артыыстара элбэхтэр. Хапсаҕайга, футболга, остуол оонньууларыгар дьарыктаналлар, маастар нуорматын да толорбуттар бааллар. Мин сахалыы остуол оонньууларынан – хабылык, хаамыска – дьарыктанан эрэбин. Бу күннэргэ Аллара Бэстээххэ бастакы күрэхтэһиим буолла. Уонна оттон, эр киһи, ыал аҕата буоларым быһыытынан, иллэҥ кэммин дьиэ кэргэммэр аныырга кыһаллабын.
— Артыыс быһыытынан бэйэбин толору арыйдым дии саныыгын дуу эбэтэр өссө да эрдэ дуу?
— Мин санаабар, өссө да арылла иликпин. Эдэрбин, онон барыта иннибэр турдаҕа. Инникитин саҥа нүөмэрдэри бэлэмнээн, трюктарбын элбэтэн үлэлиир-хамсыыр сыаллаахпын.
— Кэргэҥҥинээн иккиэн цииркэ артыыстараҕыт дии?
— Оннук. 2014 сыллаахха ыал буолбуппут. Кэргэним эмиэ циркэҕэ артыыһынан үлэлиир. Тапталбытын түстүүр икки сааастаах Роксана диэн кыыс оҕолоохпут.
— Истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын, талбыт идэҕэр саҥа таһымнары, ситиһиилэри баҕарбын.
— Махтал!