Сүдү киһибит, быраһаай...
Бу дьыл олунньу 4 күнүгэр биһиги аймахха олус кутурҕан, хомолтолоох күн буолла. Ол курдук биһиги улаханнык ытыктыыр, убаастыыр, киэн туттар киһибит, РСФСР үтүөлээх бырааһа, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, 1984-1990 сылларга Саха АССР Доруобуйатын харыстабылын миниистирэ, онтон да атын, элбэх ааттаах-суоллаах убайбыт Иван Иванович Местников бу орто дойду олоҕуттан уһун, ыарахан ыарыыттан букатыннаахтык барда. Кини олунньу 1 күнүгэр 84 сааһын туолбута.
Ый эрэ курдук кэм анараа өттүгэр, тохсунньу 8 күнүгэр, ыалдьыттыы бара сылдьыбыппыт. Домофону баттааппытын кытта олох кэтэһэн турар курдук олус чэгиэн, сэргэх куоластаах киһи, ыйытаат, аанын арыйбыта. “Хайа, дядя Ванябыт арыый буолбут дуу?” - диэн дьиибэргээн, соһуйан киирбиппит, убайбыт ыллаан киҥинэйэ сылдьар этэ. Ол иннинэ алтынньы ыйга бара сылдьан дэлби мөлтөөбүтүн көрөн, хараастан кэлбиппит. Бу сырыыга сэргэҕиттэн наһаа үөрбүппүт.
Хаһан да буоларын курдук остуол хотойорунан ас тардыллан турара, таҥаспытын ыйаат, саалаҕа ааспыппыт.
Иван Иванович ийэтэ мин кэргэним Василий Кычкин эбэтин кытта бииргэ төрөөбүттэр этэ. Онон сиэн быраата буолар. Аан бастаан Иван Иванович аатын олох оҕо сылдьан истибитим. 1980 сыллаахха аҕам куртаҕынан рак буолан Дьокуускайга аккаастаабыттарын, дьонум ким эрэ нөҥүө Местниковы кытта кэпсэтэн, кини Томскайга ыытан эмтэппитигэр махтаналларын истэр этим. Оччолорго мин 11 саастааҕым, Иван Ивановичка кийиит буолуом, атах тэпсэн олорон тэҥҥэ кэпсэтиэм эрэ дии санаабатаҕым биллэр.
Кинилиин иккис алтыһыым 1988 сылга этэ. Бэйэтин онно көрбөтөрбүн да, кини аата-суола миигин абыраабыта. Ол курдук 19 саастаах эдэркээн кыыс дэриэбинэттэн куоракка оҕолоно киирбитим. Кэргэним убайын дьиэтигэр аҕалбыта, Иван Иванович суох этэ, кэргэнэ Туйаара Федоровна суһал көмөнү ыҥыран, миигин тута төрүүр дьиэҕэ илтэрбитэ. Икки хоноот, ахсынньы 30 күнүгэр, бастакы оҕобут, уолбут күн сирин көрбүтэ. Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ, кэлии-барыы, миэхэ арай ким да кыһаммат. Хайдах, ханна биллэрэрбин билбэппин, нууччалыы да сатаан саҥарбаппын. Арай киэһэлик биир быраас киирэн ыйытта: “Кто здесь Кычкина, Вам Иван Иванович звонил, как самочувствие, что передать?” - диэтэ. Дьоммор төлөпүөннээтин эрэ диэтим. Дьэ, миниистирдэрэ бэйэтинэн эрийбитигэр кыһаллыы-мүһэллии бөҕөтө буоллулар, оҕом туһунан кэлэн дакылааттыы оҕустулар. Арай уонча дьахтар сытарыттан миэхэ эрэ кыһаллаллар. Ити курдук миниистир кийиитэ буолан далбарданан тахсыбытым.
Иван Иванович Местников 1938 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Уус-Күөл бөһүөлэгин Курбуһах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Иванова-Местникова Пелагея Васильевна (Аччыгый Балаайа) 1914 сыллаахха, аҕата Местников Иван Романович 1908 сыллаахха төрөөбүттэр.
Иван Иванович төрөппүттэрин, аймахтарын туһунан үгүһү-элбэҕи кэпсиирэ, өйдүүрэ, билэрэ да бэрт этэ. Ийэтин наһаа күндүтүк ахтара. Биһиги истибиппитин тута умнар буоллахпытына, кини уруккуну-хойуккуну субу баар курдук ахтара. Аҕата Иван Романович бэйэтин кэмигэр дойдутугар суолу-ииһи хаалларбыт үтүөлэрдээх киһи. Быстар дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, муор-туор, тиийиммэт олохтоох оҕо сааһа оччотооҕу оҕолор курдук олус ыараханнык ааспыт. Кыратыттан батараактаан айаҕын иитиммит, оскуола боруогун атыллаабатах. Ол да буоллар үөрэххэ тардыһыылаах оҕо Сэбиэскэй былаас сылларыгар ликбезкэ ааҕарга-суруйарга үөрэнэн, уһун сыллар усталарыгар оройуонугар эргиэн систиэмэтигэр уонна нэһилиэк Сэбиэтигэр бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Ол курдук Бэрт Ууһун, Мүрү, Суотту, Бороҕон насполарын 2-с Курбуһах, Хоро, Өнөр тыа сиринээҕи Сэбиэтигэр бэрэссэдээтэлинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит. Нэһилиэк, оройуон Сэбиэттэрин дьокутаатынан хас да төгүллээн талылла сылдьыбыт уонна үлэлээбит нэһилиэктэригэр партийнай тэрилтэлэри салайбыт.
Сэрии ыар сылларыгар аҕаларын партия обкома ыраах Токо оройуонугар райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан ыыппыт. Онно кини 1944-1947 ыарахан сылларга туох баар күүһүн, билиитин, кыаҕын биэрэн үлэлээбит.
Ити курдук, үөрэҕэ суох саха оҕонньоро Иван Романович Местников олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри дьонугар-сэргэтигэр, норуотугар, улуу коммунист партияҕа чахчы бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык сулууспалаан күн сириттэн барбыт.
Итини тоҕо кэпсээн ааспыппын бэлиэтээтэххэ, биһиги убайбыт Иван Иванович эмиэ дьонун, аҕатын удьуордаан салайар үлэҕэ үлэлээн, Саха сирин доруобуйатын харыстабылыгар умнуллубат суолу-ииһи, улахан кылааты хаалларан бардаҕа. Аҥаардас кини кэлэн-баран, кэпсэтии бөҕөтүн ыытан туттарбыт Медицинскэй Киинэ билигин Саха сирин дьонугар эрэ туһалаабат, бүтүн Арассыыйаттан, Уһук Илин регионтан кэлэн эмтэнэн, көрдөрөн барар сирдэрэ. Миниистирдии олорон, ол иннинэ да туттарбыт тэрилтэлэрэ, балыыһалара билигин да дьону эмтии, көрө турдахтара.
Ону таһынан кини дьаарай хомуньуус этэ. Өктөөп бырааһынньыгар тымныыны тымныы диэбэккэ, 1 Маай параадыгар хайаан да хомуньуустар колонналарыгар кыһыл сибэкки дьөрбөтүн тутан хаамсара, уопсастыбанньык бэрдэ, мунньаҕа, тэрээһинэ олус элбэҕэ. Ол туһунан ыалдьыттыы тиийдэххэ кэпсиирэ. Кини дьыалата суох, тугу да гыммакка олорорун сөбүлээбэтэ. Мин санаабар, күнэ-дьыла, нэдиэлэтээҕитэ барыта былааннанан турар быһыылаах этэ. Биһиги, дьиҥэр, кинини кытта бочуоттаах биэнсийэҕэ тахсыбытын, арыый сололоммутун эрэ кэннэ билсиһэр буолбуппут. Иван Иванович наһаа ыалдьытымсах этэ. Куруук бэһиэлэй, көрдөөх-нардаах, ыллыырын олус сөбүлүүр, ыалдьыттыы кэлбит киһини тоторбокко ыыппат, аһа-үөлэ, тоҥ бүлүүдэтэ булуустан тахсар курдук кэлэ турара. Дьиэтээҕи библиотекалара бу айылаах баайа, кинигэ арааһа, хартыыналар, араас бэлэх-туһах, киһи музей курдук көрөн тахсара. Барыта орун-оннугар, олус кичэллээхтик хараллан турара.
Ааспыт ыйга бара сылдьыыбыт бүтэһик эрэ көрсүһүүбүт буолуо дии санаабатахпыт. Хата, үөрэн, убайбыт бэттэх кэлииһи диэн ис санаалаах кэлбиппит. Онно: “Мин дьоллоох киһибин, 85 сааспын эһиил бэлиэтээтэхпинэ, дьэ сынньаныам, бу сайын Бороҕоҥҥо спартакиадаҕа хайаан да барыахпыт”, - диэхтээбитэ. Хайдах айанныахха сөбүн кытта быһаарсыбыппыт. Паромунан сылаалаах буолуо, онон катерынан туораан баран анараа өттүгэр сымнаҕас массыынанан көрсүөхпүт диэн былааннаабыппыт. “Мин урут эйигин хайдах өйдөөн көрбөтөмүнүй...” диэн ырыаны олус көнньүөрэн ыллаабыта. Кини саамай сөбүлүүр, хоруоннай ырыата Ольга Иванова “Таптыаҕыҥ ийэни” диэн этэ. Бу иннинэ киирэн сыта-сыта сынньанан кэлэр эбит буоллаҕына, бу сырыыга атаарыар диэри олорсубута. Барарбытыгар олус настарыанньалаах, үөрэ-көтө хаалбыта, киҥинэйэн ыллыырын кубулуппакка. “Чукурук, чукучуок” диэн, сотору-сотору астынан, таптаан ылара.
Мин Иван Иванович туһунан, кийиит буолан олорон, үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин, кыайыыларын буолбакка, аҕыйах да буоллар, истиҥ көрсүһүүлэрбититтэн суруйдум. Кини бэйэтэ олус үчүгэйдик суруксуттуура, олус грамотнай этэ, элбэҕи ааҕара, билэрэ, олоҕун, үлэтин туһунан кинигэ таһаарбыта, хаһыакка буолунай ыстатыйаны бэчээттэтэрэ, сүрдээх кыраһыабай, каллиграфическай буочардааҕа.
Ити курдук үтүө киһи, ытыктабыллаах Иван Иванович Местников туһунан кылгас ахтыыбын түмүктүүбүн. Кини сырдык мөссүөнэ, олорбут олоҕо, элбэх ыарыһах истиҥ махтала үйэ-саас тухары өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хаалыаҕа. Дядя Ваня олоҕун кыыһа Лариса, сиэннэрэ Машенька, Ваня, хос сиэннэрэ салгыыллар, айаллар-туталлар.