Сааспыт куруук соһуччу
Уһун кыһыны быһа кир-хох, бадараан диэни билбэтэх дьон сааспыт кэлэн, хаарбыт ууллан, мантан инньэ туох баар “кэрэбит”, кыһыны быһа мунньуллубут “баайбыт” көстөн кэлиэ буоллаҕа.
Онуоха куораты ыраастыыр үлэ саас эрэ буолбакка, кыһыны быһа ыытыллар. Бу туһунан уокуруктар өрөөбөккө кэпсииллэр, отчуоттууллар. Куорат киин өттө куруук ыраас, сырдык буолара саарбаҕа суох. Оттон кытыы сиргэ олорооччулар, ордук чааһынай дьиэлээхтэр туох ыарахаттары көрсөллөрүй, хаардарын, бөхтөрүн ким тиэйэрий?
Сааспыт эрэ буолуо дуо, кыһыммыт, сайыммыт, күһүммүт барыта сэрэппэккэ кэлэр. Ол курдук эмискэ тымныйар, соһуччу итийэр. Этэргэ дылы, халыҥ таҥастаах дьиэҕиттэн тахсан баран, былааныҥ уларыйан атын сиргэ хонон туруоҥ – таһырдьа күлүмүрдэс күннээх ип-итии күн чаҕылыччы тыгыа. Эбэтэр төттөрүтүн, чараас таҥастаах барыаҥ – көрүөх бэтэрээ өттүгэр хаар түспүт буолуо. Дьэ, оннук килиимэттээх дойдуга олордохпут.
Үлэ график быһыытынан ыытыллар
Куорат коммунальнай сулууспалара уулуссалартан хаары-мууһу, тоҥмут бөҕү-сыыһы былааннаммыт үлэ быһыытынан ыыталлар.
“Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” тэрилтэ ааспыт нэдиэлэҕэ 177 тыһыынча куб. миэтэрэ хаары полигоҥҥа тиэйбит.
“Якутдорстрой” АУо иһитиннэрбитинэн, 2020-2021 сс. кыһыҥҥы кэмҥэ хаары илдьэн сүөкүүр полигоҥҥа 470 тыһ. куб. миэтэрэттэн элбэх таһыллыбыт, онтон “Якутдорстрой” күүһүнэн – 288 тыһ. куб. миэтэрэ, туора тэрилтэлэр 180 тыһ. тахсаны тиэйбиттэр.
Бу күннэргэ үлэ былаан быһыытынан ыытыллар, хаары тиэйии муус устар 15 күнүгэр диэри салҕанар диэн иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Дьокуускайга санитарнай турук тупсарын туһугар куорат уокуругун сиригэр-уотугар үс ыйдаах ырааһырдыы биллэриллибитэ, бу бэс ыйын 1 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.
Оттон чааһынай дьиэлэртэн хаары тиэйии, босхо толуон туһунан Сайсары уокуругун исписэлииһэ кэпсииринэн, толуону ким баҕалаах уокурук салалтатын дьиэтиттэн кэлэн ылыан сөп эбит. Маныаха хаарын бэйэтэ тиэйтэрэр, оттон ол тиэммит массыына полигоҥҥа киириитэ босхо буолар. Бу уокуруктарга барытыгар биир усулуобуйа дииллэр. Оттон чааһынай ыал хаарын көҥүлэ суох сиргэ тиэйэр, сүөкүүр түгэнигэр, 1000 солкуобайга диэри ыстараап сүгүөн сөп. Уокурук исписэлиистэрэ чааһынай секторы бэрэбиэркэлииллэр, үлэ куруук бара турар диэн этэллэр.
Бэйэбит күүспүтүгэр эрэнэбит
Николай Кычкин, Намныыр суол 13 км, “Мархинка-92 СОТ” олохтооҕо:
– Мин урут хаарбын бэйэм илиибинэн таһынааҕы үрэххэ таһар этим. Онтукам сүүсчэ миэтэрэлээх сиргэ баар. Онно профилииһинэн оҥорбут салааскабынан хас эмэ күнү быһа үлэлиирим. Күүс-сэниэ баранара. Онтукам даҕаны дьиэм иннэ эрэ буолара. Атына син бэйэтэ ууллара. Быйыл ол сирбин дьон учаастак гынан кэбистилэр. Инньэ гынан таһар сирим суох буолан хаалла.
Быйыл хаар элбэх түһэн, бастакыбын массыына сакаастаатым. Алта куб хаар киирэр дииллэр. Ону урут хас эмэ күнү быһа таһар этим. Бырааппын ыҥыран биир күнүнэн бүтэрэн кэбистибит. Ол эрэн бүтүн үс массыынаны тиэйтэрдибит. Хаар быйыл элбэх буолан дуу, урут эмиэ оччо хаар эбитэ да буолуо, барытын илиибинэн тастаҕым. Инньэ гынан баара-суоҕа сүүсчэ эрэ квадраттаах сиртэн 18 куб тэпсиллибит хаар таҕыста.
Массыына өҥөтө 1500 солкуобай. Ити массыына эрэ киэнэ. Эйиэхэ хааргын онно быраҕарга ким да көмөлөспөт. Оттон куруусчуттардаах көлө сыаната ыараан тахсар. Икки киһи кэлэр буоллаҕына, өссө 1000 солкуобайы эбии көрдүүллэр. Биир киһи, бука, 500 буолуо. Ол хаардарын кинилэр ГРЭС оройуонугар баар полигоҥҥа илдьэн сүөкүүр буолуохтаахтар.
Босхо толуон эҥин диэни истибэтэҕим. Баҕар, тиийиммэт эбэтэр элбэх оҕолоох ыалга бырааба тугу эмэ көмөлөһөрө буолуо. Ону тиийэн ыйыталастаххына биирдэ билэҕин, бырааба бэйэтэ эйиэхэ ону кэпсээбэт.
Биһиги олорор сирбит “даача учаастага” диэн буолар. ИЖС эҥин сатаан буолбаппыт, ол иһин бырааба да, дьаһалта да биһиэхэ кыһаммат. Туох даҕаны усулуобуйа тэрийэллэрэ кинилэртэн ирдэниллибэт. Биһиги бэйэбит бэйэбитигэр олоробут. Кыанар буоллаххына олор, суох да суох диэн буолар. Гаас да, уу да суох. Уубутун водовозтар аҕалаллар, канализациябытын эмиэ бэйэбит оборторобут. Уоппутун энергетиктэргэ төлүүбүт, олорбут да эмиэ чааһынай хампаанньалар, “Якутскэнерго” буолбатах. Итиибитин эмиэ бэйэбит хааччынабыт, холобур, мин маһынан оттунабын. Онон куорат биһиэхэ тугу даҕаны биэрэрэ суох, биһиги киниэхэ эмиэ тугу да биэрэрбит суох. Дьэ, итигирдик.
Арай хаһан эмэ гаас киирэрэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ, ол эрэн онтукайбыт эмиэ саарбахтанна быһыылаах. Быйылы быһа Намныыр суол 13 килэмиэтиригэр гаас киллэрэбит диэн түөстэрин охсуналлар даҕаны, ону суол биир эрэ өттүгэр тардаллар эбит (Нам диэки барыы хаҥас өттө). Суол уҥа өттүгэр олорор 2000 кэриҥэ учаастак туһунан туох да диэн саҥарбаттар. Хата, сотору кэминэн бэйэбит автономнай гаас киллэрэрбит буолуо. Газбойлер туруорар хампаанньа баар буолбут. Оччоҕо кэлин солнечнай панель эрэ туруорарбыт хаалар. Оччоҕо, дьэ, кимиэхэ да, туохха да наадыйбат буолабыт.
Захар Колодезников, Сайсары түөлбэ олохтооҕо:
–Мин Сайсары оройуонугар 1986 сылтан олоробун, ол аата 34 сыл буолбут. Онтон 10 сылын икки этээстээх мас уопсай дьиэҕэ олорбутум, онтон 24-25 сылын – чааһынай дьиэҕэ. Оччолорго хаар таһыыта эҥин диэн суох этэ, мин тулабар элбэх дьиэ суох буолан хаар бэйэтэ устан барара. Онтон билигин сыл аайы хаарбын таһарбар күһэллэбин. Тоҕо диэтэххэ, тула өттүбэр дьон дьиэлэрин тутталларыгар бары үрдэтиммиттэрэ, онон уу барыта миэхэ мустар буолбута. Хаар дьиэ анныгар киирбэтин диэн таһар буолбуппут. Чуолаан, хаар түһэрэр дьон төлөпүөнүн булан тастарабын. Ханна сүөкүүллэрин билбэппин, мин тиэйэн эрэ биэрэбин уонна кинилэр оҥорбут өҥөлөрүн төлүүбүн, онон бүтэр. Быйыл бэйэлэрэ кэлэн тиэйдилэр, кыра погрузчиктаахтар, ол өҥөлөрө 6 кубтаах массыынанан биир кырыныылара 2,5 тыһыынча. Барыта түөртэ кырыннылар, ол аата 10 000 солкуобайы төлөөтүм. Ол хаардарын ханна илдьэллэрин билбит суох, ыйыттахха, анал сиргэ кутабыт дииллэр.
Бу олорбутум тухары уокурук үлэһиттэрэ биирдэ да босхо толуон ылаҕыт дииллэрин истибэтэҕим, оннук баарын билбэппин даҕаны.
Биһиги Лонгинов уулуссатыгар олоробут, манна олорор дьон үйэ-саас тухары уулуссабытын бэйэбит оҥостон кэллибит. Билигин Ил Дархан буолан олорор Айсен Сергеевич, куоракка дьаһалта баһылыга эрдэҕинэ, Кыайыы 70 сылын көрсө Лонгинов уулуссатын оҥорторуом диэн тылламмыта, онтон биэс сыл ааһан, алтыс сылыгар барда да, биһиги диэки суолу оҥорбуттара көстүбэт. Билигин саас кэлэн сатыы хааман көрөллөрө буоллар, суол оҥоһуллубут дуу, суох дуу диэн билиэ этилэр.