17.02.2024 | 10:00

Сүүтүк саҕа сүбэлэр

Бүгүҥҥү нүөмэрбэр хаалбыт 25 сүбэни бэчээттиибин. Ааҕан туһаныаххыт диэн эрэнэбин, олоххут куруук күөх хонуунан аастын, күҥҥүт чэмэлийэ тыктын, дьоллоох-соргулаах буолуҥ!
Сүүтүк саҕа сүбэлэр
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

26. Түүлгүн сөпкө тойонноо

... эбэтэр оҥорон көрөн түһүү сытабын диэн санаа, хонтуруоллуу үөрэн. Оҥорон көрөн түһүүргэ эн тугу барытын оҥоруоххун сөп: көтөҕүн, атын планеталарга айанныыгын, биллиилээх дьону кытта биэчэргэ сылдьаҕын, түүлгэр баар уолу (кыыһы) кытта чугасыһаҕын.

Киһи оҥорон көрөр түүлүгэр ис туругун, толкуйун кытта бодоруһар кыахтаах диэн учуонайдар эмиэ этэллэр.

27. Эйиэхэ туох наадатын, туохха дьулуһаргын искэр күн аайы оҥорон көр

Туохха эрэ куруук санааҕын уурар буоллаххына – түмүгэр барыта табыллар диэн хаста да дакаастаныллан турар. Куруук үҥсэргиир буоллаххына, өссө табыллымыаххын, онтон сылтаан  үҥсэргиириҥ өссө элбиэн сөп.

Онон хас сарсыарда аайы тугу баҕараргын, ситиһиэххин баҕараргын оҥорон көрөргөр кыракый бириэмэҕин анаа. Бу эрчиллиигэ саамай кылаабынайа – чуумпуруу, дьоһуннаныы, онон эйигин ким да долгуппат балаһыанньатын, миэстэтин тал.

28. Күн аайы медитациялаа, кырата 20 мүнүүтэ 

Ханна эрэ олоро түс, айылҕаҕа ордук, тыынаргар болҕомтоҕун уур, атыны, ону-маны толкуйдуу сатаама. Тугу да санаабат, толкуйдаабат хайдах эрэ чуҥкук, ону ааһан табыллыбат да курдук буолуо гынан баран, үөрэниэҥ уонна сатаныа. Медитация кэнниттэн бэйэҕин олус чэпчээбит курдук, олус үчүгэйдик сананыаҥ.

29. Толкуйгун, өйгүн-санааҕын хонтуруоллуурга үөрэн

Киһи өйүн-санаатын туох эрэ түргэн сүүрүк кэлэрин, кутулларын курдук этиэн сөп эрээри, бу сүүрүгү ханна ыытары сатаан быһаарбаккын. Медитациялаан уонна куһаҕан санаалартан быыһанан, бэйэҥ өйгүн-санааҕын хонтуруоллуурга үөрэниэҥ.

30. Түргэнник ааҕыы уруоктарын ыл

Кинигэ туһата элбэх, билиигин хаҥатыа, тылыҥ-өһүҥ баайа эбиллиэ. Түргэнник ааҕыы – бу сонуну, билиини ылар биир судургу ньыма, мантан атын дьарыктарга бириэмэ хаалларыаҥ.

31. Сынньалаҥҥа бириэмэтэ бул!

Үлэ, биллэн турар, олус суолталаах, онтон аһыыгын-таҥнаҕын, ол да буоллар сынньанар бириэмэ булуоххун наада, төһө сатанарынан күн аайы. Оннук гымматаххына, чүмэчи курдук умуллан хаалыаҥ. Маны таһынан, үлэҕин ситиһиилээхтик түмүктээтэххинэ, бэйэҕин наҕараадалыыргын умнума.

32. Бэйэҥ туһунан үчүгэй өйдөбүлү хаалларарга үлэлэс

Дьону кытта бастакы көрсүһүүгэ итиитик дорооболос уонна кэпсэтиини чэпчэкитик саҕалаа. Тута кэпсэтэр тиэмэҥ суох буоллаҕына, бастатан туран бэйэҕин, ааккын-суолгун билиһиннэр, ол кэннэ күннээҕи сонунтан саҕалаан, үлэҕин-хамнаскын, сиэннэриҥ  да туһунан кэпсэтэн бар.

33. Дьон хараҕын утары көрөргө үөрэн

Туора атын сир диэки көрүү (ордук аллараа) бэйэҕэр эрэлэ суоххун уонна тугуҥ эрэ итэҕэһин көрдөрөр. Ол оннугар кэпсэтэр киһиҥ хараҕын утары көр, эн кинини истэргин, кини кэпсээнин сэргииргин биллэрэриҥ курдук.

Эн хараххын утары көрөн туран, дууһаҕын кытары курдаттыы көрөр курдук дьону билэҕин дуо?

Бу хантан да, ийэттэн-аҕаттан кэлбит майгы буолбатах, маннык көрөргө үөрэх наада. Сиэркилэҕэ хайдах көрүөхтээххэр үөрэн. Сотору бу эйиэхэ эмиэ табылларын билиэҥ.

34. Таабырыннаах буол

Барытын аһаҕастык ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыма, сорох суолталаах түгэннэри хайаан да аһаран кэбис. Ханнык баҕарар киһиэхэ туох эрэ ыҥырар, угуйар, ким да билбэт, билиэ да суохтаах таабырына баар буолуохтаах.

35. Сөбүлүүр, сатыыр дьарыккын бул

Бу дьарыккын хаһан баҕарар, ханнык баҕарар түгэҥҥэ көрдөрөр гына үчүгэйдик баһылаа. Холобур: араас фокустар, остуол тенниһэ, кылгас киинэлэри таҥыы, биир көлүөһэлээх бэлэсипиэккэ хатааһылааһын. Туох баҕарар буолуон сөп, онтон талыаххын наада:

1) Эйигин дьиҥ чахчы угуйар буолуохтаах;

2) Ханнык баҕарар түгэҥҥэ, ханнык баҕарар хампаанньаҕа көрдөрөр кыахтаах гына.

36. Утуйуоҥ иннинэ эбэтэр уһуктаат туох эрэ өрө көтөҕүллүүлээҕи аах

Бу эйигин утуйаргар да, күҥҥүн атаараргар да бэлэмниэ. Ханнык баҕарар биллиилээх этиилэртэн саҕалаан бэйэни сөптөөхтүк салайынар эбэтэр таптыыр суруйааччыҥ кинигэтигэр тиийэ аах. Хайаан да тугу эмэ ааҕарга кыһан, эйигин дьиҥнээхтик сэргэхситэр, аралдьытар, ордук сарсыарда дьиэттэн тахсаргар, эниэргийэҥ тулалыыр дьоҥҥор тыга сылдьарын курдук.

37. Сөбүлүүргүн эрэ оҥор

Үгүстэр кэлин бэйэбит талбыппытынан дьаһанан олоруохпут диэн элбэх үбү-харчыны өлөрөөрү, олохторун барытын күнүстэри-түүннэри үлэлээн-хамсаан онно аныыллар.

Киһи биирдэ олорор эбээт, тоҕо ону таптыыр дьарыккар, сынньалаҥҥар, айаҥҥар аныа суохтааххыный? Онуоха, бастатан туран, туохха баҕараргын билиэхтээххин...

38. Доҕотторгун сөпкө тал

Доҕотторуҥ эн дьиҥ сыаннастаргын билэллэр дуо? Сыалгын, баҕа санааларгын кэпсээтэххинэ, ону тэҥҥэ үллэстэллэр эбэтэр күлүү гыналлар дуо?

Доҕотторуҥ (сороҕор да буоллун) эйиэхэ куһаҕан санаалары үөскэтэр буоллахтарына, эн холкутук олороргор мэһэйдиэхтэрэ. Маннык доҕоттортон босхолонор уонна наадалаахтары булар – ыарахан сорук! Онон кимиэхэ да мэһэйдэтимэ, атыттары да мэһэйдээбэт гына үтүө доҕоттору бул.

39. Сибээстэри олоччу быһыма

Хаһан да син биир көрсүөм суоҕа да диэтэргин, ол дьону кытта сибээһи тут. Холобур, үлэҕиттэн уураттахтарына, салайааччыгар куруубайдаама! Эн кинилиин олоххор хаһан баҕарар көрсүөххүн сөп. Бу олорор олохпутугар онто да суох мөкү быһыы элбэх.

40. Дневниктэ оҥоһун

Бу өйгүн-санааҕын сааһылыырга, сыл аайы төһө эбиллэн иһэргин кэтээн көрөргө бэртээхэй ньыма. Үгүс дьон утуйаары сытан күннээҕи кыһалҕаларын, буолан ааспыт сабыытыйалары толкуйдууллар, саныыллар, арай ону сурунан истэххинэ хайдаҕый? Бу уруккуну хайыһан көрөргөр, толкуйуҥ, олоҕуҥ, өйүҥ-санааҥ төһө уларыйбытын билэргэр көдьүүстээх буолуо.

41. Пресскин бөҕөргөт

Эккэр-хааҥҥар баар атын былчыҥнартан преһиҥ биир саамай суолталаахтара эбит. Бу эн эттигиҥ киин точката. Балансаҕын, кини ис туругун тутарыҥ ис пресс былчыҥнарын күүһүттэн улахан тутулуктаах, оттон баланс ханнык баҕарар эт-хаан хамсаныытын, актыыбынаһын оҥорорго олоххор улахан суолталаах.

42. Ис санааҕын туһанарга үөрэн

Күн аайы бириэмэҕин чуумпуга аныыр, атаарар буоллаххына, ким эрэ этэригэр буолбакка, ис санааҕын иһит, кини тугу гынаргын ыйан-кэрдэн биэриэ. Ис санааҕын толкуйу уонна тас санааны кытта булкуйума.

43. Туохха барытыгар, бытархайга да туох эрэ кэрэни була сатаа

Бу дойдуга сэдэхтик сыаналанар кэрэ элбэҕэ суох. Сорох дьыаланы кэнники оҥорорго күн аайы биэстии мүнүүтэни анаа. Өйгүн-санааҕын ыраастаа, эн иннигэр туох эрэ баарыгар болҕомтоҕун уур –айылҕаҕа эбэтэр ханнык баҕарар эбийиэккэ.

Эбийиэк туох баар кыра деталларын барытын үөрэт уонна киниттэн уустугун сыаналыырга кыһалын. Маныаха хас да кэм ирдэниэн сөп.

44. Наадата суохтан ыраастан

Биһиги олохпутугар туох да туһаны аҕалбат бөх-сыыс элбэх. Маннык бөх-сыыс быыһыгар сорох дьону, эмоцияны уонна үгэһи булуохха сөп. Олоххун оҥорон таһаарарга, сыаналыырга, тугу гыныахтааххын быһаарарга бириэмэтэ бул. “Суох”диири сатаан этэргэ үөрэн.

45. Тугу аһыырыҥ, ол эн

Бу этиини үгүстүк истибитиҥ буолуо эрээри, үгүс киһи ол суолтатын билбэт. Эн этиҥ-сииниҥ аһыыр аскыттан эрэ турар, ону эн бэйэҥ толорон биэрэҕин. Буортулаах аһы таптыыр буоллаххына, мэйии, тирии, сүрэх иҥэмтэлээх аһы ылбат диэн бэйэҥ сөбүлэһэҕин.

46. Социальнай ситимнэргэ сылдьаргын аччат

Социальнай ситимнэргэ киирэн баран 6 чаас бириэмэҥ сүппүтүн бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын, оннук буолбуттаах дуо?

Интэриниэт – туйгун инструмент, ол гынан баран сорох сайтар эн атын туохха эрэ аныахтаах таһаарыылаах бириэмэҕин угуйан ылыахтарын сөп.

Тугу да гынар кыаҕа суох дьоҥҥо сайтка ыытыахха сөп бириэмэни хааччахтыыр түгэннэр бааллар. Сайтка ыытар хас биирдии мүнүүтэ барыта хонтуруолланар уонна этиллибит бириэмэттэн таҕыстыҥ да, сабыллан хаалар.

47. 10 000 чаас быраабылатын өйдөө

Өскөтүн олоххор туохха эрэ үөрэниэххин баҕарар буоллаххына, ону үлэҕэ киллэрэргэр кырата 10 000 чаас наада буоларын умнума. Туох эрэ наадата суох, кыаллыбат дьыалаҕа бачча чааһы анаабытыҥ дуо, холобур, социальнай ситимнэри баһылыырга? Олоҕуҥ тухары хайаан да туһалааҕы эрэ аҕалары оҥор!

48. Бэйэҕин атыттарга тэҥнээмэ

Киһи барыта мөлтөх уонна күүстээх өрүттээх төрүүр. Онон, атыттары батыһа сатаама.

49. Атыттары кытта тэҥнэс

Атын дьон ситиһиилэрин туһан, туох эрэ кыайыылары оҥорорго, үөрэнэргэ. Конкуренция – күүстээх эмп, маны тус интэриэскэр туттуоххун сөп. Маныаха биир балансы тутус, атыттары кытта тэҥнэһэбин дуу, эбэтэр тэҥнэспэппин дуу диэн.

50. Таптал — саамай, саамай

Тус олоҕуҥ толору хаһаайына буолуоххун баҕардаххына, хас биирдии хамсаныыгар, оҥоруугар таптал наада. Доҕотторгун, дьиэ кэргэҥҥин оннооҕор өстөөхтөргүн таптаа. Бу элбэх испииһэктэн саамай судургута суох сорук, ол иһин бүтэһик, 50 нүөмэрдээх сүбэнэн сылдьар.

Таптал бу дойдуга дьону абааһы көрөрдөөҕөр биир сэдэх иэйии эрээри, тапталынан сыдьаайа сырыттаххына, бэйэҥ, ону тэҥэ эйигин тулалыыр дьон хайдах курдук уларыйбыттарын тута көрүөҥ.

(Интэриниэт ситимиттэн)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...