28.11.2020 | 08:58

САХАҔА БАСТАКЫ НУМЕРОЛОГ – МАРИАНА ТИМОФЕЕВА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мариана Тимофеева аатын, кини ураты дьарыгын, дьон олоҕун хайдах курдук күүскэ уларытарын истибитим син балайда буолла. Маҥнай ааты уонна араспаанньаны уларытар диэн кэпсээбиттэрэ. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, биир билэр дьахтарым аатын уларытан олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы дьүһүннүүн-бодолуун, саҥалыын-иҥэлиин кытта уларыйар буолаллар эбит. Дьикти! Уу хаһыынан сылдьыбыт дьүөгэм билигин киэҥ-холку, күөх оту тосту үттээбэт  хаһаайкаҕа кубулуйан олорор.

Сыыппаралар биһиги олохпутугар хайдах курдук күүстээхтэрин, ураты оҥоһуулаахтарын бачча сааспар диэри улахаҥҥа уурбат буоларым. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ сотору-сотору 66, 44, 55 курдук сыппаралары элбэхтэ көрөрбүн бэлиэтээтим. Маны билэр сыалтан уонна сыыппаралар таайбараҥнарын арыйан көрөөрү ураты эйгэлээх уйулҕаһыттыын, киһиэхэ аат булан биэрэр Марианалыын кэпсэтиибин таһаарабын.

СЫЫППАРА АПТААХ КИСТЭЛЭҤЭ

– “Киин куорат” ааҕааччылара үтүө күн буолуохтун! Мин нумерологиянан дьарыктаммытым быйыл 21-с сылын туолан, саҥа дьыл кэннэ 22-с сылбар барар.  Сахаларга бастакы нумеролог  буоламмын буолуо, аан бастаан саҕалаан үлэлиирбэр  ыарахаттар бааллар этэ. Ол бириэмэҕэ аат ылбыт дьонум олохторо  номнуо 20-тэн тахса сыллар тухары тосту уларыйда. Үлэлээбит үлэм түмүгүн бэйэм көрө сылдьабын. Наһаа үөрэбин. Үлэм бу сыллар тухары түмүгүн көрдөрдө, сыыппараларым үлэлиир күүстэрин дакаастаатылар  диэммин сыыппараларбар бигэтик эрэнэбин. 

Мин хайдах арыллыбыппын өйдөөбөккө да хаалбытым. Хара маҥнайгыттан сыыппаралары атыннык көрөрүм.

Нумерология диэн наука буолар дуу эбэтэр  мистичэскэй билии дуу?

– Нумерология наука да, мистика да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Иккиэннэрэ буоллаҕа.  Аан дойду бүүс-бүтүннүү сыыппараттан турар диэн халбаҥнаабакка этэбин. Орто туруу дойду олоҕо элбэх дьиктилээҕин курдук сыыппара эмиэ оннук дьиктитик үлэлиир.  Сахалыы эттэххэ, сыыппара бэйэтэ аптаах кистэлэҥэ элбэх. Аан дойду үрдүнэн олох сайдыытын, хаамыытын түмүгэ сыыппара күүһэ буолар.

КИҺИ ОЛОҔОР СУОЛТАТА

– Уруккуттан этэрим курдук, киһи бу орто дойдуга аан бастаан төрөөтөр да чыыһыланан баай буолар. Бириэмэтиттэн, күнүттэн, ыйыттан, сылыттан саҕалаан балаата нүөмэриттэн, балыыһатын нүөмэригэр тиийэ. Ити сыыппаралар таах буолбатахтар, бу оҕоҕо дьылҕа хаан биэриллиитэ диэн өйдүөххэ наада.

Оччотугар сыыппаралары киһи уларытар түгэнигэр, олоҕун, дьылҕатын тосту уларытар кыахтанар. Аны туран сирдээҕи сокуон төрөөбүт сыыппараны уларытары бобор. Онуоха мин  бу киһиэхэ иккис төрөөбүт сыыппараны ааҕан биэрэбин, холобур, киһиэхэ хас да ааты биэрэллэрин курдук иккис төрөөбүт күн сыыппаралара баар. Иккис төрөөбүт сыыппарата сөпкө ааҕыллан бэриллибит буоллаҕына, бу киһи дьылҕата тупсар. Киһи этинэн-хаанынан ылынан, бу эрэ күнү чорботуохтаах.

Оттон ааты, араспаанньаны сокуон уларытарга көҥүл биэрэр буолан, киһи үйэтигэр аатын, араспаанньатын хаста да уларытыан сөп.

Оттон төрөппүтүҥ таптаан биэрбит аатын уларытар хайдаҕый?

– Наада буоллаҕына уларыйар. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэр аат суолтата дьылҕа биэрэрин билбэт буоланнар түбэһиэх ааттыыллар. Оҕолоро дьоллоох буоларыгар хайа ийэ, аҕа баҕарбат буолуой? Үөрэллэр эрэ буоллаҕа, ханна да тиийдэллэр, ол эбэтэр антах да тиийбит түгэннэригэр барытын билэ-көрө сылдьаллар. Оннооҕор дьонноро түүллэригэр киирэн элбэх киһиэхэ ааккын уларыт дииллэр эбит.

ИЧЧИТЭХ, ИНЧЭҔЭЙ ДЬИЭ

Хайдах сыыппаралар тулалыыр эйгэбитигэр, олохпут хаачыстыбатыгар сабыдыаллыылларый? Төлөпүөн, кыбартыыра, уулусса нүөмэрдэрэ, дьиэ этээһэ кытта киһи дьылҕатыгар охсор дуо?

– Охсор бөҕө буоллаҕа дии! Итиннэ манныгы кэпсиирим ордук буолуо. Бу аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускайга КПД дьиэ 4 нүөмэрдээх дьиэтиттэн,  4 подъеһыттан, 4 этээстэн сайын, күрүлүүр күнүс балкон сууллан түспүтэ. Бу 444 нүөмэр үлэлээбит.

Миэхэ күһүн биир улууска олорор дьон дьиэлэрин нүөмэрин көрдөрбүттэрэ. Мин бу дьиэҕэ киһи өлуулээх быһылаан буолуон сөп диэбитим. Ол гынан баран дьиэ хаһаайыттара буолбатах диэбитим. Онуоха биир сылынан оруобуна оннук буолла, туора дьон түүн олбуорбутугар киирэн өлөрсүбүттэр диэн кэлбиттэрэ. Сорох дьиэҕэ соҕотох олоруу сыыппарата баар буолар. Оннук дьиэҕэ кэргэнниилэр арахсаллар. Эбэтэр үксүн соҕотох дьон ылбыт буолаллар.

КИҺИ АРААС ДЬЫЛҔАЛААХ

Куруук 22:22, 14:14 нүөмэри көрөр дьон бааллар. Бу тугу этэрий?

– Хас биирдии киһиэхэ араастаан үлэлиир. Тугу эрэ этээри гыммыт бэлиэлэр буолуохтарын эмиэ сөп. Холобур, лотерея ыла баран иһэр киһиэхэ көстөр буоллаҕына, маннык нүөмэр баар буоллаҕына маны ылаар диэбит курдук бэлиэ биэриэн сөп. Ону хас биирдиитин сатаан ааҕар наада. Ардыгар сэрэтэр бэлиэ буолааччы. Киһи араас дьылҕалаах буолар.

Дьылҕа чыыһылата диэн тугу ааттыыбыт?

– Сорох дьоҥҥо төрөөбүт сыыппаралара үчүгэйи биэриэн сөп, сорохторго куһаҕаны. Сорохторго өссө “нейтральнай” сыыппаралар диэннэр бааллар. Холобур, Филипп Киркоров төрөөбүт күнүгэр ийэтэ өлбүт. Ол аата Киркоровка “нейтральнай” сыыппара буолар. Оччого кини бу күҥҥэ бырааһынньыктыыра кутталлаах.

– “Нейтральнай”өйдөбүлэ элбэх быһыылаах...

– Наһаа үчүгэйи эбэтэр наһаа куһаҕаны аҕалар сыыппара диэн буолар. Маннык боппуруоска кылгастык этэр ыарахан, мин консультация курдук хас биирдии киһини кытта үлэлэһэн биэрэбин.

«ДЬОЛО СУОХ” СЫЫППАРАЛАР ТУГУ КЭПСИИЛЛЭР?

“Дьоло суох” эмиэ бааллар эбит дии, нумерология өттүнэн 666, 999, 13 туох суолталаахтарый?

– Бааллар бөҕө буоллаҕа дии! Дэлэҕэ да, сайдыылаах тас дойдулар бу сыыппаралары олохторугар олох да туттубакка буола сатыахтара дуо. Холобур, маннык нүөмэрдэри балыыһа балаататыгар, этээстэргэ, дьиэлэр нүөмэрдэригэр туттубаттар. Бу сыыппаралар аны хас биирдии киһиэхэ араастаан үлэлииллэр. Эмиэ сөбүлүүр дьоннордоохтор. Сыыппаралар тыыннаах, аптаах курдуктар. Үчүгэйи, элбэҕи биэриэхтэрин эмиэ сөп. Ол иһин хас биирдии киһини кытта тус-туспа үлэлэһэн эрэ этэр кыахтаахпын.

– “Олоҕум соччо үчүгэйэ суох, туох да табыллыбат” диир дьон ааттарын ордук уларыталлара буолуо дуу?

– Оннук буолбатах. Үксүн бүүс-бүтүннүү сахалыы аат ылаары, эбэтэр тас дойдуга олорор дьон бэйэм сахам омугун көрдөрөр сыалтан диэн уларыталлар.  Кыахтаах дьоннор өссө кыаҕыраары ааттарын уларыталлар. Ону ааһан, ыалдьар дьон, соҕотох дьон эмиэ ааттарын сөбүлээбэттэрэ элбэх. Аны түүллэригэр этиттэрии киирэр дьоно бааллар.

ТЫЛ КҮҮҺЭ

«Тыл күүһэ» диэн баар дуо? Эн манна хайдах сыһыаннаһаҕын?

– “Тыл чыычаах буолбатах, көттө да кыайан тутан ылбаккын” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Алҕас да этиллибити бырастыы гыннахпытына да, иһиллибит тыл өйгөр кыайан сүппэт. Ол иһин тылы сэрэнэн туттар куолу. Тыл бэйэтэ эмиэ аптаах диэххэ сөп. Сатаан саҥарар дьол диэхпин баҕарабын. Сорох дьоҥҥо бэйэлэрин тыллара өстөөх буолар. Халтайга “чап» гыннара оонньуу сылдьан былдьаныахтарын, тылларыгар эппиэттиэхтэрин сөп.

Айылҕаҕа көстүбэт чараас эйгэ эмиэ кулгаахтаах, сыыһаны иһиттэҕинэ бырастыы гыммат. Сорох дьон оҕолорун мөҕөөрү маатыралыыллар, эбэтэр куһаҕан киһи буолуоҥ диэн быһа саҥаран кэбиһэллэр.  Оччотугар чугас, таптыыр, аймах дьонтон этиллибит тыл өссө күүскэ кырыыс курдук үлэлиир. Ону таһынан хаһыынан иитиллибит оҕолор кэлин улааттахтарына хаһыыны эрэ истэр буолаллар, олохторугар эрэйи көрөллөр.  Ханнык да киһи, буойун, бухатыыр да буоллун учугэй сыһыаҥҥа, тапталга олоруон баҕарар, олоруохтаах даҕаны.

САХАЛЫЫ ААТТАР КҮҮСТЭЭХТЭР

Сахалыы ааттар наһаа күүстээхтэр эбит диэн санааҕа кэллим. Холобур, Алгыстаана, Арчыына... Оҕону сахалыы ааттыыр наада дуо?

– Сахалыы аат саха киһитигэр сыстан, киирэн, иҥэн хаалар. Оттон омук аатын көрөрбөр магниты таҥнары туппут курдук кыайан иҥмэт курдук көстөр. Ол да иһин буолуо, наһаа күүскэ үлэлиир. Сахалыы ааты ылбыттар ордук улахан ситиһиилэнэллэр эбит диэммин бэлиэтии көрдүм.

ӨЛБҮТ КИҺИ ААТЫН ИЛДЬЭ СЫЛДЬЫЫ

– Олохтон туораабыт киһи аатын күн бүгүнүгэр диэри сахалар да, нууччалар да биэрэ тураллар. Бу куһаҕан бөҕө буоллаҕа. Ханнык киһи улаатан баран сөбүлүү истиэй. “Миэхэ өлбүт аймаҕым аатын биэрбиттэр, куһаҕаннык олорбут үһү, ол иһин олоҕум табыллыбат эбит” диэн кэлээччилэр. Үчүгэй да олоҕу олорбут дьон аатын биэрэр – сыыһа. Хас биирдии киһи бу сиргэ бэйэтин олоҕун олороору кэлэр, кимиэхэ эрэ иэстээх эбэтэр ким эрэ иэһин, сиппэтэҕин ситэрэ кэлбэт. Чугас аймахха суох, өссө төһө кыалларынан суоҕу айан, сэдэх ааты ыла сатыыр ордук.

Билигин араас үчүгэй сахалыы аат бөҕөтүн күннэтэ айа олоробун. Дьон наһаа үөрэр.

Эйиэхэ ордук хайдах ыйытыылаах дьон кэлэрий?

– Араас барыта баар. Сырдыктан саҕалаан хараҥаҕа тиийэ ыйытыктар. Уопсайынан миэхэ таай диэн кэлэллэр. Мин диагностика диэммин оҥороммун биричиинэлэрин оруобуна этэбин.

КИҺИ САТААБАТА СУОХ

Нумерологияттан тэйэ түстэххэ өссө  туох дьарыктааххыный?

– Элбэх буоллаҕа дии. Миэхэ биир күн наһаа кылгас. Биир киһи олоҕо үйэ да буоллар, миэхэ ол да кылгас. Наһаа элбэх сөбүлүүр дьарыктарбар бириэмэм тиийбэтиттэн илиим кыһыйар диэххэ сөп. Маслонан уруһуйдуубун, иискэ барытын тигэр этим – таҥастан соҥҥо, бэргэһэҕэ, этэрбэскэ, суумкаҕа тиийэ. Баайар, макрамелыыр этим. Оннооҕор стенка миэбэлин бырайыактааммын дойдубар билигин да музейга тиийэн турарын көрөөччүбүн.  Ону тэҥэ визажист, стилист быһыытынан эмиэ үлэлиибин, кэрэ аҥаардар сирэйдэрин-харахтарын тупсарабын.

Нумерология курдук атын эзотерическай наукалары барытын үөрэппитим, практикаланабын. Хиромантияны, фэн-шуйу бу улэбин кытта бииргэ илдьэ сылдьабын. Аны кэлиҥҥи сылларга алгыс, арчы суруйар буолан эрэбин. Киһи сатаабата диэн суох эбит.

Түмүккэ сахаҥ дьонугар тугу баҕараҕын?

– Бу орто туруу дойду олоҕо кэрэтэ, үчүгэйи сэргэхситэрэ элбэх буоллаҕа дии. Киһи тыыннааҕын тухары туохтан да толлон турбакка, үлэлиирин тухары тугу барытын ситиһиэн сөп. Саамай сүрүнэ, баҕа санаа баар буолуохтаах. Оччоҕо олох хайдахтаах да түгэҥҥэ кэрэ буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...