Сүрэҕи өрүкүтэр, хараҕы уматар бачата
Петр Борисов 2010с. арыйбыт «Dance Empire» бачата үҥкүү оскуолатыгар араас саастаах, идэлээх дьон сөбүлээн дьарыктанар. Социальнай үҥкүү буолан, манна ким баҕалаах киһи сүрэҕин кылын таарыйар романтичнай музыкаҕа уйдаран, эрчимнээхтик хамсанан, күннээҕи түбүктэн тэйэн, үҥкүү алыптаах эйгэтигэр куустарар.
Үөрэттэххэ боростуой хамсаныылары баҕалаах бары сатыан сөп. Манна оҕолор уонна улахан дьон, ону таһынан 45-тэн аҕа саастаах көлүөнэ тус-туһунан бөлөхтөргө арахсан үҥкүүлүүллэр. Биллэн турар, сааһырбыт дьон арыый бытааннык, холкутук хамсаналлар, кинилэргэ кыра ноҕорууска бэриллэр, эдэрдэр курдук биир кэм эргичийэ, өрө холоруктана сылдьыбаттар.
Бачата үҥкүү Атлантическай акыйаан уонна Карибскай муора төгүрүктээн турар аан дойдуга аатырбыт үрүҥ кумахтаах, көҕөрүмтүйэн көстөр ыраас уулаах Доминиканаҕа үөдүйбүтэ. Дьахтар куоска курдук имиллэҥнээн, этин-сиинин долгуннура эриллэҥнэтэн, быһыытын-таһаатын имэринэ-имэринэ хайа баҕарар күүстээх аҥаары угуйар, хараҕын уматар курдук иэйэн-куойан үҥкүүлүүр. Кэтит сарыннаах, былчыҥнаах илиилээх эр хоһуун кэрэ аҥаарын иннигэр эргитэ сылдьар. Кинилэр кыраһыабай музыкаҕа уйдаран, харах харахха, илии илиигэ даҕайсан, сүрэхтэрэ кытта тэҥҥэ тэбэр курдук.
«Dance Empire» бачата үҥкүү оскуолатын преподавателэ Эльвира Петрова 6 сааһыттан спортивнай-бальнай үҥкүүнэн дьарыктанар. Кинини ийэтэ Михаил Сивцев «Мозаика» үҥкүү бөлөҕөр аҕалбыта, бастакы тренерэ Саргылана Борисова самба, румба, ча-ча-ча курдук тэтимнээх үҥкүүгэ, спорка, искусствоҕа тапталы уһугуннарбыта.
Хореографиятын салгыы Юрий Алексеев чочуйан биэрэн, Эльвира күрэхтэһиилэргэ кыттар, миэстэлэһэр буолбута. Оскуоланы бүтэриэр диэри үҥкүүнү арахсыспат аргыс оҥостон, инники идэтин бу алыптаах, умсугутуулаах эйгэни кытта ситимнээбитэ. Москватааҕы култуура институтун спортивнай-бальнай салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон төрөөбүт дойдутугар Дьокуускайга эргиллэн кэлэн, «Dance Empire» үҥкүү бөлөҕөр күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
— Эльвира, үҥкүүнэн дьарыктаныаххыттан ситиһии чыпчаалыгар төһө түргэнник таҕыстыҥ?
— Үҥкүүгэ уол аҕыйах буолан, бастаан паара буларга уустуктардаах этэ, онтон ким эрэ кэлэр-барар, уларыйыы тахсар. Биир кэмҥэ дьарыкпын быраҕа сылдьыбытым, ол эрэн үҥкүүгэ тардыһыым уҕараабат этэ. Онон Москваҕа спортивнай-бальнай үҥкүүгэ үрдүк үөрэххэ киирэн, Кремль, «Олимпийскай» стадион, «Легенды Ретро-FM» о.д.а. үрдүк сыаналарыгар бөлөҕүнэн үҥкүүлээн турардаахпыт.
Петр Борисовы мин өссө оҕо сылдьан «Мозаикаҕа» үҥкүүлүүр кэмиттэн билэбин, кини биһигиттэн аҕа саастаах бөлөххө баара. Москваҕа үөрэхпин бүтэрэн кэлээт, «Dance Empire» улахан кастинг ааһан, сүрүн састаабыгар киирэн, спортивнай-бальнай үҥкүүгэ оҕолору үөрэтэн саҕалаабытым.
2018с. «Dance Empire show» тэрийэрбитигэр киэһэ 18ч.30 мүн. - 21ч. 30 мүн. диэри уруок ыытарбыт, онтон түүн 1 ч. диэри үҥкүүбүтүн туруорарбыт. Бэйэҥ баҕа өттүгүнэн дьарыктанар буолан, сылайаргын да билбэккин.
Итинник утуйар уубутун да умнан туран эрчиллэн, хас биирдии хамсаныыбытын чочуйан, Санкт-Петербурга «Russian bachata festival» кытта барбыппыт. Онно Арассыыйаттан эрэ буолбакка, испанскай үҥкүүһүттэр дьоро киэһэни киэргэтэн, маастар-кылаас ыыталлара. Ону таһынан, импровизацияҕа кыттыбыппыт, сыанаҕа тахсан хаһан да харахтаан көрбөтөх киһигин кытта үҥкүүлүүгүн.
«Russian bachata festival» 40 кыыстан талыллан, тургутугу ааһан, үһүс миэстэни ылбытым, пааранан үҥкүүгэ эмиэ үһүс буолбуппут. Онтон сиэттэрэн бэйэбэр эрэлим күүһүрэн, салгыы араас күрэхтэргэ киирсэн иһэрим. Ити тэрээһин кэнниттэн Дьокуускайга дьоҥҥо бачатаны үөрэтэн барбытым, билигин үөрэнээччилэрбитин араас бэстибээллэргэ таһаарабыт. Биһиги дьоммут Арассыыйа чемпионатыгар бастаан тураллар. Үҥкүүгэ анал үөрэҕэ суох дьон дьарыктанан, сорохтор преподавательгэ тиийэ үүнэн-сайдан тахсаллар.
— Петр Борисовы кытта 2021с. Москваҕа бачатаҕа чемпион үрдүк аатын ылбыккыт, онтон 2022с. Екатеринбург куоракка дьахталларга Арассыыйа кубогар бастаан тураҕын. Маннык дьоһун кыайыыны хайдах ситистигит?
— Күрэхтэһиигэ кыттарбытыгар үҥкүүбүтүн Петр бэйэтэ туруорар, чемпионат шоу буолбакка, баттл курдук ааспыта, сыанаҕа икки паара тахсан күрэхтэһэр, кыайтарбыт өттө туораан иһэр. Бэл, ханнык музыканы холбуулларын билбэт этибит. Үҥкүү үксэ импровизация курдук ааспыта, Петр миигин чэпчэкитик көтөҕөн өрө бырахпыта, онуоха мин эргийэ түһэн баран сальто оҥорбуппар дьон “вау” дии түспүтэ. Ити курдук көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыппыт, бэстибээл ыалдьыттара туһунан куоластаабыттара.
Сахалар бачатаҕа кыайбыппытыгар улаханнык соһуйбатахтара, сыл аайы биһиги дьоммут араас күрэстэргэ кыттар, дьону үөрэтэр буолан, үчүгэйдик билэллэр. Екатеринбург куоракка күрэхтэһии эмиэ баттл курдук ааспыта.
Бу күһүн «Big Russian bachata» Петры кытта үҥкүүлээн, иккис миэстэни ылбыппыт. Леди-бөлөххө биһиги бэлэмнээбит кыргыттарбыт бэһис буолбуттара. Билигин аныгыскы күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэбит.
Маннык тэрээһиннэр идэҥ таһымын, сатабылгын сайыннарарга көмөлөһөллөр, бэйэҥ ноҕоруусканы төһө тулуйаргын тургутан көрөҕүн.
— Ол аата бачата эн сөбүлүүр дьарыгыҥ уонна сүрүн үлэҥ дуо?
— Сөбүлүүр дьарыккын үлэ оҥостор дьол дии саныыбын. Үҥкүү дьоҥҥо үөрүүнү-көтүүнү, сэргэхсийиини биэрэр, манна олох атын эйгэҕэ киирэн хаалаҕын. Дьарык кэнниттэн үгүстэр: «Биһиги манна кэлэн үлэбититтэн сынньанабыт, үлэ-дьиэ түбүгүттэн аралдьыйабыт, тымныы кырыа кыһын дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, кыраһыабай музыкаҕа уйдаран, эппитин-сииммитин эрчийэбит», — диэн этэллэр.
«Dance Empire» иһинэн бачата дьоро киэһэтин тэрийэн ыытабыт, дьон манна кэлэн сынньанар, үҥкүүлүүр.
— Үҥкүүһүттэр диетаны төһө тутуһаҕытый?
— Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн үҥкүүлүү сылдьан иккилии уруок ыытаҕын, онтон күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэҕин, итинник сүүрэ-көтө сылдьан аһаабытыҥ тута уматык курдук «умайан» хаалар. Хас биирдии нүөмэр эт-хаан эрчимнээх хамсаныытын эрэйэр. Онон аспар талымаһа суохпун, хааччаҕы тутуспаппын.
— Үҥкүүнэн үлүһүйүү, араас күрэхтэргэ кыайыы тус олоххор хайдах дьайарый? Социальнай ситимҥэ уолаттар суругунан көмөллөрө буолуо.
— Үҥкүүгэ киириэхпиттэн биир уол миэхэ болҕомтотун уурбута, кинини кытта «Мозаикаҕа» бииргэ үҥкүүлээбиппит, билигин ыал буолан олоробут. Ол эрэн кэргэним сүрүн үлэтэ үҥкүү буолбатах эрээри, бачатаны миигин кытта бэркэ сөбүлээн үҥкүүлүүр. Кинини кытта импровизация күрэҕэр кыттан, саҥа саҕалааччыларга Арассыыйа таһымыгар бастакы миэстэ буолбуппут. Кэргэним уруоктарбар көмөлөһөр, Петр дьиэ кэргэнин кытта Москваҕа көспүтэ, оттон парнай бачатаны партнеру кытта көрдөрүөххэ наада.
Кэлин бачата киэҥник тарҕанан, дьарыкпытыгар күүстээх аҥаар элбээтэ.
— Аэропорка Дьокуускай остуруогун иннигэр үҥкүүлээбит роликкытын, бачатаҕа уустук спортивнай трюктары, сальто оҥороргутун элбэх киһи сөҕө-махтайа көрбүтэ. Ити ролигы туохха бэлэмнээбиккитий?
— Сайын куоракка хамсык харантыынын кэмигэр дьиэҕэ олордохпуна Петя видео ыытта, Испанияттан Сара Панеро уонна Марко Спехо социальнай ситимҥэ аан дойду үрдүнэн челлендж биллэрбиттэр. Кинилэр хореографияларынан, талан биэрбит музыкаларынан үҥкүүлүөхтээх этибит. Биһиги тута сөбүлэстибит, үҥкүүбүтүн үөрэтэн баран аны локация талар түбүккэ түстүбүт. Өр сыымайдаан баран Дьокуускай күҥҥэ күлүмүрдүү турар остуруогун таллыбыт. Видеооператор быһыытынан дьүөгэбин илдьэ бардым. Биир нэдиэлэ курдугунан челлендж түмүгүн биллэрдилэр, 100-тэн тахса паараттан биһиги үһүс миэстэ буоллубут. Бастакы миэстэни итальянецтар ылбыттара, Арассыыйаттан биһиги миэстэлэспиппит.
— Бачатаҕа Арассыыйа, бүтүн аан дойду таһымыгар сахалар инники күөҥҥэ сылдьаргытын киһи эрэ астына, үөрэ истэр! Инникитин даҕаны өссө да үрдүк ситиһии сиэттиһэ, кыайыы өрөгөйө санааҕытын саҥа саҕахтарга кынаттыы турдун!