Саҥа дьылга бэлэмнэнии тыына
Бэлэхтэри толкуйдааҥ
Бэлэх оҥорор, биэрэр ылардааҕар ордук. Дьиэ кэргэҥҥитигэр, тапталлааххытыгар, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргитигэр тугу бэлэхтииргитин эрдэттэн толкуйдааҥ. Тугу да, кими да көтүппэт гына бары идеялары сурунуҥ. Хас биирдии бэлэхтиир киһигитигэр эҥкилэ суох сөп түбэһэр буоларыгар кыһаллыҥ.
Сөптөөх бэлэҕи көрдөөһүн судургута суох дьыала эрээри, интэриниэт ситимнэригэр эһиэхэ көмөлөһөр элбэх идеяны булуохха сөп.
Испииһэктэ оҥостуҥ уонна хаттаан бэрэбиэркэлээҥ. Бэлэх сыанатын учуоттуур хайаан да наада курдук, аны наһаа элбэҕи былааннаатахха, бүддьүөккэ оҕустарыахха сөп. Холобур, кирэдьиит ыла-ыла саҥа смартфон ылан бэлэхтиир наадата суох. Ороскуоккутун хонтуруоллааҥ: испииһэги оҥоруҥ, бэлэх сыанатын уонна альтернативнай көрүҥнэри киллэриҥ, кыаллар алҕастары көннөрүҥ.
Маҕаһыын кэрийэн элбэх дьону кытта аалсары сөбүлээбэт буоллаххытына, интэриниэтинэн сакаастыахха сөп. Сылаас дьиэттэн тахсыбакка олорон атыылаһар диэн бэрт буоллаҕа. Бэйэ бүддьүөтүттэн тахсыбат гына, ороскуот табылыыссатын оҥостуҥ эбэтэр төлөпүөҥҥэ анал сыһыарыыта хачайдааҥ. Интэриниэт-маҕаһыыннарга араас аахсыйалары, чэпчэтиилэри булуохха сөп. Бытархай шрибинэн суруллубут тиэрдэн биэрии уонна төнүннэрии туһунан иһитиннэриини кичэйэн ааҕыҥ; болҕомтоҕо уурбатаххытына, баҕар, бэлэххит икки ыйынан биирдэ кэлэн «бабат» дэттэриэ.
Ол эрээри сорохтор көннөрү маҕаһыынтан тутан-хабан көрөн атыылаһары ордороллор. Интэриниэтинэн атыылаһар кутталлаах даҕаны, сакаастаабыт бэлэҕиҥ арай өҥө, кээмэйэ, дьүһүнэ эһиги баҕарбыккыт курдук буолуомуон сөп, ону төнүннэрэр биир уустук дьыала.
Уопсайынан, бэлэх көрдүү бараргытыгар, сүбэлэһэргэ, чугас доҕоргутун, аймаххытын илдьэ сылдьыаххытын сөп.
Бырааһынньык атмосфератын оҥоруҥ
Амтаннаах сыт-сымар. Дьиэҕэ апельсины, корицаны, яблоканы буһардахха, бырааһынньык сыта олохсуйуо: Саҥа дьылы санатыа уонна уһуннук дьиэҕэ туруоҕа.
Бырааһынньыктааҕы музыкальнай «плэйлиста” бэлэмнээҥ. Саҥа дьыллааҕы ырыа балайда баар. Холобура, «Новый год» («Дискотека Авария»), «Песенка про пять минут» (Людмила Гурченко), «Саҥа дьыл” Күннэй & Игорь Егоров, “Дьээбэ”, (Вероника Михеева) “Саҥа дьыл” уо.д.а.
Дьиэҕитин, үлэлиир сиргитин киэргэтэргитин умнумаҥ! Эрдэттэн саҥа дьыллааҕы киэргэллэри атыыластаххытына, быдан чэпчэки сыанаҕа булуоххутун сөп. Интэриниэккэ б/у-ну (эргэни) булуохха сөп, бэйэ оҥоһуктарын, ону таһынан саҥа дьыллааҕы киэргэллэри оҥорорго үөрэтэр маастар-кылаастарга сылдьыахха сөп.
Бэлэх суулуур кумааҕыны, гирляндалары уонна харыйа оонньуурдарын бырааһынньык бүппүтүн, сыаната арыый түспүтүн кэннэ эһиилги сылга бэлэмнэнэн атыылаһыахха сөп.
Саҥа дьыллааҕы киинэтэ көрүҥ. Классическай киинэ элбэх, ону телевизорынан көрүөххэ сөп. Бырааһынньык күннэригэр үгүс ханааллар саҥа дьыллааҕы киинэлэри уонна бырагыраамалары көрдөрүөхтэрэ. Сахаларга даҕаны саҥа дьыл тыыныгар сөп түбэһэр киинэ балайда баар.
Саҥа дьыллааҕы киинэлэр холобурдара: «Кыһын тымныы эрээри, дьоллоох дьоҥҥо ичигэс», «Чысхаан», «Аптаах дорҕоон», «Ирония судьбы, или С легким паром!», «Карнавальная ночь», «Чародеи» уо.д.а.
Харыйа – бу кыһыҥҥы бырааһынньык сүрүн бэлиэтэ. Дьиҥнээх харыйа дуу, сымыйа харыйа буолара дуу оруолу оонньообот, саамай сүрүнэ – симээһин. Чугас доҕотторгутун, дьиэлээхтэргитин кытта бииргэ симиир улахан суолталаах. Бу күн туох эрэ интэриэһинэй биэчэри толкуйдуохха сөп.
Биллэн турар, үгэс курдук тыыннаах харыйа ордугунан ааҕыллар, алыптаах, санааны көтөҕөр, настарыанньаны тупсарар дыргыл сытыгар тэҥнээх туох да суох. Ол эрээри сымыйа харыйа хас эмэ сыл эһиэхэ сулууспалыаҕа, көрүүтэ-истиитэ да судургу.
Саҥа дьыллааҕы сандалы
Бирээнньик дьиэтэ астааҥ. Бу эмиэ бүтүн дьиэ кэргэни, доҕоттору-атастары сомоҕолуур дьикти түгэн. Сөбүлүүр ырысыапкытын булан, бирээнньик дьиэтэ астааҥ. Киэргэл дьиэни сиэххитин эбэтэр тоҥорон кэбиһиэххитин син. Саамай кылаабынайа – бииргэ буолууттан, бииргэ үлэлээһинтэн, алтыһыыттан дуоһуйууну ылыы.
Эбэтэр маҕаһыынтан бэлэм дьиэни атыылаһыахха сөп эрээри, сыаната арыый ыарахан буолуо.
Саҥа дьыллааҕы минньигэстэри эрдэттэн астааҥ. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр элбэх доҕор-атас ыалдьыттааччы. Дьон кэллэҕинэ астаах көрсөр туһуттан билиҥҥиттэн бирээнньиктэри, минньигэс тоҥор астары бэлэмнииргэ кыһаллыҥ. Салгын сиэбэт үчүгэй контейнерга харайыахха эрэ наада.
Саҥа дьыллааҕы киэһэни былааннааҥ
Дьиэ кэргэн көрсүһүүтүн тэрийиҥ. Маннык үгэс элбэх ыалга баар. Аймахтаргытыгар эрдэттэн ыҥырыылары ыытыҥ уонна саҥа дьыллааҕы көрсүһүү хаһан буоларын биллэриҥ. Ыҥырыылар испииһэктэрин оҥороргутугар, дьиэ кэргэн чилиэннэрин икки ардыгар куһаҕан уонна уустук быһыы-майгы баар түгэнигэр, ону куоттарар суоллары тобулуҥ.
Элбэх ыалдьыты ыҥырыаххытын баҕарар буоллаххытына, аймахтаргытыттан, доҕотторгутуттан бэйэлэрэ бүлүүдэлээх кэлэллэрин курдук көрдөһүҥ.
Дьиэ кэргэҥҥит элбэх оҕолоох буоллаҕына, оонньуулары, араас испэктээги да тэрийиҥ. Кырачаан оҕолор бэлэх туталларын наһаа долгуйа күүтэллэр. Кинилэр ахсааннарыттан уонна саастарыттан көрөн, дьиэтээҕи испэктээги эбэтэр кэнсиэри тэрийиҥ.
Бырааһынньыктааҕы барыыны-кэлиини былааннааҥ. Саҥа дьылы сорохтор анаан-минээн сылаас дойдуга көрсө бараллар, тымныыттан «күрүүллэр», сорохтор тас дойдуларга күүлэйдиир, сынньанар үгэстээхтэр. Онон уоппуска кэмин эрдэттэн толкуйдууллар.
Уоппусканы ханна ыытаргытын билбэт буоллаххытына, сыанабыллары ааҕыҥ эбэтэр турагентствоны кытта кэпсэтиҥ. Ол сир үчүгэйин-куһаҕанын билэ иликкитинэ, путевканы атыылаһымаҥ. Уоппуска стреһи устарга көмөлөһүөхтээх, онон үчүгэй сынньалаҥы хааччынар туһугар үлэни барытын эрдэттэн бүтэриэхтээхпит.
Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргитин кытта бэлэхтэ бэрсиһиҥ. Саҥа дьыллааҕы тэрээһин кэмигэр «Тайный Дед Мороз» оонньууну тэрийиҥ. Кыттааччылар ааттарын суруйуҥ, сэлээппэҕэ угуҥ уонна булкуйуҥ. Хас биирдии киһи кимиэхэ бэлэх уунарын бэйэтэ тардан ылыахтаах. Бэлэх сыанатын эрдэттэн болдьоһуҥ.
Сүбэлэр
• Гирлянданы, харыйа оонньуурдарын, киэргэллэри, бэлэх суулуур кумааҕылары эһиилги сылга диэри үчүгэйдик суулаан ууруҥ.
• Киэргэллэри илиинэн оҥорорго холонон көрүҥ. Холобур, аккырыыккалары.
• Тыыннаах харыйаны переработкалыыр сир баар буоллаҕына, онно туттарыҥ, дьиэ анныгар таһааран быраҕымаҥ.
• Саҥа дьыл өрөбүллэригэр үчүгэйдик сынньаныҥ, сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктаныҥ.
• Кэбирэх оонньуурдарга кырачаан оҕолор уонна дьиэ кыыллара тиийбэттэрин туһугар, үөһээ ыйааҥ.
• Бары дьоҥҥо барытыгар үчүгэй бырааһынньыгы баҕарыҥ!
• Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргитин, күн ахсын алтыһар доҕотторгутун бу күннэргэ үөрдэ-көтүтэ сатааҥ, этиһимэҥ. Дьон тыла бу алыптаах күннэргэ сэттээҕин умнумаҥ.
• Харыйа оонньуурдарын оҥорор маастар-кылаастарга сылдьыҥ, сөбүлүүр фирменнай торткутун астааҥ. Саҥа дьыл — айар үлэҕэ саамай тоҕоостоох кэм!
Сэрэтиилэр
Элбэх арыгыны иһимэҥ!
Дьиҥнээх харыйаны туруордаххытына, уу кутаргытын, үчүгэй тирээбил наадатын умнумаҥ.
Чүмэчини сэрэнэн туттуҥ, хайаан да олоҕор туруоруҥ. Харыйаҕа уурар түгэҥҥитигэр, светодиоднайы эрэ туһаныҥ.
Саҥа дьыллааҕы гирлянданы, электрическэй боруобаты эрдэттэн үлэлиирин-суоҕун бэрэбиэркэлээҥ.
Утуйаргытыгар гирлянданы араараргытын умнумаҥ.
Бэлэхтэргитин мөһөөччүктэргэ укпут буоллаххытына, туох эрэ ыарахаҥҥа ыйааҥ, оҕо бэлэҕин арыйарыгар көмөлөһүҥ.