09.12.2022 | 13:00

Саҥа дьыллааҕы сандалы

Саҥа дьыллааҕы сандалы
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саҥа сылы хайдах остуоллаах көрсөҕүн да, сылыҥ эмиэ оннук ааһар диэн билгэлииллэр. Ол иһин бырааһынньык чугаһаан истэҕин ахсын хас биирдии хаһаайка остуолун саныыр, аһын-үөлүн бэлэмниир, сонун ырысыаптары көрдүүр. Саҥа дьыллааҕы остуолга хайаан даҕаны эт ас, балык, тоҥ бүлүүдэ, чэпчэки гарнирдар, салаат арааһа баар буолуохтаах. 
Бу сырыыга, эрдэттэн бэлэмнэнэ таарыйа, остуолу киэргэтэр бүлүүдэлэри, минньигэс ырысыаптары сырдатабыт.

Мандариннаах, сыырдаах салаат

Туох наадата:

Сыыр (ханнык баҕарар) – 100 г;

Мандарин («Клементина” суорда үчүгэй) – 200 г;

Майонез – 50-100 г;

Чеснок – 2-3 өлүүтэ.

Сыырбытын кубиктыы кырбыыбыт, чеснокпутун ыраастыыбыт. Сыырбытын, чеснокпутун уонна майонезпытын холбуу булкуйабыт. Мандариннары ыраастыыбыт уонна 2-3 чааска үллэрэн быһабыт. Барытын бииргэ булкуйабыт, майонезпыт аҕыйах буоллаҕына, амсайан көрөн эбэн биэрэбит. Сервировкаҕа туттуллар тиэрбэһинэн төгүрүк быһыылаах гынан кыраһыабай бүлүүдэҕэ уурабыт. Салааппытын күөх отунан уонна кунжут сиэмэтин таммалатан киэргэтиэххэ сөп.

Муора бородуукталарыттан салаат

Туох наадата:

Кальмар – 5-6 уст. (450-500 г);

Сымыыт – 6 уст.;

Күөх луук – 6-8 уст.;

Майонез –  (150-180 г);

Сыыр – 100 г;

Киэргэтиигэ креветка – 5-7 уст.;

Туустаах оҕурсу;

Олива арыыта – 1-2 ост.нь.

Сымыыппытын 7-10 мүнүүтэ оргутабыт, буспутун кэннэ хаҕа түргэнник хастаннын диэн тымныы ууга быраҕабыт. 1 л ууну креветкаларбытын уонна кальмарбытын буһарарга уурабыт, уубутун туустуохха сөп. 2-3 мүн. оргута түһэн баран, уутун сүөкүүбүт, муора бородуукталарын сойутабыт. Кальмары уонна туустаах оҕурсуну соломолуу кырбыыбыт. Төһөнөн синньигэс да, соччонон минньигэс буолар. Сымыыппытын – улахан харахтаах түөркэнэн, күөх луугу сууйан баран кыра кээмэйдээх гына кырбыыбыт. Барытын биир иһиккэ кутан майонезтыыбыт, 1-2 ост.нь. олива арыытын кутабыт. Салааппытын иһиккэ кутан баран, үрдүн креветканан киэргэтэбит.

 

«Кролик» салаат

Туох наадата:

Ветчина – 200 г;

Рис – 160 г;

Кэнсиэрбэлэммит кукуруза – 150 г;

Сымыыт – 4 уст.;

Луук – 60 г;

Оҕурсу – 30 г;

Сибиэһэй укроп – 1 тутум (15 г);

Майонез – 80 г;

Туус – 1/2 ч.нь.;

Хара биэрэс тумата.

Киэргэтиигэ:

Сыыр – 300 г;

Ветчина – 60 г;

Уҥуоҕа суох маслина – 1 уст;

Күөх тума арааһа;

Моркуоп.

Рис дьэҥкириэр диэри  4-5 төгүл ыраас ууга сууйуллар. Ол кэннэ 1:2 уу кутан буһара уурабыт. Оргуйбутун кэннэ уоппутун кыччатан, 15 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Сымыыты 10 мүнүүтэ оргутабыт, буспутун кэннэ эмиэ тымныы ууга быраҕан сойутабыт. Буспут сымыыты ыраастаан, улахан харахтаах түөркэҕэ аалабыт. Луук, ветчина, оҕурсу, укроп бытархай гына, кубиктыы кырбанар. Барытын биир иһиккэ кутан, бааҥкалаах кукуруза, майонез эбэбит. Салааппытыгар туус тиийбэт буоллаҕына, эбэн биэрэбит, хара биэрэһи эмиэ кутарбытын умнубаппыт.

Хаптаҕай иһиккэ салааппытын куруолуктуу быһыылаан кутабыт. Үрдүгэр сыыр түөркэлиибит. Ону тэҥэ сыырбытыттан декор кулгаах быһабыт, сулус да  оҥоруохха сөп (ким тугу сатыырынан), ветчинаттан эмиэ декорга диэн быһабыт.  Сыырбыт сыстыбыт түгэнигэр, өссө майонез кутан биэриэххэ сөп.

Сыыртан уонна ветчинаттан быһыллыбыт кулгаахпытын тиис ыраастыырынан туттарабыт, туттарыллыбат буоллаҕына, өссө биири эбэн биэрэбит. Маслинаны аҥаардаан харах оҥоробут, ветчинаттан – мурун, моркуоптан – айах. Хаалбыт астартан эмиэ араас быһыылаах киэргэллэри айыахха-тутуохха сөп.

Мандариннаах бөрүөк

Туох наадата:

Мандарин – 4 уст.;

Бурдук – 250 г;

Саахар – 150 г;

Сымыыт – 2 уст.;

Сүөгэй – 150 г;

Ынах арыыта – 50 г (форманы соторго);

Апельсин хаҕа – 1 ост.нь;

Разрыхлитель – 2 ч.нь.

 

Мандарины хаҕыттан ыраастыыбыт, духуопка оһохпутун 180 кыраадыска диэри сылытабыт.

Саахары уонна сымыыты үрүҥ маасса буолуор диэри миксердиибит, салгыы сүөгэйбитин эбэбит. Апельсиммыт хаҕын амтан биэрдин диэн кутабыт, разрыхлитель уонна сиидэлэммит бурдукпутун эбэбит. Тиэстэбитин үчүгэйдик булкуйабыт. Формабыт анныгар пергамент кумааҕы тэлгэтэбит, ынах арыытынан сотобут, тиэстэбитин кутан тэнитэбит. Мандариннарбытын өлүүлэринэн үллэрэн тиэстэҕэ уурабыт, маны сэргэ амтаннаах буоларын туһугар ынах арыытын кубиктыы кырбаан, мандарин үрдүгэр ууруохха сөп. Сылыйбыт оһоххо 30 мүнүүтэ кэриҥэ буһарабыт.

«Харыйа туорааҕа» десерт

Туох наадата:

Кукуруза хлопьята – 160 г;

Грецкэй эриэхэ – 100 г;

Сгущеннай үүт – 1 бааҥка (370-380 г);

Саахар пудрата – 2 ост.нь.

Кукуруза хлопьятын, үлтүрүтүллүбүт эриэхэни уонна бааҥкалаах сгущенкабытын барытын бииргэ кутан булкуйабыт. «Конус” быһыылаах  70-80 мл дириҥнээх үрүүмкэлэри ыламмыт, иһин-таһын тымныы уунан сотобут уонна булкуйбут аспытын кыра ньуосканан толоробут. Десертарбытын холодильникка үс чаас кэриҥэ уурабыт. Үс чаас ааспытын кэннэ сэрэнэн хостуубут, таҥнары эргитэн, быһаҕынын тоҥсуйуохха сөп. Тэриэлкэҕэ уурталаан, саахар пудратын таммалатабыт.

Куурусса этиттэн французтуу рулет

Туох наадата:

Куурусса филета – 4 уст.;

Шампиньон тэллэй – 100 г;

Сыыр – 200 г;

Мас арыыта;

Үүт;

Туус, тума (куурусса этигэр кутуллар).

Куурусса маринадыгар:

Майонез – 2 ост.нь.;

Лимон суога;

Мас арыыта – 2 ост. нь.;

Туус;

Мэлиллибит хара биэрэс;

Лавр лииһэ;

Куркума – 0,5 ч.нь.

 

Филебытын үчүгэйдик ыраастаан, тымныы ууга сууйан баран, өтүйэнэн таптайабыт. Маринадпытын кытта булкуйан, 30 мүнүүтэ устата сынньатабыт. Шампиньоннары бытарытабыт, өлүүлэргэ арааран кырбыыбыт, сыырбытын улахан куһуоктуу кырбыыбыт.

Кууруссабыт иһигэр шампиньон, сыыр угабыт,  рулет быһыылаах гына эрийэбит, тиис ыраастыырынан туттаран биэрэбит. Мас арыытыгар икки өттүттэн эргитэ сылдьан ыһаарылыыбыт. Ас астыыр формабытыгар үүт уонна тума кутан баран, рулеппытын 40 мүнүүтэҕэ сылыйбыт оһоххо угабыт. Буһан тахсыбытын кэннэ үрдүгэр түөркэлэммит сыыры таммалатан, аспытын өссө тупсаҕай көстүүлээх оҥоробут.

Духуопкаҕа буспут шашлык

Туох наадата:

Сибиинньэ этэ;

Луук;

Уксуус;

Саахар;

Лимон суога;

Туус, тума ким төһө сөбүлүүрүнэн.

Эппитин улахан куһуоктарга кырбаан, өтүйэнэн сынньан биэрэбит. Салапаан үрдүгэр оҥорор ордук. Кырбаммыт эти тууһунан, туманан сотон баран, өссө биирдэ таптайан ылабыт. Дириҥ иһиккэ барытын кутан, ким тугу сөбүлүүрүн кутар, луугу куһуоктуу кырбаан быыһыгар уган биэрэбит, икки чаас кэриҥэ маринуйданар.

Биир чаас иннинэ эриэппэ луугу маринуйдуур ордук. Оччоҕо эппит өссө минньигэс буолар. Луукпутугар оргуйбут уу кутабыт, 3-4 ост.нь уксуус, 2 ост.нь. саахар, туус эбэн биэрэбит. Өссө лимон суогун кутуохха сөп. Салгыы, сүрүн бэлэмнээһиҥҥэ киирэбит.

Духуопканы муҥутуур температураҕа тиийэ сылытабыт. Ас буһарар рукавка эппитин уонна маринуйдаммыт луукпутун угабыт, икки өттүттэн үчүгэйдик туттарабыт. 1-1,5 чаас буһарабыт.

Сёмга балыктан сокууска

Туох наадата:

Багет (килиэп) – 100-150 г;

Туустаах сёмга балык – 150 г;

Творожнай сыыр – 150 г;

Туустаах оҕурсу – 70 г;

Сибиэһэй укроп – 7 г;

Лимон суога – 1 өлүү;

Мэлиллибит хара биэрэс.

 

Багеты 1 см халыҥнаах гына кырбаан, 200 кыраадыска диэри сылыйбыт оһоххо 5-7 мүнүүтэ саһарчы буһарабыт. Килиэп таһыттан хачыгырас, ол гынан баран иһэ сымнаҕас буолуохтаах.

Укроппутун сууйан куурдабыт, бытархай гына кырбыыбыт уонна творожнай сыырбытын кытта холбуубут. Манна өссө хара биэрэһи уонна лимон суогун эбэн, амтанын өссө тупсарыахха сөп. Үчүгэйдик булкуйабыт. Туус кутар наадата суох, балык бэйэтэ туустаах буолан, амтан биэрэр. Быһа холоон 0,5- 0,7 мм халыҥнаах гына сыырбытын сыбыыбыт уонна үрдүгэр чараас гына кырбаммыт балыкпытын уурабыт. Туустаах оҕурсуну синньигэс гына кырбаан киэргэтиэххэ сөп. Хас биирдии бутербродка укроп сэбирдэҕин ууран, аһы өссө тупсаҕай көстүүлүүр кыахтаахпыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...