29.02.2024 | 14:00

Саас — иммунитеты бөҕөргөтөр кэм

Кулун тутар 1 күнүгэр Аан дойдутааҕы Иммунитет күнэ бэлиэтэнэр. «Иммунитеккытын бөҕөргөтүҥ» диэн этиини ордук ОРВИ, грипп саҕана мэлдьи истэбит, ааҕабыт. Бу туһунан сиһилии көрүөҕүҥ.
Саас — иммунитеты бөҕөргөтөр кэм
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Иммунитет (лат. Immunitas – босхолонуу) – организм, биологическай уратытын тута сылдьаары, туора эттиктэри уонна килиэккэлэри булан ылан суох оҥортуур кыаҕа. Иммуннай систиэмэ – организмы ыарыыны көбүтэр микроорганизмнартан (бактериялартан, вирустартан, грибоктартан, искэн килиэккэлэриттэн, итиэннэ сорох дьааттартан) көмүскүүр ураты килиэккэлэр уонна белоктар. Холобур, иммуннай систиэмэ рак килиэккэлэрэ сайдыбаттарын хонтуруоллуур, кинилэри буларга уонна суох оҥорорго дьулуһар.

Иммуннай систиэмэҕэ киирэр уорганнар бары организмы харыстыыр аналлаахтар.

 

Иммунитет үлэтигэр ханнык уорган эппиэттиирий?

Иммуннай систиэмэ киин уорганынан вилочковай железа (тимус) буолар. Кини киһи түөһүн уҥуоҕун үөһэ өттүгэр баар, уҥа уонна хаҥас бэйэ-бэйэлэрин кытта силбэһэр өлүүскэлэргэ арахсар. Үөһээ өттө арыый синньигэс буолар уонна щитовиднай былчархайга тиийиэн сөп. Вилочковай былчархай тимозин диэн эттиги оҥорон таһаарар. Тимозин иммунитет туругар эппиэттиир лимфоциттары элбэтэр уонна сайыннарар. Иммуннай систиэмэ сүрүн килиэккэлэрэ – фагоциттар уонна лимфоциттар (В -, Т-лимфоциттар). Кинилэр хаан уонна лимфатическай систиэмэнэн уста сылдьаллар. Бары килиэккэлэр чопчу функциялаахтар уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта уустук көрүҥүнэн алтыһаллар, түмүгэр  цитокин диэн эттиктэри оҥорон таһаараллар.

Фагоциттар (греч. φαγεῖν «сиир» + κύτος «килиэккэ») – организмы көмүскээн буортулаах килиэккэлэри (бактериялары, вирустары), итиэннэ «өлбүт» эттиктэри «сиир» иммуннай систиэмэ килиэккэлэрэ. Кинилэр инфекциялары кытта охсуһарга ураты суолталаахтар.

Лимфоциттар – хаан эттиктэрэ, иммуннай көмүскэл үөскүүрүгэр кытталлар. Нейтрофиллары, базофиллары, моноциттары уонна эозинофиллары кытта лимфоциттар лейкоциттар уонна хаан үрүҥ килиэккэлэрин бөлөхтөрүгэр киирэллэр. Лимфоциттар сүрүн соруктара – организм «өстөөх агеннарын» булуу уонна суох гыныы. Бастатан туран, куһаҕаны оҥорооччулар – инфекционнай ыарыылары көбүтээччилэр уонна организм бэйэтин «алдьаммыт» килиэккэлэрэ.

Цитокиннар – бэрээдэктиир, сааһылыыр полипептидтар, кинилэри иммуннай килиэккэлэр таһаараллар. Сүрүн оруоллара – бары таһымнарга иммуннай «эппиэти» бэрээдэктээһин. Цитокиннар эндокриннай, ньиэрбэ, хааны оҥорон таһаарар уонна иммуннай систиэмэлэри ситимнииллэр, кинилэри организмы туора эттиктэртэн көмүскээһиҥҥэ кытыннараллар. Цитокиннары диагностикаҕа уонна онкологическай, аутоиммуннай, инфекционнай уонна психическэй ыарыылары эмтииргэ туһаналлар.

 

Иммунитет үлэтин туох мөлтөтөрүй?

Киһи иммуннай  систиэмэтигэр куһаҕан дьайыыны оҥороллор:

— сыыһа уонна ситэтэ, иҥэмтэтэ суох аһааһын, ол иһигэр наадалаах битэмииннэр уонна минераллар тиийбэттэрэ;

— сылайыы-элэйии уонна өр кэмнээх стресс;

— уһуннук антибиотиктары уонна гормональнай эмтэри иһии;

— тулалыыр эйгэ, айылҕа киртийиитэ, куһаҕан экология, радиация сабыдыала.

Иммунитеты мөлтөтөллөр:

1. Аанньа утуйбат, сынньаммат буолуу.

Уутун хана утуйбат киһи гриппкэ, тымныйыыга уонна араас инфекцияларга ылларымтыа буолар. Итини лабораторнай чинчийии бигэргэппит. Эксперимент кыттыылаахтара алта күнү быһа 4-түү эрэ чаас утуйбуттар, ол кэнниттэн грипп, орви ыарыыларын утары быһыыны ылбыттар. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, иммуннай систиэмэлэрэ 50% «антителалары» оҥорон таһаарбыт. Уһуннук аанньа утуйбатахха, стресс гормоннарын таһыма үрдүүр, ол кэнниттэн «воспалительнай» ыарыылар көбөллөр.

Наука этэринэн, киһи утуйа сыттаҕына иммуннай систиэмэ цитокиннары үөскэтэр, кинилэр инфекциялартан уонна ыарыылартан көмүскүүллэр. Аанньа утуйбатахха, организм оҥорон таһаарар цитокиннарын, көмүскүүр килиэккэлэрин уонна «антителаларын» ахсааннара аҕыйыыр.

2. Олорон тахсыы, олорор үлэ.

«Хроническай» сылайыыны уонна субу-субу тымныйан ыалдьыыны үөскэтэр. Иммуннай систиэмэ үлэтэ, утуйар уу хаачыстыбыта кытта биллэ мөлтүүр. Тиһиктээхтик физкультуранан дьарыктаныы, саатар чаас аҥаара сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайыы  иммуннай систиэмэ килиэккэлэригэр лейкоциттар ахсааннарын элбэтэр, кинилэр инфекцияны кытта охсуһарга көмөлөһөллөр.

3. Уойуу.

Аһара уойуу диабет, рак уонна сүрэх ыарыылара үөскүүллэригэр, сайдалларыгар олук уурар. «Жировой» килиэккэ элбээһинэ иммуннай систиэмэҕэ куһаҕаннык сабыдыаллыыр, хроническай ыарыыларга тиэрдэр, үчүгэй эттиктэри «алдьатар». 

4. Саахар уонна диеталар.

Итирдэр утахтарынан үлүһүйүү эбэтэр наһаа элбэх минньигэһи аһааһын иммунитекка улахан охсууну оҥорор. Глюкоза улахан таһыма уонна лейкоциттар бииргэ холбоһон, организм бактериялары кытта сатаан охсуспат буолар. Итини таһынан, сыалаах-арыылаах ас иммуннай систиэмэ килиэккэлэрин хам баттыыр, кыайан үлэлэппэт.

Аны, биир өттүттэн, субу-субу диетаҕа олоруу эмиэ буортулаах. Ол курдук, ити ас буһарар систиэмэҕэ кэһиллиини таһаарар, иммунитет үлэтин мөлтөтөр. Саамай туһалаах диета – элбэх сибиэһэй фрукта, оҕуруот аһа. Кинилэр иҥэмтэлээх эттиктэринэн баайдар – С уонна Е битэмииннэринэн, бета-каротинынан уонна цинканан.

5. Стресс.

Стресстээтэххэ организмы мэлдьи стресс гормоннара – адреналин уонна кортизол «атаакалыыллар», кинилэр иммуннай систиэмэ үлэтин хам баттыыллар. Ол курдук, хроническай стресс араас олохсуйбут уонна «сезоннай» ыарыыларга ылларарга «көмөлөһөр». Стреһи хонтуруоллааһын адреналины уонна кортизолы намтатар, киһи үчүгэйдик утуйарыгар көмөлөһөр, иммунитет үлэтин тупсарар.

6. Соҕотохсуйуу

«Социальнай изоляция», уопсастыбаттан, дьонтон тэйии эмиэ  иммунитет мөлтөөһүнүгэр тиэрдэр. Дьону кытта сыһыаны сөпкө олохтооһун физическэй да, психическэй да доруобуйаҕа улахан сабыдыаллаах. Элбэх научнай чинчийии көрдөрбүтүнэн, доҕоттордоох, элбэх дьону кытта алтыһар киһи иммунитета күүстээх буолар. Соҕотох киһи киэнэ, төттөрүтүн, – мөлтөх.

Америка Пенсильвания штатыгар баар Карнеги-Меллон университетын стреһи, иммунитеты уонна ыарыылары үөрэтэр лабораториятыгар бастакы куурус устудьуоннарын ортотугар ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн, соҕотохсуйар устудьуоннар грипп утары быһыыны ылбыттарын кэнниттэн, элбэх доҕоттордоох устудьуоннары кытта тэҥнээтэххэ, иммунитеттара мөлтөх «эппиэти» биэрбит.

Ити курдук, учуонайдар этэллэринэн, соҕотохсуйуу уонна депрессия иммуннай систиэмэҕэ куһаҕаннык сабыдыаллыыллар уонна сүрэх ыарыыларын элбэтэллэр. Итини сэргэ, депрессия «социальнай» өйөбүл суоҕун эбэтэр киһи соруйан дьонтон тэйэрин көрдөрөр, ити барыта организм инфекционнай уонна да атын араас ыарыылары кытта охсуһарын мөлтөтөр.

 

Иммунитеты бөҕөргөтөбүт

Иммунитеты үрдэтэргэ, бөҕөргөтөргө исписэлииһи – иммунолог-бырааһы кытта сүбэлэһэр ордук. Наука дакаастаабытынан, иммунитеты үрдэтэргэ киһиэхэ В2, В6, В12 битэмииннэр наадалар. Биллэн турар, ити битэмииннэр аһылыгы кытта киирэллэрэ ордук: үүт, сымыыт, быар, туорахтаах култууралар, эриэхэ, эт, муора бородуукталара, хортуоппуй.

Организмҥа тимир тиийбэтэ (железодефицит) киэҥник тарҕаммыт, бастакы уочарат дьахталлар ортолоругар, ыйдааҕыларын кэмигэр хааны кытта элбэх тимир тахсар. Тимир тиийбэтиттэн сылаарҕааһын тахсар, сэниэтэ суох буоларга, мэйии эргийиитигэр, сотору-сотору ыалдьарга тиэрдэр. Итинник түбэлтэҕэ хаан анаалыһын туттаран гемоглобин, тимир уонна ферритин таһымын бэрэбиэркэлэтэр ордук.

D битэмиин – иммуннай систиэмэ үлэтигэр наадалаах. Быраастар этэллэринэн, Арассыыйаҕа олорор киһи, улахан киһититтэн, оҕотуттан уонна дьыл кэмиттэн тутулуга суох, D битэмиин сэрэтэр дуозатын иһэрэ ордук.

Дьыл хайа да кэмиттэн саас иммунитеты бөҕөргөтөргө ордук тоҕоостоох.

2024 сылга диспансеризацияны кимнээх ааһалларый?

2024 сылга диспансеризацияны 2006, 2003, 2000, 1997, 1994, 1991, 1988, 1985 сыл төрүөх уонна 40 үөһэ саастаах гражданнар ааһаллар.
Маныаха 122 нүөмэринэн эрийэн эбэтэр Госуслуги нөҥүө бэлиэтэниэххэ наада.
Диспансеризацияны ааһар киһиэхэ үлэ тэрилтэтэ үс сылга биирдэ төлөбүрдээх биир үлэ күнүн биэрэр. Биэнсийэҕэ тахсаллара 5 сыл иһинэн хаалбыт гражданнар, биэнсийэлээхтэр сылга биирдэ икки үлэ күнүн көҥүллэтэр бырааптаахтар.
Маныаха салайааччы аатыгар сайабылыанньа эрэ суруйар ирдэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....