Сааһыра барбыт киһи тугу көрбүтэ, билбитэ
Орто дойду олоҕуттан элбэх киһини илдьэ барбыт ковид ыарыыттан өрүттэн биэрбэккэ, кэлинҥи үс сылга элбэх эмп тэрилтэтин кэрийдим. Аҥаардас бу сыл аҥаарыгар үс төгүл эпэрээссийэ остуолугар ытынным, үс төгүл норкуос көмөтүнэн утуйан ыллым. Ыарыы диэн тугун эппинэн-хааммынан билбит уонна эмтэнэр туһугар элбэх эмчити кытта алтыспыт киһи быһыытынан, кимиэхэ эмэ туһалаах буолуо диэн, налыччы суруйуом.
Нэһилиэгим, улууһум быраастара барахсаттар, сэрэхэдийэн, ыарахан диагноһу туруораннар, ону чуолкайдата, киин сиргэ ыыталлара сөптөөх дьаһал эбит диэн түмүккэ кэллим. Антах төһө да тардыллыылаах буоллар, ыарыым ис сүнньүн билэн, өсөһөн туран эмтэнним. Онон куоракка киирэрбэр суол аспыт быраастарым Нь.Е. Бубякиҥҥа, Т.П. Посельскаяҕа махталым улахан. Ааспыт сылга Доруобуйа сылынан тобук, сүһүөх ыарыыларын уҕарытар дьаһаллар чэрчилэринэн тобук сүһүөҕүн тимиринэн солбуйар эпэрээссийэҕэ көрүллүбүт эбии үпкэ (квота) хапсан, Чөркөөхтөн үс буолан оҥотторон таҕыстыбыт. Икки киһим сүүрэ сылдьаллар, мин наһаа уһуннук ыалдьыбытым таайан, билигин да тайахтанабын. Бу балыыһа туһунан суруйуу да, айах кэпсээнэ да элбэх. Онон уһуннук лабаҥхалаабакка, бу балыыһа саҥа киэҥ дьиэлэнэрэ кэм ирдэбилэ буолбутун эрэ бэлиэтиибин. Бу этиим үрдүкү салалта хараҕын далыгар киирдэр, эргиччи тоҥ, тымныы дойдулаах Саха сирин бары норуоттарыгар туһата улахан буолуо эбит.
Учуонайдар киһи барахсан омугуттан тутулуга суох этэ-сиинэ 70% уу дииллэр. Сахалыы санаатахха, бу ууну тоҥорон доруобуйаҕа оҕустарбат гына дьаһаныы улахан бэлиитика биир тутаах кыһалҕата буолуон сөп.
Иккис ыарыым сахалыыта иигиҥ кэлэрдээх-кэлбэттээх буолуута, хаайтарар ыарыы диэн эбит. Онтукаҥ иигиҥ кэлэр көҥдөйүн туох эрэ хам тутарыттан тутулуктааҕын ыалдьыбыт киһи барыта өйдүүр. Дьэ ол гынан туох хам тутарын бу диэн билэр киһи аҕыйах. Мин, кыһалҕалаах киһи, онкология бары кабинеттарын кэрийдим, элбэх чинчийиини бардым. Онтон биллибитинэн, искэн хабахпын хам тутан, ыт курдук ииктэтэр эбэтэр олох да бычыгыраппакка хабахпын хайытаары хаайар. Анаалыстар түмүктэринэн искэниҥ үтүө эркиннээх (доброкачественнай), онон Медкииҥҥэ киирэн быстаран кэбис диэн ыыттылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидиэнэ М.Е. Николаев аатынан Медкиин килэйэн-халайан дьиэ да дьиэ. Элбэх да саха, нуучча ыччата биир тыыҥҥа киирэн үлэлии сылдьалларыттан киһи эрэ үөрэр, киэн туттар. Бу дьиэ тутулларын саҕана утарсааччы да, өйөөччү да элбэҕэ. Үөрүөм иһин, бу балыыһа тутулларын утаран, ханнык да мунньахха тыл эппэтэх, хаһыаттарга суруйбатах эбиппин; хомойуох иһин, оннукка да тиийиллэрэ. Урология отделениетын сэбиэдиссэйэ медицина наукатын кандидата, ХИФУ Мединститутун кафедратын доцена, СӨ ыстааты таһынан сүрүннүүр уролог-бырааһа саха саарына А.В. Максимовы кытта атах тэпсэн олорон сахалыы-махалыы (туох өйдөбүллээх тыл эбитэ буолла) кэпсэттим. Бастатан, ыарыым туһунан бэйэм санааларбын этэн туран, быһааран биэрэригэр көрдөстүм. Бэйэм санаабынан саха дьоно тыа сиригэр сылаас туалеттаах дьиэлэр суохтарыттан ыалдьарбыт буолуо диэн хабааннаах этиибин исписэлиис ылыммата. Ыарыыбыт аатыттан саҕалаан бутуурдаах буолан таҕыста. Ким эрэ аденома, ким эрэ простатит, арыый эмкэ сыһыаннаахтар воспаление предстательной железы диэнинэн билэллэр эбит. Бу былчархай иммунитет сайдарыгар, ол аата организм ыарыыга утарсар дьоҕурун күүһүрдэн, биир тэҥник тута сылдьарыгар, саҥаттан саҥа килиэккэлэр үөскүүллэригэр олус улахан суолталаах. Сытар сирэ хабах иһигэр, таһыгар иик тахсар сирин бүрүйэр эбит. Ыарыы сүрүн төрүөтэ туох да мөккүөрэ суох сааһырыыттан (возрастной) тутулуктаах диэн буолла. Манна тымныйыы эбиискэ буолуон сөп гынан баран, оруола кыра. Оҕо төрөөтүн кытта бары уорганнар курдук бу былчархай тэнҥэ улаатан иһэр. 50-60 саастартан ыарыы баарын биллэрэн барар эбит. Бу кэмҥэ балыыһаҕа УЗИ аппараакка түспүт, ыарыыларын быһаартарбыт дьон аҥаардас эмп күүһүнэн үтүөрэллэр. Саха эр дьоно кыбыстыбыта аатыран идэлээх дьоҥҥо (медиктэргэ) көрдөрбөккө, УЗИ-га түспэккэ, кэмин аһардан кэбиһэллэр. Ыарыылара сэтэрийэн, хам туттаҕына биирдэ көрдөрүнэллэр, ол үксүгэр ракка, бүөр араас ыарыытыгар кубулуйуон сөп диир. Оччоҕо ыарыһаҕы быыһыыр туһугар эпэрээссийэлииргэ тиийэллэр. Сылга ортотунан 500-600 ыарыһах киирэн тахсар, ол иһигэр 500-кэҕэ эпэрээссийэ оҥоһуллар үһү. Жатайга уонна Медкиинҥэ оҥороллор эбит. Жатайдар таҥара курдук көрөр бастыҥ хирурдара олохтон туоруоҕуттан саҥа ньымаҕа көспүт Медкиинҥэ миэстэ былдьаһык буолбут. Эргэ диир ньымаларыгар искин, хабаххын хайытан, тиэрэ тардан туран ыраастыыллара уонна оннук тигэн кэбиһэллэрэ үһү. Оннукка хирург илиитин айылҕата быһаарар оруола улахан дииллэр. Оннук да буолуо, былыр, сопхуос саҕана, сүүһүнэн борооскуну аттыырга чэпчэки, ыарахан илиилээх бэтэринээрдэр диэннэр бааллара. Чэпчэки илиилээх бэтэринээр хайдах да туруктаах сылдьан аттаабыт борооскута туран сүүрэн хаалара, бааһа нөҥүө күнүгэр килэриччи оһоро. Саҥа ньымаларын научнай аата трансуретральная резекция аденомы простаты диэн. Ол аата ииктиир сиргинэн шланганы хабаххар диэри киллэрэллэр, шланга иһинэн төбөтүгэр быһахтаах тимири киллэрэн, улааппыт былчархайгын ылгыыллар. Онон бүтэр. Ханнык да аһаҕас баас, хаан-сиин суох. Ити барыта улахан норкуос кэнниттэн оҥоһуллар буолан, ыарыһах тугу да билбэккэ хаалар эбит. Эпэрээссийэҥ түмүгүн ииккэр төһө хаан суураллыбытынан быһаараллар. Иигиҥ дьүһүнэ ырааһырда да, сөп буолла диэн таһааран иһэллэр. Миигин Жатайга төрөөбүт Алтынбег Кудайбердыев диэн кыргыс омук уола оҥордо. Сэбиэдиссэйэ улаханнык хайгыыр, эрэнэр уола. Мин да эрэллээхтик сытан биэрдим. Эпэрээссийэҕэ тиийиэххэ диэри элбэх анаалыһы, көрдөрүүнү бараҕын. Ону сүрүннүүр дьон уролог быраастар. Мин кыра кыыспар Киров уулуссаҕа олорон хаста да «скорайынан» тиэллэн, куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар уролог быраас В.И. Литвинова илиитигэр киирэн, Медкиини буллаҕым, уонна кини сиэстэрэлэригэр таһыттан сылдьан бааспын эмтэтэн үтүөрдэҕим. Кинилэргэ махтал бастыҥын аныыбын, мэлдьи туйгун туругу, уйгулаах олоҕу, эйэлээх халлааны баҕарабын.
Медкиин уролог бырааһа А.А. Дубова дьаһалынан хабахпар быһаччы киирэн иккис катетеры олордоннор, алдьаммыт тэрилбит оҥоһуллуор диэри ый аҥаарын курдук мөһөөччүккэ ииктии сырыттым. Тэрилбит оҥоһулларын кытта уталыппакка ыҥыран ылан эпэрээссийэлээбиттэрин үөһээ суруйан турабын. Медкиинҥэ түүннэри-күннэри үлэ тигинии турар уораҕайа эбит. Туох баар сүгэр-көтөҕөр, илдьэр-аҕалар үлэ тэлиэскэ, кэлээскэ көмөтүнэн оҥоһуллар буолан, мин, тыа киһитэ, урукку сопхуос саҕана уонунан тыраахтар тыаһаан-ууһаан уулуссаны киэптээн от-мас тиэйэ баралларыгар тэҥнээн, сүргэм көтөҕүлүннэ. Эдэркээн кыргыттар ыарыһахтары тиэйэ-тиэйэ хас эмэ этээһи курдат сылдьалларыттан салынным, аһына санаатым. Бэйэм аҥаарым саҕа Нарыйа диэн кыысчаан улахан киинтэн оҕо киинигэр диэри үөһэнэн-алларанан соһо сырытта.
Сэбиэдиссэйим эппитин курдук, ыарыһах үксэ саастаах дьон уонна нууччата-сахата тэбис-тэҥ. Дьиҥнээх интернациональнай ыарыһахтар сытар отделениелара эбит. 90-чалаахтартан саҕалаан СВО-ҕа тымныйан, бүөрүн тымырдара кыараабыт эдэркээн киһиэхэ тиийэ сытан эмтэннибит. Күн ахсын 2-3 киһи эпэрээссийэлэнэр, биир оччо үтүөрэн тахсар. «Сэбиэскэйим» тардан, «Книга жалоб и предложений» ылан көрдүм. Суруйуу аҕыйах. Олортон биир 87 саастаах ытык кырдьаҕас этиитин уонна алгыһын киллэрэн биэрэбин: «Кырдьаҕас дьон доруобуйаларын тупсарыыга олус туһалаах балыыһаҕа сытан эмтэнэн уонна сынньанан таҕыстым. Оҕолорум, сиэннэрим курдук эдэркээн үлэһиттэр хас биирдии ыарыһахха сылаас, истиҥ сыһыаннарын көрсөн үөрдүм, астынным. Уһулуччу үчүгэй усулуобуйаҕа үйэҕэ умнуллубат гына олорон, сытан аастыбыт. Отделение техүлэһиттэриттэн саҕалаан бары сиэстэрэлэргэ, быраастарга махталбытын тириэрдэбит. Сэбиэдиссэй А.В. Максимов эдэр кэлэктииби биир өйгө-санааҕа түмэн, дьоһуннук үлэлэтэ олороруттан астынныбыт. Инникитин даҕаны бар дьоҥҥут туһугар тиритэ-хорута үлэлээҥ, мэлдьи чэгиэн-чэбдик туруктаах, уйгу-быйаҥ олохтоох буолуҥ».