02.06.2022 | 11:00

Рустам Федоров: «Оҕо кыратыттан үлэ хайысхатын барытын билиэхтээх»

Рустам Федоров:  «Оҕо кыратыттан үлэ хайысхатын барытын билиэхтээх»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Музыка хас биирдии дорҕооно аан дойду үрдүкү эйгэтиттэн кэлбит туспа күүс. Ол күүс ибир долгуннары үөскэтэр, тулалыыр эйгэҕэ ураты дьайыыны оҥорор. Эбиитин куту-сүрү, уйулҕаны эмтиир кэрэ тыас быһыытынан биллэр.

Аҕа — ыал туллар тутааҕа, дурдата-хаххата, баар-суох булааччыта-талааччыта. Саха дьоно, өбүгэлэрбит даҕаны былыр-былыргыттан аҕаны үрдүктүк туталлара, кини олохтоох тыла, быһаарыыта, иитиитэ, эр киһилии муударай этиитэ дьиэлээх тойон, баһылык буоларын туоһулуура. Аҕаны ким да утары эппэт, көрбөт буолара. Сахалар ол курдук аҕаларын ытыктыыллара, убаастыыллара.

Ыал аҕата буолуу – дьиэ баһылыга диэн өйдөбүлүнэн эрэ муҥурдаммат. Бүтүн дьиэ кэргэни көрүү-харайыы, кинилэр тустарыгар кыһаллыы буолар. Сыыһа-халты оҥоһуллар, куһаҕан дьайыы тахсар түбэлтэтигэр, бастакы ыйытык аҕаттан саҕаланар. Аҕа анала – дьиэ кэргэни харыстааһын, аҕа – ыал эрэлэ, тирэҕэ, күүһэ.

Бүгүн биһиги Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүгэр сыһыаран, биэс оҕо аҕата, Нам улууһун олохтооҕо Рустам Леонидович Федоровы кытта олох-дьаһах, оҕо иитиитин туһунан кэпсэтиэҕиҥ.

Рустам Леонидович, саха сиэринэн, кииниҥ түспүт сирин, төрөппүттэриҥ туһунан кэпсэтиибитин саҕалыахха.

— Нам улууһун Нам нэһилиэгэр Раиса Степановна, Леонид Афанасьевич Федоровтар дьиэ кэргэҥҥэ 1979 сыллаахха ыам ыйын 1 күнүгэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Төрөппүттэрим иккиэн идэлэринэн учууталлар. Нам улууһун төрүт олохтоохторо. Сойуус саҕана үөрэхтэрин бүтэрэн баран направлениенан Арбын нэһилиэгэр үлэлэрин саҕалаабыттар.

Аҕам уруһуй, технология, черчение, ийэм нуучча тылын уонна литературатын учууталлара, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Аҕам уус-уран оҥоһуктар маастара, маһынан саха иһиттэрин, дэйбиирдэри, айылҕа матырыйаалыттан араас интэриэһинэй экспонаттары оҥорор. Ийэм кылынан, сиэлинэн дьарыктанар.

Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт — үс уол, биир кыыс. Ыал улахана буоламмын, бырааттарбын, балтыбын көрө-истэ сылдьыбытым. Бииргэ сырытыннаран, бииргэ оонньоон, сүбэ-ама биэрэн. Үөрэххэ, олоххо сыһыан, дьиэ ис-тас үлэтэ буоллун ийэм, аҕам үөрэҕин кыраларга мин тиэрдэр этим. Дьоммут оннук ииппиттэрэ.

— Оскуолаҕа хайдах үөрэнээччи этигиний?

— Кыра кылаастарга ортотук үөрэммитим, улаатан иһэн эппиэтинэс үрдээн, эксээмэн эҥин кэлэн, тупсубутум, «4»-нэн, «5»-нэн бүтэрбитим. Спордунан, уруһуйунан дьарыктаммытым. Куонкурустарга, күрэхтэргэ актыыбынайдык кыттарым. Спорт өттүгэр ситиһиилэрдээх этим, инники миэстэлэри ыларым. Бэйэм холобурбун балтым, бырааттарым көрөн, эмиэ барытыгар кыттар, көхтөөх этилэр. Аҕабыт такайыытынан, ийэбит үөрэтиитинэн, барытыгар актыыбынай, дэгиттэр буола сатыырбыт.

Оскуоланы бүтэрэн баран пединститукка физкультурнай салааҕа туттарсан киирбитим, биир сыл үөрэнэн баран, миэнэ буолбатах эбит диэн, айар үлэ, искусство курдаттыы тардан, Намнааҕы педколледжка киирбитим. Түөрт сылынан кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Ефим Шапошников аатынан стипендиат буолбутум. Онтон Пединститукка “технология уонна предпринимательство” диэн салааҕа үөрэнэ киирбитим.

Билигин П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейыгар үлэлиибин, быыстапкалыыр саала сэбиэдиссэйэбин. Таксидермиянан профессиональнайдык дьарыктанабын. Чуучуланы оҥорууну оскуола саҕаттан саҕалаабытым, интэриэһиргээн, сөбүлээн көрөн. Оччолорго литература эҥин диэн суоҕа, бэйэм онтон-мантан сүбэлэтэн, музейдарга, оскуолаларга баар чуучула экспонаттарын көрөн, үтүктэн саҕалаабытым. Устудьуоннуу да сылдьан бырахпатаҕым, педколледж уһуйааныгар билиибин кэҥэппитим, хаҥаппытым.

— Ыал буолбуккун, кэргэҥҥин көрсүбүккүн, оҕолоруҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— 2005 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Нам техническэй айымньытын дьиэтигэр үлэлии сылдьан кэргэн буолар кыыспын Вера Владимировнаны көрсүбүтүм. Кини идэтинэн бухгалтер-экономист. Киинэ тыйаатырыгар үлэлиирэ, мин – үөрэх эйгэтигэр. Табаарыһым онно үлэлиир этэ. Кинини кытта киинэ көрө барбытым, кэлэктиибин кытта билиһиннэрбитэ, онно Вералыын көрсүбүппүт. Онтон ыла билсиһэн, доҕордоһон, 2006 сыллаахха ыал буолан уруу тэрийбиппит.

5 оҕолоохпут, икки кыыс, үс уол. Улахан кыыс 8 кылаас, кыра кыыс алтыһы бүтэрэр, улахан уол 5 кылаас, орто уол 1 кылааһы бүтэрэр, кырабыт, муннубут бүөтэ икки саастаах уол, уһуйааҥҥа сылдьар, күммүт-ыйбыт буолар.

Кэргэммэр биэс оҕону күн сиригэр көрдөрбүтүгэр улаханнык махтанабын, кэргэним, оҕолорум тапталларынан дьолум муҥура суох диэн билинэбин.

— Бастакы оҕоҥ төрөөбүтүгэр аан бастаан туох санаа киирбитэй?

— Дьэ, ол – туһунан кэпсээн. Арай кэргэним сарсыарда алта чааска ыалдьан балыыһаҕа барыахха наада буолла, “Суһал көмө” ыҥыран, төрүү диэн бардыбыт. Оччолорго “Совместные роды” диэн бырагыраама саҥа киирэн эрэр этэ. Мин кэргэммин хаалларан баран дьиэбэр барабын дии саныыбын. Ыксаан кэлбит буоламмыт, туохпутун да ылбатахпыт, бараҥҥын таҥаһын-сабын, малын аҕал диэтилэр. Дьиэбэр баран кэллим, сиэстэрэҕэ биэрдим уонна барабын дуо диэн ыйытабын. Мин диэки көрдө уонна «халаатта кэт” диэтэ. Көрүһүннэрээри гыннылар дии санаатым. Биир палаатаҕа иккиэммитин уган кэбистилэр, мин кэргэним ыалдьа сылдьар кэмигэр өйөбүл курдук аттыгар сылдьан имэрийэн-томоруйан көмөлөстүм. Онтон чугаһаата быһыылаах, төрөтөр хоско киллэрдилэр, миигин эмиэ батыһыннардылар. Ол курдук бастакы оҕом, кыыһым күн сиригэр кэлэрин илэ харахпынан көрбүтүм. Дьолум муҥура суох этэ. Бастакы санаалар умнуллубаттар, дууһабар өйдөбүл быһыытынан сылдьаллар. Дьахтар киһи төрүүрэ ыараханын илэ көрбөтөх киһи буолан, соһуччута да бэрт этэ, киллэриэхтэрэ да дии санаабатах буоллаҕым. Иккис кыыспын эмиэ төрөтүспүтүм, онно, этэргэ дылы, уопуттаах, хайдах буоларын, ханнык тыллары туттуохха наадатын билэр буоллаҕым.

— Рустам, уолаттары кыргыттартан иитии туох уратылааҕый?

— Хас биирдии оҕо тус-туһунан характердаах, онон барыларыгар туһунан көрүү наада. Иитиигэ улуу педагогтар этиилэрин туһана сатааччыбын. Педагог үөрэхтээх буоларым быһыытынан, оҕо майгытын, туттарын-хаптарын көрө сылдьабын, кыра эрдэхтэриттэн оҕону иитии түһүмэхтэрдээх буолар, ону таба таайан, куоттарбат гына өйдөбүллээхпин.

Уратылара диэн, айылҕаҕа сылдьыылара, аналлара. Эр киһи булааччы-талааччы, кыыс дьиэ көрөөччү-истээччи, сылааһын тутааччы, оннук араарыахха наада дии саныыбын. Сорох оҕолор симик соҕустар, сорохтор саҥалаахтар, сытыылар, онно уопсай методикаларын табыахха наада, онно улахан болҕомтобун уурабын.

— Аҕаларын кытары хайалара ордук аһаҕастарый, чугастарый – кыргыттар дуу, уолаттар дуу?

— Улахаттар арыый чугас буолаллар быһыылаах, улахан кыыһым уонна улахан уолум миэхэ быдан сысталлар. Иккис кыыһы кытта кыралар ийэлэригэр ордук чугас курдуктар. Улахаттар бастакы тыллара “маама” диэн этэ, кыра уолбут эрэ “паапа” диэбитэ, ону дьиктиргээбиппит. Сабаҕалаан көрбүппүт, улахан оҕолор кими элбэхтэ ааттыылларын, “паапа” диэн тылы үгүстүк истэр буолан дии санаабыппыт.

— Оҕо эппиэтинэстээх буоларын хас сааһыттан иҥэриэххэ нааданый?

— Оҕону оскуолаҕа киириэҕиттэн, ол да инниттэн эппиэтинэскэ үөрэтиэххэ наада. Уруоктарын, дьиэҕэ үлэтин былаанныы үөрэниэхтээх. Кини онно бэлэм буолуохтаах, маны уһуйаан саҕаттан иҥэрэллэр, такайаллар, мин да онно сөбүлэһэбин. Оҕо эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Оҥорбут дьыалатыгар эппиэттиэхтээх.

— Дьиэ үлэтин хайдах аттаран толороллоруй?

— Кыра эрдэхтэринэ үлэни графигынан, уочаратынан оҥороллоро. Оскуолаҕа киириэхтэриттэн иһиттэрин, дьиэлэрин сууйан, атын да үлэҕэ сыстаннар дьарыгыраллар, улаатан баран үлэлэрин аттараллар, усулуобуйа эҥин туруорсаллар. Ол аата, холобур, эдьиийдии балыс үлэлэрин бэйэлэрин икки ардыгар үллэстэллэр, сөбүлээн үлэлиир өттүн быһаарсаллар, оннукка сэлээннэһии суох буолар, эппиэтинэстээх үлэтин хойут да буоллар толорор. Ким эрэ оскуолаҕа, куруһуокка тардыллар буоллаҕына, солбуйсаллар. Оҕоҕо сөбүлүүр дьарыга үлэтин кытта силимнэһэр буоллаҕына, киниэхэ икки бүк барыстаах.

Холобура, ыллыыр буоллаҕына, музыкальнай үөрэххэ киириэн сөп, уруһуйдуур буоллаҕына – искусство эйгэтигэр. Бэйэм бастакы үөрэхпэр сыыһа киирэн, үөрэхпин уларыта сылдьан, кырата суохтук оҕустарбытым, бириэмэбин, сылбын сүтэрдэҕим. Оҕолорбутугар билиҥҥиттэн профориентация өттүгэр үлэ ыыта сылдьабыт. Боруобаланыы өттүгэр кыах биэрэбит. Спорт, искусство да буоллун, салайар да өттүгэр буоллун. Кинилэр онтон талаллар, сатаабат эбиппин, ыарахан диэтэхтэринэ, уларыталлар, кэлин кэмсинэ сыдьыбат гына. Оҕо барытыгар талааннаах, кыра эрдэҕиттэн кыаҕын, үлэ ыараханын, атын араас эйгэ баарын билиэн наада.

— Уол оҕону иһит, муоста сууйуутугар эбээһинэстиир наада дуу?

— Мин ону улаханнык утарбаппын, уол оҕо барыны бары сатыахтаах, иһит да, муоста да сууйуохтаах, оҕо эрдэҕиттэн үлэ хайысхатын барытын билиэхтээх. Муоста сууйуута, мас мастааһына, иистэнии да буоллун, элбэх хайысхалардаах, атын идэҕэ эмиэ кубулуйуон сөп. Эр киһи үлэтигэр сууйар үлэлэр эмиэ бааллар. Оҕо эрдэхпинэ үчүгэйдик иистэнэр этим, технология уруоктарыгар ону-маны тиктэрэллэрэ. Бастакы учууталларым хайҕыыллар этэ. Ону ылан көрдөххө, ол иистэммитим таксидермиябар туһалыыр. Чуучала оҥорорго иннэлээх сабы тутуохха, үчүгэй сиик оҥоруохха наада, онон үлэни араарар сыыһа дии саныыбын.

— Аҕалар түмсүүлэрин чилиэнэҕин, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Аҕалар түмсүүлэригэр элбэхпит, онно тус-туһунан эппиэтинэстээх салаалардаах, спортан саҕалаан култуураҕа, искусствоҕа тиийэ. Араас куонкурустары ыытабыт, тэрээһиннэргэ кыттабыт. Хас биирдии аҕа туһунан эппиэтинэстээх. Мин быыстапкаларга, оҕону  эт-хаан, спорт өттүгэр уһуйууга баарбын. Араас быыстапкаларга сырытыннаран, искусство эйгэтигэр сыһыарабыт, кэрэни көрдөрөбүт, саһан сытар талааннарын арыйабыт.

Былаан барыта декаданан, ыйынан сурулла сылдьар. Онно куруук көрсөбүт, сүбэлэһэбит. Эппиэтинэстээх киһи, тэрээһинэ чугаһаатаҕына, мунньахтар саҕаланаллар. Сыл ахсын төһө үлэ ыытыллыбытын отчуоттуубут.

— Эйигин эргиччи талааннаах, араас куонкурустарга кыттар киһи диэн билэбин.

— Аҕа эр киһи быһыытынан оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур, тумус туттар киһилэрэ, өйөбүллэрэ буолуохтаах. Кинилэргэ аҕам ыллыыр, үҥкүүлүүр, спорка, искусствоҕа сыһыаннаах, ити миэхэ эмиэ баар диэн өйдөбүл киирэр. Дьиэ кэргэн куонкурустарыгар кыттабыт, оҕолорбут сценаҕа тутта-хапта сылдьарга үөрэнэллэр, спорка, эстафетаҕа күрэхтэһэбит, онтон үтүө, сырдык өйдөбүл эрэ хаалар буоллаҕа. Оҕолорбут спордунан дьарыктаналлар, барыга бары кытталлар. Улахан кыыспыт волейболист, кыра кыыс сүүрүүгэ уонна ыстаныыга дьарыктанар, чемпионнар уонна призердар. Улахан уол Уһук Илин региоҥҥа көҥүл тустууга призер, өрөспүүбүлүкэ чемпиона, кыра уол сүүрэр, салгыы боксаҕа дьарыктаныам диир. Баҕарабын диир буоллаҕына, оҕону сырытыннарыахха наада.

“Сайдам ыал” диэн улуустааҕы куонкуруска иккитэ кытта сылдьыбыппыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһин профсоюзтарын куоталаһыытыгар “Ийэм, аҕам уонна мин” спортивнай оонньууга кыттыбыппыт, быйыл улууспутугар “Саҥа ааттар” диэн бырайыакка кэргэммин кытта ыллаабыппыт, барытыгар сэмэй ситиһиилэр бааллар, улууспутугар “Сыл дьиэ кэргэнэ”, “Патриот года” буолан турабыт.

— Оҕо көмүскэлин күнүнэн эмиэ оҕолорбутугар төннүөххэ. Уол оҕо инникитин бэйэтигэр эрэллээх, ыал аҕата, булар-талар киһи буоларыгар саамай сүрүн оруол иитиигэ туохха сытарый?

— Эппиэтинэскэ. Бэйэтин дьаһанар буолууга уонна инникигэ дьулуурга. Ити хаачыстыбалары баһылыахтаах, ону тэҥэ тылыгар турар, доруобай, чөл олохтоох буолуохтаах. Доруобай оҕо эт-хаан, уйулҕа өттүнэн бигэ тирэхтээх улаатар. Эрдэҕэс сааһыгар оҕо улаханнык оҕустарыан сөп. Интэриниэттэн, тас эйгэттэн, европеецтары үтүктүү, сымыйа фейк иһитиннэриилэри бэйэлэригэр иҥэринэн хаалаллар, ону кытта үлэлэһиэххэ наада. Дьууппа кэннигэр саһар оҕо уйулҕа өттүнэн улахан оҕустарыылаах. Эр киһи уол оҕону тыаҕа илдьэ сылдьан, эр киһи үлэтигэр уһуйан иитиэхтээх, кини дурда-хахха буолар курдук сананыахтаах, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх буолуохтаах.

— Төрөппүккэ, аҕа саастаах дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыаны олохтуурга оҕону хайдах иитэбит?

— Мин бастаан эмиэ итинник ыйытыылардаах этим. Оҕо кыра эрдэҕинэ кырдьаҕаска убаастабылы, аҕа көлүөнэни ытыктыыры учуутал эрдэхпинэ хайдах иҥэрэбин диэн мунаахсыйар этим. Музейга үлэлии кэлэн баран ол ыйытыыга хоруй булбутум. Киһи уруккуну, былыргыны тутан-хабан көрдөҕүнэ, урукку олох уустугун биллэҕинэ, аҕа киһини, аҕа көлүөнэни ытыктыыр, убаастыыр буолар эбит. Былыр биһиги дьоммут, сахалар ыараханнык олорбуттарын историяҕа сыһыаран, үөрэтэн чиҥэтиэххэ нада. Билигин элбэх оҕо, дьон даҕаны историяны билбэт буолан турар. Онон оҕо кинигэни ааҕар уонна музейдарга сылдьар, култуурунайдык сайдар буоллаҕына, аҕа көлүөнэни убаастыахтаах. Маны таһынан ийэ уонна аҕа холобур биэриэхтээхтэр. Тоҕо диэтэргин кинилэр аҕа көлүөнэҕэ сыһыаннаһалларын көрөн үтүктэллэр. Оҕо үтүктэр идэлээх.

— Эн аҕа буолар сүрүн сыалыҥ тугуй? Оҕолоргор тугу баҕарыаҥ этэй?

— Сүрүн сыалым диэн, бастатан туран, оҕолорум үөрэхтээх, доруобай, ыал аҕата, ийэтэ, дьоһун ыал буолан эйэ-дэмнээхтик олороллоругар баҕарабын.

Онтон кинилэр сайдыылара уонна инники хардыылара бэйэлэриттэн уонна кинилэр биһигиттэн ылбыт үөрэхтэриттэн тутулуктаах. Биһиги биэрбит, иҥэрбит үөрэхпитин үчүгэйдик ылыммыт буоллахтарына, духуобунай сайдыылара үчүгэйдик барбыт буоллаҕына, биһиги эрэллээхпит.

— Элбэх оҕолоох ыалларга тугу баҕарыаҥ этэй?

— Бу ааспыт Оҕо көмүскэлин күнүнэн Сахабыт сирин оҕолорун истиҥник эҕэрдэлиибин. Кинилэр бу олоххо инники кэскилбит буолаллар, онон билиини-көрүүнү, үөрэҕи уонна чөл олоҕу тутуһа үөрэнниннэр. Аҕам саастаах дьону убаастыы үөрэнниннэр.

Оҕону бэйэҥ тэҥэ сыаналыахха наада, кини эмиэ личность буоллаҕа, тэҥҥэ кэпсэтэн, дьарыгыран, табаарыс курдук буолуохха наада. Оччоҕо кини арыллыа, бэйэтин санааларын этиэҕэ, инники олоххо дьулуһуоҕа, тардыһыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....