11.06.2021 | 10:33

Сөпкө аһыаҕыҥ, уһун үйэлэниэҕиҥ

Сөпкө аһыаҕыҥ, уһун үйэлэниэҕиҥ
Ааптар: Григорий Михайлов-Дьулҕан
Бөлөххө киир

Саха өрөспүүбүлүкэтин 3 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа поликлиникатын эндокринолог бырааһа Станислав Ивановтан киһи уойуутун уонна сахарнай диабет туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.

Сахарнай диабет ыарыылаахтар күн-түүн элбээн иһэллэр. Урукку кэмҥэ 45-тэн саҕалаан ыалдьар буоллахтарына, билигин 35 саастаах дьон эрэйдэнэллэр. Ол биричиинэтэ биллэр: олох укулаата, ас састааба уларыйыыта уонна дьон хамсаныыта (гиподинамия) аҕыйаабыта буолар. Биһиги өбүгэлэрбит натуральнай, сибиэһэй, химиката суох эт, балык, үүт астарынан аһыыллара. Кыһыннары-сайыннары күннэтэ ыарахан илии үлэтинэн дьарыктаналлара: мас мастааһына, оттооһун, сүөһү, сылгы, таба иитиитэ, бултааһын о.д.а.

Билигин маҕаһыыннарга омук аһа дэлэй. Туттуллар болдьоҕун уһатар сыалтан кинилэргэ араас химикаттары булкуйаллар. Ол нууччалыы “быстрый углевод” дэнэллэр. Бу астар буһарарга түргэнник астаналлар, киһини тута тотороллор. Састаабыгар киһи доруобуйатыгар туһалаах эттиктэрэ суох. Төттөрүтүн киһи хааныгар саахары үрдэтэн уойууга, ыйааһыны үрдэтиигэ, диабетик буолууга тириэрдэр. Сахарнай диабет икки тииптээх. Бастакыга оҕолор ыалдьаллар. Кинилэр ноордорун былчархайа (поджелудочная железа) үлэтэ кэһиллэн, инсулины кыайан оҥорбот буолар. Оччотугар бастайааннай инсулиҥҥа наадыйар турукка киирэр. Этэргэ дылы, инсулинтан тутулуктанар.

Иккис тиибинэн сааһырбыт дьон ыалдьаллар. Үгүс ыарыһахтар ыалдьыбыттарын төрүт да билимиэхтэрин сөп. “Минньигэс өлүү” (сладкая смерть) диэн уодаһыннаах, ыарахан содуллаах ыарыы. Саахар хааҥҥа үрдээһинэ тымырдары кэбирэтэр. Эмтэммэккэ, баалатан кэбистэххэ, өлүүгэ тиэрдэр. Урукку өттүгэр медосмотрга (үлэҕэ киирээччилэр, суоппар быраабын ылааччылар, саа көҥүлүгэр) барааччылартан диабетиктары булар этибит. Кэлиҥҥи кэмҥэ диспансеризация бырагыраамата олоххо киирэн, олус туһалаата. Маныаха саастарынан бөлөхтөргө араарыллан хас биирдии киһи холестерин, саахар, хаан баттааһына, харах, бүөр, быар, ис-үөс, тыҥа, о.д.а. анаалыстарын, УЗИ-ларын түмүктэринэн ыалдьар дьону туһааннаах быраастар учуокка ылаллар, эмтээбитинэн бараллар.

Өскөтүн хааныгар 7 ммоль/литр үөһэ саахар көһүннэҕинэ эндокринолог бырааска консультацияҕа ыыталлар. Биһиэхэ аналлаах гликемированнай гемоглобин анаалыһын туттарар. Онуоха ыарыһах аччык искэ тымырыттан хаан биэрэр. Кини киэһэ аҕыс чаас кэнниттэн аһыа суохтаах, сарсыарда уу иһиэ, оннооҕор тииһин суунуо суохтаах. Тиис суунар пааста саахары таһаарыан сөп.

Уопсайынан, диабет олус элбээн турар. Ити үксэ балыыһаҕа көрдөрүнэ кэлэр дьон. Оттон биһиги билбэппитинэн, көрдөрүммэт дьон ахсааныгар төһө диабеттаах киһи баара буолуой?

Сахарнай диабеттан хайдах профилактикаланыахха сөбүй? Бастатан туран, хас биирдии киһи бэйэтин саахарын көрүнэ сылдьыан наада. Түргэн углеводтары рационуттан аҕыйатыахтаах, суох да гыныахтаах. Ити туһата суох ас. Аҥаардас амтана эрэ үчүгэй, оттон доруобуйаҕа буортута элбэх. Ити пицца, фастфуд – хотдог, гамбургер, чизбургер, аһыы тумалаах куурусса крылышкалара,  Кока-кола туох да үчүгэйгэ тириэрдибэт.

Сахарнай диабетка уойуу, ордук ыйааһын олус кутталлаахтар. Дьон билигин үксэ киэһэ үлэлэриттэн сылайан кэлэллэр, ыгыччы аһыыллар, дьыбааҥҥа сытан тэлэбиисэр көрөллөр, төлөпүөннэһэллэр. Онуоха киэһэтин организм аһы буһарар үлэтэ мөлтүүр, эбиитин хамсаммакка тиэрэ түһэн сыттаххына аһыҥ ханна да “умайар” кыаҕа суох буолар. Ити аспыт барыта мунньуллан хаалар, сүлүһүнэ тымырга киирэр, киртийэр, саахар үөскүүрүгэр тириэрдэр. Онон, киһиэхэ физическэй нагрузка хайаан да наада. Хамсана, тугу эрэ оҥоро-тута, дьарыктана сылдьыахтааххын. Ордук саастаах дьон хамсаналлара ирдэнэр. Ити скандинавскай хаамыы баар дии, дьэ ити туһалаах. Уопсайынан, хайа баҕарар киһи, ордук саастаах дьон, күн ахсын саатар 30-40 мүнүүтэ хайаан да хаамыахтаахтар. Биһиги буоллаҕына массыынанан эбэтэр оптуобуһунан сылдьабыт. Дьиэбитигэр кэлэн, салгыы эмиэ олорон тахсабыт, ол иһин хаан эргийбэт. Сэрээккэ олус үчүгэй, киһи этин-сиинин хамсата, чэбдигирдэ, эрчийэ сылдьыахтаах. Оччоҕуна аһаабыт аһыҥ калорийа барыта “умайан”, саахар олохсуйбат. Аны туран, эмис киһи ыйааһынын кыччатыахтаах. Улахан ыйааһыннаах киһи сүрэҕин, бүөрүн үлэтэ мөлтүүр, дабылыанньа хамсыыр, саахара үрдүүр, сүһүөх ыарыыта буулуур. Ол иһин ордук ыйааһын туохха да наадата суох.

Профилактика биир көрүҥүнэн сылга иккитэ бырааска хайаан да көрдөрүнүөххэ наада. Үгүс киһи эрдэ көрдөрүммэккэ, ыарыыга ылларбыт буолаллар. Доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр диэн сөпкө этэллэр, эн бэйэҥ кыһаллыбатаххына ким кэлэн кыһаллыай? Онон кытаатан доруобуйаҕытын эрдэ сылла көрүнэ, эмтэнэ, бэрэбиэркэлэнэ сылдьыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...