20.03.2022 | 14:00

Сааскы Дьокуускай

Сааскы Дьокуускай
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Күммүт уһаан, хамсык хааччахтара сымнаан, дьон-сэргэ сааскы күн уотугар сыламныы салгыҥҥа сылдьара элбээтэ. Ол да буоллар хаарбыт хойутаан түспүт буолан, билигин даҕаны халлааммыт тымныыта сүрдээх. 
Мантан аллараа сааскы куорат хаартыскаларын, олох-дьаһах көстүүлэрин сырдатабыт.

Кыайыы болуоссатын хаарын номнуо тиэйэн бүтэрбиттэр. Мантан саас чалбах тахсыыта арыый аҕыйыыһы.
Оптуобустарбыт барахсаттар өрүү буоларын курдук нэһилиэнньэни үлэҕэ-хамнаска тиэйэр үлэлэрин үгэнэ. Ленин проспегар өтөрүнэн буолбатах улахан өрөмүөн ыытылла турарынан, таһынааҕы уулуссаларга уһуктаах уочарат анньыллан турар.
“Z” диэн бэлиэлээх массыына балайда элбээбит.
“Саас кэллэ, саас кэллэ!” дэһэбит даҕаны, массыыналар “Наташа” гараастан тахса иликтэр.
Куораппыт киин болуоссатыгар каток үлэлиир эрээри, сарсыарда өттүгэр ким даҕаны суох.
Хаары тиэйии, ыраастааһын күүскэ ыытылла турар.
Хомойуох иһин, сорох киин сирдэргэ хаар хаарынан сытар.
Үлэ күөстүү оргуйар. Хаартыскаҕа түһэрдэ Семен Винокуров
Саахарбыт аны нуорманан буолбут.
Дьокуускай кирдээх уулуссатыттан биирдэстэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...