Сүрэх кылын таарыйар
1992 сыллаахха Лаптевтар муораларын кытыытыгар Тикси бөһүөлэгэр Людмила Семеновна уонна Станислав Стальевич Гороховтар диэн ыал үөскүүр. Людмила оччолорго бэйэтэ икки оҕолоох этэ. Онтон кэргэниниин үс оҕолонон, биэс оҕолоох ыал буолаллар. Станислав тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр өр сылларга тырахтарыыһынан үлэлээбитэ, Людмила балыыһаҕа санитаркалыыра.
Оҕолор эр-биир улаатан, үөрэххэ барыталаан хаалбыттарыгар, биир күн чэйдии олорон Людмила Семеновна кэргэнигэр «тулаайах оҕо ылан иитэн, киһи буоларга көмөлөһөбүт дуо?» диир. Бу кэпсэтиигэ кинилэр хас да сылынан иккистээн уонна олохтоохтук эргиллэллэр.
Сүрүн сыалбыт – төрөппүтү кытта үлэ
Былыр даҕаны, быйыл даҕаны оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ арыгы боппуруоһа сытыытык турар. Төрөппүт бырааба быһыллыар диэри арыгылыыр ыал ханна да суох буолбатахтар. Тус бэйэм оннук дьону көрдөхпүнэ, иһиттэхпинэ, «Тоҕо маннык көстүү баарый? Туохтан тэмтэрийэр буоллахтарай? Тоҕо манныкка тиийэллэрий?» диэн ыйытыыларга хоруй көрдүүр идэлээх буолар этим.
Биир үтүө күн, оҕолорбут бары улаатан үөрэххэ барыталаан хаалбыттарыгар, чэйдии олорон кэргэммэр «тулаайах оҕо ылан иитэн, киһи буоларга көмөлөһөбүт дуо?» диэн санаабын үллэһинним. Кэргэним онно «эппиэтинэһэ да бэрт» эҥин диэбититтэн, кырдьык, сөбүлэспит курдук буоллум. Ол онон хаалбыта. Онтон биирдэ, ити 2015 сыллаахха, тэлэбиисэринэн «Будем вместе» диэн биэриини көрө олордубут. Төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт арыгыһыттар оҕолорун ыаллар иитэ ылалларын туһунан кэпсээтилэр. Ону көрө олорон кэргэним дэлби аһынна уонна «итинник оҕолорго көмөлөөх буолуох эбиппит ээ» диэн, били кэпсэтиибитин күөдьүтээччи буолбутугар, мин тута сөбүлэһэ түстүм. Ити сылтан племянницабыт үс оҕотун иитэ ыламмыт, «приемнай семья» статустаахпыт уонна күн бүгүҥҥэ диэри бу дьыаланан утумнаахтык дьарыктанан кэллибит.
Биир күн арай Үөрэх министиэристибэтин иһинэн эпиэкэҕэ ыҥыраннар, «Эбии оҕо ылыаххыт этэ дуо?» диэн этии киллэрбиттэрэ. Онон үс бииргэ төрөөбүттэри ылбыппыт. Кыралара балтараа саастаах, онтон түөртээх, биэстээх оҕолор кэлэллэр. Оҕолорбутун көтөхпүтүнэн дойдубутугар Тиксиигэ көппүппүт.
Аны биир күн «Берегиня» оҕо дьиэтиттэн төлөпүөннээн: «Эйиэхэ 14 саастаах кыыс оҕо барыан баҕарар»,– диэтилэр. Онтон ол кыыспыныын көрсүһэн, кэпсэтэн, тоҕо чуолаан биһиэхэ барыан баҕарарын ыйыталаспыппар, «эйигин манна кэлэ сылдьыбыккын хаста да көртүм» диэччи буолла. Бу барахсаттар сэмээр итинник эмиэ көрө сылдьар буолар эбиттэр.
Детдомҥа барыта бэлэмҥэ улаатан, арай 14 саастаах кыыспыт тугу да сатаабатын улаханнык соһуйа көрдүм. Онон бэйэтин көрүнэриттэн саҕалаан барытын саҥаттан үөрэтии буолбута. Тутта, хомуна үөрүйэҕэ суох буолан, хайдах эрэ наар этэ, соруйа сылдьар курдук балаһыанньа этэ.
Ханнык баҕарар оҕо, төһө даҕаны үчүгэй усулуобуйаҕа олордор, иитилиннэр, төрөппүт ийэтиттэн, аҕатыттан курдук толору тапталы ылбат. Онон бу сыллар тухары иитэр оҕолорбут дьиҥнээх төрөппүттэрин кытта арыгыларын тохтотон, эмтэтэн, оҕолорун ылалларын туһугар үлэни ыытан кэллибит. Онтубут түмүгэ икки өттүттэн олус үчүгэй. Төһө да олохторугар тэмтэрийэн ыллаллар, өйдөөннөр, көнөр суолга тураннар, кимнээҕэр үчүгэй ыал буолан олорооччулар биһиги практикабытыгар элбэхтэр.
Эдэр төрөппүттэр олох ыараханнарын кыайан туораабакка, проблемаларын умнаары арыгыга охтоллор, устунан ыллараллар эбит. Ол эбэтэр, судургутук, күннээҕи кыһалҕаттан куотуу. Олох уустуктарыттан чаҕыйан, туох да сыала-соруга суох арыгылыыллар, түмүгэр оҕолорун судаарыстыба көрүүтүгэр быраҕаллар.
Бу – билигин эттэххэ бөдөҥ, оттон маннык түмүккэ мин сүүрбэ икки оҕону иитэн бараммын кэллим.
Ыарахан ыарыылаах оҕо тоҕо коммерция курдук көрүллэрий?
Икки сылтан бэттэх доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолору ылан көрөбүт. Маннык хардыыга эмиэ биир эмэ оҕону олоххо бэлэмнээх гына иитэн таһаарар санааттан кэлбиппит. Икки кыргыттарбытын эмтэтиигэ, эпэрээссийэҕэ сүүрүү-көтүү, араас докумуону толорторуу манан аҕай дьыала буолбатах. Ону Оҕо дьиэтиттэн ыарыһах оҕону ыларбытыгар үлэһиттэр өттүлэриттэн сыһыан сөхтөрбүтэ. Биир кыыспыт диагноһа сүрдээх уустугун билэ-билэ ыллахпыт дии. Ону «Коммерсаннаргыт дуо?»– диэн ыйытыылара соһуппута даҕаны, хомоппута даҕаны. Ыарыһах оҕону көрүүгэ туох коммерцията баар буолуоҕун киһи өйө хоппот.
Күннээҕи түбүк оҕо доруобуйатыгар, сайдыытыгар түмүгү аҕаларын эппиэтинэстээх төрөппүт барыта билэр. Онон ыарыһах оҕолорбутугар ийэлии иһирэх, аҕалыы амарах эрэ сыһыанынан көмөлөһөбүт.
Сүлүөт саҥа саҕахтары сахпыта
Приемнай семьяларга аналлаах сүлүөккэ сылдьыым миэхэ саҥа саҕахтары сахпыта. Уопут бөҕө ылан дьиэбэр төннүбүтүм.
Төгүрүк остуолга: «Тоҕо оҕону ылан иитэҕитий?» диэн ыйытыыга бары эппиэттээбиппит. Бары эрдэттэн үлэлээбит дьон ортотугар мин эрэ саҥа саҕалааччы этим. Онно иһиттэхпинэ, ким эрэ педагогпун диир, ким эрэ оҕону сөбүлээн диир, ким эрэ тулаайаҕы иитээри диир. Аны мин уочаратым кэлбитигэр туох диэхпиний диэн толкуйдаан бараммын: «Бырабыыталыстыба биһиэхэ тулаайах оҕолору эрэнэн биэрдэҕэ дии. Онон биһиги сыалбыт – оҕолору үчүгэйдик иитии, олоххо бэлэмнээһин. Уонна дьоннорун кытта үлэлэһэммит, көнөр суолга киллэрэммит, оҕо бэйэтин төрөппүттэригэр барарын ситиһиэхтээхпит буолуо»,– диэн хоруйдаат, олорунан кэбистим.
Ыытааччы онуоха: «Манна биир эрэ сөптөөх хоруйу иһиттим»,– диэтэ уонна миигин ыйан кэбистэ.
– Бу саҥа үлэлээн эрэр киһи үлэтин сөптөөх сыаллаах саҕалаабыт. Иитэ ылар оҕолоргут эһиги бас билэр оҕолоргут буолбатахтар. Бу судаарыстыба оҕолоро буолалларын өйдөөҥ. Эбэтэр бэйэҕит аннынан суруйтаран бэйэ оҕото гыныаххытын сөп. Онон оҕолоргут төрөппүттэрин кытта үлэлээн, оҕо төрөппүт дьонугар төннөрүн туһугар кыһаллыҥ. Эһиги сыалгыт оннук»,– диэтэ.
Төрөппүттээх оҕолор өттүлэриттэн тоҥкуруун сыһыан баара хомотор
Оскуолаҕа эмиэ туһунан кыһалҕалар буолаллар. Дьиэҕэ төрөппүт тапталыгар үөскээбит оҕолор биһиги оҕолорбутугар аһары кытаанах сыһыаннаахтарыттан эмиэ киһи хомойо саныыр. Проблемабыт итинэн эрэ түмүктэммэт. Ахсыс кылааһы бүтэрбит оҕобут тохсус кылааска тахсарыгар ПМПК хамыыһыйатынан быһааран, «8-с көрүҥ» оҥоробут диэн соһуттулар. Ону сокуоннай бэрэстэбиитэл быһыытынан «тохсус кылааһынан үөрэххэ барар оҕоҕо манныгы туруоран, оҕо дьылҕатын быһымаҥ» диэн туруорсан, хата, хамыыһыйа оҥорботоҕо. Ол кыыспыт билигин орто анал үөрэҕи бүтэрэн, АГАТУ устудьуоҥката.
Итиниэхэ майгынныыр сыһыан учууталлар өттүлэриттэн эмиэ баар. Биир уолбутун дьиэбит подъеһыгар атын дэриэбинэттэн кэлэн олорорун булан дьиэтиппит түгэннээхпит. Биричиинэтэ эмиэ төрөппүт арыгылааһына. Ол түмүгэр көрүүтэ-истиитэ суох сылдьан, болҕомто, хонтуруол суоҕуттан суукка тиийэ дьыала тэриллибит оҕо эбит. Уолбутун оскуолаҕа биэрэ барбыппытыгар, «атын дэриэбинэ, бэрээдэгэ суох, күлүгээн» эҥин диэн матыыптаан ылымаары гыммыттарыгар оҕобун харах уута тохтуулаах көмүскэспиппин бу баардыы өйдүүбүн.
Онон уопсастыбаҕа төрөппүт буруйунан кыһалҕаны көрсөр улаатан эрэр оҕолор көмүскэллэрэ суоҕа, киһи өйдөөбөт ситуациялара оннооҕор оскуолаҕа үлэлиир үрдүк үөрэхтээх учуутал, психолог дьонтон тахсара билиҥҥи кэмҥэ сүрдээх буолбатах дуо?!
Психолог быһааран биэрбитэ
Биир кыыспыт аҕабытын тутатына «папа» диэн ыҥырбытынан барбыта. Оттон миигин төрүт да «мама» диэбэтиттэн, испэр мунчаарар этим. Ол кэмҥэ, хата, Тиксиигэ психолог тиийбитигэр, кыыспыныын консультацияҕа сырыттыбыт. Онно билбитим, «мама» диэн тыл киниэхэ «миигин бырахпыт киһи» диэн өйдөбүллээх эбит. Төрөппүт ийэтигэр хом санаалаах диэн быһаардылар. Оттон психологтарга миигин «саамай чугас киһим» диэн эппитин истэн, чахчы, наһаа үөрбүтүм.
Кыыспыныын наар кэпсэтэбит. Сүбэлиибин. Нуучча оҕото буолан, дууһата олус уйан, чараас. Кыра оҕону сөбүлээбэт этэ. Ону эмиэ сүбэ курдук «эн кыыскын, улааттаххына, оҕолонон, ийэ буолуоҥ. Оҕолору таптыахха наада», — эҥин диэн кэпсэтэбит.
Ийэ да, аҕа да тэҥинэн кыһаллабыт
Биһиги Гороховтар приемнай семья буолан бараммыт 22 оҕону ииттибит. Үс үстүү оҕолоох, биир икки оҕолоох ыаллары кытта үлэлэһэммит, көнө суолга тураннар, оҕолорун төрөппүттэригэр төнүннэрбиппит.
Оҕолорбутунуун үгүстэрин кытта сибээс тутабыт. Сорохторо, бука, ген оруоллаах буолуо, дьиэттэн тахсаат, сибээстэн сүтэн хаалар түбэлтэлэрэ эмиэ баар.
Оҕолорбут ортолоругар балыксыттар да бааллар, анал идэлээхтэр да бааллар. Онон бэйэлэрин иннилэрин көрүнэр, тус суолларын солонор кыахтаахтар.
Ол барыта ийэ үтүөтэ эрэ буолбатах. Аҕа эмиэ биир да өрөбүлэ суох ийэлиин тэҥҥэ иитэр оҕолоругар кыттыһара чуолкай бөҕө буоллаҕа дии. Онон приемнай дьиэ кэргэттэргэ аҕаҕа эмиэ туох эрэ көрүллүөн наада. Мин кэргэним Станислав Стальевич өйөбүлэ, тирэҕэ суоҕа буоллар, төһө даҕаны баҕарбытым иһин, маннык элбэх оҕону олоххо, буолаары буолан тыйыс айылҕалаах хоту дойду олоҕор бэлэмнээн таһаарарым уустук буолуо этэ.