14.01.2022 | 20:45

Сүллүүкүн билгэтэ

Сүллүүкүн билгэтэ
Ааптар: Киин куорат
Бөлөххө киир

Аныгы дьалхааннаах олох киһи кутун-сүрүн ыһара, аймыыра элбэх. Ол иһин аан дойду үрдүнэн духуобунаска, итэҕэлгэ болҕомто улаатта. Саха итэҕэлин биир быстыспат сорҕотунан Таҥха итиэннэ сүллүүкүн буолар.

Сүллүүкүн диэн кимий? Мифология быһыытынан, бу уу анныгар олорор харамай. “Сюльльюкюн” диэн өйдөбүлү өссө В. Л. Серошевскай научнай үлэтигэр киллэрбитэ. Эбии бүрээттэргэ “шүлүкүн” диэн уу иччитэ баарын суруйбута. Славян омуктарга эмиэ дириҥ ууга олохсуйар “шилукуннар” бааллар.

Сүллүүкүннэр уу анныттан, ойбонтон тахсалларыгар биһиги харахпытыгар икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх буолан көстөллөр. Уос номоҕор кэпсэнэринэн, үксүн дьахтар, ардыгар эрэ эр киһи буолан кубулуналлар эбит. Кинилэр Саҥа дьыл уонна Кириһиэнньэ быысаһар кэмнэригэр ыалдыттыыллар. Кириһиэнньэҕэ ууга Сибэтиэй кириэс угулуннаҕына, куттанан, төрүт үөстэриттэн араҕаллар; түүн суолларга-аартыктарга илэ хаамсаллар, оҕолорун-урууларын сыарҕалаах оҕуска тиэйэ сылдьаллар. Ууга түһэн өлбүт киһи сүллүүкүннэргэ кыттыһар диэн номох баар.

Ол көһө сылдьан таһаарар тыастарын-уустарын иһиллээн, былыргы дьон инникилэрин сэрэбиэйдэнэллэрэ.

 

Кириэһинэн харыстанабыт

Тыас иһиллээччилэр үөт түөрэҕинэн олорор сирдэрин төгүрүтэн ойуулууллар, бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буолан, өйөнсөн ыксалаһа олоруохтаахтар, суорҕанынан бүрүнэллэр. Ким таһыгар ынах мэҥириирин, тиҥсиринэрин, хаамарын истибит – баай-талым олохтонор; төбөтүн үрдүнэн чыычаах ыллаатаҕына – элбэх оҕолоох буолар; ыт үрдэҕинэ – урууга, ыал буолууга; маһы тоҥсуйар тыас – ким эрэ өлөр: истибит киһи бэйэтэ эбэтэр кини дьиэ кэргэниттэн киһи тыына быстар; “Алдьархай!” диэн хаһыы иһилиннэҕинэ – улахан иэдээн ааҥныыр. 

Сороҕор ким да тугу да истибэт, ардыгар олорооччуларыттан биир соҕотох киһи тыаһы, саҥаны истиэн сөп. Сүллүүкүн өйөх маһынан кэлэн оройго биэриэн сөп эбэтэр “Эһиги кимнээхтэргитий бу?!”  диэн ыйытар. Ол аайы соһуйбатахха, өмүрбэтэххэ, эппиэттээбэтэххэ – этэҥҥэ баран хаалар.

Сүллүүкүннэри пааранан, иккилии буолан иһиллиэхтээхпит – ордук киһини аахтахтарына ылан бараллар.

Сүллүүкүннэри көрсө түһэр туох да уустуга суох – кинилэр саһа эҥин сатаабаттар. Дьиэҕэ-уокка чугаһаабатыннар диэн былыр суол аартыгын аайы кыра мас кириэстэри анньаллара. Билиҥҥи дьон дьиэ ааныгар, түннүгэр кириэс иилэр. Бу эмиэ сүллүүкүҥҥэ эрэ сыһыаннаах ураты көстүү – сахалар сүллүүкүнтэн ураты ханнык да абааһыттан, үөртэн кириэһинэн харыстаммыттара суох, үксүгэр алгыс, тимир тыаһын, хаһыы, тыас-уус таһааран абааһылары үүрүөххэ сөп диэн өйдөбүл баар.

 

Сүллүүкүн харчыта

Киэһэ ойбонтон сүллүүкүннэр тахсыбыттарын кэннэ, уу баһар табыллыбат. Сүллүүкүн, дьиҥэ, дьоҥҥо өстүйбэт. Ол эрэн олус дьээбэлээх уонна мэник эбит. Сорох номохторго олус бэтиэхэлээх уонна илбистээх хаартыһыттара кэпсэнэр. Ол эрэн кинилэртэн сүүйэн ылбыт харчы күн сырдыгар кии, быыл, муох буолан көтөн хаалар үһү.

Ордук хорсун санаалаахтар сүллүүкүттэр кылааттарын, муспут баайдарын-дуолларын көрдүү сатыыллара. Ол харчыларын буллахха, үс күн иһигэр туттан бүтэриллиэхтээх.

 

Таҥха оонньуулара

Түөрэх быраҕыы

Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», - дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ, табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «Былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «Туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.

Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «Сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран, туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

 

Суол таһыгар талаҕы туруортааһын

Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан хаарга туруору анньаллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар. ]

 

Хорҕолдьунунан таайыы

Ууга ууллубут хорҕолдьуну куталлар. Хорҕолдьун кытаатарыгар элбэх чааска араҕыстаҕына, уулларбыт киһи өлөрүн, оттон биир кэлимсэ буола, киһитэ этэҥҥэ олоруоҕун билгэлиир. Хорҕолдьун ортокута бүтүн куһуок уонна тулатыгар ооҕуй оҕустуу элбэх салаалардаах буолар түбэлтэтигэр, ол киһи ыччаттардаах буолар.

 

Түннүгү үүттээһин

Түүн ыалларын дьиэтигэр тиийэн, хотонтон ынах сааҕын эһэр муус түннүккэ эриллэҕэс күлүүс тылынан дьөлөн хайаҕас оҥороллор. Ол хайаҕаска кулгаахтарын даҕайан, хаһаайыттар кэнэҕэски олохторун туһунан истэллэр.

 

Түннүк анныгар иһиллээһин

Түүн ыалларын түннүгүн анныгар иһиллииллэр. Хаһаайын уола сотору кэминэн ойохтонор буоллаҕына, иһиллээччи бөрө улуйар саҥатын, оттон кыыһа эргэ тахсар түбэлтэтигэр, ыт үрэрин истэр. Дьахтар төрүүрүгэр чыычаах ыллыыр. Ким эрэ бу дьонтон өлөр буоллаҕына, дьиэни сиппийэр эбэтэр хаптаһынынан уһанар тыас иһиллэр.

Хаары сиидэлээһин

Киэһэ сэргэни тула хаары сиидэлээн куталлар. Сарсыарда эрдэ туран ити хаары көрдөххө, араас суол-иис хаалбыт буолар. Сиидэлээбит киһи байыах буоллаҕына, хаарга кулунчук, торбос туйаҕын суола көстөр. Оҕо төрөөрү гыннаҕына, оҕо атаҕын суола, оттон өлүүгэ – хоруоп эбэтэр киһи уҥуоҕа.

 

Ууга сабынан таайыы

Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу, суох дуу диэн таайаллар. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут уу үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллар. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэр, ол аата ыал үөскүүр. Оттон арахсар буоллахтарына, утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллар. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэр-үөрэллэр. Ордук дьээбэлээх тыллаах киһи баар буоллаҕына, араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-хаҥас түһүөхтэригэр диэри саататар. Холобур: “Оойуут!... Уолбут сирэн атын сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии!... Ээйиис!... Аны кыыспыт эҥин-эҥин буолан сөрүөҥнүү, мунньаҥныы, дьибилиҥсэлэнэ сытар дии...”.

 

Этэрбэс хаамтарыы 

Балаҕан аанын утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата этэрбэс тумсун эбэтэр тилэҕин ортотуттан тутан, тилэх уһаты кээмэйинэн мээрэйдээн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары  уурталаан көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ, кэтэр киһитэ сотору кэминэн өлөр, оттон тилэҕинэн буоллаҕына – этэҥҥэ хаалар.

 

Кут-сүр  түһэ Л.А. Афанасьев – Тэрис сүллүүкүттэр тустарынан маннык эппиттээх: «Тохсунньу 7 күнүгэр маҥнай оҕо сүллүүкүннэр (уот оттооччулар) тахсаллар. Кинилэр эрдэ тахсан, эргэ өтөхтөрү сөргүтэн олоххо бэлэмнииллэр. Онтон син орто саастаах, киэҥ соҕус билиилээх-көрүүлээх сүллүүкүннэр тахсаллар. Салгыы кырдьаҕас, муударай сүллүүкүннэр кэлэллэр. Былыргы дьон сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр таҥаһы таһырдьа ыйаабат. Киһи кута барсыа диэн аньыыргыыллар эбит. Сүллүүкүн тахсар кэмигэр айылҕа тымныы буолара ордук. Тымныы буоллаҕына, балар наһаа ырааппакка, чугас эргин сылдьаллар. Сылаас буоллаҕына, киэҥ сиринэн дайа сылдьан, араас ыарыыны тарҕаталлар үһү. Кинилэр  харчыны олус сөбүлүүллэр. Харчыны сүгэ сылдьан хаартылаан сүүйсэллэр үһү. Сүллүүкүн харчытыгар тиксэр түгэҥҥэр, үс күн иһигэр туттан бүтэриэхтээххин. Ол кэнниттэн харчыҥ уу ньамаҕа буолан хаалар үһү. Мин эһэм сүллүүкүнү көрбүт. Саха сүллүүкүннэрэ чопчу киһи курдук быһыылаахтар-таһаалаахтар диэн кэпсиирэ. Арай баттахтара уонна хаастара эрэ суох үһү. Биллэн турар, сүллүүкүн дьон айбыт уобараһа  буолар. Биир бэйэм сүллүүкүн хаама сылдьара буолуо дии санаабаппын».

 

Галина Попова – педагогическай наука кандидата, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ культурология кафедратын профессора манныгы суруйар: “Кутталлаах кэпсээннэргэ, үһүйээннэргэ интэриэс киһиттэн бэйэтиттэн тахсар. Фрейд теориятынан, бу “танатос” диэҥҥэ чугас – өлүүгэ талаһыы терминэ. Киһи уйулҕатыгар бэйэтигэр өлүүгэ, анараа дойдуга интэриэс үөскүүр. Үксүн сааһынан буолар. Холобур, киһи куйахата күүрэр ынырык кэпсээннэри оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр кэпсэһэллэр. Обургу оҕолор ынырык киинэлэри көрөллөр, бу күннээҕи кыһалҕаларыттан тэйэ түһэргэ көмөлөһөр. Онтон киһи кырдьар сааһыгар  “абааһыга” интэриэһэ өссө күүһүрэн кэлэр, бу олоҕор баар кыһалҕаны, туохтан эрэ долгуйарын намырата сатааһын буолар.

Ханнык баҕарар култуураҕа “анараа дойду”, “атын дойду” туһунан өйдөбүл баар. Ол хас биирдии омук култууратыгар араастык ойууланар. Сахалар улуу олоҥхолоругар  баар “абааһы”  дьон интэриэһин олус тардара, билиҥҥи олоҥхону истээччилэр олоҥхоһут “абааһы” уобараһыгар киирдэ да тиллэ түһэллэр.  Абааһыга, анараа дойдуга интэриэс ордук Таҥха таайтарыылаах кэмигэр күүһүрэр. Таҥхаҕа сэрэбиэйдэнии кистии-саба урут да баара, киһи аймах инникитин билиэн баҕарара оннук  күүстээх этэ”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...